Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чөҥөчөҕү мииннэрбит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чөҥөчөҕү мииннэрбит
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
17.10.2024 16:21
Бардам Баһылай олох эдэр сылдьан биир дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турардаах. Сааһыары соҕус этэ. Баһылай таайдарын аахха күүлэйдии Тамма үрэҕинэн ыҥыыр атынан көтүтэн, дьэргэлдьитэн аҕай испит. Эргиччи сып-сырдык. Сааскы күн сандаарыччы тыган турара. Ол да иһин, сааскы салгыҥҥа чэгиэн этин-хаанын сайа оҕустараары, ыҥыыр аттаммыт. Арай ол иһэн иннигэр биир оҕонньор, киһи айан да сэрэйбэт кырдьаҕаһа, иһэр эбит. Тохтоон кэпсэппит. Онуоха оҕонньоро: “Тукаам, эдэр киһи кэрэтэ эбиккин. Бу ыран, быстан иһэр оҕонньору аһын. Аккар мэҥэһиннэр эрэ. Бэрт ырааҕа суох сир хаалла да, кыайан тиийэр кыаҕым суох буолла”, – диэн көрдөспүт. Онуоха Бардам Баһылай: “Мин атым ахсыма бэрт. Сатаан мэҥэһиннэриэ суоҕа. Бука, тиийиэхтээх сиргэ сатыы да тиийэргин билэн иһэр оҕонньор буолуоҥ”, – диэбит да, атын кымньыылаан кэбиспит. Кэннигэр оҕонньоро: “Чэ, буоллаҕа... Эдэр киһи миигин өйдөөбөтүҥ”, – дии хаалбыт. Бардам Баһылай алааһы туораан баран өйдөнөн кэлбитэ, чөҥөчөгү миинэн баран, кымньыытынан таһыйа сатыы олорор эбит. “Иирдим дуу, тугуй? Атым сатана ханна баран хааллаҕай?” – диэн, куттаныы бөҕөнү куттаммыт. Тула өттүн көрүммүтэ, ата чугаһынан көстүбэт эбит. Суос-соҕотоҕун сатыы туран хаалбыт. Дьиэтигэр төннүөҕүн дьиэтэ ыраах баҕайы. Тиийиэхтээх ыала көс кэриҥэ хаалбыт эбит. Тэҥнэһиэ дуо, таайдарыгар сатыы барбыт. Балай эмэ өр айаннаан ыалыгар тиийбитэ, ата сэргэлэригэр бааллан турар эбит. Иччитин көрөн иҥэрсийбит. Атын имэрийэн баран дьиэҕэ киирбитэ, аара суолга көрсүбүт оҕонньоро бастыҥ ороҥҥо тиэрэ түһэн сынньана сытар эбит. Бардам Баһылай: “Оо, муҥум да баар. Улуу Ойууну билбэккэ холдьохпуппун. Өссө тугу оҥорон иһэрэ биллибэт”, – диэн ытырыктатан, бэргэһэтин, сонун устубута буола турбут. – Хайа, тукаам, кэллиҥ дуу? – диэн оҕонньоро сымнаҕас куолаһынан ыйыппыт. – Эдэр киһи атаҕа диэн ыт атаҕа буоллаҕа. Бу икки ардын тулутуох бэйэлээх буолуоҥ дуо? Ити аккын атах тардыстаары, кыратык уларса түстүм. Кырдьык, мин курдук кырдьаҕас киһини мэҥэһиннэриэ суох ахсым ат эбит. Эн ытык-мааны ыал ыччата эбиккин. Дьон да дьон дьоно эбиттэр. Бүгүҥҥү быһыыгыттан өй киириэ дии саныыбын, – оҕонньор оронуттан туран уот кытыытыгар кэлбит. Бардам Баһылай Ойуун оҕонньор сымнаҕастык, ис киирбэхтик кэпсэппититтэн өссө ордук саллыбыт, куттаммыт. – Кырдьаҕас, эйигин билбэккэбин, алҕас быһыыламмыппын. Кырдьыга, көмөлөһүөх да эбиппин. Ону баара, атым ахсымыттан саллан, түктэри быһыыламмыппын. Бука диэн, бырастыы гын, – диэн сүгүрүйэ турбут. – Таайдарбар кыра арыгы кэһиилээх кэлбитим. Ону эн маанылаах остуолгар күндүлүүбүн, – диэн таһырдьаттан чиэппэрдээх бытыылкаҕа толору испиирдээҕин киллэрэн, остуол үрдүгэр ууран кэбиспит. * * * Дьиэлээх кырдьаҕас ампаартан сылгы ойоҕоһун киллэрэн, буһара охсон, сылгы тоҥ хаһатын кырбаан, бастыҥ остуолу тардыбыт. Малааһын киэнэ улахана буолбут. И.М. Сосин, 1993 с. суруйбутуттан. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан