Кэпсээ
Войти Регистрация

«Северянкаҕа» (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / «Северянкаҕа» (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
23.11.2023 00:01
«Северянка» маҕаһыын килийиэни тардар сүрүн уратыта — итии килиэп. Бу Улахан Марха биир биллэр-көстөр маркетыттан үгүс атыылаһааччы саһарчы буспут, маҕаһыын бэйэтин бэкээринэтин оһоҕуттан саҥардыы тахсыбыт, киһи сүрэҕин ортотунан киирэр дыргыл сыттаах, курупчаакыттан уонна ньэчимиэнтэн оҥоһуллубут сибиэһэй, сылаас бухааҥкалары атыылаһан, үөрэн-көтөн тахсар. Биирдэ, эбиэт саҕана, килиэп ылаары «Северянкаҕа» киирдим. Кылабачыгас боробулуоха корзина ылан баран, стеллажтар быыстарынан килиэп ууруллан турар долбуурдарын диэкки кудуччу аастым. Уҥа өттүбэр пуолкаларга суулаах бэчиэнньэлэр, баахылалар, рулеттар, кэмпиэттэр дьэрэкээн ойууларынан угуйа сыталлар. Хаҥас өттүбэр тоҥорбо стеллааһын иһигэр тоҥ ас арааһа: мороженай, арыы, эт, бэлимиэн, балык кэчигирэһэн сыталлар. Уһун дьуруу курдук көрүдүөрүнэн, тула-мала көрүөлээбэккэ, килиэптээх сиргэ супту кэллим. Килиэп долбууругар туора, геометрия тиэрмининэн, перпендикулярнайдык, дьэндэйэн турар дьэҥкир таас битириинэҕэ ыыһаммыт бородуукта арааһа: буженина, уокарак, халбаһыы, ветчина, карбонад, бекон, бастурма о.д.а.тэлгэнэ сытар. Арай, битириинэ анныгар, муостаҕа кыһыл кумааҕы лоскуйа сытар. Төҥкөйөн ыллым. Биэс тыһыынчалаах күпүүрэ эбит. Бастаан «пять тысяч дублей» эбэтэр «пять кусков» диэн суруктаах, оҕо оонньуур харчыта дии санаатым. Болҕойон көөртүм, дьиҥнээх харчы эбит. Сиэрийэтэ уонна нүөмэрэ баар. Сырдыкка кыһайан одууластахха дьэҥкир бэлиэтэ көстөр. Санаабар, быылын ыраастаан, үрэн баран, уктан кэбистим. Тула көрдүм. Маҕаһыын иһигэр киһи аҕыйах, биир эмэ элэҥниир. Итии килиэп ылан, корзиинабар уктан баран, каассаҕа бардым. Икки каасса баар. Дьон аҕыйаҕар биирэ эрэ үлэлиир. Бу сырыыга эмиэ биир каасса иннигэр үс-түөрт киһи турар. Кассир кыыс ааҕан табырҕатан, түргэнэ-тарҕана сүрдээх. Мин иннибэр турар сэттэ уончаларын ааспыт көрүҥнээх сааһырбыт паара атыыласпыт табаардарын ылан аахтардылар. Тоҥ быраҥаатта, арыы, сылаас килиэп, Нерюнгри кууруссата, маҥан куйаха бытыылкалаах Бэрдьигэстээх дуу, Суотту дуу сүөгэйэ кассир иннигэр, штрих кодтара ааҕыллан, тэлгэнэн кэчигирээтилэр. «Барахсаттар, биэнсийэлэрэ кэллэҕэ», — дии санаатым. Эр киһи төлөөрү сиэптэрин хаһынна. Ыксаата. Эмээхсинин диэки, кассир кыыс диэки ачыкытын үрдүнэн көрүөлээтэ, куттаммыт дьүһүннэннэ. Онтон: «Арааһа, хаччыбын сүтэрбиппин быһыылаах…» — диэн ыган таһаарда. Кэргэнэ кинини тоҥоноҕуттан тардыалаабытыгар кыһаммакка: «Мааҕыын баҥкамааттан устубутум», — диэн кэпсии турда. Хотуна оонньуурун былдьаппыт оҕолуу мэрбэҥнээн барда. Мин эр киһиттэн ыйыттым: «Төһө элбэх сүттэ?» Оҕонньор миэхэ хайыста, ачыкытын халыҥ тааһа килэбэчийдэ: «Биэс тыыһынчалаах кумааҕы харчы этэ…» Харчыны таһааран киниэхэ ууннум: «Ол аата, бу эйиэнэ эбит. Халбаһыылаах битириинэ аттыгар сытара». «Тыый! Аата, үчүгэйин! Махтал, доҕор!» — атыылаһааччы кураанах, иҥиир-ситии ытыһынан уҥа илиибин хабан ылан ибигирэттэ. Кассир кыыс ымайа-ымайа көрөн олордо. «Северянкаттан» саастаах паара бэркэ үөрэн таҕыста. Мин кинилэртэн итэҕэһэ суох чэпчээн, уоспар мичээр түспүтүн биллим.
edersaas.ru сайтан