Кэпсээ
Войти
Регистрация
Халҕан былдьаһыыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Халҕан былдьаһыыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.06.2021 12:19
Муома Сайдыытыгар олорор 68 саастаах Роман Петрович Уваровскайтан, 1978 с. Ийэм эһэтэ Быыссай Баһылай диэн баара үһү. Ол оҕонньор абааһыттан да, эһэттэн да куттаммата үһү. Биирдэ сэттэ буолан атынан балык ыҥырда бартар. Соболоохтон, Победаттан, Орто Дойдуттан бааллара үһү. Барыта сэттэ киһи. Ол кэлэн иһэн “Тирилиир” диэн сиргэ туруору балаҕан баарыгар хоммуттар. Киэһэ балык күөстэммиттэр. Балыктарын сии олордохторуна дьиэлэрин аана аһыллан хаалбыт. Аан айаҕар утуйар таҥаһын үрдүгэр Соболоох киһитэ балыгын сии олороро үһү. “Ыстапаан, ыл көр!” — диэбиттэр. Киһилэрэ таһырдьа тахсан “туох да суох” диэн, киирэн халҕанын сабан кэбиспит. Онтон олорон кэпсэппиттэр. «Абааһы астаҕа, киһи хантан да кэлэр кыаҕа суох» дэспиттэр. Ол олордохторуна, дьиэлэрин аана аһыллан хаалбыт. Сорох куттаммыт, онуоха Быыссай Баһылай: “Киһи муокастыыр быһыылаах, Ыстапаан, ыл көр-көр!” — диэбит. Биирдэрэ тахсан көрбүт уонна “туох да суох” диэбит. Киирэн халҕан быатыттан тутан турбут. “Хайа иирбит абааһыный? Кэл эрэ, тардыалаһыах”, — диэбит. Инньэ диирин кытта таһыттан киһи кэлэн тарпыт. Тардыһан иһэн эппит: “Доҕоттоор, кэлэн көмөлөһүҥ-көмөлөһүҥ! Кыайда да, кыайда! Ылла да ылла!” — диэтэҕин аайы аан аһыллан иһэр үһү. Куттанан, ким да көмөлөспөтөх. Быыссай Баһылай: “Таҥара тылын этэ-этэ, силлии-силлии тарт!” — диэбит. “Хайа кыылын таҥара тыллаах диигин, ылла да ылла!” — диэбит уонна ыһыктан кэбиспит. Ол киһи Соболооххо кэлэн иҥиир-иҥиирэ барыта тардан, үс эрэ хонон хаалбыта, өлбүтэ. "Атын дойду абааһыта атын дойду киһитин сиэ суохтаах" Муома Сайдыытыгар олорор Федотова Мария Пропопьевна 1990 с. хомууруттан. Сайдыыга кэлэн үлэлии сылдьан Федоров Семен Васильевич биирдэ сайын биригээдэ отун тутан, тардыллан, хойутаан хаалбыт үһү. Ол иһин Ээмиллэ диэн сиргэ баар өтөххө хонорго быһаарыммыт. Киэһэ аһаан-сиэн баран, наара орон баарыгар утуйардыы оҥостон сыппыт. Арай ол сыттаҕына, ороно аргыый аҕай мөхсөн, хамсаан киирэн барбыт. Семен Васильевич нааратын аннын өҥөйөн көрбүтэ, наара анныттан маҥан былаат бааныылаах эмээхсин тахса сатаан эрэр үһү. Ону кэтэҕиттэн ытыһын тилэҕинэн төттөрү анньа-анньа: “Атын дойду абааһыта атын дойду киһитин сиэ суохтаах”, — диэбит. Онтон кэлин олус сүгүннээбэтэҕин иһин, түүннэри атын сиргэ баран хонорго күһэллибит. Уот оттор оҕонньор Сайдыыга саҥа хотону тутууга соҕурууттан кэлии дьон үлэлээбиттэрэ. Кинилэр хотон тутуллар сиригэр — дьонтон ойдон соҕотоҕун наар олорон өлбүт Слепцов Константин Иванович-Байды оҕонньор балаҕаныгар — олорбуттар. Оҕонньор балаҕанын аттыгар көмүллүбүтэ. Тутааччылар сотору балаҕантан көһөргө күһэллибиттэр. Кинилэр этэллэринэн, сарсыарда аайы биир оҕонньор тугу эрэ саҥара-саҥара, тимир оһоххо уот оттор үһү. Кырдьаҕастар: “Оҕонньор балаҕанын аттыгар хотон туталларын сөбүлээбэтэҕэ буолуо”, — дииллэр. Ырыа чөкөттүүр Муома Сайдыытын олохтооҕо Роман Петрович Уваровскайтан, 1977 с. М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ суруйан 1977 с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр бэчээттэппититтэн. Ааттаах ырыаһыт Ырыа Чөкөөттүүр диэн баара үһү. Ол Ырыа Чөкөөттүүр бэрт сүрдээх элбэх, отут ырыалаахпын диэн бэйэтэ кэпсиирэ үһү. Дьэ, Ырыа Чөкөөттүүр биир баайга күүлэйдии кэлбит. Бу дьиэлээх киһи илим баайа олорор үһү. — Доҕоор, дьэ, үчүгэй да илими баайа олорор эбиккин, — диэбит. — Ээ, үчүгэй буолумуна. Дьэ, эйигин ааттаах ырыа киһи дииллэр ээ. Бу илимҥэ балык туппат гына ыллыаҥ этэ дуо? — диэбит. — Тыый, ыллаан буолумуна, — Чэ, эрэ. Сакалааттаһыам. Ыллаа эрэ. Үс күннээх түүҥҥэ балык туппатаҕына, мин көмүс үүннээх, ыҥыырдаах аты биэриэм. Балык туттаҕына, эн миэхэ сайын устата от охсон биэриэҥ,— диэбит. — Ээ дьэ, сөп, – диэбит. Илии тутуһан сакалааттаспыттар. Ону атын киһи араарбыт. Илиилэрин. Ол киһи, хайалара кыайар да манньа ылыахтаах үһү. — Чэ, бачча хонон баран кэлээр, — диэбит илимнэрэ бүтэригэр. Кэлбиттэр, илимнэрин ыйаабыттар. Төгүрүйэ сылдьан ыллыыр үһү. Илимин. Бүтэригэр ол илимнээх киһи: “Таастыганныын талырҕаа, хотоҕостуун куллугураа”, — диэбит үһү бэрт уһун тыынынан. Дьэ, киирэн, илимнэрин үппүттэр. Үһүөн. Үс киһи. Үс түүннээх күн үтэ сатаан кэбиспиттэр. Балык ончу туппатах. Балыктар көстө сылдьаллара үһү. Кэлэ-кэлэ төттөрү ыстана тураллар үһү. Хонуктара бүтэн хаалбыт. Онон көмүс үүннээх, ыҥыырдаах атын ылан барбыта үһү. — Сүрдээх да буолар эбит ырыа киһи, — диэн дьулайбыта үһү баай. Ити биир эрэ түбэлтэ буолбатах. Бэрт элбэх араас буолбутун кэпсииллэрэ. Онтон мин ити биири кэпсиибин. Отут ырыалаахпын диэн кэпсэнэрэ үһү, бэйэтэ. Сайын хаппыт титирик төрдүгэр олорон ыллаатаҕына, көҕөрөн хаалар үһү. Күөх титириккэ ыллаатаҕына, хагдарыйан хаалар үһү. Байанай көмөтө Муома Сайдыытыгар олорор Мария Прокопьевна Федотова кулун тутар 31 күнүгэр 1981 с. “Индигиир уоттара” хаһыакка таһаартарбытыттан. Былыр Муомаҕа, билигин Орто Дойду Ээмиллэтигэр, икки сүүс сүөһүлээх Тарков диэн баай киһи олорбут. Биирдэ күһүҥҥү долбурҕа саҕана, хас да хамначчыт, сааһыт дьонун илдьэ уонча ыттаах, хас да көтөл аттаах ыраах үрэх баһыгар тайахтыы барарга тэриммит. Ити кэмҥэ Сулумах Уйбаан диэн туга да суох дьадаҥы киһи, Тарков баай тайахтыы барар сураҕын истэн, баҕар, кытыннараарай дии санаан, тайахсыттар ааһар суолларыгар тоһуйа хоно сыппыт. Миинэр миҥэлээх дьон өр гыныахтара дуо, бу өрө мэҥитэн тиийэн кэлбиттэр. Ону көрөн, Сулумах Уйбаан Тарковтан көрдөспүт: — Тойонуом, миигин булкар кытыар эрэ. Саатар, аскын астыам, уоккун оттон илии-атах буолуом. — Ол эн сатыы киһи, биһигини, аттаах дьону, ситэн сылдьыаҥ дуо? Чэҥкээйи, мэһэй эрэ буолуоҥ, кытыарбаппын! — диэн, мас-таас курдук этэн баран, сиэллэрэн дибдилитэ турбут. Сулумах Уйбаан эрэйдээх баай ити тылларыттан хоргуппут абатыгар, хараҕын уута таммалаабыт, аттаахтары кэннилэриттэн сайыһа көрөн хаалбыт. Сотору халлаан хараҥарар. Сулумах эрэйдээх ханна да сир өтөр кыаҕа суох буолан, сылбырхай чэйин иһэн баран, нэк суорҕанын саптан, тиистэрэ ыпсыбат буола тоҥон бабыгырыы сыттаҕына, эмискэ атахтара сылыйан кэлэллэр. Муодаргыы санаан, өйдөөн көрбүтэ, иккилээх дуу, үстээх дуу моойторуктаах хара ыт атаҕар кэлэн токулла сытар үһү. “Бэйэбэр дылы, хантан эрэ мунан-тэнэн кэлбит муҥнаах сыттаҕа”, — дии санаан-саныы утуйан хаалар. Сулумах Уйбаан сарсыарда эрдэ туран, сылбырхай чэйин иһэн баран бултуу барар. Ол иһэн эргиллэн көрбүтэ, били ыта кэнниттэн батыһан иһэр эбит. “Барахсан иччи оҥоһуннах буолан батыһар ээ. Сүөһүбүн үргүтүө диэхпин сүөһүм суох, аспын сиэҕэ диэхпин аһым суох, чэ, батыһаахтаа”, — диэбит. Онуоха ыта, итини эрэ күүппүт курдук, иннигэр тииттэри быыһынан кутуруга эйэҥэлии турбут. Сотору ыт үрэр саҥата тыа иһин аймыыр. Сулумах Уйбаан сэрэнэн-сэрэнэн чугаһаан көрбүтэ, ыта биир аарыма тайаҕы хаайан өрө холоруктана сылдьар эбит. Уйбаан хас да кэлгиэлээх туулка саатынан кыҥаан-кыҥаан баран, тайаҕы түҥнэри ытан түһэрбит. Сулумах эрэйдээх хаһан да үөрэбэтэҕин үөрэр. Ити күн өссө икки тайаҕы охторор. Тайахтарын эттээн, лаабыстаан баран, төһө кыайарынан эт сүгэн дьиэлиир. Ити курдук тайахтарын этин уон хонук устата сүгэһэринэн таһар. Ол сырыттаҕына Тарков баай тугу да бултаабакка, киҥэ-наара холлон, төннөн иһэн, ыарахан сүгэһэрдээх Сулумах Уйбааны ситэ баттаан ылар... — Нохоо, бу тугу бултаан сүктүҥ? — диэн күргүйдүүр. — Ээ, ол сатыы киһи мин төһөнү бултуохпунуй? Байанайым үс тайаҕы харайда. Оттон эһиги, аттаах-атыырдаах, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт дьон, төһөнү кыайдыгыт? — Бултаатым эрэ диэҥҥин, дьоҕойон күлүү гынаҕын дуу, кэрэдэк! — диэн, баай киһи үөҕэн-мөҕөн баран аһара сүүрдэ турбут. Сулумах Уйбаан итинтэн кэлин үс сылга ити моонньугар моойторуктаах хара ытын илдьэ сылдьан ордуга-хоһута суох, дьылга үстүү тайаҕы өлөрбүт. Төрдүс сылыгар ыта, эмиэ бастаан көстүбүтүн курдук, эмискэ халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэккэ сүтэн хаалбыта үһү. Ол да буоллар Сулумах Уйбаан баай хара тыатыгар таҕыстар эрэ илиитин хааннаан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах эргиллэр буолбут. Ону былыргы сээркээн сэһэнньиттэр Баай Байанай Сулумах Уйбааны аһынан бэйэтин ытын уларса сылдьыбыта буолуо диэн тойоннууллара. Эһэ айаҕар бырахпыттар Муома үрүйэ Төрдүн олохтооҕо 98 саастаах Афанасий Петрович Корякинтан, 1981 с. Сайдыы диэки айаннаан иһэн биир сиргэ хоннум. Биэс табалаахпын, олору ыыталаатым. Хонордуу быһаарынным. Мас баар эбит. Уот отуннум. Онтум, маһым тыһыргыыр да тыһыргыыр. “Туох ааттаах үөннээх маһай?” — дии саныыбын. Уоппар табах, чэй эҥин кэбиһэбин. Хойутаан да кэлбитим. Утуйардыы быһаарынным. Арай эмискэ Сайдыы диэкиттэн сыарҕа тыаһа хорулаан кэллэ. Мас мастыырга табаларын баайда быһылаах. Аан аттыгар кэлэн этэрбэһин тэбэннэ. Тыаһа сыыҥтаата-эҥиннээтэ. Онтон дьэ киирдэ. Киирэн күлүгүрэн турар. Чүмэчитэ суох этим. “Ээ, эн кэлбит эбиккин дуу?” “Ээ, мин кэллим, Майыартан, — диибин, — бэттэх кэлэн кэпсээ”,— диибин. “Суох, мин киһи киһитэ буолбатахпын, бу алҕаска киирдим, миэхэ кыһамматах дьон кэлтэрэ буолуо диэн кэлбитим», — диир. — Оо, дьэ, эн эбиккин дуу? — диир. — Доҕоор, миигиттэн куттаныма. Сааскы күн эһэ хаайбытыгар ыһыытаабыппар Атласов оҕонньордоох кыһамматахтара, быраҕан кэбиһэн бартара. Олортон кэһэтиэм этэ. Онтум сыарҕалара атын этэ. Куттаныма. Күн киһитэ буолбат буолбутум. Эһэ сиэбитэ. Сааскы күн маска сөрөнөн, күүспүн баратан сиэбитэ. Сүгэбин соһуйан, төлө тутан кэбиспитим. Быһаҕым буоллаҕына – суох: дьиэҕэ хаалбыт. Быһахтааҕым да буоллар, ньаҕачча эрэ буолуох эбит. Күөмэйим бүтүөр диэри күнү быһа ыһыытаабытым. Ыһыым буоллаҕына иһиллэ турар. Истэ-истэ кыһамматахтара. “Эһэҕэ сиэтээри, ол барабыт дуо? — дииллэр үһү, хата, барарга” диэбиттэр. Ол киһи табатын быраҕан кэбиспиттэр, бэйэлэрин табаларын туппуттар да баран хаалбыттар. Бөһүөлэккэ тиийэн тыллаабыттар. Омукчуур эҥин диэн дьон кэлбиттэр. Кэлбиттэрэ, эһэ киһилэрин өлөрбүт. Өлөрөн эрэ баран хаалларбыт. Уонна атын үрүйэ диэки хаама турбут. Ону түөрт киһи буолан батыспыттар. Эргэ арҕахха түүтэ көстө сытар үһү. Ону ытыалаан өлөрбүттэр. Дьэ, ол курдук сибиэннээбитэ. Сайдыыга тиийбиппэр: “Тыый, тугу да билбэтиҥ дуо?” — диэн ыйыттылар. “Суох. Сибиэн дуу, туох дуу баара, Атылааһаппын диэбитэ”,— диибин. “Оо дьэ, ол буоллаҕа. Илэ сылдьар буолбут этэ”,— диэтилэр. Былырыын өлбүт киһи үһү. Г. Федотов “Муома фольклора” кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан