Кэпсээ
Войти Регистрация

«БЭҔЭҺЭЭ КЭЛЭЭР!»

Главная / Кэпсээн арааһа / «БЭҔЭҺЭЭ КЭЛЭЭР!»

K
edersaas.ru Категорията суох
28.10.2023 15:00
Бүгүн биир билэр дьахтарым манныгы кэпсээтэ. Өскөтүн күнүс эбэтэр түүн ким эрэ ааны тоҥсуйдаҕына, тиийэн ааны тэлэччи аһар кутталлаах диир. Куоракка өйдөнөр, араас куһаҕан дьон, халабырдьыттар баар буолуохтарын сөп. Онон куораттар күнүстэри ааны хатанан олорор үгэстээхтэр. Оттон дэриэбинэлэргэ дьон, бэйэ-бэйэлэрин кэм билсэр буоланнар, куттал суох курдук буолан, күнүһүн аанын хатаммат киһи элбэх. Билэр дьахтарым, ол да буоллар ханна да буоллун, ким эрэ ааны тоҥсуйдаҕына аһыа суохтааххын диир. «Кимий?» диэн ыйытыыга хоруй суох буоллаҕына, интэриэһиргээн ааны аһар олох бобуллар эбит. Тоҕо диэтэххэ, куһаҕан тыыннар аан аһылыннаҕына көҥүллээтилэр диэн киирэн олохсуйуохтарын сөп диир. Мин дьиэбэр кэлэн истибиппин сүөлүргүү санаан баран, интэриниэти хаспытым, олоххо кырдьык да баар кыһалҕа эбит. Онон дьиэҕитигэр түүн да, күнүс да ааны тоҥсуйдахтарына ыйытан баран аһар сиэрдээх эбит. Ким да хоруйдаабатаҕына ааны аһар олох көҥүллэммэт диэн суруйаллар. Санаан да көрдөххө, куһаҕан тыын туох аанньаҕа буулуоҕай! Оттон оннук хаста да тоҥсуйар, арахпат түбэлтэтигэр бэйэҕин бэйэҥ харыстыыр ньымаҕын туттуохтаах эбиккин. Таҥараны итэҕэйээччилэр сибэтиэй уунан ааннарын ыһан харыстаналлар эбит. Эбэтэр хаста да оннук гыннахтарына «Бэҕэһээ кэлээр!» диэхтээх үһүгүн. «БРОНЕЖИЛЕТТЭЭХ» ХАТЫҤНАР… Хатыҥ — биһиги дойдубут маанылаах маһа. Кини баһыттан атаҕар диэри хаһаайыстыбаҕа туһалаах мас. Ону таһынан ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут хатыҥмыт туоҕа барыта доруобуйабытыгар эмп быһыытынан туһалыырын бэркэ диэн бары билэбит. Саха сиригэр эрэ буолуо дуо, бу үтүөкэн мас үүнэр сирэ киэҥ. Атын дойдуларга хатыҥ мас дьүһүнэ маҥан эрэ буолбат эбит. Ол курдук сорох сиргэ араҕас, оруосабай, кыһыллыҥы кугас, бэл, хара хатыҥ кытта баар эбит. Саха сиригэр үүнэр хатыҥмыт маҥан дьүһүннээх буолан харахпытын манньытар. Ол эрээри, хатыҥмыт онон-манан харалааҕа эмиэ дьикти. Муус маҥан хатыҥҥа тоҕо хара хахтар баалларый? Наука этэринэн, айылҕа муус маҥан хатыҥы «бронежилет» туостарынан бүрүйэн, тастан тугу да киллэрбэттии харыстыыр гына оҥорбут эбит. Өскөтүн оннук муус-маҥан эрэ туостарынан бүрүллэн турбута буоллар, хатыҥмыт «бронежилетыттан» сылтаан тыыммакка да туран өлөр эбит. Ол иһин айылҕа хатыҥнарга салгын киирэр гына хара хахтары айбыт. Бу хараларынан хатыҥ тыынар диэн үөрэхтээхтэр суруйаллар. Онон муус маҥан хатыҥмыт хара хахтара харыстыыр, араҥаччылыыр күүстээхтэр эбит. Айылҕа барахсан дьикти күүһэ онно сытар. Хатыҥ туоһа хааппыла да ууну киллэрбэтин билэр буоланнар, биһиги өбүгэлэрбит былыр туттар иһиттэрин-хомуостарын туостан оҥороннор, чахчы да үйэлээх маллары айбыттар эбит. Сахабыт сирин биир маанылаах маһа үйэлэр тухары үүнэ-силигилии турдун! «ТУОХ БААЙДААҔЫНАН КҮНДҮЛҮҮР» Хас биирдии олорор дьиэ бэйэтэ ауралаах буолар. Дьокуускай куоракка, дэриэбинэлэргэ төһөлөөх элбэх таас уонна мас дьиэлэр баалларый? Кинилэр эмиэ дьон курдук бэйэлэрэ саныыр санаалаах, олорор дьоннорун араҥаччылыыр күүстээх, олохтоохтору кытары быстыспат ситимнээх буолаллар диир дьону кытары сөбүлэһэбин. «Дьиэбит — кириэппэспит» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Дьиэбит ол курдук
биһиэхэ күндү, бэйэбит санаабытынан толору, үчүгэйи ыралыырбытыгар тэҥҥэ үөрсэр курдук, хомойдохпутуна тэҥҥэ хомойсорго дылы. Хас биирдии ыал туох санаалааҕын, хайдах майгылааҕын дэриэбинэҕэ тэлгэһэтиттэн, куоракка подъезтан билиэххэ сөп диэн этэллэр. Биир дэриэбинэҕэ ыаллыылар олорбуттар. Биирдэрэ үөрүнньэҥ майгылаах, үлэһит үтүөтэ, бастыҥ ыал аҕата буолан, тэлгэһэтигэр саҥа дьиэни тутан дьэндэппит. Ол ыаллар ийэлиин-аҕалыын, оҕолуун-уруулуун араас үүнээйилэри, талахтары, мастары олордоннор, сүөһү-ас иитэннэр олору көрөн-харайан сайыннары-кыһыннары быһа түбүгүрэллэр эбит. Оттон ыаллара куруук тиийиммэт-түгэммэт олохтоох, оҕото суох ойохтоох муҥнаах. Үлэтэ диэн ыалларын күнү-күннүктээн кылыы кэтиир, туохтара эмит табыллыбатаҕына, ис-иһиттэн үөрэр кыдьыктаах сордоох эбит. Дьиэтэ-уота да ол сиэринэн эбит, бэйэтин курдук онон-манан ойдубут олбуордаах, өрөмүөннэммэт буолан иҥнэри түһэрэ чугаһаабыт дьиэлээх. Ол дьиэ хаһаайынын биир кыыбаҕатынан — кистээн, ол киэҥ-куоҥ олбуордаах, сырдык дьиэлээх-уоттаах ыаллар олбуордарыгар бөҕү-саҕы быраҕаттыыр идэлээх эбит. Биирдэ кини кирдээх помуойатын, син сэнэх эрээри, киртэн-лаҕыыртан дьүһүнэ өлбөөрбүт биэдэрэтигэр тобуус-толору кутан баран ыалларын тэрээһэлэригэр аҕалан уурбут. Онуоха дьиэлээх хаһаайын сарсыарда эрдэ туран ол биэдэрэни көрөн помуойатын тоҕон баран кыры-кылбаччы сууйан кэбиспит. Уонна араас үүнээйилэриттэн хомуйан сугунунан, моонньоҕонунан, тыаҕа үргээбит отонунан толорон баран биэдэрэтин ыалын тэрээһэтигэр аҕалан уурбут. Ону булбут иҥнэри түһэн эрэр дьиэ хаһаайката эрин иннигэр биэдэрэни «талыр» гына уурбут уонна кынчыатанан баран маннык саҥалаах буолбут: «Ким туох баайдааҕынан ыалларын күндүлүүр буоллаҕа!» Надежда Логлоҕор «Һок? Һэптиэ! Чулуу кылгас кэпсээннэр» (Айар, 2023) кинигэттэн быһа тардан. Кинигэгэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар
edersaas.ru сайтан