Кэпсээ
Войти Регистрация

БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Учууталлар эрэйдээхтэри аһынабын даҕаны…

Главная / Кэпсээн арааһа / БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Учууталлар эрэйдээхтэри аһынабын даҕаны…

K
edersaas.ru Категорията суох
19.09.2023 14:25
Дьэ, аныгы сайдыылаах олоххо, 21-с үйэҕэ оннук духуобунай барҕардыбыт, маннык моральнай-материальнай сайынныбыт. Оҕолорбут-ыччаттарбыт олоҥхолоон-хомустаан, үҥкүүлээн-ыллаан, араас куонкурустарга-бэстибээллэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кыайан-бастаан аан дойдуга аатыраллар дии-дии түөспүтүн тоҥсунабыт, “оҕо бырааба, көмүскэлэ” дии-диибит тарбахтарбытын чочоҥнотобут. Дьиҥинэн, онтубут сойутуллубут үүт чөчөгөйүн курдук, күннээҕи уорааннаах олохпут күннээх үрүт сүмэтэ эрэ буолаахтаатаҕа. Дагдалаары курдук холбуйан кэбистэххэ, эрэйдээх-буруйдаах олохпут хараҥа түгэҕиттэн араас күлүк өрүттэрэ будулуйан тахсаахтыыллар… Бырааптара харыстанар, өрө тутуллар сымарпуон, бассаап иитиэхтээбит сиэр-майгы, чиэс-суобас диэн өйдөбүллэр сыстыбатах ыччаттарбыт оптуобуска иннигин быһа түһэн, босхо олбоххо көрдөрбүтүнэн “лах” гына олорунан кэбиһиэхтэрэ, бүк түһэн төлөпүөннэрин хаһыспытынан-талкайбытынан барыахтара. Кырдьаҕас киһиэхэ миэстэ туран биэрэр туһунан өйдөбүл мэлигир эрэйдээхтэрэ буолаахтаатахтара. Этэн көрдөххө: “Харчыбар атыыласпыт миэстэбэр олорумуна!”—диэн өрө мордьойон туруохтара. Хайыаҥ баарай, олорор бырааптаахтар… Аныгы учууталлар эрэйдээхтэри аһынабын даҕаны. Бары кибер сайдыылаах “үөрэнээччилэр”, маама-паапа оҕолоро барахсаттар оройдорунан тураллара кыра, учууталларын таптаабыттарынан атаҕастыахтарын, охсуохтарын-тэбиэхтэрин сөп. Учуутал эрэйдээх мөҕөр, тарбаҕынан таарыйар, куолаһын сонотор бырааба, хайдах да гынар кыаҕа суох. Боруоба, сэмэлээн улаханнык саҥардаҕына үҥсүллэн үлэтиттэн үүрүллэр, чанчыгыттан тартаҕына холуобунай дьыала тэриллэр. Субу аҕай бассаапка үһүс кылаас үөрэнээччитэ уол учууталын оонньуу оҥостон быһыылаах сиирэ-халты тэбиэлиирэ, далбаатанара биидийэҕэ уһуллан тарҕаммыт. Эдэр учуутал дьахтар муҥнаах, саҥата суох ньимийэн олороохтуур. Бу туох ааттаах көҥүл-босхо барбыт оҕонуй, буойуллара-дьарыллара табыллыбат, көҥүллэммэт туох ааттаах бырааптаах, көмүскэллээх, учууталы учуутал, дьахтары дьахтар диэбэт көрүлээбит оҕонуй? Биһиги оҕо сылдьан учууталы өрө көрбөт, толлор этибит. Онтубут улаатан истэхпит, өй туттахпыт аайы ытыктабылга кубулуйбута. Араастаан үөрэтэллэрэ-такайаллара, сэмэлииллэрэ-хайгыыллара. Муннукка туруораллара, мас элиниэйкэнэн оройгун да чохоохтууллара. 1957 сыллаахха “ ньулубуой” кылаас үөрэнээччитэ дириэктэрбин кытта таһырдьа дорооболоспокко эрэ кэпсэтэммин, бүтүн оскуола иннигэр туруоруллан, уопсай линейкаҕа “бу уол бэлиэргиттэн учууталын ытыктаабат, дорооболоспокко эрэ кэпсэтэр” диэн сирэй-харах анньыллыбытым өйбүн-санаабын тутарбар умнуллубат үөрэх буолбута. Элбэҕи куолулаабакка, учуутал ыстаатыһын үрдэтиэххэ, быраабын кэҥэтиэххэ, күүһүрдүөххэ диэн этиилээхпин. Ити үһүс кылаастан учууталы араастаан үөҕэ сылдьар дэбииллэри, үтүө-мөкү диэни билиммэт “чэчэгэйдэринэн көрбүт” “үөрэнээччилэри” уодьуганныылларын, чанчыктарыттан да тардалларын, оннуларыгар туруортуулларын курдук. Итинниктэри сирэйдэригэр суорат салаан көннөрбөтүҥ биллэр.
edersaas.ru сайтан