Кэпсээ
Войти Регистрация

Саһыл куобаҕы тутан биэрбитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Саһыл куобаҕы тутан биэрбитэ

K
edersaas.ru Категорията суох
12.09.2023 19:32
Дьэ, доҕоттоор, итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, бэйэҕит дьыалаҕыт. Бу чахчы буолбут түбэлтэ. Сааскы сандаархай, ылааҥы күн Баанньалаах Ньукуо ус кыһыны быһа от соспут чигдийбит суолларынан ходуһа устун, кэм да от тиэйэ дьигиһитэн, ньирилэтэн иһэллэр. Сотору буола-буола иннилэригэр харалдьыкка сапта түһэн хаардыын-сирдиин силбэспит туллук үөрэ буркун курдук өрө ытыллан тахсан, сыһыы сырдык ньуурун сыыйан хойдон, сэллээн ыла-ыла симэлийэ сүтэр.— Ньукуо, туллуктар-туллуктар! — Баанньа нуктаан баһа босхо баран, тыраахтары кытта тэҥҥэ хойуоллаҥнаһа иһэр атаһын сэргэхситэ таарыйа хаадьылаан өттүккэ аньыалыыр. — Доор, били ханай куспут курдук, соһон истэхпитинэ аны оппутугар кэлэн түһэллэрэ буолуо. Бэлэм иһээр. — Тиэнэн баран, оппут тэллэҕэр туһахта дэлби иитиэххэ. Кыһыны быһа сигэммит, аалыммыт буоланнар, күрүө тоһоҕолоругар сылгы сиэлэ кыбыллан-иилистэн турара баһаам,— Ньукуо да хаалсыбат. Аҕыйах саҥалаах да буоллар, хам-түм дьээбэҕэ тиллээччи.—Арыылаах хобордооххо сырдьыгынатар киһи, аам…— саһарчы ыһаарыламмыт, хоргуна саккырыыр туллук буутун амтаһыйа ыстыырдыы тииһин-уоһун хамсатан чыпчырынан кэбистэ. Балайда айаннаатылар. Күн күндэлэс сардаҥаларын сыһыы киэҥ ньууруттан, от-мас хас биир лабаатыттан тэйитэ оонньоон, хаар-кырыа саарыстыбата кустук араас өҥүнэн күлүмүрдүүр, хараҕы саатырдар. Эргиччи уһуктуу, сааскытыйыы сылаас тыына имэрийэр, илгийэр. Курустаал дьэҥкир халлаантан кыыдамнаһан түһэр кылбаа-маҕан туллукчааннар итинэн-манан элэҥнэһэннэр, эдэр уолаттар сэргэхсийдилэр, эгди буоллулар. Туллукчаана-Туллукчаана, Туллуктана тэлээриий, Сахам кыыһа сааһы көрсө Сандаарыйа мичээриий, — Баанньа уол тыраахтарын салайан ырычаактарын хамсата-хамсата кыыдамнаһан түспүт туллуктар курдук төбөтүгэр көтөн түспүт хоһоон тылларын сааһылыы, нарылыы истэ.Поэзия нарын абылаҥар ылларан испит буолан, иннилэригэр алта уонча саһааннаах сиринэн хаҥас диэки сыыйыллар алыыттан уҥа диэки ойдом турар балайда кэҥэс долохонону көрбүтүнэн суолу туора быһа туох эрэ маҕан, тилэх баттаһа кыһыл субурус гыммыттарын дьыалайдаабата даҕаны. Ньукуота илгиэлии-илгиэлии, нэһиилэ саҥа таһааран:”Куобах-куобах! Саһыл-саһыл! Онно, долохоноҕо!”—дии-дии боксерскай бэрчээккэ курдук истээх үтүлүгүнэн тыраахтар кэбиинэтин инники тааһын кибиргэтэр. Баанньа холку-чуумпу Ньукуота сирэйэҕэ-хараҕа турбута сүрдэммитин аан -маҥнай көрөн, иннилэригэр саһыл куобаҕы эккирэппитинээҕэр соһуйда. Уолаттар “бултаһыахха” диэн биир санааҕа кэлэн, Баанньа тыраахтарын саһыллаах куобах киирбит суолларынан долохоноҕо иннинэн ыксары астарда. Кэбиинэтин кэтэҕэр ууруна сылдьар таһынан сомуоктаах биир уостаах 16-лаах доруоп саатын, батарантааһын хаба тардан, Ньукуотун: “Үүр!”— диэт долохонону эргийэ сүүрэн, нөҥүө өртүгэр кэтээн турда. Баҕар ойоҕоһунан тахсан куотуохтара диэн, долохоно икки өртүн олоотуу, иннин кэтэһэ биэс-алта мүнүүтэ иһийэн турда. Сотору долохоно иһигэр бэрт чугас аҕылаһар, ньааҕынаан ылар курдук тыас иһиллэн ылла. Онтон долохонону, сыбары үлтү солоон, хара көлөһүнэ сарт түһэн, талах, сыбар буорун-быылын сүкпүтүнэн Ньукуо сүүнэ маҕан куобаҕы кулгаахтарыттан туппутунан “һуу!” диэбитинэн тахсан кэллэ. Саһыл сүнньүттэн ытыран, көхсүн тириитин хайа тардан кэбиспит. Баанньа саһыл куобаҕы тутарын истибит эбит. “Оттон саһылбыт ханна барда?”— дэһэн, долохонону икки өртүнэн хайдылар да, саһыл тахсыбыт суола ыраас хаарга көстүбэт. — Иһирдьэ кирийэн хаалла буолуо, дэлэҕэ кыыл буолбатах,— Ньукуо көлөһүнүн соттор. — Төһө да кини буоллар, джунглига сулуон кыыл курдук сыбары-талаҕы ити үлүгэрдээх имири үктээн иһэр тыаскыттан-уускуттан тэскилээбит буолуохтаах. Боппуруос — ханан? —диэн Баанньа кэтэҕин тарбанар. Ньукуо сөрүүкүү, уоскуйа таарыйа стогобуос тииһигэр олорон, куобаҕын уурбута тиистэр быыстарыгар түспүтүн ылаары төҥкөйөн баран, күлэн тоҕо барда. — Оо, саһыл мэйии, маладьыас. Биһиги суохтааммыт төбөбүтүн сынньабыт! Кэл, көр-көр! Баанньа көрбүтүн итэҕэйбэккэ харахтарын ньухханна. Дьэ, кырдьык өй-мэйии хаата, киитэрэй кыыл эбит. Остуоруйаҕа-номоххо, ырыаҕа-тойукка хоһуллуон-хоһуллубут, туойуллуон-туойуллубут. Саһыллара үлэлии турар тыраахтар аннынан киирэн, стогобуос тиистэрин быыһынан тахсан элэг гынан, суола сойбута ырааппыт эбит! Хайыахтарай, бэри диэн бэркиһээн, сөрү диэн сөҕөн, Ньукуо бүтэй бүөрдээх, эмис атыыр куобахтанан, отторун тиэйэ ньирилэтэ, дьигиһитэ турдулар. Иван Ксенофонтов-Силиги.
edersaas.ru сайтан