Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэпсээн: Олох чахчыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэпсээн: Олох чахчыта
K
edersaas.ru
Категорията суох
01.10.2023 19:00
Арай Сүөдэр сөпкө этэр буоллун? “Чахчыны көрбөккүн, түүлгэр олороҕун» диэн сөпкө этэр быһыылаах. Сөп-сөп! Чахчыны көрбөт, түүл курдук олорор. Оччоҕуна чахчы ханнаный, түүл ханнаный? “Чахчы”, “дьиҥнээх” диэн Сүөдэр тыллара. Кини элбэҕи үлэлиир, киэһэ аайы хонтуоратыгар барар. Түүн хаска кэлэрэ эбитэ буолла? Даайа ону, саатыан иһин, билбэт эбит. Сүөдэр сопхуос туһугар кыһаллар, ону Даайа өйдөөбөт эбит — чахчы диэн ити. Оттон кини олоҕо олоччу түүл эбит, түүл диэн барыта, ааспыт барыта, саадьаҕай борооску сиэн кэбиспит сибэккитин курдук, барыта суох буолбут. Оччоҕуна полонез эмиэ түүл үһү дуо? Ээ, суох! Ити баҕас чахчы этэ, түүл гынан баран, дьиҥнээх чахчы этэ. Туй-сиэ. Даайа буккуллан хаалла. Чэ, уопсайынан, түксү! Даайа сарсыҥҥыттан ыла чахчыны көрөр буолуо. Тоҕо сарсыҥҥыттан? Бүгүҥҥэттэн ыла. Хараҕа тылла илик ыт оҕотугар дылы тумсун окко-маска анньыалаан биэрэр. Түксү! Сүөдэр баара — таҥараҕа махтал! Кини баҕас таах эҥин араас буолар, Сүөдэр саҕа үлэлиир буоллар, кырдьык, холоон буолуо этэ, эбэтэр Маайа, Настаа курдук, күнү быһа хотонтон тахсыбата эбитэ буоллар. Сарсын, бээ, Настаа эрэйдээҕи кытары үчүгэйдик кэпсэтиэ. Кини төһөлөөх санааҕа-онооҕо сылдьара буолуой? — Настаа, — диэҕэ Даайа, — мин эйиэхэ тугунан эмэ, тугунан эмэ көмөлөһөр кыахтаахпын дуо? — Суох, — диэҕэ кини. Оччоҕуна Даайа этиэҕэ: — Кэргэниҥ кэллэҕинэ, кинини кытары мин кэпсэтиэм. Кини өйдүө, өйдүөхтээх. — Чэ, сөп, — диэҕэ Настаа уонна үөһэ тыыныаҕа. Эбэтэр маннык: — Настаа, — диэҕэ Даайа уонна… уонна туох диир? — Настаа, дьоллоох буол. Онуоха кини мичээрдээн эрэ кэбиһиэҕэ. Саатар, ити чахчы ини, доҕоор. Хас чаас буолла? Уон икки. Бэлиэр уон икки? Сүөдэр тоҕо хойутаатаҕай? Куруук баччаҕа кэлэрэ дуу? Даайа өрүү эрдэ утуйан хаалара. Биирдэ эмэ көмөлөһөр эҥин диэн суох. Түүл курдук олорор, чахчыны көрбөт. Сүөдэр сопхуос туһугар кыһаллар, ол баар — дьиҥнээх чахчы. Саатар, биирдэ, саатар, бүгүн Даайа баран көмөлөстөҕүнэ сөп буолсу. Ычча, халлаан тымныйбыт, тоҥорбут, куһаҕан саас кэллэ. Тымныы, тыалырар. «Сир сиигин тыал үрэн кэбистэ», — дииллэр кырдьаҕастар. Маайалаах саҥа хотонноро оол-ол субуруйан турар. Оксиэ, дьэ, субуруйан түһэн, уһун хотон буолсу, ээ? Даайа саҥа хотоҥҥо саҥа кыһыл муннугу тэрийэр буоллаҕа дии, өссө үчүгэй гына. Эмиэ соҕотох тэлэбиисэр эрэ килээрийэн туруо дуо? Кинигэлэри, сурунааллары таһыа, сибэкки эмиэ… Саадьаҕай борооску биири сиэн кэбиспитэ туох буолуой? Даайа ол аайы киниэхэ түннүгү аһан биэрбэтэх баҕайыта ини, доҕоор! Итиэннэ борооску сиэбэт, сиэн да баҕарбат сибэккитин булуо. Бэйи эрэ, хонтуоралара тоҕо уота суоҕуй? Биир да түннүккэ уот суох. Иһиттэн сабыылаах буоллаҕа дуу? Эбэтэр ханна эмэ ортоку хоско олордохторо дуу? Сүөдэр күнүс үлэлиир хоһо бу түннүк ээ. Хабыс-хараҥа. Уот баара көстүбэт. Чэ, бээ, ааны тардан көрүөххэ. Истэн аһаллар ини. Түүн харабыл да хонор буолуохтаах ээ. — Аһыҥ эрэ! Аһыҥ! — Кимҥиний? — Ээ, Даайабын. — Даайабын да-а? Чэ, киир. — Дорообо! Тугу кэпсиигин? Харабылгын дуо? — Э-эх, түүн манна утуйабын. — Хайыа, Огдооччуйа эбиккин дуу? Билбэтим ээ, сирэйгин тууна баанан кэбиспиккин. — Тииһим ыалдьан сордоото. Тоҕо кэллиҥ? — Сүөдэргэ. — Сүөдэргэ да-а? — Э-эх, ханнык хоско үлэлии олороруй? — Сүөдэр суо-уох. — Хайдах суох? — Маарыын алтаҕа бары барбыттара. Түүн манна ким олоруой? — Хайдах? Кини манна киэһэ аайы кэлэн үлэлээччи дии. — Киэһэ аайы да-а? Дьэ, билбэтим… Мин билэрбинэн хаһан да кэлээччитэ суох. — Кэлээччитэ суох да-а? Оччоҕуна ханна барбытай? — Билбэтим. — Муокас эбит. Миэхэ: “Хонтуорабар таҕыстым”, — диэбитэ. — Диэминэ оттон… Даайаа, тоойуом, олоро түс, мэ, тардаҕын дуо? — Чэ, аҕал даҕаны. — Олор-олор, баллыгыраһа түс, түүн да уһун. Эн билээхтээбэт эбиккин дии. Биһиги билэрэ буолуо диирбит. Үөрэхтээх дьон бэйэлэрэ оттон… — Тугу? Тугу, Огдооччуйаа? — Оттон итини… Сүөдэриҥ киэһэ хаһан да манна кэлээччитэ суох ээ. — Оччоҕуна ханна сылдьар? — Билбэт эбиккин дии. Булҕаахтыр дьахтарыгар олорор ини. — Бухгалтер дьахтарыгар даа? Отчуот оҥороллор диэххин. — Дьэ, ону билбэтим. — Сымыйалаабаккын дуо? — Билбэтим… — Чэ, мин бардым. — Бар, тукаам, бар. Огдооччуйа эмээхсин сымыйалыыр. Өссө тугу эрэ таайтара сатыыр курдук этэр ээ. Суох, бу баҕас, дьэ, кырдьык түүл быһыылаах! Бухгалтер дьахтары Даайа билэр, Огдооччуйа сымыйалыыр. Ол эрээри кини тоҕо сымыйалаатаҕай? Суох, бу — түүл. Сорох дьон түүн туран хаамаллар үһү дии, Даайа эмиэ оннук уутугар аҥаарыйан сылдьара буолуо. Оннук-оннук! Билигин кини дьиэтигэр киириэ, Сүөдэр хайыы-үйэ кэлбитэ буолуо, оччоҕуна барыта быһаарыллыа, барыта орун-оннугар түһүө. Кини утуйа сылдьар быһыылаах, уутугар аҥаарыйан, түҥ-таҥ иһиттэ ини. Биллэн турар, биллэн турар! — Баар эбиккин дии. Сүөдэр, мин уһуктаҕаспын дуо? — Уһуктаҕас курдуккун. — Ол аата, дьэ, уһугуннаҕым дии. Ол аата, түүл эбит буоллаҕа. Оннук эрэ буоллун! — Тугу этэҕин? — Хонтуораҕа сырыттым ээ. Уубар аҥаарыйан, тугу да өйдөөбөтүм быһыылаах. Оннук дуо, Сүөдээр? Эт эрэ, Огдооччуйа этэрэ — түүл дуо? — Тугу эттэ? — Эйигин киэһэ хаһан да үлэлии кэлбэт диир. — Уонна? — Уонна… уонна бухгалтерга олорор диир. Эн отчуот оҥорор буоллаҕыҥ дии. Оннук дуо? Сүөдээр, эт эрэ, оннук диэ! Эбэтэр мин эмиэ түһээбитим эрэ буолуо. Түүл дуо ити? Сүөдээр, түүл диэ. Түһүү сылдьаҕын диэ. “Уһугун, Даайа, уһугун, диэ. — Ох, Даайа-Даайа… — Ити дии! Ол аата, кырдьык, түһээбит буоллаҕым. Киһи күлүөх буолбат дуо? — Чэ, хайдах да диэ. — Түүл эбит, түүл эбит. Биллэн турар — түүл! Ой, киһи күлүөх… Эн кыһаллыма, Сүөдээр, кыһаллыма. Мин чахчыны, кырдьыгы көрөр буолуом. Сүөдээр, тоҕо саҥарбаккын? Тоҕо түҥнэри хайыһаҕын, ээ? — Ох, Даайа-Даайа… Эн, арааһа… эн, арааһа, олус дьоллоох дьахтаргын быһыылаах. — Ой, ха-ха! О, һо-һо! Биллэн турар, биллэн турар!.. — Даайа-Даайа… — «Акаары» диэ, ыл! — Суох! Туох диэтэҥий… Мин атыны этээри.. — Тугу? Тугу, ээ? — Ким эйигин кыайан албынныай?.. — Ким ол миигин албынныы сатаатаҕай… Эн эрэ үчүгэйдик сыһыаннас. — Мин? Эрэн… Огдооччуйалартан эҥиннэртэн тугу да, хаһан да аны итинниги истиэҥ суоҕа. Түүлгэр даҕаны. Хайа, үөрдүҥ дуо? — Һы… Өссө ыйытар ээ! Чахчы дьоллоох эбиппин.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан