Кэпсээ
Войти Регистрация

Булгунньах абааһыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Булгунньах абааһыта

K
08.07.2021 16:30
   Булгунньаҕы «кургаан» диир дьону кытта үлэлии сылдьыбыттаахпын. Бас баттах саҥалаах дьон этилэрэ. Ол да буоллар, ыарахан үлэҕэ сырыттахха, ити курдук дьон аралдьыталлара үчүгэй буолара. Син өйдөһөр этибит.        Дьокуускай таһыгар богуон дьиэҕэ үлэһиттэри кытта олорор кэммит. Ити – 1958-1959 сылларга. Онно өссө хомсомуолбун. Ийэбин кытта барар-кэлэр сирбит баранан, итиннэ олорбуппут. Уолаттар ийэ курдук оҥостор этилэрэ. Араас улуустан быстан-ойдон кэлэ сылдьар ычыах-бычыах дьон буоллахпыт.    Дьиэбит түннүгүн утары улахан баҕайы булгунньах турара. Ой Бэс уонна Табаҕа икки ардыгар. Уот суох. Киэһэрдэ да, хараҥаран хаалара. Биһиги ол аайы борук-сорукка булгунньахпытын кыҥастаһар этибит.    Биирдэ булгунньах оройугар уот оттубуттарын курдук, туох эрэ сырдаан көстүбүтэ. Ийэбэр эппиппэр “ол булгунньахха ким уо-уоттаммыт үһүө, туох уота буолара биллэр...” диэн эрэ кэбиспитэ. Билигин санаатахха, айыы уота буолбатаҕын билэр эбит.    Арыт булгунньаҕы көрө турдахпына, хаста да сулус сыыйыллан түһэрэ. Дьиэлэрбит чугас-чугас тураллара. Олортон биирдэстэригэр Кынньаҕар Өндөрүүскэ олороро. Биирдэ биһиэхэ киирэн олорон: “Ити кургаан! Онно кылаат баар буолуохтаах...” – дии-дии, хараҕа уоттанан кэлэрин өйдөөн хаалбыппын.    Хас да сыл оннук олорон үлэ бөҕөнү үлэлээбиппит. Түөртүү кыбартыыралаах, иккилии этээстээх дьиэлэри тутуталаабыппыт. Сороҕор ыҥырыа уйатын курдук хостордоох дьиэлэри тутарбыт.   * * *    Тарабукин диэн уол биирдэ сиэркилэлээх кэлбитэ. Тугу көрөн аралдьыйыахпыт баарай, харабыл оҕонньорго сарсыарда уһугуннардын диэн илдьэ сылдьар бөтүүгүн моһуоктаабыппыт. Сиэркилэбитин тутан биэрэн күлүгүн кытта охсуһуннарарбыт. Бөтүүк тэбэн баран тиэрэ таралыс гынар этэ. Ол аайы күлсүү бөҕө. Хаста да тэбэн көрөн баран, син тугу эрэ толкуйдуурдуу, сиэркилэ кэтэҕин өҥөйөн көрөрө.    Аны туран, ол бөтүүгүн оҕонньор уола кэлэн: “Мин бөтүүгүм таҥараһыт ээ”, – дии-дии ылан, таҥнары сытыаран кэбиспитэ. Бөтүүк таҥнары сытан эрэ хамнаабат буолан хаалара. Түөһүгэр икки харандаас чоочоонун ылан, кириэстии ууран кэбиспитэ. Хамсаабат буолан түспэтэхтэрэ. Өлүөр диэри сытыах курдуга. Хамныа диэн кэтэһэ сатаан баран, тарҕаһан хаалбыппыт.    Кэлин билбиппит, бөтүүк кириэһэ тайа-майа суох бэйэтэ да сытар эбит этэ. Урут өссө бөтүүк хаһыытаата да, абааһы атаҕынан куотар диэччилэр. Биһиги ол биир өрөбүлгэ сынньаммыппыт диэн ити эрэ. * * *    Наар сөтөллөн хахсайа сылдьар уол баара. Ол уолу кытары миигин суол буорун кутарга анаабыттара. Кынньаҕар баҕайы моһуоннаах омук дьоно кэлбиттэрэ. Хаана тартаҕа буолуо, олорго олох сөрүөстэ сылдьар буолан хаалбыта. Биһиэхэ быгара аҕыйаабыта.    “800 кыраам бурдугунан Өлүөнэни хааһылыыр дьон” диэн аанньаран этиэхтэрэ дуо. Тыала суохха мас хамсаабат. Оттон киһибит тыла барыта “кылаат, кылаат...” диэн буолан хаалбыта. Аны туран, уолаттар булгунньаҕы үлтү бурҕайан барбыттара... Кынньаҕар куопсуктаах “бөлөрүүс” тыраахтарга олороро. Буору баһан ылан, улахан массыынаҕа сүөкээн иһэрэ. Санааларыгар, кылааттарын көрдөөн эрдэхтэрэ буолуо.    Биирдэ Хообурҕай оҕонньор миэхэ: “Ити дьахтары сирдээ эрэ...” – диэн, баттаҕын быыһынан көрөн кылата сылдьар, илдьиркэй таҥастаах, орто саастаах дьахтары киллэрэн биэрбитэ. Ол муҥнааҕы киһи көрөөт аһыныах курдуга. Мин хап-сабар таҥнаат, дьахтары өйөөн таһаардым. Иһин түгэҕэр тугу эрэ киҥинэйэ сылдьар этэ. Этэ тымныы баҕайынан үрэр курдуга.    Таһырдьа тахсааппытын кытта дьахтарым булгунньах диэки илиитин өрө ууммутунан барда. Онно чугаһаан истэҕин аайы кыаҕыран, эрчимирэн иһэргэ дылы!    Булгунньах тэллэҕэр тиийиибитигэр, санаабар, хайдах эрэ кыччаан, аччаан хаалбыкка дылы санаммытым. Аны сыыры тахсыыга дьахтарым бэйэбин сиэтэн соһуспута! Мин куттанан, олох буорайа сыспытым. Хайдах эрэ этим сааһа аһыллан хаалбыта.    Хаар икки тыал тыаһа икки биир кэм улуйан олороро. Булгунньах оройугар тиийэн иһэн халтарыйан охтооппун кытта дьахтарым олох да сүтэн хаалбыта... Онно эрэ өлөрдүү куттаммыппын билбитим. Тобуктарым олох уйбат буола титирэстээн хаалбыттара. Дьиэбэр эппэт кэлэҕэй буола куттанан киирбитим.    Тыал тыаһа киһи күлэрин, ытыырын курдук иһиллэр буолан хаалбыта. Оҕонньорго эмиэ дьахтар буолан көстүбүт этэ. Мин оччолорго саҥа ойохтонон сылдьар кэмим. Туох буоламмын ойохпун таҥнарыамый. Таптаспатаҕым.   * * *    Уолаттар ол кыһыны быһа булгунньаҕы сүргэйэн тахсыбыттара. Эһиилигэр тиийэн, үлтү эмэн бүтэрбиттэрэ... Улахан булгунньахтан тугун да хаалларбатахтара...    Ол устатын тухары булгунньах оройугар тахсан баран харахпыттан сүппүт дьахтар төбөбүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Санаам-оноом барыта айылҕабыт барахсаны алдьатыһа сылдьарбыттан хараастар буолбута. Ол иһин дойдубуттан, аал уоппуттан наар көрдөһөр-ааттаһар буолбутум.   * * *    Биирдэ суоппар уолаттар сирэйдэрэ-харахтара туран аҕай киирбиттэрэ. Туохтан оннук буолан киирбиттэрин хантан сэрэйиэм баарай. Олору кытта били дьахтар киирсэн, мин диэки сургуччу көрөн турара.    Сарсыныгар эрдэ туран оһох отто олорбутум. Арай таһынааҕы дьиэҕэ дьахтар айманара иһиллибитэ. Аны ол-бу буолан хаалыахтара диэн, тахсан көрөөччү буолбутум. Аргыый түннүккэ үөмэн тиийэн өҥөйөн көрбүтүм, били дьахтары кытта Кынньаҕар обургу хоонньоһон сыталлара...    Онтон халлаан аргыый сырдаабыта. Эбиэккэ диэри суоппардар биллибэтэхтэрэ. Эбэбит туран эрэр кэмэ этэ. Тыал да тыал. Күнү быһа кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбытым.    Сарсыныгар халлаан сырдыан эрэ иннигэр борук-сорукка урукку булгунньах оннугар били дьахтарым уот оттон баран, аттыгар сахсараҥныы сылдьарын көрөн этим тарпыта. Сир иһигэр дүҥүр тыаһа иһиллэрэ. Мин өссө куттаммытым. Уоппар ас кээһэрим элбээбитэ.    Сарсыарда эрдэ ийэм уһугуннарбыта. Сирэйэ-хараҕа өһөн хаалбыт этэ. Хоско сүүстэрин аннынан көрбүт дьон бааллара. Кынньаҕартан били суоппардар ыйыталаһа олороллоро.    Кынньаҕар бастаан тугу да билбэтэх аанньал курдук ону-маны эрдэ олорбута. Урут туттан-хаптан сылдьарыттан чыҥха атын көрүҥнэммит этэ. Онтон бэркэ ыкпыттарыгар дьэ айаҕа аһыллыбыта.    Кынньаҕарга “эн өлүүҥ” диэн көмүс биэрбиттэр... Суостаах-суодаллаах дьоҥҥо хаатыҥкатын иһиттэн: “Бу баар мин өлүүм, көмүһүм”, – диэн, титирэстии-титирэстии өрбөххө сууламмыты таһааран туттарбыта.    Көрдөхпүнэ, өрүс тааһыттан туох да уратыта суох этэ. Ону көрөн “оҕонньор хамнаабыт...” дэспиттэрэ. Салгыы “булбут көмүспүтүн түүн кистээн тиэнэн барбыттара, миэхэ өссө биэриэхтээх этилэрэ” диэн саҥалаах буолан биэрбитэ.    Аны мин ыйытыллар уочаратым кэлбитэ. Онуоха Кынньаҕар: “Итилэр билбэттэр. Мин эрэ билэбин. Утуйа сыппыттара”, – диэн, миигин быыһаан ылбыта. Оҕонньору илдьэ барбыттара. Төннүбэтэҕэ...    Суоппардар сүппүттэрэ хас да хоммутун кэнниттэн “массыыналар эбэҕэ түспүттэр, суоппардар ууттан тахсан баран, Дьокуускай диэки сырсыбыттар. Сыыр анныгар арыый тиийбэккэ үһүөн үлүйэн өлө сыталларын булбуттар» диэн сурах кэлбитэ.    Үс массыынаттан биирин эрэ булбуттара. Өрүс тааһын тиэйэн иһэн тимирбит диэн быһаарбыттара. Уолаттар «көмүһү, кылааты буллубут» дии санаатахтара буолуо. Ол иһин ол түүн кэлэн тиэнэллэр.     Айылҕа сэрэтэр, атаҕастаттаҕына, иэстэһэр...   Маяк Абрамов.
kyym.ru сайтан