Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыйдаҥа түүн (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыйдаҥа түүн (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
12.08.2023 18:00
Ира, дьиҥэр, ол испит-аһаабыт кэргэнин кытта тылынан ылахтаспат, мөҥө-этэ тоһуйбат ээ.  Ону Максим эмиэ билэр. Ол иһин аны «саҥарбаккын», «улахамсыйаҥҥын кэпсэппэккин» дии-дии дугдуруҥнуур, кыйыттарыгар соруйан төрүөт көрдүүр. Сылтаҕыран булгуччу иһити кулуур, аһы тамныыр, иннигэр көрбүт олоппоһун үҥкүрүтэр, остуолун тиэрэ тэбэр. Дьэ, дьулаан көстүү. Кэнники сырыыларыгар аны кэргэнигэр саанан, «итинник ситиһиэх», «маннык өлөрүөх» буолан тыллаһар. Ол иһин биирдэ, сылтан ордук итинник сирэй-харах кэтэһэн олоро сатаан баран, эмиэ баппатаҕар, Ира милииссийэлэргэ тыллаан, туттаран ыытта. Хас да хонукка кэлбэтэҕэр истибитэ, сураҕа, 15 сууккаҕа хаайбыттар уонна күһэлэҥ үлэҕэ анаабыттар. «Саатар аҕыйах хонукка сынньанаа инибит дуу» диэн үөһэ тыыммыта уонна субу аҕыйах хонугунан кэнсиэргэ кыттыахтаах улахан кыыһыгар Сардаанаҕа сибэккилэринэн симэммит былааччыйатын бэрийэн барбыта. Оҕо оҕоттон көппөт. Ийэлэрэ туох эрэ наһаа үчүгэйи күнү күннүктээн олорон тигэрин, оҥорорун одуулуу сатаан баран, кыргыттар мээрэйдээри кутугунаспыттара. Хайаларыгар да тып курдук олорор мааны былааччыйаны утуу-субуу кэтэн сиэркилэ иннигэр эргичиҥнэспиттэрэ. Онтон манньыйан Ира көмүс чыычаахтарын кимнээҕэр да ордук таптыырын өйдөөбүтэ, Максимҥа хоргуппут санаатыгар, бу оҕолоруттан атын кимиэхэ да наадыйбатын итэҕэйбитэ. 15 сууккаҕа түбэспит аҕалара дьиэтигэр кэлбэтэҕэ оруобуна уон хоммута. Ити күн Сардаана кэнсиэргэ аан бастаан кыттар үөрүүлээх күнэ үүммүтэ. Ира биир илиитигэр кыыһын сибэккилээх сиэдэрэй былааччыйатын иилэ быраҕынан, аҥаарынан оҕотун сиэппитинэн, кулууп диэки дэллэритэн испитэ. Тиэтэйбит омунугар аара уулусса ханаабатын хаһа сылдьар дьон кимнээхтэрин өйдөөн да көрбөтөҕө. Арай кыыһа: — Маама-а, паапа ыҥырар, — диэбитигэр эргиллэ биэрбитэ, күрдьэҕин туппутунан бэркэ саппаҕырбыт сирэйдээх, буруйдаммыттыы көрөн Максим турара. Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ эмиэ маннык уулуссаҕа соһуччу көрсүһүү баара этэ буолбаат? Ира сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Бу сырыыга кини иннигэр дэлби көтөхтөрбүт, сэҥийэтэ синньээн, дьикти баҕайытык көрөн, ордук ыарыһах киһиэхэ маарынныыр кини кэргэнэ турара. Харахтарын уота өспүт, үүтүн тохпут оҕолуу сири-буору кымаахтаабыт, иһиттэн киһилии саҥата тахсыбат… «Хайдах баҕайыный, кырбаммыт киһиэхэ дылы, эчи, уостан түһэн…» диэх санаа төбөтүгэр охсуллубута эрээри, тылыгар тиийэ охсубатаҕа. Ира эмиэ аһыммыта. Хайдах эрэ ис-иһиттэн ыксаан: — Максим, биһиги кулуупка ыксаан иһэбит. Сардаана бүгүн онно «Сибэккилэрин» ыллыахтаах… Баарыҥ буоллар, көрүөх эбиккин… — диэт, кыыһын илиититтэн харбаан ылбыта да, дэгдэрэҥнэтэ турбута. Хайдах-хайдаҕый… Тугу-тугу тылластай. «Баарыҥ буоллар» буола-буола… Тыыннаах киһини утары көрөн туран хайдах инньэ диэбит муҥай? Максим да сүрүкэтэ, тыллаах бэйэккэтэ саҥаран иһиэн дуу… Чэ, этэҥҥэ, аҕыйах хонугунан тахсаа инигин… Кулуупка киһи бөҕө тоҕуоруһан, саала иһэ тобус-толору буолбутун көрөөт, ыгылыйа түспүтэ. Хойутуу сыспыт омуннарыгар сүүрүүнэн сыана кэтэҕэр ааспыттара. Онно баар холлорооҥҥо кыыһын таҥыннаран-симээн баран биирдэ «һуу» гыммыта, атын дьаһалыгар ыстаммыта. Маннык кэмнэргэ, кэнсиэр үгэнигэр кулиса кэтэҕэр атын сүпсүлгэн буолааччы. Бүгүн ыал ыалынан түмсэн кэлбиттэр. Ийэлэрэ кырачаан артыыһын таҥаһын бэрийэр, аҕалара эккирэтэ сылдьан видеоҕа, хаартыскаҕа устар. Ону көрөн хайдах эрэ Ира ис-иһиттэн туоххаһыйан ылла, «оттон биһиги аҕабыт» дии санаан уйадыйыахча буолбутун күүһүнэн аһара сатаата. Сити киэһэ Ира салайар устуудьуйатын оҕолоро бука бары кытыннылар. Кинилэртэн ирдэммити олус үчүгэйдик кыайа-хото тутан толороннор үөртүлэр. Сыл аҥаара үлэлээбит көлөһүннэрэ таах хаалбата, дьон-сэргэ сэҥээрдэ эбээт! Бэйэтин Сардааната кэнсиэр бүтүүтэ сыанаҕа тахсан ырыатын бэркэ бөрөөтө. «Сибэккилэр» ырыатыгар дьүөрэ сибэкки былааччыйата туох да сиэдэрэйэ сүрдээҕин харахтаах бары хайҕаата. Оҕо барахсан дьиэрэччи ыллаан хайҕанна, ытыс тыаһын бөҕө иһиттэ, дьон кинини көрө-көрө үөрэрин дьиибэргээтэ. Ираны эмиэ хайҕаатылар, кыргыттара кэлэн эҕэрдэлээтилэр, Сардааналарын төкүнүтэ сылдьан сыллаан сырылаттылар. Күө-дьаа буолан устуудьуйаларын оҕолорун атаартаан, һуу-һаа омун-төлөн арыый да намырыйда. Хомунан-тирбинэн бүтэн баран, кулиса кэтэҕинээҕи кыра сынньанар хоско, аҕыйах салайааччы буолан мустаннар, тыын ылан чэйдии олордулар. Эмискэ аттынааҕы кэбиниэккэ төлөпүөн тырылыы түстэ, ким эрэ отур-ботур саҥарара иһиллэр. Ира, букатын кулгаахтара кэтэҕэр баран хаалбыт курдуктар, тоҕо эрэ ол кэпсэтиини иһиллии сатаата. — Ира, эйигин… милииссийэттэн… төлөпүөҥҥэ ыҥыраллар, — диэбиттэрин хайдах эрэ итэҕэйбэтэ. — Эн кэргэниҥ балыыһаҕа киирдэ, куомаҕа сытар, — эрэ диэтилэр. Ол аата?! Алҕас ини, доҕоор! Соторутааҕыта аҕай, аҕыйах чаас анараа өттүгэр, бу кулууп турар уулуссатын муннугар ханааба хаһа турбута дии?! Ира бэйэтэ көрбүтэ эбээт! Ама даҕаны, алҕас ини?! — Туох буолтуй? Туох? Ира, саҥар! — ити ыгыы-түүрүү кини кулгааҕар иһиллибэтэҕэ… Ира биирдэ өйдөммүтэ кып-кыараҕас кыбычаан хосторугар турар дьыбааҥҥа сытар. Кыргыттара тула-көтө сылдьан айманаллар. Милииссийэҕэ эрийэннэр соччото суох сонуну билэ охсубуттар. — Уоскуй, кэргэниҥ куомаҕа сытар үһү, ол аата тыыннаах! Эрдэттэн көмүмэ! — буойа сатаан, араастаан этэн көрдүлэр. Ира аны уйа-хайа суох ытаан баран тохтообото. — Тохтоо, түксү, оҕоҕун куттуоҥ! Бу кыыс сатаммата, ыл, Сырдыкка эрий, кэлэ сырыттын, — диэн ким эрэ кими эрэ дьаһайан эрэрэ баара… Ситигирдик дьаабыланан, хаста-хаста мэй-тэй буолбута буолла. Арай өйдөммүтэ кини аттыгар Сырдык кэлэн турара. — Барыыс билиэ, барыах, биһиэхэ, — диэн аҕаһын кытта Сардаананы сиэтэн илдьэ барда. Куһаҕан сонун алҕас буолбатаҕа. Туох быһыыга-майгыга түбэһэн, хайдах гынан Максим куомаҕа түспүтүн ким да быһааран эппэтэҕэ. Онно даҕаны өр сыппатаҕа, иккис күнүгэр кини өлбүтэ. Ира хайаахтыай? Милииссийэҕэ түбэспит киһи онно туох эрэ буолан өлөн хааларыгар, дьиҥэр суут-сокуон быһыытынан, ким эмэ быһаарыахтаах дуу, эппиэттиэхтээх дуу буолуон сөбө, судургу киһи толкуйунан. Ол эрээри ону иэттэһэн ирдэһэр кыах Ираҕа суоҕа. «Сүгүннээбэтэ» диэн тыллаабыт, хаайтарбыт бэйэтэ буоллаҕа дии. Ол гынан баран иҥэн-хаһан кини итиннэ киирэн суорума суолланыа дии санаабатаҕа… Төттөрүтүн, итирбитэ ааһан, чөлүгэр түһэн, кэмсинэн-кэмиринэн, ханнык эрэ кэмҥэ диэри абааһы аһыттан амсайара тохтоорой диэн этэ эбээт?! Максим быара ыалдьарын туһунан ыспыраапкаҕа ырылыччы суруллубут этэ. Бэйэтэ даҕаны, «сотору син биир өлөбүн» диэн, итирэн-кутуран кэллэҕинэ айманан, итинник тыллаһар этэ. Ким билиэй, саарбах баҕайы балаһыанньаҕа ким кими ииҥҥэ тиэрпитин… Онон, бүтэр уһукка, кинини дьоно кэлэн дойдутугар илпиттэрэ. Көмпүттэрин кэнниттэн Лаҥ-Лаҥ Ираҕа кытаанахтык эппитэ, ирдэһэн эҥин эрэйгин элбэтимэ, сордоох уол дьылҕата итинник эбит, онон биири санаа, оҕолоргун иит, биһиги да көмөлөһүөхпүт эрэ диэбитэ. Онон Максим төрүт дойдутугар Ымыйаҕа кини иккитэ эрэ сылдьыбыта. Биирэ били саахалга түбэһэр иччилээх сырыытыгар, иккиһэ кэргэн тахсыбыт Максимын тиһэх суолугар атаарарга… Көр, дьикти да буолар олоххо, Максим ити гынан кинини кытта бу иэримэ дьиэтигэр биирдэ да кэлэн барбатаҕа. Оо, олох, уустуккуон! Бука, кини дьоммун хомоттум, үөрдэрим суох диэн төрөөбүт дьиэтин тумнубута буолуо дуо? Биитэр, бииргэ олорорбут да быыкаа кэм хаалла диэн эрдэттэн билэн, кэргэнин, оҕолорун эрэ аттыгар буола сатаахтаабыт быһыыта эбитэ дуу? Итиниэхэ ким да хоруйдуур кыаҕа суоҕа, дьэ, тыйыс… Билигин кинини ким да уруккутун курдук «Ирка-а» диэн эҥээриппэт сааһыгар үктэнэ охсубут. Кыыс оҕо буолбатах, көрөн туран сиппит дьахтары ким оҕо курдук үөгүлээн ыҥырыай. Онон Ирина Федоровна диэн ааттаммытын хайдах эрэ атыҥырыы истэр буолбута. Санаатыгар, уруккулуу «Ирата» ордуга, «Федоровналаатылар» да, ол аата син биир атарахсытар, ханан эрэ тэйитэр тымныы, хос салгынынан аҥылыйар курдуга. Сөп даҕаны, кини икки оҕолоох, чороҥ соҕотох хаалбыта эмиэ да бэйэтин буруйун курдук этээччилэр бааллара иһиллиминэ, бачча кыараҕас тыа сиригэр? Онтон кыйахамматар да, хайдах эрэ өрөлөһөр санаата эмиэ суоҕа. Огдо «Ыйдаҥа түүн» (Айар, 2021) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар
edersaas.ru сайтан