Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иччилээх холорук
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иччилээх холорук
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
02.07.2021 12:12
Айылҕа, хаһан да таайыллыбытах таабырын буолан, икки атахтааҕы өрүү умсугутар. Ардыгар кэрэ көстүүтүнэн сүргэни көтөҕөр, сүрэҕи абылыыр, ардыгар холоругунан, сут кураанынан куһаҕаны биттэнэр. Мин туох эмэ бөрүкүтэ суох быһыы үөскээн тахсаары гыннаҕына, иччилээх холоругу көрөбүн. Оннук үстэ көрөн турардаахпын. Ол туһунан кылгастык кэпсиим. Маҥнайгы түбэлтэ. Оччолорго үчүгэйи-куһаҕаны соччо баардылаабат оскуола оҕото этим. Сайын сатыылаан турар кэмэ. Бөһүөлэгим кытыытыгар сылдьабын. Тугу гына сылдьарым эбитэ буолла, кырдьыга, бу диэн өйдөөбөппүн. Ойуур быыһыгар сүгэһэрдээх кырдьаҕас оҕонньор бөкчөллөн турарын санатар былыргы суон тиит барыаран турара. Дьон-сэргэ ытыктаан “кэрэх” тиит диэн ааттыыра. Оннук тиити мутугун тоһутар, оннооҕор тарбаҕынан ыйар улахан аньыы диэн ааҕаллара. “Чыычый, тоойуом, итинник гымматтар..” диэн кырдьаҕастар буойаллара. Арай ол сырыттахпына, ити кэрэх тииттэн киһи соһуйуон курдук, сүүнэ улахан холорук ытыллан-бурҕаллан таҕыста. Мин олус диэн соһуйдум, харахпын күлтэччи көрөн кэбистим. Ол эрээри улаханнык ыгылыйбатым, оннубуттан харыс да халбарыйбатым. Холорук оту-маһы тоҕута сүргэйэн, бөҕү-сыыһы күдэҥҥэ көтүтэн, улааттар улаатан истэ. Ис-иһиттэн күөртэнэн тахса-тахса иччилээхтик ытыллар. Төһө да кыра буолларбын, өйбөр “иччилээх холорук... иччилээх холорук...” диэн санаа элэҥнээн ааста. Холорук ол курдук ытыллан-бурҕаллан “барыахтаах сирбэр барабын” диэбиттии, туох эрэ сыаллаах-соруктаах киэбинэн кулууп туһаайыытынан бөһүөлэк диэки киирэн бара турда. Миэхэ чугаһаабата. Ити сыл кулууп дириэктэрэ суох буолбута. Иккис түбэлтэ. Ахсыс кылааһы бүтэрбит сайыным. Оскуолаттан бүтэн, дьиэлээн иһэбин. Биллэр-биллибэт салгыннаах уу нуһараҥ күн үүммүт. Уулуссанан хааман истэхпинэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сүр улахан холорук сыыһы-буору тоҕута ытыйан субу баар буола түстэ. Холорук уулусса устун кэлэн оскуола диэки бара турда. Мин буоллаҕына “салгыы хайыыр эбитий?” диэммин, көрөн турабын. Сайын буолан, ол кэмҥэ оскуола аана тэлэччи аһыллан турара. Дьэ, ол аанынан киирэн, “көһүтүллүбэтэх ыалдьыт, соһуччу хоноһо” кумааҕыны, истиэнэҕэ ыйанан турар мэтириэттэри, остуолу-устуулу – барытын тоҕута сынньан, ыһан-тоҕон баран, саалаҕа киирэн сыана үрдүгэр тахсыбыт. Сыана аттыгар бордууһуна баар этэ. Ол хайаҕаһынан ытыллан тахсан, бөһүөлэктэн дьэ арахпыт. Ити сайын учаастакка оттуу тахсыбыт икки үөрэнээччи ууга түһэн суорума суолламмыта. Ону биттэннэҕэ. Үһүс түбэлтэ. Стадион диэкиттэн суол хаба ортотунан көрүөхтэн дьулаан, иччилээх холорук ытыллан иһэрэ. Бөһүөлэккэ киирэргэ өнньүөс баара. “Баҕар, ол ууттан иҥнэн төттөрү төннөрө дуу?” диэн, кулгаах-харах иччитэ буолан, көрөн аҕай турдум. Суох, иҥниэх чинчитэ суох. Харахтаах курдук далаһаҕа чуо кэллэ уонна ытылла-ытылла туораата. Салгыы туох буолар эбитий диэн көһүтэн турдум. Холорук эмиэ сыаллаах-соруктаах быһыынан өнньүөс аттынааҕы дьиэлэри кэрийэ-кэрийэ салгыы түһэ турда. Ити сайын итиннэ дьиэлээх биир билэр киһибит олохтон туораабыта. Бу холоруктары киһи көннөрү холорук диэбэт этэ. Ытыллан-бурҕаллан, улахаттара, иччилээхтэрэ тута биллэрэ. Дьиктитэ диэн, сыаллаах-соруктаах быһыынан чопчу туһааннаах сирдэрин диэки көрдө-көрбүтүнэн бараллара. Киһи бэйэтэ да билбэтинэн уйулҕата уйгууран, отуора хамнаан ылыах курдуга. Маһы кэрдибиттэр Күһүн. Булт үгэннээн турар кэмэ. Уолаттар тыаҕа фаранан куобахтыы тахсыбыттар. Балайда тэйиччи турар үүтээҥҥэ тиийэн хонордуу оҥостубуттар. Аһаары тэринэн истэхтэринэ, биир уоллара үрүсээгиттэн арыгы хостоон таһаарбыт. Ону көрөөт, көһүтэн олорбут уолаттар үөрэн сэксэс гына түспүттэр. Үөрэ-көтө аһаан-сиэн баран утуйардыы тэриммиттэр. Халлаан хараҥаран, улам тымныйан барбыт. Өйдөрө бааллан эбитэ дуу, аһыы утахтара төбөлөрүгэр тахсан дуу – толкуйдуу барбакка, үүтээн аттыгар үүнэн турар чороҥ соҕотох маһы кэрдэн уокка оттубуттар. Үүтээннэрэ бэрт түргэнник сылыйа охсубут. Ырыа-тойук, күлсүү-салсыы бөҕө буолбуттар. Түүн оройо буолаатын кытта биир уоллара көҕүрэттэ диэн таһырдьа тахсыбыт. Арай үүтээн иһэ эмискэ үлүгэр чуумпуран, табаарыстарын саҥата ньим баран хаалбыт. “Бай, бу дьон туох буоллулар?” дии санаат, үүтээҥҥэ көтөн түспүт. Дьонун сирэйдэрэ кубарыйан хаалбыт, иччитэ суох харахтарынан биир сири тонолуппакка одуулаан тураллар эбит. Ол турдахтарына, оһох кэнниттэн тойук былаастаах кыыс кыланар ыһыыта-хаһыыта ыраахтан ой дуораана буолан иһиллибит. Үүтээн иһигэр киһи кыайан тулуйан сыппат айдаана-куйдаана өрө ньиргийэ түспүт. Уолаттар өй ылан куотар аакка түспүттэр. Ол түүн дьиэлэрин тыын быһаҕынан булбуттар. Сарсыҥҥытыгар кэлэн, аал уот оттон, айах тутан алҕаабыттар. Мэкчиргэ түүйбүтэ Мэкчиргэ мээнэҕэ көстүбэт түүйүктээх көтөр. Дэлэҕэ даҕаны хараҥаны “харахтанан” сылдьыа дуо. Ол сайын биһиги ахсыс кылааһы бүтэрбиппит. Икки ардыбытынан уу тэстибэт истиҥ дьүөгэлиилэр куруук бииргэ сылдьарбыт. Үһүөн ыаллыы олорор буоламмыт, үөрэхпитигэр мэлдьи аргыстаһан барарбыт. Биир үтүө күн оскуолаттан, үгэспитинэн, үһүөн бииргэ таҕыстыбыт. Син барбахтаабыппыт кэннэ иччилээҕинэн күлтэччи көрбүт мэкчиргэ көтөн кэлэн аттыбытынааҕы тииккэ олордо. Биһиги оҕо буоламмыт буолуо, маҥнай соччо аахайбатыбыт. Кэпсэппиппит курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ, аа-дьуо хааман истибит. Арай мэкчиргэбит элэктэриичэстибэ баҕаналарыгар олоро-олоро биһигини батыһан истэ. Инчэҕэй эттээх дьон буоллахпыт, урут хаһан да харахтаан көрө илик көтөрбүт суоллаан батыһа сылдьарын сөбүлээбэтибит, дьиксинэн ыллыбыт. “Атын уулуссанан барыахха, баҕар, мунуо” дии санаатыбыт. Суолбут хайысхатын уларыттыбыт, сүүрэр-хаамар былаастаан иннибит диэки кимэ турдубут. Мэкчиргэбит онтон иҥниэ баара дуо, батыспытын курдук батыһан истэ. Ити курдук айаннаан кэмниэ кэнэҕэс дьиэбитигэр кэллибит. Сарсыҥҥы күнүгэр оскуолаттан тахсааппытын кытта мэкчиргэбит эмиэ бу баар буола түстэ. Бу сырыыга эргийэн кэлэ-кэлэ үрдүбүтүгэр түһээри гынар. Биһиги куттанан өлө сыстыбыт, дьиэбитигэр сыккырыыр тыыммыт эрэ ордон тиийдэ. Урут киэһэ аайы мустан оонньуур бэйэбит дьиэбититтэн ханна да быкпатыбыт. Үһүс күммүтүгэр дьүөгэм Сандааралыын иккиэн аргыстаһан, кэлэн истибит. Мэкчиргэттэн куотан, хотоҥҥо киирдибит. “Бардын, биһигиттэн арахтын” диэн балайда өр олордубут. Хотонтон тахсан тулабытын эргиччи көрдүбүт. Мэкчиргэбит биһигини тонолуппакка одуулаан, тииккэ хороллон олорор. Дьэ, итинник мэкчиргэ тугу эрэ ылардаах курдук, хас да күнү быһа арахсыбакка батыһа сырытта. Ити сайын дьүөгэм Сандаара сөтүөлүү сылдьан ууга былдьаммыта. Баара-суоҕа уон түөрт саастаах, олоҕу саҥардыы олорон эрэр оҕо хомолтолоохтук суорума суолламмыта. Мэкчиргэ ону түүйэн батыстаҕа. Байанай тиһэх бэлэҕэ Күһүн. Сир ийэ “тыын” ыла түһүөм диэбиттии, нуктаан турар кэмэ. Биһиги, табаарыстар, хас да буолан сэһээккэҕэ кус маныы сытабыт. Син балай эмэ сыттыбыт да, туох да биллиэх сибикитэ биллибэт. Тулабыт им-ньим. “Чэ, кэбис, сайылыкпыт дьиэтигэр тахсан хонуохха” дэстибит. Халлаан хараҥарыыта биир табаарыспыт “баҕар, Байанайым тугу эмэ дук гынаарай...” диэн, сэһээккэҕэ төннөн киирбит. Эмиэ им-ньим, туох да кэлиэ суох дии саныы олордоҕуна, халлаан соҕотохто хараҥара түспүт. “Бай, бу туохтарый?” диэн, бэркэ муодарҕаабыт. Арай үчүгэйдик өйдөөн көрбүтэ, доҕоор, сүүсчэкэ ээбиллэ күөл үрдүнэн эргийэ көтөн, кини сэһээккэтин диэки кэлэн эрэр эбит. Үйэтин тухары уоннуу-сүүрбэлии, иһэ үлүннэҕинэ, отуттуу ээбиллэни харахтыыр бэйэтэ бу сүүһүнэн куһу көрөн, соһуйуоҕунан соһуйбут, уолуйуоҕунан уолуйбут. Сорох кустара эргийэн кэлэн ууга түспүттэр, сорохторо үөһэнэн-алларанан көтө сылдьыбыттар. Табаарыспыт хараҕар халлаан барыта кус буолан, харааран көстөр үһү. Өй ылан, саатын харбаабыт да, харса суох ытыалаан барбыт. Ити түмүгэр балай эмэ куһу суулларбыт, хаһааҥҥытааҕар да өлгөмнүк бултуйбут. Ити – кини бүтэһик булда этэ. Сотору буолаат, бу күн сириттэн күрэммитэ. Сорсуннаах булчуттары Байанай ити курдук тиһэҕин күндүлүүрэ үһү. Кэмэ илик... Төнүн! Киһи бу Орто дойдуга хаһан кэлэрэ уонна хаһан төннөрө барыта эрдэттэн ыйыллан, суруллубатах сокуонунан бигэргэнэн кэлэр дииллэр. Дьылҕа Хаан хайдах ыйар да, ол суолтан куоппаккын диэн кырдьаҕастар этэллэрэ. Ол туһунан араас кэпсээн, үгүс үһүйээн баар. Олортон биирдэстэрин кэпсиим. Биир кытыы дэриэбинэҕэ кырдьаҕас эмээхсин өлбүт. Үһүс күнүгэр оҕолоро, чугас аймаҕа кэри-куру буолан атаара сырыттахтарына, эмээхсиннэрэ уһуктан кэлбит. Дьон соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуттар, өмүрүү бөҕөтүн өмүрбүттэр. Эмээхсин маннык кэпсээннээх буолбут: “Арай түһээтэхпинэ, ханна эрэ хааман иһэбин. Тулам барыта мап-маҥан. Дьон бөҕө үмүөрүһэ сылдьар, тоҕо эрэ бары олус ыксаабыттар, уйулҕалара көппүт. Биир эдэр кыыс тугу эрэ суруна сылдьар. Киниэхэ тиийэн ааппын эттим. Онуоха “мин испииһэкпэр суоххун, арааһа, атыҥҥа баарыҥ буолуо” диэн баран, биир аҕамсыйа барбыт киһини булуохха диэн, сирдии барда. Бэрт өр мачайданан ол киһибитин буллубут. Саастаах киһи миигин көрөн баран: “Тоҕо бачча эрдэ кэллиҥ! Үс күнүнэн кэлиэхтээх этиҥ”, – дии-дии, дэлби мөхтө. Испииһэгэр тугу да соппото, эбии да суруммата. Онтон бу уһуктан кэллим. Эһиги туохха муһуннугут?” – диэн, бэркэ соһуйан ыйыппыт. Оҕолоро син биир сотору айанныа диэн бэлэмнээбит малларын ыраах уурбатахтар. Эмээхсин үс сыл буолан баран, утуйа сытан бараахтаабыт. Дьэ, дьикти... Дьон кэпсээнин сурукка тистэ Диана Клепандина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан