Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэрэппит

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэрэппит

K
17.06.2021 17:50
   Күһүн. Алтынньы ый бүтүүтэ. Айылҕа “улук уубутугар нухарыйан ылыах” диэбиттии, дьиктитик иһийэн турар кэмэ.      Мин бултуу баран иһэн, ыстаадаттан табаларбын, сээкэйбин ылан ааһар сыаллаах соҕотох оҕонньор олорор сиригэр тохтуурга сананным. Ол сир учаастактан балайда тэйиччи турар. Хата, таарыйа аһаан-сиэн, сынньанан ааһыам. Айылҕаҕа “көҥүл көрүлээн” сылдьарбын төһө да ис сүрэхпиттэн сөбүлээтэрбин, айаҥҥа киһи илистэр куолута. Үйэлээх-сааһын тухары манна тордохтонон олорбут Халлай Уйбаан оҕонньор, бадаҕа, сэттэ уонтан тахса хаарын санныгар түһэрдэ быһыылаах. Чугас уруута-аймаҕа бары манна олохторун моҥообуттара. Ол да буоллар күнү көрүөҕүттэн, киһини билэр буолуоҕуттан күөлэһийбит сирэ буолан, манна эрэ кини дууһата чэпчиир, санаата көнньүөрэр, сүргэтэ көтөҕүллэр.    Халлаан хараҥарыыта Уйбаан оҕонньор балаҕанын буллум. Икки балаҕан иккиэн сэргэстэһэ тураллар. Уҥа турара арыый улахан курдук. Бу балаҕаннартан биирдэстэрэ киһини сүгүн утуппат үһү диэн кэпсииллэрин истэр этим. Саатар, туох да уот-күөс көстүбэт, тыынар-тыыннаах баар сибикитэ биллибэт. Имик-самык... “Хайдах-хайдаҕый? Бачча тымныыга оҕонньор ханна бардаҕай? Дьэ, дьикти!..” диэн саныы-саныыбын, балаҕаҥҥа киирэн оһох отуннум, чэй өрүннүм. Сылайбытым оччо эбитэ дуу, ороммун хайдах булбуппун бэйэм да билбэккэ хааллым. Син балайда утуйдум быһыылаах. Арай ол сыттахпына, аан тыаһаата... Эт кулгаахпынан иһиттим, чахчы, аан тыаһа! “Бачча түүннэри ким кэллэҕэй, оҕонньор төннөн кэллэ дуу?” дии санаан, өндөс гынан ааны өҥөйөн көрдүм. Суох. Ким да киирбит сибикитэ биллибэт, саатар, хараҥата да бэрт. Мин буоллар уум кэлэрэ сүрдээх. Нухарыйыах курдук буолан истэхпинэ, ааным аны тохтоло суох тыаһаан барда: аһыллар-сабыллар, сабыллар-аһыллар. Өйбөр тута “оҕонньор, арааһа, туох эрэ буолбут быһыылаах” диэн санаа көтөн түстэ. Түҥ тыаҕа соҕотоҕун хоно сытар киһи дьиксиниэх курдукпун да, тоҕо эрэ соччо куттамматым. Ити икки ардыгар халлаан суһуктуйан, устунан сырдаан барда.    Сарсыарда тураат, санаам буолбата: оҕонньорбун суоллуурга сананным. Суолу батыһа Мэҥэ диэки киирэн бара турдум. Суолуттан көрдөххө, барбыта, арааһа, икки хас хоммут быһыылаах. Аҕыйах хардыыны оҥороот, суолтан туораан, тэмтээкэйдээн ылар эбит. Оҕонньор эрэйдээх аҥаар хараҕа суох буолан, туора-таары үктэнээхтиир эбит дии саныыбын. Ол курдук сирдээн, аҕыйах киһи олорор сайылыгар кэллим. Үөрүөм быатыгар, оҕонньорум онно кэлэн олорор. Уруккута-уруккутунан эрээри, хараҕын уота умуллан хаалбыт, иччитэ суоҕунан, кураанаҕынан көрөр. Дьонтон ыйыталаспытым, ол түүн кэлэн баран, биир да тылы быктаран саҥарбатах. Арай үрүт-үрдүгэр “Барбаппын-барбаппын. Арах!” диир үһү. Уйбаан оҕонньор үйэлээх-сааһын тухары олорбут балаҕаныттан тоҕо түүн үөһэ куотан кэллэ? Туохтан куттанна? Ол будулҕан туманнаах хараҥа түүҥҥэ эргиллиэх. Түүн үөһэ оҕонньор соҕотоҕун утуйа сыттаҕына, аан тэлэччи аһылла түспүт. Былыр үйэҕэ суорума суолланан анараа дойдуга аттаммыт ырааҕынан аймаҕа “киһи” дьиэҕэ көтөн түспүт уонна: “Убайыҥ курдук күн сириттэн араҕыаххын баҕарбат буоллаххына, икки атаххынан тэскилээ! Икки харахпар көстүмэ!” диэбит. Ону истээт, оҕонньор таҥаһын сиирэ-халты анньынаат, буута быстарынан Мэҥэлиир суол диэки түһүнэн кэбиспит. Кэлин: “Аны дойдубар букатын барбаппын. Онно бардахпына, өлөрбүн билэбин. Аны 3-4 сыл тулуһан сылдьабын дуу, суох дуу...” диир сурахтааҕа. Уйбаан, кырдьык, 3 сылынан уһуктубат түлүк уутугар утуйбута. Ити сыллар тухары биирдэ да биһигин ыйаабыт сайылыгар бара сылдьыбатаҕа, үктэнэн да көрбөтөҕө.    Уйбаан бииргэ төрөөбүт убайа дьиктитик өлбүтэ. Ити түбэлтэ күн бүгүнүгэр диэри таайыллыбат таабырын буолан, дьону дьиксиннэриэн дьиксиннэрэр. Убайа ити балаҕаҥҥа соҕотоҕун хоно сытан суорума суолламмыт. Этэ-сиинэ бүтүннүү күөх баламах буолбутун, айаҕыттан күүгэн үллэ баргыйан сытарын булбуттар этэ. Син балай эмэ эрийсэн иһэн, ол “киһитэ” ааҥҥа охторбут сурахтааҕа.   Туус маҥан табалар – куһаҕан биккэ        Хоту дойду биир учаастагар киһи өлөөрү, туох эрэ куһаҕан түбэлтэ буолаары гыннаҕына, эбээн булчута туус маҥан табалары үүрэн иһэрин көрөллөрө эбитэ үһү.    Мин биирдэ эмиэ ол сурахха киирбит туус маҥан табалаах булчуту көрбүттээҕим. Бултаан кэлэн иһэн билэр ыалбар тохтоон, чэй иһэн, сынньанан ааһарга сананным. Табаларбын аргыый наллаан “һайдыы-һайдыы” суол устун хаамтаран иһэн, учаастак биир кытыытынан уонча туус маҥан табаны үүрэн иһэр булчуту көрдүм. Испэр: “Киммит буоллаҕай? Туус маҥан табалар! Көрүөххэ, эчи, үчүгэйдэрин, кэрэлэрин!” — диэн ымсыыра санаатым. Ыалбар киирээт, сонуммун ыһа-тоҕо кэпсээн бардым: “Ити туус маҥан табалаах хайаларай? Бука, чугас эргиннээҕи булчут буолуо. Табаларын көрдөххө, олус да үчүгэйдэр!” — диэтим. Онуоха ыал ийэтэ “Саҥарба! Ити – куһаҕан биккэ...” диэтэ уонна урут бэрт холку дьахтар уоттаах хараҕынан миигин өтөрү көрдө. Кэлин туох эмэ куһаҕан буолбутун соччо өйдөөбөппүн. Сураһа да барбатаҕым.   Анараа дойдуттан “ыаклдьыттар”      Ыыннаах хайатын туһунан истибиккит буолуо. Олус күүстээх энэргиэтикэлээх, иччилээх хайа.    Оммуоһап диэн ааттаах булчут оҕонньор Ыыннаах кэтэҕэр хоно сыппыт. Ахсынньы амырыын тымныыта үгэннээн турар түүнүгэр уу чуумпуну уйгуурдан, ат туйаҕын тыаһа өрө хабылла түспүт. Оҕонньор “бачча ыраах ким кэллэҕэй?” диэн дьиксинэ санаабыт да, “хата, кэпсэтэн сэргэхсийиэм, сонун-нуомас истиэм” диэн иһигэр үөрбүт. Дьоно үүтээн аттыгар кэлэн, аттарын баайбыттар. Чочумча тохтуу түһэн баран, аан быдаан туманы бүрүнэн, үс киһи үүтээн ортотугар биирдэ хорос гына түспүттэр. Халыҥ түү таҥастаахтар, ыраах айаҥҥа туруммуттара сонно көстөр. Биирдии-иккилии тылы бырахсан, ону-маны син кэпсэппиттэр. Арай оҕонньор өйдөөн көрбүтэ, дьонун харахтара туус курдук туру-туртаҕардар үһү. Муодаргыы санаабыт. Ол да буоллар хайаахтыай, кэлбит дьону холдьоҕон таһаарбата биллэр уонна оттон анараа дойду “ыалдьыттара” буоллаҕына, ону сөбүлээбэттэрэ чахчы. Чэй кутан, ону-маны таһааран аһаппыт. Көрдөҕүнэ, дьоно чэйи иһэллэр, аһы аһыыллар эбит. “Бэйи, сэрэххэ, таһырдьаны тахсан көрүөххэ” дии санаабыт. Таһырдьа тахсыбыта, үс туус маҥан ат үүтээн аттыгар тураллар эбит. Бэркэ муодаргыы санаан, үүтээҥҥэ киирэн, туох сыаллаах-соруктаах дьон буолалларын, ханналаан иһэллэрин ыйыппыт. Онуоха күүппэтэх ыалдьыттара хоту баран иһэллэрин, биир киһини (аатын чопчу эппиттэр) ир суолун ирдиир санаалаахтарын туһунан эппиттэр. Онуоха оҕонньор тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолбут, этин сааһа аһыллыбыт. Анараа дойду дьоно кэлэн олороллорун кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, итэҕэйбит. Дьоно аһаан-сиэн баран, сыаллаах-соруктаах дьон сиэринэн сып-сап хомунан, тахсан барбыттар. Кэлин ыйыталаһан билбитим, оннук ааттаах киһи чахчы хоту олороро сылдьыбыта үһү. Эдэрчи саастаах эрээри, харса-хабыра суох тыллаах-өстөөх, бэрдимсик майгылаах киһи диэн кэпсииллэрэ. Анараа дойду күүтүллүбэтэх “ыалдьыттара”, бука, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийдэхтэрэ. Ол бэрдимсик киһи туһунан, хайдах суорума суолламмытын ыйыталаһа сатаабытым да, ким да кэпсээбэтэҕэ. Эбээннэр биһиги курдук барытын аһаҕастык кэпсээбэт, ыраас мууска ууран биэрбэт дьон.   Мэнэриктэр        Мэнэриктэр араастаан мэнэрийэллэр эбит. Мин оҕо да сылдьан, улаатан да баран элбэх мэнэриги истибитим.     Сорох мэнэриги “айылҕаттан талааннаах ааттаах олоҥхоһут быһыылаах” дии саныыбын. Сүрдээх уус-уран, хомоҕой тыллаахтар-өстөөхтөр: киһи эрэ истэ олоруох курдук буолааччы. Мин биир оннук мэнэрийэр оҕонньору билэрим. Аата – Баттахтаах Дьарааһын. Өйдөөн хаалбыппынан, Дьарааһын орто уҥуохтаах, уһун баттахтаах этэ. Олус дьүлэй, саараама истибэт буолан, кинини кытта кэпсэтэрбитигэр эрэй бөҕөтүн көрөөччүбүт. Атыттар бары туран эрэ мэнэрийэр эбит буоллахтарына, Дьарааһын сытан эрэ мэнэрийэрэ. Атыттар мэнэрийдэхтэринэ, куттанан, уҥуоҕум халыр босхо барара, оттон кини мэнэрийдэҕинэ, букатын куттаммат этим. Утуйа сытан хайдах эрэ ыллаан эрэр курдук мэнэрийээччи. Түүн үөһэ биир да тылы сыыс түһэрбэккэ, кулгаах-харах иччитэ буолан, барытын истэ сытааччыбын. Ол гынан баран туох туһунан мэнэрийэрин билигин өйдөөбөппүн, оҕотугум бэрт буолаахтыам. Ырыата улаатан, иччилэнэн бараары гыннаҕына “оҕонньор бэргээри гынна” дииллэрэ. Ол да гыннар ким эмэ “бүт!” диэн тохтото сатыырын өйдөөбөппүн.    Оттон норуокка биллэринэн ааттаатахха, Долгун эмээхсинэ мэнэрийдэҕинэ, киһи куйахата күүрэрэ. Куолаһа хатана, тыла-өһө иччилээҕэ... истэргэ ынырык, дьулаан да буолара! Мин куттанан өлө сыһарым. Ис-иһиттэн тэптэн кэлэн ыллыы-ыллыы, умайа турар оһоххо баран, уокка илиитин уган ылара уонна уотунан уһуура сылдьар күлү баһан ылан, харса суох ыстаан кирдиргэтэн барара. “Абытай-тай!” диирин букатын өйдөөбөппүн, ыстаабыт күлүн төттөрү силлиирин эмиэ көрбөтөҕүм. Киһи хараҕын баайаллара дуу, хайыыллара дуу... Дьэ, билбэтим. Ол эмээхсин кэлин төбөтүнэн ыалдьыбыт сурахтааҕа. Айаҕар ас киирбэт буола ыалдьыбыт дэһэллэрэ.   Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалааҕыттан төрүттээх Боруулаах нэһилиэгин олохтооҕо Иван Стручков кэпсээниттэн Диана Клепандина суруйда.
kyym.ru сайтан