Кэпсээ
Войти Регистрация

Кук кырдьыга (УОЧАРКА)

Главная / Кэпсээн арааһа / Кук кырдьыга (УОЧАРКА)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.09.2023 15:00
Биллиилээх полярник уустук уонна мүччүргэннээх олоҕо  1908 сыл муус устар 21 күнүгэр американец Фредерик Альберт Кук киһи аймах устуоруйатыгар бастакынан Хотугу полюска тиийбитин туһунан үөрүүлээх сурах аан дойдуну тилийэ көппүтэ. Ол эрээри биллиилээх полярник бэйэтин ситиһиитин дакаастыыр матырыйаалларга хара ааныттан ээл-дээл сыһыаннаспытын түмүгэр, кини Сир оройугар сылдьыыта кэлин саарбахтаммыта. Арктиканан “сүрэхтэтии” 1890 сыллаахха эдэр быраас Фредерик Альберт Кук Гренландия арыытыгар уһун кэмнээх эспэдииссийэҕэ эр санаалаах дьону ыҥыралларын туһунан биллэриини хаһыаттан булан аахпыта. Барыны бары билиэн-көрүөн баҕалаах сүүрбэ биэстээх эдэр киһи, чугас дьонун тылын истибэккэ, Роберт Пири салайар хамаандатыгар суруттарбыта. Ити күнтэн кини дьылҕата тосту уларыйыан бэйэтэ да билбэтэҕэ буолуо. Эспэдииссийэ тэрээһинэ, хааччыллыыта быстар мөлтөҕө. Ол иһин да буолуо, биир да хампаанньа айанньыттар олохторун страховкалыырга сөбүлэспэтэҕэ. Пири бастаан утаа Гренландияны арҕааттан илин туоруур санаалааҕа. Ол эрээри Норвегия айанньыта Фритьоф Нансен кинини урутаабытын истээт, былаанын тиэтэлинэн уларытарга күһэллибитэ. Эспэдииссийэ улахан тугу даҕаны ситиспэтэҕэ. Оттон Кук Гренландияттан билии­тэ-көрүүтэ хаҥаан, аны Арктиканан “сүрэхтэтэн” эргиллибитэ. Кэлин бэйэтэ хаста да эспэ­дииссийэ тэрийэргэ санана сылдьыбыта эрээри, үбэ-харчыта кыаттарбатаҕа. Ол иһин буолуо, барон Адриен де Жерлаш Антарктидаҕа айанныырга ыҥырар этиитин тута ылыммыта. Онно аатырбыт полярник Руаль Амундсены кытта билсиспитэ. Амундсен 1928 сыллаахха олохтон туоруор диэри доҕордоспуттара. Эмиэ ол кэмҥэ Арктическай кулууп тэри­йээччитэ, салайааччыта буолбут Роберт Пирины кытта сыһыаннара букатыннаахтык алдьаммыта. Иккиэн хорсун, эр санаалаах, ол эрээри, этэргэ дылы, амбиция быһа сиэбит дьоно, атырдьах маһыныы арахсыбыттара. Урукку доҕордуулар бэйэ-бэйэлэригэр аны кыр өстөөх буолбуттара. 1901 сыллаахха Пири Гренландияҕа кыстаан олорон, алдьархайга түбэһэн, атахтарын тарбахтарын быстарбытыгар, киниэхэ Кугу көмөҕө ыыппыттарыгар олуһун диэн уордайбыта үһү… Ситиһии эндирдээх суола Оттон Кук санаатын түһэрбэт буола сатыыр. 1903-1906 сс. Аляскаҕа тиийэн чинчийэр үлэнэн дьарыктанар. Онно Хотугу Америка континенын саамай үрдүк чып­чаалын – Мак-Кинли хайа өргөһүн дабайарга сананар. Билигин даҕаны 6 190 м үрдүккэ ыттыы манан аҕай дьыала буолбатах. Оттон ааспыт үйэ саҥатыгар маннык үрдүк кэтирээһиҥҥэ бу букатын кыаллыбат дьыала курдуга. Ону ол диэбэккэ, Кук кыттыгаһыныын Эдвард Барриллыын үһүс холонууларыгар, 1906 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Мак-Кинлины дабайаллар. 1907 сыллаахха Кук миллионер Джон Брэдлины кытта билсэр. Киниэхэ Хотугу полюска айанныырга этии киллэрэр. Брэдли, төһө да экстремальнай бултааһынынан үлүһүйдэр, полюска барартан батынар. Ол эрээри эспэ­дииссийэни үбүлүүргэ сөбүлэнэр. Кук икки эскимоһы кытта 1908 сыл олунньу 19-гар ыраах айаҥҥа турунар уонна, Кук ыйарынан, муус устар 21-гэр сыалларын ситиһэллэр. Аныгы чинчийээччилэр оччотооҕу кээмэйдиир прибордар уон миль курдугунан алҕаһыахтарын сөбүн ыйаллар эрээри, полюһу арыйыы курдук улуу дьыалаҕа ол аахсыллыбат. Төннөллөрүгэр уста сылдьар муус айанньыттары маршруттарыттан 200 миль туора илдьэр, аны туран аһаҕас уу харгыс буолар. Хайыахтарай, эмиэ кыстыы хааларга күһэллэллэр. Онон эрэй-муҥ эҥэрдээх уһун айан 1909 сыл муус устарыгар түмүктэнэр. Ол кэлэн Кук эмиэ ити кэмҥэ 52 саастаах Роберт Пири анал хамаандатыныын бэһис холонуутугар полюска тиийбитин туһунан истэр… Чыпчаалтан хойуостуу Пири атырдьах ыйыгар эргиллэр, уонна Кук кинини урутаабытын истэн, ииримтийэ кыыһырар. Тута кэриэтэ баай, сабыдыаллаах доҕотторун-атастарын, билсиитин-көрсүүтүн көмөтүнэн Дания географическай уопсастыбатыгар лиэксийэ ааҕа, ытыс үрдүгэр сылдьар куотуһааччытын баһааҕырдар, аатын киртитэр матырыйааллары хомуйбутунан барар. Бастатан, “Мак-Кинли дьыалатын” арыйар, Кук ити хайа чыпчаалын дабайбатаҕын дакаастыы сатыыр. Манна аргыһа Эдвард Баррил биэс тыһыынча дуоллар манньа иһин Кук Мак-Кинлига тахсыбатаҕа диэн суукка көрдөрүү биэрэр. Салгыы Кугу кытта полюска сылдьыбыт эскимостары — Авелойу уонна Этукишукому — ыгаллар, түүрэйдииллэр. Английскайдыы үчүгэйдик билбэт дьон “ханнык да Сир оройун көрбөтөхпүт” диэн билинэллэр. Пиригэ ол эрэ наада этэ… Кыһалҕатыгар, Кук полюска айаныгар толорбут сурунаала Анноатокаҕа сүппүт аатырар. Эспэдииссийэни көрсүбүт Гарри Уитни бэлиэтээһиннэр, сурунуулардаах кумааҕы баарын мэлдьэһэн кэбиһэр. Пирины АХШ конгреһа өйүүр, контр-адмирал солотун биэрэр, улахан биэнсийэни аныыр. Арай хотугу сир диэн тугун билэр биир конгрессмен Пири оҥорбут отчуотун саарбаҕалыыр, төннөрүгэр күҥҥэ 55 мили айаннаабытын итэҕэйбэтин этэр. Ол кэмҥэ аан дойду бастакы сэриитин уота күүдэпчилэнэр. Пири уонна Кук мөккүөрдэрэ умнуллар… “Ол да буоллар, мин полюска тиийбитим…” Кук айдаантан дьалты буола сатаан, Техаска тиийэн бэйэтин үбүгэр ньиэп хампаанньатын тэрийэр. Сир баайдаах учаастактарга көрдүүр-чинчийэр үлэни ыытыыга анаан аахсыйалары таһаарар уонна олорун … почта нөҥүө атыылыыр. Сонно түөкүннээһиҥҥэ буруйданан 14 сыл 9 ыйга хаайыллар. Түрмэҕэ кинини Амундсен эрэ кэлэн билсэн барбыта үһү. Манна даҕатан эттэххэ, кэлин Кук чинчийбит сирэ чахчы ньиэптээҕэ биллэр… 1930 сыллаахха ол кэмҥэ бокуонньук Пири доҕотторо күүстээх утарсыыларын аахсыбакка, АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Рузвельт анал ыйааҕынан бары буруйдааһыннара көтүрүллэн, Кугу хаайыыттан босхолууллар. Идэтинэн үлэтин быыһыгар кырдьыгын таһаарынар, бэ­­йэтин үтүө аатын төнүннэрэр инниттэн сууттаһан көрөр эрээри, сырыы аайы хотторуулаах хаалар. 1940 сыллаахха Кук ыарахан ыарыыттан сырдык тыына быстар. Кини тиһэх тылларынан: “Ол да буоллар, мин полюска тиийбитим”, диэн этэ… Мөккүөр уҕараабат 1965 сыллаахтан Фредерик Кук олоҕун, үлэтин-хамнаһын үөрэтэр, кини кырдьыгын туруулаһар уопсастыба тэриллэн үлэлиир. Төһө эмэ, хас да эспэдииссийэ Кук кэлин көстүбүт күннүктэригэр олоҕуран, Мак-Кинлиҥҥэ уонна Хотугу полюска бастакынан, чуолаан, кини тиийбитин дакаастаабытын үрдүнэн, АХШ-ка Кук ситиһиилэрин билигин да саарбахтыыллар. Оттон Арассыыйа учуонайдара, чуолаан, Владислав Корякин уонна Дмитрий Шпаро, Хотугу полюһу уонна Мак-Кинлины бастакынан арыйбыт киһинэн Фредерик Альберт Кугу ааҕаллар. Шпаро бэл Кук маршрутунан Мак-Кинли дабайан турар. Манна даҕатан эттэххэ… Роберт Пири Хотугу полюска сырыытын туһунан отчуотун хаста да көннөрбүтэ диэн буолар. Кэлин биллибитинэн, кини полюска уон көһүнэн тиийбэтэҕэ үһү. Манна эбэн эттэххэ, Хотугу полюһу “дьиҥнээхтик” 1948 сыллаахха эрэ баһылаабыттара… «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат» диэн этии кырдьык өрүү өрөгөйдүүр аналлааҕын ыйар. Арай сороҕор ол хойутаан кэлиэн сөп… Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан