Кэпсээ
Войти
Регистрация
БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Кэтэҕим кэлтэйэн эрэр»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Кэтэҕим кэлтэйэн эрэр»
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.09.2023 11:00
Куорат оҕонньоро таах олоруохтааҕар куораты туора-маары сыыйабын. Сороҕор сатыылаан дьөгдьөрүҥнүүбүн, сороҕор “кыһыл оптуобустарбар” олорон айанныыбын. Аппа уҥуор сылдьыбатаҕым ыраатта. Онон бу “Дьахтар быттанар күнэ” үүммүтүн туһанан, “дьахталлар эрэ быттаннахтарай” диэн баран, Аппа уҥуор 4-с оптуобуһунан айаннаатым. Сүрдээх ыраас баҕайы солуоннаах оптуобус эбит. Суоппара – эдэркээн уол. “Тугун ырааһай?” – диэн сөҕөн саҥа аллайбыппар аттыбар олорор саха дьахтара: “Бу төрдүс оптуобустартан саамай ыраастара. Куорат дьаһалтата оптуобустар ортолоругар күрэхтэһии тэрийэрэ буоллар, кыайар уол сылдьар”, – диэн быһа-бааччы эттэ. Урут Байкалов уулуссаҕа олорор атастаах этим. Онно таарыйан ааһыахха диэммин, “Байкалов уулусса тохтобулугар” түһээри гыммытым табыллыбата. Дьэ, доҕоор, манна оптуобус тохтооботоҕо быданнаабыт. Былырыын бу суол кытыытын оҥороллоругар суол үлэһиттэрэ муҥнаахтар ааһа көтүтэ турбуттар. Онон кыһыны быһа кырдьаҕастыын-эдэрдиин Үһүс оскуола тохтобулугар сатыы хааман саппаҥнаспыттар. Хайыахтарай? Чэ, ол эрээри, киһи үөрэрэ диэн, ол итэҕэстэрин көннөрөн, тохтобулу оҥоро сылдьаллар эбит. Сылааһы баттаһа саҕалаабыттара ырааппыт. Тохтобул буолан баран, ирдэбилэ элбэх буоллаҕа. Суол бэлиэтэ эҥин. Чэ, буоллун. Тохтобулу оҥордохторуна аллар атаспар кыһын бара сылдьыам. Хата, атаһым төлөпүөннээбиппэр: “Бэйэм даҕаны тохтобулбутун оҥорон бүтэллэрин кэтэһэн-кэтэһэн кэтэҕим кэлтэйэн эрэр”, – диэн күллэрдэ. Дьэ, онтон Байкаловтан салгыы Мотуруосапка тохтоон ааһыахха дуу дии санаатым. Куорат диэки кэлиигэ бэртээхэй тохтобулу оҥорон туруорбуттар. Ээ, мин дьэппиэги булан көрөр идэлээх кырдьаҕас бу да сырыыга биир суолтан иҥинним. Тохтобул таһыгар үчүгэйкээн баҕайы хойуу талах үүнэн лаглайбыт. Били, ыһыахха бараары сахалыы таҥаһын таҥныбыт Лагларыйа курдук. Талах хойуута бэрт буолан, “Азия” диэн эргиэн киинин таһыттан элээрдэн кэлэн иһэр оптуобус суоппара манна барсаары кэтэһэн турар киһини туман кэмигэр көрбөккө аһары көттөҕүнэ да көҥүл буолууһу. Онон, доҕоор, баары биллэрдэххэ табыллар диэн, суол кытыытыгар ойон таҕыстым. Дьэ, Аппа уҥуорбар итинник баран кэллим ээ. Сыыйа барыта ситэн-хотон бардаҕына, суол-иис тубустаҕына, син киһи мыыммат оройуона буолууһу. Бээрэ, оттон бу оройуоҥҥа чааһынай дьиэни хаска атыылыыллара буолуой? Барыны-бары билэр Маппыйтан ыйытыам буоллаҕа.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан