Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: “Туох буола сылдьаҕын, нойоон!”

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: “Туох буола сылдьаҕын, нойоон!”

K
edersaas.ru Категорията суох
30.05.2023 16:00
Өндөрүүс бостуук сарсыардааҥы ыам кэнниттэн, сайылыкка, күөх сирэмҥэ көҥүл барбычча алаадыйа быһыытыйбыт сүөһүлэрин үмүрү үүрэн, оҕус курдук нэс атын тиэтэтэн тиҥилэхтээн бөтөрөҥүнэн түһэттэрэн, уҥа-хаҥас ойдоору гыммыт ынахтарын соһо, сүгэйдии сылдьар имигэс былах талаҕынан кууһуннартаан үөрдэригэр холбооттоон, сайылыктан ырааппакка сибэккилээх сыһыыга мэччитэлии таһаарда. Бөөлүүнү быһа дурдаҕа килээриччи көрөн олорон, дэлби утуктаан, дайааркалар олорор саҥа уопсайдарыттан ойуччу турар болох-үүтээнигэр киирэн, кэриэрбит-хоруорбут чаанньыгын тумсуттан ууну киллиргэтэ түһээт, хомуллар диэни билбэт, бурҕаллыбыт нааратыгар суорҕанын-тэллэҕин бүрүнэн утуйан хаалла. – Нохоо, Өндөрүүс, тур, утуйан оҥторо сытыаҥ дуо. Күнүскү ыам чугаһаата, бар, сүөһүлэргин аҕалтаа! – пиэрмэ ыстаарсайа, түөһүнэн көөчүктэммит, самыытынан оонньообут түөрдүөнчэлээх Түптэ Таанньа халҕаны аһан туран ыһыытаабытыгар соһуйан, аҥаар хараҕын ситэ аспакка олоро биэрдэ.Туран хомунан, болоҕун таһыгар өртөөбүт атын тутан, Былахыта мэлдьи көрөр, истэр, билэр биир уостаах уон алталаах субуйааҥкытын сүгэйдээн, “сэрэххэ” диэн сыһыы хоту баһыгар балайда кэҥэс налыы уутун көрөн ааһарга быһаарынна. Олохтоох кусчуттар сэҥээрбэт ууларыгар онто-мантан таба тайаммыт дьон сытааччылар. Бу сырыыга куорат сааһыттара дурдаланан оҥостон сыталлар. Өндөрөй чугаһаан, бөлкөй үөттэр кэннилэриттэн одуулаабыта, биир да тыынар тыыннаах биллибэт. “Утуйа сыттахтара” дии саныы турдаҕына, бачыгыраччы анньыллыбыт маччыыктар быыстарыгар кус хараара устаҥныыр. “Ханай-ханай, Былахы, үөмтэрэн киириэх”,– диэн соруйан, атынан күлүктэнэн саа тэбэр сиригэр киирэн кыҥаан эрдэҕинэ, арай ырыа иһиллэр: “Днепр тымныы долгуннарын Туоруур саха уола, Тула ууга бырдааттанар Ардах буулдьа суола…” Өндөрүүс итэҕэйбэккэ хараҕын соттумахтаата. Маччыыктар быыстарыгар хараарыҥныыра киһи сирэйэ буолан хаалла! Бу алдьархайы, иэдээн буола сыста. Кини да буоллар ыксаан, кыйаханан: “Туох буола сылдьаҕын! – сэттэ этээстээх маатырыны түһэрэн, – бүгүн ыам ыйын 11 күнэ”, – диэн сиргэ силлээн, баһын быһа илгиһиннэ. Саах курдук итирик куорат кусчута маччыыктарын быыһыгар сөтүөлүү сылдьар эбит…
edersaas.ru сайтан