Кэпсээ
Войти Регистрация

Маҥнайгы хаас

Главная / Кэпсээн арааһа / Маҥнайгы хаас

K
edersaas.ru Категорията суох
22.05.2023 18:13
Сахам сиригэр саас кэлэн, уу-хаар тахсан, көтөр бөҕө кэлэн турар кэмэ. Мин ол саҕана сэттискэ үөрэнэрим, саҥа саалана сатыыр кэмим этэ. Арай, биир субуота күн, кустуу барыах буоллубут. Аллар атастарым Ахмед Сааска уонна Куобах Балантыын буоламмыт. Маар үрэххэ Пуонда Сирэ диэн дьикти ааттаах сиргэ. Сарсыарда тураммын аҕабар эппиппэр өлө сыста: «Саһааны туруор, кустуу оонньуу сылдьыаҥ дуо?!» — диэн көбдьүөрүйдэ. Хайыахпыный, аҕам эттэ да — сокуон, утарсан да диэн туһа суох. Үөрэнэн бүтэн баран, уолаттарбар арбы-сарбы эттим: » Аҕам ыыппат», — диэн. Дьонум эрэһиинэ мончууктары Балантыын таайыттан, Сиэмэнэп Балантыынтан, сопхуос охотоведыттан, уларсыбыттарын кэпсээтилэр. Оннук кэпсээн, ымсыырдан өлөрө сыстылар: ол саҕана хотуобай мончуук диэн тэрил суоҕун тэҥэ этэ. Хайыахпыный, хааллаҕым дии. Дьонум сүгэһэр бөҕө буолан бултуу бардылар. Мин дьиэм таһыгар ээл-дээл, хабыс эрэ сукуҥнаан, саһаан туруора сырыттым. Санаам барыта уолаттарбар, «куһу төһөнү эрэ кыайаллар» диэн. Ол курдук үлэлии сырыттахпына, аҕам тахсан көрөн баран: «Чэ, бар, кустуу», — диэтэ. Арааһа, сэрэйдэхпинэ, сирэй-харах мөлтөх киһитэ буолуом, ону көрөн аһыннаҕа. Өссө: «Атынан бар», — диэтэ. Бостуук Буулур диэн атын аҕам дьып-дьап ыҥыырдаан биэрдэ. Билигин санаатахха, сэттискэ үөрэнэр оҕону соҕотохтуу аттаан, саалаан ыытар сүрдээх эбит. Мин бэһис кылаастан сааламмытым, онон сэттискэ олох улахан киһи курдук сананар этим. Чэ, бэйи, кэпсээммэр төннүөххэ. Аҕыс биэрэстэ сири эттээх атынан төһө өр кыныамый, начаас дибдитэн тийдим. Уолаттарым, арай, саҥа кэлэн тиритэн-хорутан олороллор эбит. Миигин көрөөт, соһуйдулар, онтон: «Соруйан, аттаах кэлэр аата, эппэтэххин!» — диэн, буруйдаан-сэмэлээн турдулар. Ыгаа кыыһыран: «Кыттыспаппыт!» — диэт иэдэс биэрэн, түҥнэри хайыһан, Дьохсоҕон олордулар. Ол курдук, нөҥүө-маҥаа хайыһан олорон, бар туомугар чэйдээбитэ буоллубут. Мин үрэх уҥуор тахсар буоллум. Уон алталаах тас сомуоктаах саалаахпын. Үрэх уутун киллэрэ аҕай турар кэмэ этэ. Мин, бэрт эрэйинэн, үрэхпин туораан, уҥуор өттүгэр таҕыстым. Арай, ол турдахпына, хаастар саҥаран халыкынаһаллара иһилиннэ. Саабын сулбу таһыйан ылан, ботуруон симтэн, бэлэмнэнэ оҕустум. Икки хаас субу үрдүбүнэн, кэрии тыаны кырыйа көтөн кэллилэр. Мин, хап сабар, инники иһэччини иннин туһуланар, ытан саайдым. Хааһым, өс киирбэх, төбөтүн оройунан барда, үрэххэ түстэ. Иккиһэ, ааһа көтө охсон баран, төттөрү эргийэн кэлиитигэр, утары, иккис уоспунан саайдым. Табыллан, иҥнэх гынна уонна түспэккэ, уйдаран, бара турда. Мин онно эрэ наадыйбат киһи буоллум. Били, бэркэ сэрэнэн туораабыт үрэхпэр хааспын ылаары ыстанан кэбистим. Түөһүм тылынан муустаах ууну кэһэн киирэн, хааспын ыллым да кытылы былдьастым. Пуондам дьиэтигэр ыстанным. Уолаттарым бааллар эбит, көрөн олорбуттар. Сөҕүү-махтайыы, хааһы тутан көрүү бөҕө буоллулар. Мин таҥаспын устан куурда ыйаатым уонна итии чэйи иһэ-иһэ, дьоммор хайдах ыппыппын кэпсээтим. Хааһым улахана сүр, бэйэбиттэн эрэ кыра, хоҥор хаас бэрийэн бэрдэ эбит. Киэһэ буолуута кустаатыбыт. Үрэххэ дьонум мончууктаах буоланнар, дурда туттан олордулар. Мин үрэҕи бата кэриискэлэнним. Үрэх устун көтөр куһу күөрэтэн ытабын. Оннук уонча кустанным. Уолаттар да син өлөрдүлэр. Ол саҕана кус дэлэй буоллаҕа. Сарсыныгар, утуйан тураат, дьиэлиир буоллум: аҕабар кэпсии охсоору. Аппын ыҥыырдаатым, булпун сымаҕа уган баран, ыҥыыр нөҥүө бырахтым уонна дьиэм диэкки айаннатан сикситэ турдум. Эттээх бугуһуйбут ат сүгүн хаамыа дуо, сэлииннэн бара сатыыр. Мин Тоҥуулаахха киирдим да тиҥилэхтээн кэбистим, атым түһүнэн кэбистэ. Ол курдук, туос бөтөрөҥүнэн түһэрэн, Маар Сыһыыны ортолоон эрдэхпинэ, икки аттаах дьон аппын чуут тохтоттулар. Бостууктар эбит. Тойтох Ньукулай уонна Холуочук Уйбаан эбиттэр. «Хайа, нокоо, аты кыайбыккын дии!» — дииллэр. Ыҥыырбын көннөрдүлэр, холунун тардан биэрдилэр. «Арҕаһын астарбыккын, аҕаҥ кэһэтэрэ буолуо», — дииллэр. Мин: «Хаас өлөрдүм!» — диэн киһиргээччи буоллум. Дьонум хааспын хостоон көрдүлэр, миигин хайҕаатылар уонна: «Чэ, хаастаах киһи кыратык мөҕүллэриҥ буолуо», — диэтилэр. «Оргууй айаннаа, сүүрдүмэ», — диэн сүбэлээтилэр. Мин, дьэ, налыччы айаннаан кэллим. Дьиэм таһыгар аҕам саһаанын туруора сылдьар эбит. Мин, ат арҕаһын бааһырдыбыт буруйдаах киһи, кэлэн, аппыттан түстүм даҕаны, түргэнник: «Аҕаа, хаас өлөрдүм!» — диэн саҥа аллайдым. Аҕам ону истэн үөрбүт сирэйэ билигин да харахпар көстөр. «Оҕом улаатан хаас сиир дьон буоллахпыт», — диэт, сыллаан ылла. Мин ыҥыырбын уста оҕустум, атым бааһын кистии сатаатым даҕаны, көрө оҕуста. «Хайыа-а, арҕаһын астарбыккын дии!» — диэтэ. Туох буолбутун, хомойбут уу туттан, кэпсээн биэрдим. «Чэ, санааҕын түһэримэ», — диэн баран, аҕам барахсан мичик кынан эрэ кэбистэ. «Аҕаа, аһыы охсоот, саһааны туруоруом!» — диэт дьиэм диэкки ыстанным: ийэбин үөрдэ охсоору. Дьэ, ситигирдик, бастакы хааспын бултаан турардаахпын. Маалыкай.
edersaas.ru сайтан