Кэпсээ
Войти
Регистрация
Икки ньирэй (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Икки ньирэй (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.07.2023 17:00
Сотовай телефонум будильнига тыаһаан миигин эмиэ сулбу ойутан туруорда. Тураммын сэрээккэлээтим, уонна куукунабар киирэн плитаҕа уу оргута уурдум. Бүгүн ыраах командировкаҕа барар буоламмын редакциябар эрдэ тиийэн араас малбын-салбын, камерабын уктан баран такси сакаастаан айаммар турунуохтаахпын. Чаанньыгым оргуйан кофе куттан, сымыыт ыһаарылаан сып-сап аһыы оҕустум уонна таҥнан баран подьезка тахсан ааммын хатаатым.Оттон КПД дьиэм бэһис этээһиттэн сүүрэн түһээт автобус тохтобулугар бардым. «Хайс» массыына сымнаҕас олбоҕор айаннаан иһэн утуйан хаалбыппын, ханнык эрэ дэриэбинэ чайнойугар тохтообут эбиппит. Сотору пассажирдар аһаан сиэн сынньанан баран бары олбохпутугар киирэн олордубут. Эмиэ хаардаах туманнаах трасса устунан уһун айаммыт саҕаланна. Бу айаннаан иһэн түүл түһээтим. Арай оҕо сылдьаммын элбэхтэ сайылаабыт, киэҥ да киэҥ эбээм сайылыгар баар буолан хаалбыппын. Тулам күп-күөх, күн чаҕылыччы тыгар, оҕолор күлэр, оонньуур саҥалара иһиллэр. Оҕо сылдьан сүүрэн-көтөн сайыны атаарар сайылыгым дьиэлэрэ барыта уруккутунан тураллар. Арай көрбүтүм ньирэйдэр турар титииктэрин ыксатыгар икки сыллааҕыта олохтон барбыт эбээм миигин чарапчыланан көрөн турар эбит. Күн сириттэн күрэниэр дылы миигин: — Орулуур отуккар диэри ыал буолбатыҥ, хаһан хос сиэн бэлэхтиигин? Оннооҕор балтыҥ уонна быраатыҥ ыал буоллулар, кийиит, сиэн аҕалан көрдөрдүлэр, арай эн, — диэн баран кэлэйбиттии көрөрө. Түүлбэр эбээм өлбүтүн билэбин да тоҕо эрэ киниэхэ утары бардым. Кини миигин ахтыбыт курдук туттан мичээрдии тоһуйда: — Чэ, ньирэйдэргин аһат, эйиигин олус аҕыннылар, аччыктаатылар, — диэн баран, солуурдаах үүт туттаран кэбистэ уонна титиик аанын арыйда. Мин үүттээх солуурбун туппутунан иһирдьэ киирээппин кытта икки куп-кугас, үрүҥ бастаах ньирэйдэр мэҥирээн аймана түстүлэр. Уонна уһукта биэрдим. Суоппар уһугуннарбыт эбит. Туһааннаах сирбэр кэлбиппин. Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын кытта кэпсэппит буолан киниэхэ кэлэрбин билэбин, онон баһылык дьиэтэ улахан, багдайбыт дьиэ буолуо диэбитим тыа сирин дьиэлэриттэн уратыта суох көстүүлээҕин көрдүм. Баһылык аата Семен Кимович диэн, миигин тахсан көрсөн, дьиэтигэр киллэрдэ. Кини орто саастаах, оскуолаҕа үөрэнэр үс оҕолоох, Анна Семеновна диэн ветеринар кэргэннээх эбит. Остуолга олорон, чэй иһэ-иһэ сарсын маҥнай тутулла турар оскуоланы устарбын, тутааччылартан уонна оскуола үлэһиттэриттэн интервью ыларбын эттэ уонна сүүһүнэн ынахтаах нэһилиэк уонна улуус бастыҥ фермерин хотонугар баран тугу гынарбытын кылгастык быһааран кэпсээтэ. — Чэ, Дуолан Васильевич, уонна эйигин хонор ыалгар илдьэн биэриэм, кырдьаҕас саастаах дьон,оҕолоро куоракка олороллор.Аҕалара кэпсээннээх киһи, киэһэ чуҥкуйуоҥ суоҕа, — диэн баран Семен Кимович мичээрдээн кэбистэ. Иккиэн массыынаҕа олорон, остуолба лаампаларын уота сырдаппыт уулуссатынан айаннаан хонуохтаах ыалбар кэллибит. — Дорообо, Тэрэпиин Кириллович уонна Маарыйа Бөтүрүөбүнэ, бу кэпсэтии быһыытынан республика хаһыатын суруналыыһын эһиэхэ үс хонноро аҕаллым. Тэрэпиин араас сэһэҥҥин кэпсээҥҥин тоҕо тардан кэбиһээр, ыалдьыккын чуҥкутума, — диэн миигин билиһиннэрдэ. Мин эмиэ саҥа билсибит, хонуохтаах ыалбын кытта дорооболоһон, ааппын билиһиннэрдим. — Дьэ, ыалдьыппын чуҥкутуом суоҕа диэн эрэннэрэбин, — диэн Тэрэпиин мичээрдээн уоһа ыпсыбат буола туран хоруйдаата. Аан аһыллыбытыгар таһырдьаттан киирбит хойуу туман быыһынан баһылык кэтит көхсүн эрэ көрөн хааллым. Сотору араас ас тардыллыбыт төгүрүк остуолугар олорон, тото-хана аһаатыбыт. Ыаллар сүрдээх кэпсэтинньэҥнэрин бэлиэтии көрдүм. Ыйытыыларыгар сөпкө хоруйдаан, мин эмиэ арааһы ыйытан, сөптөөх харданы ылан астынным. Киэһэ 8 чаас буолбут, мин таһырдьа наадабар тахсаары ыйдаран, таҥнан таҕыстым. Туолбут ый сырдыга олбуор иһин, тэлгэһэни барытын сырдаппыт. Аны уулусса уота, таһынааҕы ыаллар уоттара-күөстэрэ сырдаан күнүс курдук. Бу туран ыалым ыксатыгар олорор атын ыаллар хотоннорун уонна кыбыыга турар кэбиһиилээх оту көрдүм. Оттон ол от үрдүгэр үллэччи таҥныбыт оҕо атырдьаҕынан от ороон ыла-ыла аллараа быраҕа турар эбит.Үрдүк олбуор нөҥүө ыстанан көмөлөһүөхпүн баҕаран кэллим. Эмискэ уол мин көрөн турарбын өйдөөн көрдө уонна кыбыстыбыт курдук куотардыы окко олоро түстэ да, аллараа сырылаан олбуор кэннигэр түһэн хаалла. Мин үлэһит да оҕо эбит диэн саныы түһэн баран, дьиэҕэ киирдим. Уонна дьиэлээхтэн ыкса олорор ыалларгыт хоһуун да уоллаахтарын, кэбиһиилээх оттон атырдьаҕынан от быраҕарын кэпсээтим. Онуоха Тэрэпиин хоруйа миигин олус соһутта: — Дьэ, ити хотонньут — оҕо да, уол да буолбатах, ыарыһах аҕатын кытта иккиэйэҕин олорор оскуолабыт учуутала кыыс буолар. Күнү мэлдьи оскуолаҕа үлэлээн баран, ити сүөһүлэрэ сарсын аһыахтаах отторун бэлэмнии сылдьаахтыыр. Сааһа да эдэр ээ, сүүрбэ биэстээх буолуохтаах. Кини үөрэҕин бүтэрэн баран, куорат таһыгар учууталлаабыта. Оттон ийэтэ барахсан ыалдьыбытын ыарыылыы кэлэн баран, манна дойдутугар хаалан, математика учууталынан үлэлиир. Ийэтэ ол ыалдьан баран бараахтаабыта. Икки бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ биирэ куоракка, иккиһэ хоту Дьааҥыга ыал буолан олороллор. Аҕата инсуллаан баран, өрүттэн, син дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөр, уҥа илиитэ сылаабай. — Сүөһүгүтүн эһиҥ, тоҕо эрэйи көрөҕүт диэтэххэ, «Кыыһым буолбат уонна баара-суоҕа биэс сүөһүнү кыстатабыт, икки ынах, икки бороон, тыһаҕас» диэбитэ. Күнүс ыал аҕата бэйэтэ уулатан аһатар, оттон ынах ыама, ноһуом таһаарыыта, от бэлэмнээһинэ кыыс үлэтэ, аата Туяра Александровна диэн, сарсын оскуолаҕа көрсөрүҥ буолуо, — диэн кэпсээн, миигин олус соһутта уонна долгутта. Бу аныгы үйэҕэ учуутал кыыс хотон көрөрө улахан дьоһуннаах сенсация кэриэтэ буоллаҕа. Дьэ, сарсын кинини оскуолаҕа көрсөммүн, интервью ылардыы, кыаллар, сөбүлэһэр буоллаҕына, хаһыакка бэчээккэ ыстатыйа курдук кэпсээн да таһаарыам диэн санаалар өйбүн ытыйдылар. Дьиэлээхтэр миэхэ туһунан хоско оҥорбут оронноругар утуйаары сытаммын, ити учуутал кыыс туһунан саныы сытан утуйан хааллым. Түүлбэр эмиэ эбээм барахсан мичээрдии-мичээрдии сайылыгын дьиэтин ыксатыгар миигин күүтэр курдук туттан турарын көрөн аһардым. Нөҥүө күн эрдэ тураммын, бүгүн тугу гыныахтаахпын, ханна сылдьыахтаахпын барытын былааннаатым. Ыалларбын кытары чэйдээн, аһаан баран оскуоланы ыйдаран киһи сүөһү көстүбэт уулуссатынан хаама турдум. Дуолан маннык үтүө майгылаах, хоһуун үлэһиттэрдээх дэриэбинэҕэ сылдьыбыта ахсааннаах буолуо. Саҥа оскуола тас тутуута бүтэн, билигин ис бараанын оҥоро сылдьар үлэһиттэртэн интервью ылла, камераҕа уһулла. Сууллаары турар былыргы оскуолаҕа сылдьан учууталлары, үөрэнээччилэри кытта көрүстэ, кэпсэттэ. Киэһэ хойукка дылы сылдьан фермергэ сылдьыбакка хаалла, ону сарсыҥҥы күҥҥэ хаһаанна. Дьэ, онтон били от үрдүттэн атырдьаҕынан оту оруур учуутал кыыһы, Туяра Александрованы көрөн уонна көрсөн, арааһы кэпсэтэн, киниэхэ хаһан да киирбэтэх истиҥ сыһыан киирдэ. Били хап-халыҥ таҥаһы таҥныбыта ханан да суох, хатыҥыр, кыра уҥуохтаах кэрэ кыыһы, оскуолаҕа үлэлиирин таһынан сүөһүтүн көрөн олорорун иһин кинини аһыныы, харыстабыл уонна сүрэҕэр уот кыымын курдук тапталга маарынныыр иэйии киирбитин биллэ. Оскуолаттан иккиэн сэргэ олорор ыаллар буолан аргыстаһан, кэпсэтии тимэҕэ сөллөн аа-дьуо хаамсан истилэр. Дуолан ноутбугар бүгүҥҥү үлэтин түмүгүн редакциятын mail.ru аадырыһыгар бэчээттээн табыгыратан, бэрт хойукка диэри олордо. Түннүгүнэн сотору-сотору Туяра дьиэтин көрөн ылар, түннүгэ эмиэ уоттаах сандааран көстөр. Кыыс төһө да бэйэм кыайар үлэм ээ диэбитин үрдүнэн, уол ыалыттан үтүлүк уларсан, хаатыҥка кэтэн баран, кэбиһиилээх оттон от бөҕө орообута, хотон икки өттүгэр өрөһөлүү таспыта. Хас да күн сүөһү сиир отун бугул оҥорон чөмөхтөөбүтэ. — Дуолан, дьон туох эрэ дииллэрэ буолуо, — диэн баран, Туяра кыбыстыбыттыы туттан, симик мичээрин кистээбиттии умса көрбүтэ. — Туяра, туох да диэтиннэр. Эйиэхэ ис сүрэхпиттэн көмөлөстөҕүм эрэ дии, кыбыстыма, — диэн баран, кыыс дьиэтин аанын иннигэр утары көрсөн тура түспүттэрэ. — Чэ, сарсыҥҥа диэри, пока — дэһэн арахсыбыттара. Онтон ыла сыл аҥаарыттан ордук кэм түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытын курдук биирдэ элэс гынан хаалбыта. Дуолан билигин кыһын командировкаҕа кэлэн барбыт нэһилиэгэр кэлэн олорор. Дуолан Туяралыын кыһыны быһа суруйсан кэпсэтэн, билсиһэн, таптал дириҥ абылаҥар ылларбыттара. Кыһын, саас хаста да көрсүбүттэрэ. Билигин самаан сайын сылааһын баттаһа иккиэн оттуу сылдьаллар. Быыһыгар сир астыыллар. Уол күн аайы били түүлүгэр көрбүт кугас, үрүҥ бастаах икки ньирэйдэргэ үүт иһэрдэр. Эбээтэ барахсан киниэхэ түүлүгэр киирэн, кинини Туяраҕа сирдээн аҕалан көрүһүннэрдэ диэн илэ итэҕэйдэ. Аны биир дьиктитэ диэн, кини куорат олоҕуттан араҕан манна кыыс дойдутугар көһөн кэллэ.Үлэтиттэн уурайан манна саҥа таас оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлии киирэргэ кэпсэппитэ. Кыыс аҕата Уйбаан саҥа күтүөтүгэр «УАЗ» массыынатын бэлэхтээтэ, күтүөтүттэн олус астынна. Тыа сиригэр олоро үөрүйэх, булка сыстаҕаһын хайгыыр. Саас бииргэ кустуох буолаллар. Кыыһыгар эрэллээх кэргэн буолар күтүөттэммититтэн олус үөрэн олорор. Сотору Дуолан төрөппүттэрэ, Туяра дьоно мустан күһүөрү ыал буолуу уруктун тэрийэргэ быһаардылар. Күөх ыраас хонууга Дуолан Туяратын кытта күөх да күөх арыы былыттаах халлааны одуулаан сыталлар. — Дуолан, мин эйиэхэ биири этэрдээхпин. -Тугу, чыычаах? — Соһуйума, сөп? — Сэрэйэбин да буоллар, эт эрэ, тапталым. — Эн биһикки оҕо күүтэбит… Икки сүрэхтэр хаһан да арахсыа суохтуу бииргэ тэбэллэрэ, таптал дириҥ иэйиитэ биһигиттэн сүтүө суоҕа диэн эрэллээх ыга куустуһаннар, үөһээ дьырылыыр күөрэгэй ырыатын истэ олорбуттара. Виктор Васильев.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан