Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: «Байанайгыт имнэннин»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: «Байанайгыт имнэннин»
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.09.2023 17:16
Бэйэтин эр киһинэн сананар аныгы саха аралдьыйара, астына сынньанара сылга иккитэ, саас, күһүн саа тутан куска, мас көтөрүгэр бултаабыта буолара эрэ хааллаҕа. Астык булт табысхаан – куобах аны суох, ханан эрэ төрүөх-ууһуох курдук буоллаҕына, бэйдиэ ыт, мэнээктээбит киис, саһыл тутан, кыйдаан эһэн кэбиһэллэр. Кырдьык, эр киһибин эрэ дэнэр эрэйи-кыһалҕаны аахсыбат эр бэртэрэ, биир чөккөй бэйэҕэ турар сыаната тыһыынчаттан тахса солкуобайга тэҥнэһэр буолбут кэмигэр, сороҕор өттүк хараланыахтааҕар, үрүсээктэри-бэйэлэри кураанахсыйалларыттан санааларын түһэрбэт барахсаттар бултууллар. Тоҥон-хатан, сылайан-элэйэн эмис көҕөн, алаадьы курдук ханай кус илии тутуурданнахтарына, кинилэртэн ордук дьоллоох, ама, ким баар буолуой… Бээ, бултуом диэн саа атыылаһарыҥ, сааҥ болдьоҕун уһатарыҥ, бултуурга көҥүл ыларыҥ эрэйэ-муҥа, сүүрүүтэ-көтүүтэ, кэтэбилэ-манабыла, мөҕүллүүтэ-саҥарыллыыта, көрдөһүүтэ-ааттаһыыта, айакка дьыала. Докумуон, ыспыраапка эккирэтиһиитэ, участковайыҥ уһаарбалааһына, гэрээчкэлиир арыгыһыт, наркамаан, иирээки-ньиэрбинэй буолбатаххын туоһулаһыы, сүрэххин-дабылыанньаҕын, көрөргүн-истэргин бэрэбиэркэлээн медхамыыһыйаны ааһыы – дьиҥнээх булчуппун эрэ дэнэр киһи кыайар суола. Оо, биһиги кэммитигэр, оҕо-эдэр эрдэхпитинэ, орто сааспытыгар ойуоккалаһарбыт саҕана, саа-сэп арааһа элбэҕэ, бобуу-хаайыы суоҕа, булт көҥүлэ эриэккэс да эбит! Талбыт сааҕын дьиэҕэр олорон Тула куораттан сааны оҥорор собуоттан буостанан сакаастаан, баһыылканан ылар буоларбыт. Туоһапка, доруоп саа, иитиилээх, кураанах ботуруон, буораах, бөстүөн, быыс арааһа маҕаһыыҥҥа көҥүл атыыланара. Билиҥҥи курдук ый инниттэн сүпсүлгэлэнии-сахсаҥнаһыы, тэринии-хомунуу суоҕа. Ааспыт үйэ 50-с сылларыттан сааламмыт кырдьаҕас булчут буоллаҕым. Билигин сааһыраммын, кыайан хаампат буолан, күһүҥҥү куска санаммаппын даҕаны. Хата сааһын, сүрэҕим батарбакка, баҕар дурдаҕа олоруом диэн 650 солкуобайга лиссиэнсийэ ылааччыбын да, кураанахха буолан тахсар. Даачаҥ, ыһыыҥ бэлэмэ турар дуо, диэн эмээхсиним үлтү хаһыыран, сороҕор ыарытыйан балыыһаланан хаалан хаалааччыбын. Хайыахпыный, бэйэбин кытта тэҥҥэ кырдьыбыт устуучунай ТОЗ-34 саабын тутан-хабан, имэрийэн-томоруйан, куустуһан олоро түһэн баран, сиэйпэбэр хатаан кэбиһэбин. Бултаан бүттэҕим ол. Бу буолан, аны сокуону куруубай кэһээччи аатыраммын, туох эрэ хаппыт адьымыныстыратыыбынай сэмэҕэ-буруйга тардыллан, 500 солкуобай ыстараап төлөөн турардаахпын. Били лиссиэнсийэбин умнан кэбиһэн баран өйдөөн, ый курдук хойутатан төннөрөбүн диэн хаптарбытым. Көҥүлү биэрэр чунуобунньуктар дьаарай быраканьыары туппут курдук өрүкүһүү, биримээнэ харахтара уоттанан астыныы бөҕө этилэр. Киһи да күлэр. Күһүҥҥү кустааһын, булт көҥүлэ саҕаланнаҕа. “Күөх дабыдаллар” көччөх буола көтөн, тылбыйар кынаттаахтар барахсаттар, ичигэс дойдуларын диэки куһугураһа субуллан, айанныырга оҥостон эрдэхтэрэ. Даача иччитэ оҕонньор киэһээ-сарсыарда боруҥуйга наадабынан таһырдьа таҕыстахпына, Эбэбит арыыларын диэки хам-түм дүпүлүөттээн битиргэттэхтэринэ «оо, дьаарайдар, куһу кыайдахтара!» диэн эгди буолан, сэргэхсийэ түһэбин. Кырдьаҕас булчут ону-маны туойан, уруккуну-билиҥҥини санаан ылан, кустаабыт курдук сананным. Булт диэн баран муннукка ытаабыт эдэр, эрчимнээх эрэттэргэ Байанайгыт имнэннин, өттүк хараланыҥ, илии тутуурданыҥ диэн алҕаатаҕым буоллун.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан