Кэпсээ
Войти Регистрация

Ама, умнуохтара дуо, ол ыар кэмнэри

Главная / Кэпсээн арааһа / Ама, умнуохтара дуо, ол ыар кэмнэри

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.10.2024 16:24
   1943 сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитин саамай тыҥааһыннаах кэмнэрэ. Олох-дьаһах бары өттүнэн олус ыараан турара, сир-халлаан түҥнэстибитин тэҥэ этэ. Үөһээ Бүлүү улууһун биир дьоҕус хоту нэһилиэгэр балаҕан ыйын ортото буолан, от үлэтэ үмүрүтүллэн, аны кыстыкка бэлэмнэнии үгэнэ. Туох баар үлэ хайысхата барыта “Фронт туһугар!” диэн ыытыллара. Маарыйа кэргэнэ ыраах бэдэрээккэ баран, алта, сэттэ саастарын туолбут уоллаах кыыстаах уонна икки ыйдаах оҕолоох хаалан, бэйэтэ букунайан, үлэлээн-хамсаан олорорго күһэллибитэ. Маҕаһыыҥҥа атыылааччынан үлэлиирин та­һы­нан, холкуос иирбэ-таарба үлэтигэр барытыгар сылдьара. Икки ынаҕар, тарбыйахтарыгар оҕолорун кытта сүрүн уонна холкуос үлэлэрин быыһыгар-ардыгар син үс боскуйаны туруорбута.        Маҕаһыыҥҥа кэлбит табаары, бурдугу сыа-сым курдук ыалларынан үллэрэн атыылыыра. Дьэ, арай биир күн Маарыйа үрдүгэр эмискэ этиҥ эппитэ. Сарсыарда үлэтигэр кэлбитэ – нэһилиэк сэбиэтэ, маҕаһыын сэбиэдиссэйэ кэлэн олороллоро. Бурдук итээбитин уонна улуустан хамыһаары ыҥырбыттарын туһунан иһи­тин­нэрбиттэрэ. Маарыйаны буруйдуурдуу, уорбалыырдыы көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Күүттэриилээх хамыһаардара кэлбитигэр сэбиэдиссэй уонна сэбиэт Маарыйаны уорбалыылларын эппиттэрэ, кини ылбыт диэн аҥаардастыы буруйдаабыттара. Хамыһаар Маарыйа ытыырыгар-соҥууругар, ону ааһан үс оҕолооҕор сирэйигэр биир да тымыра хамсаан көрбөккө, улуус киинигэр тутан киллэрбитэ. Уоллаах кыыс икки ыйдаах бырааттарын кытта бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара. Ийэлэрэ нэһилиэк бурдугун уоран ылбыт аатыран, норуот өстөөҕө дьаралыктанан оҕолорго дьон соччо-бачча өҥөйбөтө. Үс оҕолоох, кэргэнэ уоттаах сэриигэ баран өлбүтүн туоһулуур хара суругу туппут тастыҥ эдьиийдэрэ хам-түм, дьонтон уора-көстө кэлэн барара. Ол да кэлэн улаханы абыраабата. “Уоруйах оҕолоро, тыыннааххыт дуо?”—диэн үгэргээн ааһара. Тууйас түгэҕэр суорат, тар оҕотун кутан аҕалбыт буолара. Хата, ол оннугар ханан да аймах-уруу буолбатах, суос-соҕотоҕун хаалбыт Охонооһой оҕонньор собо, мунду, тар, лэппиэскэ бэрсэн аҕыйах хонуох дьону абыраабыта. Аны, сатахха, аас-туор, сут дьыллар буолан, дьон ыараханнык тэринэн олороллоро.    Алтынньы буолан, кыстык хаар түһэн, халлаан лаппа тымныйбыта. Кыра оҕолор барахсаттар икки ыйдаах бырааттарын хантан киһилии үчүгэйдик көрүөхтэрэй-истиэхтэрэй? Сыл­гы далын курдук тымныы ба­ла­ҕаҥҥа кырачаан, сэбир­гэхтэтээт, аҕыйах хоноохтообута. Ити буолуохтарын тухары кинилэргэ оҕонньортон ураты ким да өҥөйөн көрбөтө. Кыыстаах уол бырааттарын өтөхтөрүттэн ырааппакка, тоҥ сиргэ иин хаһар кыахтара суох буолан, улахан тиит анныгар охто сытар эмэҕирбит тиит хатырыгын, хаардаах көмнөҕү тарыйан көмпүтэ буолбуттара. Алтынньы бэрт түргэнник ааһан, силлиэ-хаар аргыстаах сэтинньи саҥата этэ. Балаҕан иһэ хабыс-хараҥа, тоҥ хаһаа. Буор оһох уота умуллубута ырааппыт. Уоллаах кыыс ыран-дьүдьэйэн, сэниэлэрэ баранан, куустуһан баран, бырааттарын дьылҕатын кэбин кэтээри сыталлара. Ити тухары балаҕаны икки атахтаах өҥөйбөтөҕө. Эмискэ хаары кэһэр атах тыаһа иһиллибитэ да, аан тэлэччи аһыллыбата. “Оҕолоруом, көмүстэриэм, бааргыт дуо!!!”, – диэбитинэн, Маарыйа балаҕан ортотугар биирдэ баар буола түспүтэ. Кыыстаах уола куобах тириитинэн саптан куустуһан баран, кубарыйан сыталларын көрөн ийэ куһаҕан буолбуттар быһыылаах диэн, сүрэҕэ быһыта ытырбахтаан ылбыта, кырачааннарын үрдүгэр ытыы-ытыы, кылана-кылана саба түспүтэ. Суох, оҕолоро барахсаттар тыыннаахтар эбит. Харахтарын аһан, түүл дуу, илэ дуу буоларын өйдөөбөккө сыппыттара. Көмүскэлэриттэн харахтарын уута бычалыйбыта.  Балаҕан үөлэһиттэн хойуу буруо күүскэ тахсыбыта...   Сурук быыһаабыт      Маарыйа барахсан чиэ­һинэй муҥутаан бурдугу уоруо дуо? Суох буоллаҕа. Кинини ымсыы дьон хара балыырга түбэһиннэрбиттэрэ. Сэбиэттээх сэбиэдиссэй киксэн баран, икки куул бурдугу уоран ылан үллэстибиттэр уонна сымыйанан тыллабыр оҥорон, Маарыйа барахсаны уган биэрбиттэр. Ити кэнниттэн сэбиэдиссэй улуус киинигэр атыы-эргиэн дьыалатыгар үлэлии киирбит. Сэбиэт дьыалабыт син этэҥҥэ ааста быһыылаах, хайдаҕын да иһин, бу сут, ыар кэмнэргэ бурдукпут абыраата диэн ис хоһоонноох суругу ыыппыта хамыһаар илиитигэр хайдах эрэ түбэһэн, тута сөптөөх дьаһал ылыллан, Маарыйа барахсаны босхолообуттара. Анарааҥҥылары бэйэлэрин тутан ылан дьыала тэрийбиттэрэ.   Улахан үөрүү этэ, – диэччи аҕам      Аҕам барахсан ити ыарахан кэмнэри куруук санааччы. Санаамына, ити айылаах ыарахан олоҕу, түгэни, ама, ким умнуоҕай?! Ийэлэрэ барахсаны ытаппытынан-соҥоппутунан илдьэ барбыттарын, бырааттара барахсан сэбиргэхтэтэн ытаан-соҥоон, эрэйи көрөн, суох буолбутугар аччыктаан сэниэлэрэ бараммыт оҕолор нэһиилэ көтөҕөн таһааран баараҕай тиит анныгар дуомун-даамын харайбыттарын (ол тиит билигин да турар сурахтааҕа), дьон кырыы харахтарынан көрөллөрүн ааһан, оҕолор бааллар диэн өҥөйөн ааспаттарын... Аҕам биирдэ эмэ аһыы утаҕы истэҕинэ, ити ааспыт ыар олоҕун санаан санна титирэстии-титирэстии уйа-хайа суох ытааччы-соҥооччу. Ама, ийэлэрэ тыыннаах эргиллэн кэлэн, үрдүлэригэр саба түһэн: “Көмүстэрим, чыычаахтарым!!”, – дии-дии ытыы сытарын умнуохтара дуо! “Киһи тылынан хайдах да кыайан эппэт үөрүүтэ этэ”, – диэччи, аҕам. Ийэлэрэ тута таһыр­дьаттан мас киллэрэн, оһоҕу тигинэччи оттубут, чаанньыкка хаар киллэрэн, уулларан оргутан, бастаан утаа сулугур ууну иһэрдитэлээбит. Эттэрин-сииннэрин сылаас илиитинэн имэрийбит-томоруйбут, сыллаталаабыт-уураабыт. Онтон эмиэ сылбархай ууну иһэрдитэлээн, тохтуу түһэн баран, илдьэ кэлбит лэппиэскэтин кыра-кыралаан амсаппыт, собо миинин иһэрдибит. Аҕам эдьийиниин аҕыйах күнүнэн атахтарыгар турбуттар. Холкуос туһатыгар диэн былдьаан ылбыт ынахтарын, тарбыйахтарын, отторун төннөрбүттэр. Аҕалара Алданынан, хотунан бэдэрээккэ сылдьан этэҥҥэ эргиллэн, син ыал сиэринэн олорон барбыттар. 1945 сыл, ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы буолбута. Кыл мүччү тыыннаах хаалбыт уоллаах кыыс кэнниттэн өссө үс оҕо күн сирин көрбүтэ. Кинилэр бары үлэһит, ыал буолан, оҕолонон, сиэннэр, хос сиэннэр элбэхпит. Олох салҕанар...   Сиэн уол суруйуута. Тарҕат:
kyym.ru сайтан