Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэпсээн: ЭЙГЭЛЭР

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэпсээн: ЭЙГЭЛЭР

K
edersaas.ru Категорията суох
25.07.2023 17:53
Хабыс хараҥа. Тулам уу — чуумпу. Бу чуумпуну, иһийиини эмискэ уйгуурдаан үрдүктэн үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэйэ көттүм. Хараҥа хаайан турбута халбарыйан, кутталбыттан эбитэ дуу, биитэр уолуйууттан титиристээбитинэн, сүрэҕим өлөхсүйбүтүнэн уһукта биэрдим. Уоскуйан, наллаан, истибитим, чыычаахтар саҥа үүнэн эрэр күнү уруйдуу чы – чып – чаап ырыанан чаабырҕаһаллар. Күн уота күүскэ да күүскэ чаҕылыйан, сыралыйан тыгар. Харахпар сардаҥалар утары тыгаллар, кырачаан тыа нарын түүлээх кыылын курдук тыллааҥныыбын, сиргэ ытыспынан өйөнөбүн, эмиэ сып – сылаас. Мантан кынаттанан, атахпар үктэнэн одуулаан көрбүтүм – аҥаат – маҥаат алаас, хонуу. Ханан кыраай да баара биллибэт. Күп – күөх, сип – сибиэһэй, сыта кэлэр гына, барыта оттоох сир. Буор, кир, дулҕа ханан да суох. Манныгы хаһан да көрө иликпин. Арай аттыбар улахан мас турар эбит. Үрдүк да үрдүк, суон да суон, кэтит да кэтит, баараҕай мас турар. Уһуга, бүтэһигэ ханан баара көстүбэт…Мин түүлбэр сылдьабын диэн өйдөөтүм… Атын санаа, иэйии. Түүлгэр син биир дьиҥнээх олоххо баары өйдүүр, билэр курдук буолааччыгын. Түүлүҥ илэ олоххо баары кытта ситимнээх. Оччоҕо бу хонуу, бу күн, бу мас ил олоҕу кытта туох ситими үөскэтэллэрий? Мас намылыспыт сэбирдэхтэрин, ытарҕалыы эйэҥэлээн, суугунаһа сипсиһэргэ дылылар. Көтөрдөр хантан эрэ кэлэ – кэлэ мин аттыбынан көтөн ааһаллар. Күөрэгэй дьырылаччы туойар. Күөх халлаан урсунунан далбарай чыычаахтар тохтоло суох дьырылыыллар. Баҕар, ыалдьыт кэлбит диэн бу кэрэчээн дойдуга этэллэрэ, ыллыыллара буолуо. Аргыый наллаан, бу түүл сайдыыта хайдах буоларын күүтэ олордум. Кырдьыктыы эттэххэ, бу түүл бүтүөҕүн мин баҕарбаппын. Олус да кэрэ сир! Соҕотохпун. Сынньалаҥ. Эмискэ күөх ыраас халлааммар, дьикти үрүҥ уонна тэтэркэй өҥнөөх туман үөһэ тахсан, улахан кэтит былыттары үөскэтэн турунан кэбистэ. Түүлбэр айылҕа кэрэтин бэйэбэр өссө бигэргэттим. Күнүм кыһыллыҥҥы – сырдык, тэтэркэй, былыттарынан сабарданан кэбистэ. Кинилэр сиргэ чугаһыыллар, өссө аллараа түһэллэр, түргэнник усталлар – дьикти көстүү! Былыт ду, туман ду? Бу кэрэни одуулуу олордохпуна, аны саймаар тыал түстэ… Сирэйбин сайа таарыйан, имэрийбэхтээн ааһар. Мин буоллаҕына, дуоһуйан, үөһээ тыынабын, таныыларбын кэҥэтэбин. Оо, мин тыалы олус да сөбүлүүбүн. Киһи, Аан Дойду куһаҕанын, кирин – хаҕын, анньыытын суурайан, ыраастаан ыраах да ыраах, үөһэ илдьэ баран имири суох гынан кэбиһиэх курдук. Сып – сымнаҕас отум үрдүнэн дьикти тыас таһаара – таһаара хаамабын. Күн сыралыйар. Тыал ууну хамсатан, муннубар эбэм сыта билиннэ. Күөлүм тулатыгар манчаарыы отум күөгэйэр, ол быыһыгар кэрэ нарын кубалар иккиэн олороллор. Чугаһаан көрөбүн – харахтарым үөрэллэр. Кинилэр уһун моонньуларынан бэйэ – бэйэлэрин аалсаллар, ууттан от ыла – ыла тумсуларыгар уураллар. Аны тулам барыта хатыҥ мас буола түстэ. Кыыс кэрэ хатыҥ масчааным, маҥан туоһа кылбайан, кэтэспиттии, миэхэ күннээҕин сонунун кэпсиирдии бэлэмнэммит курдук. Аламай маҥан халлааным мин үрдүбэр сырдык күөх чэрэниилэнэн суруллубут уруһуй курдук, сэмээр устарын өрө хантайан одуулаатым. Эмискэ, хараҕым иирбэт буоллаҕына, мастар быыстарыгар кэрэ кыыһы көрө түстүм. Кини мастар нөҥүө ыраах саһан турар. Ол кыыспын кыйдаһабын. Кини киэҥ кубархай харахтарынан мичээрдии – мичээрдии, күлэ – күлэ талах быыһыгар саһар. Онтон от тыаһа иһилиннэ. Харахпын кыратык аһан көрбүппэр, атах сыгынньах, тиҥилэҕэр диэри тиийэр былаачыйалаах дьахтар аттыбар кэллэ. Үөһэ хантайбыппар, кэрэ мааны Далбар Хотун, ыспыт баттахтаах, бэргэһэтин эҕэтэйдии кэппит, соно нэлэккэй, мин диэки мичээрдээн, аһыммыт киэҥ харахтарынан көрө – көрө кэллэ. — Дорообо, Уйгун. – диэн баран илиитин уунан, иэдэстэрбин тутан, төбөбүн сыллаан ылла. — Дорообо. — Мин Аан Алахчын диэммин. Дойду иччитэ, Иэйэхсит кыыһа, Үрүҥ Аар Айыы Тойон сиэнэ буолабын. Бу Аал – Луук мас – мин дьиэм, мин дурдам – хаххам, иккиэн олох эргиирин ыытабыт. Мин эйигин хатаҥ чараҥар көрбүтүм. Миигин кыҥастаспытыҥ ити. Хатыҥнарга эмиэ баарбын. — Ойуу – бичик эн оҕолоруҥ? — Мин оҕолорум. Эмиэ мэниктээн – көрүлээн ааспыттара дуо? — Оннук. Онтон оҕолор буоллаҕа дии. — Уйгун, эйигин курдаттыы көрдөхпүнэ, элбэх хом санаалаххын. Бу эн өйөнөн олорор маһыҥ — Аал – Луук мас. Кини — орто дойду эргийэр киинэ, улуу кулугута. Кини Үөһээ дойдуга диэри тилэри үүнэр. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, босхо бастаах бороҥ урааҥхайдар Аар Айыылар диэки хайыһар, үҥэр – сүктэр, үтүөҕэ тардыһар буоллахтарына, Аал – Луук мас лабаата лаглайа көҕөрөр. Икки атахтаах көмүскүүр күүһэ буолар. Аал – Луук мас хайдах туруктааҕынан биһиги Орто Дойду олоҕун билэ олоруохпут. — Аан Алахчын, эн миэхэ тугу этиэххин баҕараҕын? — Көр эрэ, маспыт хайдах эрэ сырдыыра, көҕөрөр көстүбэт дии, утуйан хаалбыт, хаппыт курдук. Саха ыччата, эһиги кэмҥит тосхойдо. Мутукча быыһынан тыкпыт күн хас биирдии сардаҥата уратылааҕын өйдөөн көрөргүттэн үөрэбин. Ол эрээри, хом санааҕа ылларыма, балысханнык ай – тут, ыччаты кытта алтыһан, түмсэн, улууканнаах дьайыылары оҥоруҥ, оччоҕо бу маспыт куруутун көҕөрө, үүнэ – чэчирии туруоҕа. — Мин көннөрү соҕотох эдэр киһибин дии. «Аан Дойду өйдөөх, олоҕу хамнатар, эйэни, уйгуну олохтуур ыччата суох буоллаҕына, айманыа, уйадыйыа…”, — диэбитин кэннэ санаабын оргууй этээри, харахпын кылап гынааппын кытта сүтэн хаалла.
edersaas.ru сайтан