Кэпсээ
Войти
Регистрация
ТИҺЭХ КӨРСҮҺҮҮ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ТИҺЭХ КӨРСҮҺҮҮ
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.07.2023 18:00
Николай Габышев «Анфиса» кинигэтиттэн (“Бичик”, 2012 с.) быһа тардан. Маннык кэпсээни суруйар кытаанах. Күһүн, таһырдьа самыыр. Киэһэрэн эрэр. Ася саала хоско сибэккилэргэ уу кутар — ардах уутун. Ытыан, санааргыан-сонньуйуон баҕарар даҕаны — уон алта саастаах кыыска ити арыт табыллыбат. Этэргэ дылы, түөрт уон араас санаа киирэн тахсар. Ийэлээх аҕата суохтар, чуумпу дьиэҕэ эркин чаһыта чыллырдыыр. Радио оччоҕо ситэ тэнийэ илик кэмэ этэ. Кэпсиир кэммит — 1937 сыл. Якутскай куорат. Түгэх хоско Асялаах аймахтара Настаа тыаттан киирэн сытар, улаханнык ыаддьар, өлөрүн билэр. Кэрэ, кыраһыабай дьахтар эбитэ үһү. Билигин кини дьүдьэйбитэ олус, оронтон турбат, бэл кыайан тулуйан олорбот. Настаа эрэйдээх! Эдэр сааһыгар өлөөрү сыттаҕа. Кини эрэ, маанымсык, ноҥноллубут, биэс уончалаах тойомсук киһи, оройуоҥҥа туохха эрэ улахан үлэһит, куоракка билсэр дьонноох, туой киэһэ хойутаан кэлэр, ардыгар холуочук буолар. Ася кинини сөбүлээбэт… Куукуна хоско ким эрэ ааны аһан киирдэ. Ася аанын уу таһа сыддьан хатаабатаҕыттан куттанна — ийэтэ баара буоллар, мөҥүө этэ. Куорат ыала сэрэхтэр. Хаартыска PxHere ылылынна Ася мунааран турда — таайбытын курдук, ыардык хаамар, букатын билбэт киһитэ киирэн кэллэ. Ол гынан баран бу көбүс-көнөтүк туттубут хара бараан киһи киэҥ, эйэҕэс хараҕа, мичээрдээбит сирэйэ Асяны уоскутта: маннык киһи куһаҕан санаалаах мээнэ көтөн түһүөн сатаммат. Хата, киирбит киһи бэйэтэ кыбыстарга дылы. Хортууһун уһулан, тоҥхос гынна, дорооболосто уонна, турбахтаат, оргууй аҕай бэйэтин хара будьурхай баттаҕын имэриннэ, онтон ыйытта: — Анастасияны, Настааны көрсүөм этэ. Хайдаҕый? — Эн кимҥиний? — диэн Ася киирбит киһини утары одуулаан турда, сымнаата, бэл устуулу сыҕарытта. Киһи аатын эттэ уонна көрдөстө: — Эт, көрсүөхпүн, кэпсэтиэхпин баҕарабын. Ася кэри-куру тутуннар да, дьулурҕатык түгэх хоско хааман тэлээрэн иһэн, тохтоон турда, аа-дьуо ааны аһан киирэн курустук эттэ: — Настаа, эйигин көрсө биир киһи кэллэ. Афоня Петров үһү. Ынырабын дуо? Кыһыл атлас суорҕан анныгар сытар дьахтар эмискэ бүтүннүү дьигиһис гынна, төбөтүн өндөтөн уоттааҕынан анаҕастаахтык көрдө, онтон «уой!» диэт, налыйан хаалла. Ася куттанна. — Афоня! — диэн Настаа уоһун иһигэр ботугураата, эмиэ өндөйөн иһэн кыаммата. Уон алталаах да кыыс таайыгас сүрэхтээх — Ася ити аат үөрүүнэн этиллибитин, сылаас-сылаас тыынынан ааттаммытын өйдөөн, уйадыйан, мунааран, саҥата суох турда. — Кэбис, кэбис! Ася, эт киниэхэ — утуйа сытар диэ… Бардын! — күүһүн муҥунан ыалдьааччы сибигинэйдэ. — Сэгээр, киирбэтин. Ася аргыый хааман сукулдьуйан, күүтэн өрүкүйбүт, сирэйэ ис-иһиттэн сырдаабыт, бу чахчы үтүө санаалаах көнө, амарах киһиэхэ, икки эрэ тылы эттэ: — Утуйа сытар, — уонна дириҥник үөһэ тыынна. Петров, бадаҕа, барытын өйдөөтө. Хортууһун ыксары баттаан кэттэ, ыардык хааман тахса турда. Сарсыныгар күнүс, арыый кэҥээбит кэмигэр, Настаа Асяны ыҥыран, өр кэпсии сыппыта. Афоня тас көрүҥүн, хайдах туттубутун сураспыта. Афоня Петров Настаа бастаан таптаабыт киһитэ эбит. Ону Настаа ийэтэ мэһэйдээбит. Настаа уруккуттан ыарыһаҕа үһү. Ийэтэ сөбүлээбэт: «Афоня ийэлээх, балтылаах, кыараҕас дьиэлээх, хамнаһа кыра. Эһиги сатаан олоруоххут суоҕа. Эн эмтэниэҥ этэ». Инньэ гынан үптээх, дьиэлээх, кыахтаах киһини ыҥыран аҕалбыт — ити билиҥҥи эрин. Настаа онон Кавказка эмтэнэн кэлбит, улахан куораттары көрбүт. Оҕолонобун диэн өлөн эрэр эбит. Оҕоҕо баҕаран. — Оттон таптыырым кинини, Афоняны, кинини ыраастык уураабытым, Кинини эрэ, — диэн Настя хос- хос сибигинэйдэ. Таптаабат киһитигэр эргэ тахсыбыт киһини Ася иһигэр төһө да сөбүлээбэтэр, биири өссө өйдөөбөккө, ыйыппыта: — Таптыыр буоллаххына, бээһээ тоҕо үүрдүҥ? Итиниэхэ бэрт холкутук Настя хоруйдаабыта: — Сэгэриэм! Кини миигин эдэрбин, сэнэхпин билэрэ, миигин эдэрбэр таптаабыта. Ол оннук хааллын… Манныкпын билбэтин. Эдэрбин өйдүү сырыттын! 1964 с. Николай Габышев «Анфиса» кинигэтиттэн (“Бичик”, 2012 с.) быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан