Кэпсээ
Войти Регистрация

Булт тосхойуута

Главная / Кэпсээн арааһа / Булт тосхойуута

K
edersaas.ru Категорията суох
28.08.2023 19:00
Чуор үс хонуктааҕыта булчуттартан бэриһиннэрбит хаппыт таба эттээҕэ бүппүтэ балай эмэ буолла. Бүгүн эмиэ хам аччык хааман иһэр. Мас көтөрдөрүн көрөрө да, саата суох буолан бултаһар кыаҕа суох. Үрүсээгэр аҕыйах куобах туһахтаах, кыракый хочулуоктаах, туус саппаастаах. Испиискэни эмиэ хаһы даҕаны чүмэчи уулларан хам сыбаталаан уктубута. Куругар чохороон сүгэтин анньынан, санныгар биэс сэттэ былас кэриҥэ маамыкта өтүүнү кэтэн айаннаабыта хас да хонно. Кини дойдутун диэки соҕуруу хайысханы, ол аата күнү утары тутуһан иһэр. Олоҕор сатаммакка… От ыйын сыралҕана сүрдээх, ону ааһан бырдахтана сатаан илиилэрэ улук да буоллулар. Хоту улуус үксэ талах, кыра, чаллах тииттэрдээх тыатынан баран иһэр. Субу-субу маардар, үрүйэлэр туорааһыннара кэлэл­лэр. Муох, лабыкта бүрүйбүт сиринэн хаамарга сылаа­лаах эбит. Иннигэр уу сыта кэлбитин таныыта тута таайда. Сэндэҥэ тыа быыһыгар сир хараҕа баар эбит. Чуор көрдөҕүнэ, куду эбит этэ. Кытылга кыыл суола элбэх. Төҥкөҥнүү сылдьан суол­ларын сөмүйэтинэн баттыалаан көрбүтэ, сорох суоллар саҥардыыҥҥылар. Тобулу үктээбиттэрэ уунан туола илик, бөһүйбэтэх. Чуор сирэ­йин суунан, таарычча уу сомсон тыаҕа таҕыста. Сүгэһэрин устан баран чохороонун туппутунан кыыллар суолларын чинчилии сырытта. Үөһэттэн киирэр хас даҕаны ыллыктары чинчилии көрөн баран, биир ыллыгы ойоҕолуу хааман иһэн тохтуу түстэ. Кини хараҕын ыллыгы батыһа эндирдии охтубут син сонос соҕус титирик интэриэһиргэттэ. Бэйи эрэ… Чуор тириккэ тиийэн көрбүтэ, силис­тиин түөрэ сиҥнибит мас эбит. Чуор ол маһы өр соҕус чинчилии көрөн турбахтаан баран уһугуттан ылан тыа диэки иэҕэ тардан көрдө.  Кыаллыыһы эбит, дии санаата. Түргэн соҕустук сүгэтинэн мас үөһэ, аллара мутуктарын быһыта охсон баран, аны ыллык диэки туһуламмыт мутуктары быһа хо­­лоон 15 см уһуннаах чороҕордору хаалларан эмиэ быста­лаата. Олорун аны быһаҕынан уһуктаталаан биэрдэ. Бүттэ. Аны санныттан маамыкта өтүүтүн ылан маһыгар эрийэ тардаат, туох баар күүһүнэн маһын иэҕэ тардан чиччигинэстэ. Кыайымаары ык­­саан, өтүүтүн биир тииккэ баа­йан баран тоһоҕо быһан титиригин тирээбиллии сиргэ батары саайда. Онтон иккистээн төхтүрүйэн өтүүтүн тиитигэр эрийэ, сыыйа тардан өссө иэхтэ. Сөп буолла дии санаат, быатын тиит төрдүгэр чиҥэтэ баайда. Били, быһыта соппут ла­­бааларынан өтүүтэ көстөр өттүн сабыта уурталаата. Дьэ, бүттэ.Төттөрү баран хочулуо­гуттан уу иһэ-иһэ сынньанан олорбохтуу түһээт, төннөн кэлэн тиитин төрдүгэр анаабыт курдук куоһаах баарыгар сытынан кэбистэ. Күн киэһэрдэ. Чуор  лабыктанан бэйэтин бүрүнэ быраҕаттанан баран капюшонун төбөтүгэр бүрүнэ тардынна. Кыыныттан быһаҕын таһааран бобо тутунна. Хата, дьолго салгын  ойоҕоһуттан хадьы охсор буолан кыыл сытын ылыа суоҕар эрэнэ санаата. Тула тайҕа тугу эрэ сибикилээбит курдук иһийдэ. Ханнык эрэ чыычаах утуйуон иннинээҕи симик саҥата иһириккэ симэлийдэ. Арай кумаар дыыгыныыра уҕарыйбат. Чуор быһаҕын бобо туппут илиитин көхсүн супту уулуулларын дөрүн-дөрүн лабыктаҕа дьукку анньан кэбиһэ ону-маны саныы сытта. Ойоҕо бу буола сылдьарын билэрэ буоллар туох дии саныа эбитэ буолла, бука, соччо аһыммат дьахтар буолуо ээ. Чуор ыт курдук үүрүллэн бу дойдулаан иһэриттэн абалана саныы сытта. Кини туох да буолуо суоҕа. Дойдутугар тиийиэн наада, онон бүтэр, диэн кытаанах санаалаах. Эмискэ туох эрэ тыас курдук иһиллэн санаатын ситимин быһан кэбистэ. Чөрбөйөн иһиллээтэ. Сити, мутук тыс гына тостор тыаһын кытта кыыл бырдахтанан муннунан тыбыырар, кулгаахтарын талыр гына сапсынара ала-чуо бу кэллэ. Чуор дүлүҥ курдук чиҥии иһийдэ. Ыллык устун иккилээх тайах дыраҥнаан кэлэн мутуктара соломмут маска тиийбэккэ тохтоото. Туох эрэ улары­йыы баар. Тайах инчэҕэй муннунан салгыны иҥсэлээхтик сытырҕалыы балай эмэ турда. Ол эрээри кудуга тиийэ охсор баҕата тулуппакка иннин диэки хардыы­лаата. Маны барытын кыраҕытык кэтии сытан, быһаҕын биитин өтүүгэ даҕайбытынан сөп буол­ла диэн хараҕынан буолбакка, этинэн-сиининэн сэрэйээт, быатын быһа баттаан кэбистэ. Өтүү быстан «тирк» гынаатын сэргэ уһуктаах мутуктар туох эрэ сымнаҕаска батары түһэн «хырк» гыммыт тыастарын кытта тэҥҥэ Чуор тобуктуу түспүт тайах арҕаһыгар бэдэр курдук ырдьайбытынан хатана түстэ да, бокуойа суох кыыл сүнньүгэр быһаҕынан батарыта ыаллаата. Кыыл ыарыытыттан тарбыйах курдук «мээх» диэн саҥаны таһаараат, хоолдьугун тэлгэнэ оҕунна.  Булчут, мутуктар батары түспүт миэс­тэлэриттэн хаан оҕуолуу сытар тайах ойоҕоһугар олоро биэрээт, эрэбил буоллун диэн аны тайаҕын хонноҕун анныгар харыстаах быһаҕын төрдүгэр диэри анньан кип гыннарда. Ол кэннэ, дьэ, уоску­йан кыылын хабарҕатын быһан, хорук тымырыттан тыгыалыыр хааны ытыһан ылан ыймахтаат, тыа түгэҕин диэки көрөн туран, Байанайга хайдах сатыырынан махтанан баран сүгүрүс гынна. Аны кини туох да буол­бат. Манна хонуктуу сытан эт үөлэн-хатаран, төһө кыайарынан сүгэн салгыы айанныа,  аара Байанайа өссө да абырыа диэн эрэл санааланна. Байанай бэлэҕинэн эҕэр­дэлиир курдук күн сардаҥата тыа быыһынан сараадыйда. Кукаакылар чараас кынаттара сараҥнастылар. Эрдэһит чыычаах бастакы куолаһа иһиллэн ааста. Александр Бири.
edersaas.ru сайтан