Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьикти дьылҕалаах киһи
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти дьылҕалаах киһи
K
edersaas.ru
Категорията суох
23.10.2023 14:49
Онно-манна сылдьан дьону кытта сэһэргэстэхпинэ, дьикти эбэтэр ыарахан дьылҕалаах дьон туһунан сэҥээрэр курдукпун. Ол да чэрчитинэн, бу, Уркуускайга сылдьан, доҕорум ойоҕун аҕатын дьылҕатын туһунан долгуйа иһиттим. Быһыта-орута, истибиппин судургутук кэпсииһикпин. Доҕорум кынна кииринньэҥ аҕатын араспаанньатынан Кузнецов диэн. Аата-суола Леонид Кузьмич диэн эбит. Сэрии саҕаланыытын саҕана 13 саастаах, чороччу улаатан эрэр уол эбит. Сэрии иннинэ ийэтэ уолун оҕо дьиэтигэр иккитэ (!) туттарбыт эбит. Ону маачаха аҕата, тимир суол үлэһитэ киһи, баран, төттөрү ылан кэлэр эбит. Леняҕа ол киһи төрөппүт уолугар курдук сыһыаннаспыт. Төрөппүт ийэтэ буолуохсут тоҕо оннук быһыыланарын, оҕотуттан босхолоно сатыырын ыт да билбэт. 1941 сыллаахха кииринньэҥ аҕата бастакы хомуурга түбэһэн, уоттаах сэриигэ барар. Уол тимир суолугар депо мастарыскыайыгар үлэлии сырыттаҕына, ийэтэ сурдьун, уол таайын кигэн, уолуттан босхолонорго холонор. Ол курдук, таайа уолу «хотугу сири көрдөрөргө» диэн албыннаан, Дьокуускайга аҕалан, өрүс пуордугар хаалларан кэбиһэр. Уол аһа-таҥаһа суох билбэт сиригэр муммут кус оҕотун курдук буола түһэр. Оннук, аччыктаан эрэр оҕону биир нуучча оҕонньоро көрсөн дьиэтигэр аҕалар. Сотору таас чох шаахтатыгар үлэҕэ киллэрэр. Бука, Хаҥалас эбэтэр Сангаар эбитэ дуу? Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, бастакы үлэлиир күнүгэр шаахта сиҥнэр, киһи өлүүлээх быһыылаах. Уон биир чаас тохтоло суох хаһан, буорга, чоххо баттата сытар, штольняҕа бүгэн олорор дьону хостууллар, үөһэ таһаараллар. Ол хостоммут дьон иһигэр Леня уол эмиэ баар. Штольня иһигэр чохчойон олорон, уон биир чаас устата, уолчаан тугу-тугу санаахтаабыта буолуой?! Уйулҕата көтөн, шаахтаттан уурайар. Оҕонньор кэпсэтэн уолу, аны, өрүс пуордугар үлэҕэ киллэрэр. Аны туран, сотору биир алдьархай түбүлүүр. Аттыларыгар түөкүттэр баандаларын туталлар. Ол баанда быыһыгар оҕонньордоох уол ырыыска быыһыгар хабыллаллар. Уолу саха ыҥкыбыды сэлиэдэбэтэлэ көрдөрүү ылан, аны, хаайыллар. Төһө өр уонна ханна олорбутун ким да билбэт. Хаайыы кэннэ оҕонньорун булбатах. Ол да буоллар, уол пароходствоҕа үлэлээн, боростуой юнгаттан, мотуруостан саҕалаан, борокуот хаппытаана буолан тыыллан-хабыллан тахсар. Кэргэннэнэн, ыал-күүс буолар. Өлүөнө эбэни баһыттан төрдүгэр дылы сыыйар. Кыыс оҕолооҕо, билигин 60 ааспыт дьахтар, Дьокуускайга олороро сабаҕаланар. Эмиэ табыллыбат. Ойоҕуттан арахсар. Уонна 1970 сыллар саҥаларыгар дойдутугар Иркутскайга кэлэр. Тута эмиэ хаппытаан буолар, Ангара өрүс устун устар. Саҥа ойохтонон, 1974 с кыыс оҕолонор. Таайа көрсөн, бырастыы гыннара сатыырын «баскын хампы ытыам» диэн үүрэн кэбиһэр. Ийэтэ чыыннаммыт-хааннаммыт, хаппытаан буолбут, байбыт-көммүт уолугар ньымааттаһа, «саҥа» сыһыан олохтуу сатыыр. Ону чугаһаппат. Дьэ, оҕордук сырыттаҕына, 1982 сыллаахха, куруорка сынньана сылдьар кэмигэр, ииппит аҕатын хамандыыра үгүс сыл көрдөөн, ирдээн кэлэр. Кини доҕоругар андаҕайбыт эбит: «Уолгун булан, аҕата хайдах өлбүтүн кэпсиэм», — диэн. Соһуйуу, долгуйуу буолар. Нөҥүө сылыгар, ол киһиэхэ ыалдьыттыы, билсэ-көрсө аттанар. Ленинградскай уобалас ханнык эрэ дэриэбинэтигэр. Тиийбитэ бохоруона буола турар
эбит. Ыйыталаспыта, били, аҕатын хамандыыра өлбүтүн тиһэх суолугар атаарыыга тиийэн хаалбыт эбит… Дьэ, итинник. Бука, ЛОРП архыыбыгар баара буолуо, 1950-1960 сылларга Кузнецов Леонид Кузьмич диэн хаппытаан биһиги өрөспүүбүлүкэбит эбэлэрин устун уһаты-туора сыыйбытын туһунан. Кэлин Байкаалга биллэр хаппытаан эбит. 2004 сыллаахха, 77 сааһыгар өлбүт. Леонид Кузьмич Саха сиригэр тыылга үлэлээбитин туоһулуур сурук ылан, тыыл бэтэрээнэ буолбут эбит. Ону таһынан, ол сылларга, аны, Иркутскай тимир суолун үлэһитэ буолан, эмиэ туоһу суруктаах эбит. Ону бэйэтэ таайын күтүрүүрэ үһү: «Паекпун ылан сии сылдьыбыта буолуо», — диэн. Дьэ, оҕордук…Киһи барахсан дьылҕата, арыт, итинник ииспэрэй, уустук буолар. Дьөгүөр Һэрэмээт, Садын сирэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан