Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: “Күһүҥҥү кыһын күлбүтүнэн”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: “Күһүҥҥү кыһын күлбүтүнэн”
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.10.2023 18:17
Дьэ доҕоттоор, “күһүҥҥү кыһын күлбүтүнэн” диэбит курдук, добун добдурҕа кэмигэр баччааҥҥа диэри дьогдьооттоон, дьэс алтан күһүммүт араҕан биэрбэккэ ириэнэх хара сиринэн хаамса сылдьабыт. Кыһыҥҥы Бокуруоп күнэ ааспыта нэдиэлэ буолла да, күөллэр эпсэри тоҥмокко ириэнэх сыталлар, эр дьон эрэттэр дьыл баччатыгар диэри манчыыктанан-таймаланан кустаан-хаастаан си буолбаттар, бултуйаллар. Киһи сөҕүөх, батсаап ситиминэн тыаҕа көмнөх анныттан сибэкки тыллан тахсыбытын, бэл, хоту Дьааҥыга быһыылаах, лыах тиллэн дьэрэкээн кынаттарын саратан лабааҕа хатаммытын хаартыскаҕа түһэрэн таһаарбыттар. Дьиҥинэн, норуот халандаарыгар этиллэринэн, алтынньы 17 күнүгэр ууллубат кыстык хаар ньимси түһүөхтээх этэ. Саха үөрүйэҕинэн, алтынньы 18 күнүттэн муус аннынан муҥхалааһын саҕаланыахтаах. Оҕочоостор, сыыҥпытын соһо сылдьан аҕаларбытын, убайдарбытын батыһан чугастааҕы күөллэргэ муҥхаҕа барсарбыт. Мэникпитигэр оҕустаран, күөл тааҥнаан, муус тыһыргыырыгар кыһаммакка, хатыыскалаан сырылатарбыт. “Нохолоор, сэрэниҥ, ууга түһээри мэниктээн көрүҥ эрэ!” — диэн улахаттартан сэмэлэнэрбит. Кырдьаҕас балыксыт буоллаҕым, чаҕылхай, уонча кыраадыс ылааҥы күн санаам батарбакка, аныгы тэрилбин – испиинньиммин ыламмын куорат анныгар, 203-с түөлбэ аннынан, ЛЭП уот ситимин быыска-атахтарын чугаһынан муус ылар сирдэринэн балыктаан көрөргө быһаарынным. Уута тымныйан уорааннырбыт боротуоха бэйэтэ бэйэтинэн, сайыҥҥылыы устан мэндээрийэ сытар. Дьорохой, алыһар хабар ини, оннооҕор кыһын 30-40 кыраадыс тымныыга күөгүлээн муус анныттан ойбонунан ороон таһаарабыт дии саныы-саныы бэлэсинээбин эпчиргэлии турдахпына, эмискэ үөлээннээҕим Тускул илэ бэйэтинэн түлүөн курдук ууну түллэх гыннара күөрэс гынан, устан ньолбоһуйан чаккыраабытынан тахсан кэлэн, соһутан өлөрө сыста! Тускул кыһыннары сөтүөлүүрэ сонун буолбатах. Миммитин билсибит оҕонньоттор буоллахпыт, бииргэ балыктаабыппыт да баар. Һуу-һаа бөҕөнү түһэрсэн, “кэм да сөтүөлүү сылдьаҕын”, “кэм да күөгүлүү тураҕын” дэһэн күлсэн балачча ону-маны ыаһахтастыбыт. Көр, ол тухары 80-с хаардарын сарыннарыгар түһэрэн уулларбыт үөлээннээҕим сайыҥҥы куйааска курдук, туруусугунан эрэ сылдьан, титирээн көрбөккө билигин да киппэ түөһүн, көхсүн салгыҥҥа оҕустаран куурдунна. Эрчиллии, үөрүйэх, чэгиэн-чэбдик турук диэн ити буоллаҕа! – Атаһым Биэтэс, санаарҕаама, кыһыны тиэтэтимэ. Быйыл туруйа хойутаан төнүннэ, уһун дьогдьоот күһүн буолла. Кэлиҥҥи күннэргэ сылыйан ылбыта кэриэлитии дэнэр. Ыарахан ыарыһах тыына быстыан иннинэ хайдах эрэ чэпчээн, сэргэхсийэн ыларын кэриэлитэр диэччилэр. Ол курдук. Бу 20 чыыһыла кэнниттэн кыстык хаар түһүөҕэ, 20-тэн тахса кыраадыс тымныйыаҕа, хам ылбытынан барыаҕа. Саха дьоно төрүт үгэспит – муус аннынан муҥхалааһыммыт, идэһэ өлөрүүтэ, астааһына, от-мас тиэллиитэ, киһилиин-сүөһүлүүн кыстык олохпут саҕаланыаҕа, – Тускул, баһылык киһи, төрөөбүт нэһилиэгэ, дьоно-сэргэтэ туруктаахтык, эрэллээхтик кыстыкка үктэммиттэринэн санаата бөҕөх.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан