Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кистэммит оҕо
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кистэммит оҕо
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
29.04.2021 12:08
Дьахтар анала диэн ыал буолан, оҕо төрөтөн, күҥҥэ көрбүт көмүс чыычааҕын ийэлии истиҥ тапталынан бүөбэйдээн, улаатыннаран, кинилэр эрэ үөрүүлэринэн, кинилэр эрэ кыһалҕаларынан интэриэстэнэн олоруохтаах. Онтон оҕо барахсан төрөөн баран ийэ, аҕа тапталыгар убанан, дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх этэ. Хомойуох иһин, бу этиллибит тыллар сорох дьоҥҥо анамматах курдуктар. Эр киһи дьахтарга оҕолоон баран билбэккэ, билиммэккэ эбэтэр быраҕан оҕону тулаайахсытара билигин сонун буолбатах. Оттон дьахтар тоҕус ый сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьыбыт, эрэй-муҥ бөҕөнөн күн сирин көрдөрбүт оҕотун оҕоргообото, аахайбата, быраҕара, тыыннаахтыы тулаайахсытара, хомойуох иһин, эмиэ баар эбит. Костя үлэтиттэн саҥа кэлэн оһоҕун оттон, олорон эрэ наҕылыччы табахтыах буолан эрдэҕинэ, ааны тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Бачча киэһэ эмиэ хайалара кэллэҕэй диэн мөҕүттэ санаан ааны аспыта, биир билбэт кыыһа кэлэн: “Здравствуйте, Вера Васильевна манна олорор дуо?”, — диэт үөрэ-көтө киирэн кэллэ. — Мин Машабын. Миигин аҕам ийэҕин кытары олор диэн ыытта...”, — диэтэ кыысчаан. Онуоха Костя ким киирбитин билиминэ, туох диэбитин өйдөөмүнэ, тугу да эппиэттиэн булбакка дөйөн турда. Вера Васильевна диэн кини кэргэнин аата. Ол эрэн, бу кыыс тугу эппитин букатын өйдөөбөтө. “Аҕам” диир, “олор диэтэ” диир, “ийэҕэр” диир. Хайдах-хайдаҕый? Дьиэлээх хаһаайын чочумча саҥата суох тура түстэ. Онтон өй булан: “Доҕор, эйиэхэ ким эрэ кэллэ”, — диэн кэргэнин ыҥырда. Утуйар хостон Вера тахсан кыыһы көрөн, хайа эрэ ыалларын оҕолоро наадаҕа кэллэҕэ диэн: “Ким оҕотоҕунуй? Туохха кэллиҥ? Ийэҥ ыытта дуо?”, — диэн үрүт-үөһэ ыйытта. Ол тухары сүрэҕэ тугу да сэрэйбэтэ. Онтон өйдөөн көрбүтэ, улахан айанныыр суумкалаах. Тыаттан хайа эрэ аймахпыт оҕолорун ыыттахтара дуу диэн саныы турда. Кыыс долгуйан саҥата титирэстии-титирэстии: “Бу мин дии, Машабын. Эбэм өлбүтэ. Аҕам ийэҕэр баран олор диэн аймахтарбыт ааһан иһэллэринэн эһиэхэ ыытта, — диэн хаһан да көрбөтөх төрөппүт ийэтэ билбэккэ турарыттан соһуйан, куттанан, ыксаан хараҕыттан уу-хаар баста. – Ийээ, бу мин дии, эн төрөтөн баран бырахпыт оҕоҥ турабын”, — диэмэхтээтэ. Онуоха дьахтар оҕом кэлэн турар диэн үөрбэтэ, долгуйбата, ытамньыйбата, түргэн баҕайытык оҕонньорун диэки көрө оҕуста, онтон кыыһын диэки хараҕын муҥунан батары көрдө. Соһуйда да быһыылаах. Хаһан эрэ, мэктиэтигэр умнан да кэбиспит. Сүүрбэ сыллааҕыта... Быыкаайык, саҥа хааман эрэр кыысчаанын үөрэххэ барабын диэн оҕонньорун дьонугар хаалларбыта. Онтон ыла көрө илик. Чахчы кини. Кини кыыһа. Үүт-үкчү аҕатыгар дылы. Костя дьиэтигэр туох буолан эрэрин билигин да өйдөөбөккө турар. Бу кыыс тоҕо кини кэргэнин “Ийээ” диирий? Эн-мин дэһэн, эрэнсэн, таптаһан, өйдөһөн, икки оҕону төрөтөн, дьиэ-уот туттан уон биэс сыл бииргэ олорбут бэйэлээх бэйэтин кэргэнин, тоҕо билбэт кыыһа кэлэн “ийээ” диирий? Хайдах хайдаҕый? Кыыс хайы-үйэ оскуола оҕото буолбатах. Ол аата Вера миэхэ кэргэн тахсыан иннинэ эмиэ кэргэннээх, оҕолоох
этэ дуо? Бачча сыл эркин курдук эрэммит ойоҕум тоҕо оҕолооҕун туһунан тоҕо бачча сыл олорон баран биирдэ да кэпсээбэтэ? Өссө туох кистэлэҥ баарый? Костя мунаахсыйбыт төбөтүгэр араас боппуруос бөҕө киирдэр киирэн истэ. Олоххо киһи күүппэтэх, үөйбэтэх өттүттэн, эмискэ араас көстүүлэр тахсаннар, олорбут олоххун өссө уустугурданнар, киhи иннин-кэннин билбэт гына муннаран мунаахсытар. Хайыахтарай, кыыстарын иһирдьэ киллэрдилэр. Ким да, тугу да саҥарбат, бары да улахан толкуйга түстүлэр быһыылаах. Ол курдук саҥата-иҥэтэ суох чэйдээн баран, кыыстарыгар ыалдьыт хоһугар орон оҥорон биэрдилэр. Костя сэмээр тугу эмэ этэрэ дуу диэн кэргэнин сирэйин-хараҕын манаста. Туһа тахсыбата, урут саҥарбатаҕын курдук, билигин да саҥата суох сырытта. Ийэ кыыһын кууһан да, сыллаан да ылбата. Аат эрэ харата кэпсэттэ. Баҕар долгуйан буолуо, баҕар кыбыстан буолуо... Дьахтар сүрэҕэ тымныйдаҕына ирбэт дииллэрэ чахчы эбит. Кыыс даҕаны, атын оҕолор курдук ийэ тапталын билбэтэх дьоло суох оҕо сааһын санаан, ийэҥ эйигин быраҕан эр киһиэхэ иирэн барбыта, билигин атын оҕолордоох диэн итирик аҕатын кэпсээнин санаан, кыһыйа-абара санаата. Тоҕо? Тоҕо миигин бырахпытай? Мин туох куһаҕаны оҥорбуппунуй? Бу кини хас да сыл толкуйдаабыт толкуйа этэ. Ийэтинээн көрсүһэр күнүн бачча да сыл тухары күүтэн, ыра санаа оҥосто сылдьыбыта. Онто бу бүгүн туолла. Ийэтэ тоҥкурууннук көрсүбүтүттэн, үөрбэтэх сирэйин көрөн, чахчы абааһы көрөн бырахпыт эбит, кэлбиппэр сөбүлээбэтэ диэн санаата түһэн сыттыкка умса түһэ сытан уйа-хайа суох ытаан барда. Оҕо сылдьан хайдах курдук баҕарда этэй, атын оҕолор курдук ийэлээх буолуоҕун, кини сылаас түөһүгэр сыста сытыаҕын, киэһэ аайы остуоруйа кэпсэтиэҕин, бастакы биэһин үөрэ-көтө кэпсиэҕин, бастакы килбик тапталын кистэлэҥин арыйыаҕын. Хайдах курдук баҕарда этэй, ийэлэр бырааһынньыктарыгар күндүттэн күндү ийэтин эҕэрдэлиэҕин, хоһоон ааҕан иһитиннэриэҕин, кини минньигэс аһын аһыаҕын. Эмиэ да, ийэбинээн баҕар кэлин, баҕар сарсын кэпсэтиэхпит, өйдөһүөхпүт, кини миигин таптыа, оччоҕо бырастыы гыныам диэн эрэл кыымын саҕан, ийэтин кытары хайдах курдук дьүөгэлии буолуохтарын ыра санаа оҥосто сытта. Ииппэтэх буолан эбитэ дуу, Вера хайдах эрэ кыыһыгар сүрэҕэ тымныйан, тэйэн хаалбыт. Кыыһын саатар хотуна аах хаһан да көрдөрбөтөхтөрө, бырахпытыҥ да сырыт диэбиттэрэ. Бэйэтэ да баран билсэ, сураһа сатаабатаҕа, онтон атын кэргэннэнэн, оҕолонон урукку олоҕун умна быһыытыйбыта. Эдэр сылдьан алҕаһаан таптаабат киһитигэр кэргэн тахсан, киниттэн төрөөбүт оҕотун да оҕоргообокко, атын киһи олоҕуттан куотар курдук куотан, кистээн сылдьыбыта. Ол кини олоҕо буолбатах этэ. Ону баара урукку олоҕун тыыннаах туоһута, тоҕус ый иһигэр илдьэ сылдьыбыт, төрөппүт оҕото бэйэтэ тиийэн кэллэ. Билигин Костя уон биэс сылы быһа кэпсээбэтэх, кистээбит аньыыбын туох дии саныай диэн куттана, бэйэтиттэн бэйэтэ кыбыста, кэлэйэ санаата. Бүтүөх бүппүтүн кэннэ, ааһыах ааспытын кэннэ кэлэйэн да, кэмсинэн да туох кэлиэй. Ааспыт аата ааспыт, ол кэми хаттаан төнүннэрбэккин. Хайы-үйэ
сүүрбэ сыл ааспыт. СГУ-га үөрэнэ сылдьан тыаҕа практикалана тахсыбыттара. Сүүрбэччэлээх эрэ кыыс дэриэбинэ “красавчигын” кытары оонньоон-көрүлээн, күүлэйдээн, бэйэтэ этэринэн бириэмэ атааран баран хат буолан хаалбыта. Хайыаҕай, үөрэҕин быраҕан оҕотун аҕатыгар кэргэн тахсыбыта. Бастаан утаа үчүгэйдик олорбуттара. Онтон оҕо төрөөбүтүн кэннэ дьэ өйдөөбүтэ сыыһа быһыыламмытын, таптаабат киһитигэр тахсыбытын. Хаарыан үөрэниэхтээх эдэр сааспар оҕо иигэр-сааҕар буккуллан, мэлдьи хойутуур эрбин күүтэн олоҕум бүтүүһү, үөрэҕэ суох тыаҕа олорон хаалаары гынным диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Ол иһин, биирдэ толкуйдаан баран үөрэх туттарсан көрөөрү Дьокуускайдаабыта, онтон устунан эппэккэ эрэ Москвалаабыта. Ол кэннэ эргиллибэтэҕэ. Бастаан утаа кыыһын ахтан сураһа сатаабыта да, хотуна да, эрэ да өһүргэнэн чугаһаппатахтара. Онтон бэйэтэ да улам-улам тэйдэр тэйэн, кэлин үөрэххэ, доҕотторугар аралдьыйан санаабат да буолбута. Оҕо барахсан ити курдук тыыннаахтыы умнуллубута, быраҕыллыбыта. Костя Вераны аан бастаан Москваҕа үөрэнэ сылдьан сахалар көрсүһэр землячестволарыгар көрсүбүтэ. Биирдэ табаарыһын Ваняны кытары атын институкка үөрэнэр Саха сириттэн сылдьар оҕолор көрсүһүүлэригэр барсыбыта. Ваня Костяны доҕотторун кытары билиһиннэрдэ. Бэйэтэ да кэпсэтинньэҥ, элэккэй уол барыларын кытары тута дорооболоһон, билсиһэн, кэпсэтэн-ипсэтэн барда. Вера кинилэр компанияларыгар саҥа кэлбит уолу тонолуппакка көрөр-истэр, хас биирдии саҥатын үөрэтэр. Костя даҕаны уол уол курдук, кистии-саба көрөн ылар. Маннык көрсүһүүлэргэ сылдьа үөрүйэхтии туттар-хаптар, киирэн-тахсан барыларын дьаһайа охсон, саҥаран-иҥэрэн кыыс оҕото быһыылаах. Кэпсээн-ипсээн, күлэн-салан “душа компании” буолан, оҕолор бары да сөбүлүүллэр. Костя балкоҥҥа тахсан табахтыы турдаҕына, кыыс тахсан табаахтаһа таарыйа хантан сылдьарын, ханна үөрэнэрин, хаһан кэлбитин эҥин ыйыталаһан устунан буолары-буолбаты кэпсэтэн, күлэн-салан, уруккуттан билсэр дьон курдук буолбуттара. Онтон ыла кинилэр арахсыбатахтара. Вера Костя олорор уопсайыгар мэлдьи кэлэр-барар, куоракка сылдьа үөрүйэх киһи буолан, онно-манна илдьэ баран элэгэлдьитэн доҕор оҥосто охсубута. Ол курдук, кылгас кэм иһигэр бэйэтэ да билбэтинэн, Верата суох сатаммат буолбута. Дойдутугар хаалбыт бастакы ыраас тапталын умнан, хайы-үйэ олоҕу билбит-көрбүт бэйэтиттэн аҕа дьүөгэтин үөрүйэх тапталыгар умсан саха тэҥэ суох санана сылдьыбыта. Вера биирдэ туох эрэ кистэлэҥин этиэн дуу, кэпсиэн дуу баҕарбыт да, тугу да кэпсээбэтэҕэ. Быраҕыа, тэйиэ диэн куттана санаабыта буолуо. Ол эрээри оҕо диэн оҕо эбээт. Бэйэтин иһиттэн таһаарбыт оҕото. Хайдах бүтүн тыыннаах киһини кистээтэ? Саатар холбоһон баран тоҕо чугас доҕоругар, кэргэнигэр кэпсээбэтэҕэй? Киhи бэриллибит олоҕор олох судургу өрүтїүн көрдүү сылдьан, дьылҕа сыыhа суолугар балыйтаран хараҥаҕа харбыалаhыан сөп. Оччоҕо, саха өhүн хоhооно этэринии, ороҕун булбатах кутуйах курдук туман быыhыгар мунан-тэнэн хаалар, дууhатын сыыhын дьыбарга сүтэрэн олоҕун өссө уустугурдар. Оттон кэлэр кэнэҕэски ыччатыҥ эн олоххун салҕаан, ситэрбэтэххин ситэрэн, салҕаабатаххын салҕаан биэриэ турдаҕа. Оҕо баар киhи баайа, дьоло, олоҕуҥ сыала. Туйаара Сергеева. Художник Вера НОЕВА уруһуйа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан