Кэпсээ
Войти Регистрация

БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Хоноһолор, хоонньоһор инибит…

Главная / Кэпсээн арааһа / БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Хоноһолор, хоонньоһор инибит…

K
edersaas.ru Категорията суох
14.06.2023 10:00
Дурдабыт тэстэн, үөһээттэн уу, алларааттан уу буолан, эбиитин астан биэрбэт хотугу хаҕыс тыалга хас да күнү быһа курдары үрдэрэн ибигирэһэн-бабыгыраһан андылыы сытабыт. Бэс ыйыгар Бээчээн мунна үлүйбүт диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ ини… Ээ, оҕонньоттор санаабытын түһэрбэппит. Саппаҕырбыт халлаантан хаарыаннаах тооромос эт таммалаан түһэрин эрэҥкэдийэ кэтэһэбит, күүтэбит. Анды диэн уйаара-кэйээрэ биллибэт муора кыыла буоллаҕа. Тутуспут туһаайыытынан сөмөлүөт курдук көбүс көнөтүк көтөн күпсүтэр. Биһиги кураанах чыккымайбыт, кунньалгыбыт курдук бадараан-идэрээн аайы уҥа-хаҥас куймаҥнаабат. Киирдэҕинэ акаарытык киирэр, билигин аҕай кубус-кураанаҕынан көрөн турбут халлаан оройуттан, эмискэ субу хараарыс гына түһэллэр. Иҥиир-ситии, кырылас куорсун кынаттарынан кыһыгырата сапсынан, хохуоралаах тумустара, атахтара кытаран, түөстэрэ кылабачыйа харааран, аһарар диэни билбэккэ, уотунан уһуура олорор дурдалары үрдүнэн саккыраан таммалыы-таммалыы көбүс-көнөтүк көтө туруохтара. Ордон хаалбыттара бараахтыыллар. Ээ, биһиги, кэтэһиини баҕас кэтэһэбит. Таах сытыахтааҕар барыны бары баллыгыраһабыт. Саамай бэһиэлэйбит, ортобутугар сытар көр-күлүү хаата, норуот тыйаатырын артыыһа, эмэнсийэ барбыт Эрбэһин Бааска саҥа таһаарыа эрэ кэрэх, Көөчөөн Көрүн тимэҕэ сөллөр, “быара суох” барабыт. – Көөчөөн Көрө диэбиккэ дылы, биирдэ атаһым Аркадий Новиков хоноһолоон барбыттаах, – Эрбэһин Бааска кэпсээнин саҕалыыр. “Дьээ-эрэ, дьээ-эрэ!” бөҕө буоллубут. – Ол киэһээ өлүү болдьох икки хоноһолоннубут. Кэргэним балта кэлбитэ. Кыратык “сухуойдуу-сухуойдуу” бэрт үчүгэйдик киэһээ чээйбитин иһэ олордохпутуна, Аркадий буруйдаммыт киһи курдук умса көрө олорон, ыскаатары тарбыы-тарбыы: “Мин кыра соҕустук ылыгаспын. Онон үпкүтүн-харчыгытын, туох мааны маллааххытын ыраах ууруҥ, эрдэттэн сэрэтэбин”, – диэбитин кырдьыктана сыстым ээ. Хата эмээхсиним: “Ээ, бүт. Биһиги ыал оннук киһи ылар үппүт да суох! Эн да буолларгын, бу биһилэхпин тарбахпыттан хайдах устаргын көрүллүө!” – диэн саҥарбатах оҥордо. Аһаан-сиэн, наадабытыгар таһырдьа тахсан киирэн, ону-маны баллыгыраһа олордохпутуна, эмээхсиним саалаҕа дьыбааҥҥа орон оҥорорун Аркадийым бэрт үөннээхтик көрбөхтүү-көрбөхтүү, түөһүн тарбана-тарбана: “Биһиги, хоноһолор, хоонньоһон утуйар инибит”, – дии-дии эмээхсиним балтын диэки мылаарыҥнаан ылбытыгар, биирдэрэ: “Ээ, бар, эйигинниин хоонньоспоппун хайаабаппын!” – диэн өһүргэнэн өрө татыаккалана түстэ. “Дьахтартан абааһы көрүллэр диэн, дьэ, ити ээ, – Аркадийым өрө тыынан, кэтэҕин тарбана-тарбана, – саатар түүлбэр дьахтары синньигэс биилиттэн былгыччы кууһан, сымнаҕастык, сылаастык утуйдарбын”,–дии-дии суорҕанын бүрүнэ тардынан кэбистэ. Инньэ гынан, атаһым ол түүн утуйар уубутун уйгуурдан турар. Оттон биһиги “быара суох” баран, адреналин бөҕөнү иҥэринэ сыттахпытына, уонча анды түһүөхчэ түспэккэ, хоруолларбыт үрдүлэринэн куһугураһа турдулар…
edersaas.ru сайтан