Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: «Сиртэн тэйбэт ордук»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: «Сиртэн тэйбэт ордук»
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.07.2023 14:57
Үөлээннээхпин Уйбааны илдьэ биир күн уолум ааҕы кытта тыаҕа балыктыы барса сырыттым. Уолум табаарыстарын кытары сылдьар. Кырдьаҕас дьон кинилэр кэпсэтиилэригэр соччо кыттыспакка, ырааҕынан тэйэ сылдьабыт. Айылҕаҕа өтөр үктэммэтэх дьон, сэмээр хаамсабыт, иһийэн айылҕабытын кытары кэпсэтэбит. Айылҕа барахсан ситэн-силигилээн, тупсан, киэркэйэн турара эчи үчүгэйин, көрүөххэ эриэхсит. Илиммитин үтэн, кутаа оттон, солуурдарбытыгар уу оргута ууран, уот тула кэпсэтэ олоробут. Эдэр дьон кэпсэтиилэрэ ырааҕынан дайар. Биир өрө чөрөйбүт, мундуну уһаты таппыт курдук сундулуйбут уол «инабаассыйа», «интэриниэт», «айти тиэхинэлиэгийэ», «сыыппара экэниэмикэ» дии-дии элбэх элбэҕи кутар да, биһигинньик дьон кулгаахпыт таһынан истэбит. Сорох тылларын өйдөөбөппүт даҕаны. Си буолуохтааҕар «ээх» диэн күдээринэ сэҥээрбитэ буолабыт. Өр-өтөр кэпсэппэхтээт, илиммитин күүтэ таарыйа, халдьаайынан уҥуор алааска тахса сылдьыаҕыҥ диэн тыл кыбыттыбыт. Биһигини, кырдьаҕас дьону, кытары сундулуйбут уолбут барыста. Алааһы уҥуордаан, халдьаайыбытын дабайан, ойуурга киирдибит. Тыабытыгар үктэммиппит, ортотугар умайбыт сирдээх буолан, ыркый ойуур. Үктэммит сирбит — тобулу түһэ сылдьар. Ол хааман иһэн сундулуйбут уолбут олооччутун силискэ тиирэ тэбэн кэбистэ. Хаҥас атаҕын үөһэ күөрэппитэ — этэрбэһин сиигинэн силис олуйа көппүт. — Хайа, доҕоор, олооччугун тиирэ тэбэн кэбистиҥ дуу?! — мин, кэнниттэн хааман иһэр киһи, саҥа аллайабын. Киһим уҥа атаҕынан кылыйыахча буолан иһэн тохтоото, бачча ойуурга ханна барыаҕай? — Саппыкым подошвата барбыт дии, — саппыкытын устан, олооччутун аппатан көрдөрөр, кэтэҕин тарбанар. — Хайыаҥый, иннабаассыйалаан көрөр буоллаҕыҥ, — атаһым Уйбаан кэҥэриитин тартарар. — Чэ, доҕоор, туруоҥ дуо, мутугунан самсыы тут, онуоха-маныаха диэри барсыаҕа, — мин мүчүк гынабын. Уолбут айылҕаҕа сылдьыбатах киһи буолан биэрдэ. Онон оҕонньоттор биһиги «иннабаассыйалаатыбыт». Уолбут үөрэн: «Инновация», — диэн тииһэ ыпсыбат. Дьэ, буолан иһиэхпит. Ардыгар туох да иннабаассыйата суох, судургутук, сиргэ чугас буолар ордук ээ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан