Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эмиэ хоту
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эмиэ хоту
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
17.10.2024 16:20
Киргиэлэй “хоту дойду” диэн тылы иһиттэҕинэ, ах баран, иһийэн хаалааччы. Санаатыгар, эдэр эрдэҕинээҕи кэрэ кэмнэрэ арыллан кэлэргэ дылы буолар. Ол эрээри аҥаардас күннээн-күөнэхтээн ааспыт сыллара эрэ буолбакка, бэл, баччааҥҥа да диэри быһыта кымаахтыыр ыарыылаах түгэннэрдээҕэ. Олох халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан туох барыта ааһар, хаһан да биир сиргэ аараан-тохтоон турбат. Ол сиэринэн, били, сороҕор ааһан-араҕан биэрбэт, саркаах курдук аалан кэлэр кэмнэрэ арыый да намыраабыкка, уостубукка дылы буолан ылардаах. Арай сандал саас барахсан салаллан, көтөрүн-сүүрэрин көрүлэтэн киирэн бардаҕына, онуоха дьүөрэлэһиннэрэ мотуок солко мутукча сүрэҕи нүөлүтэр минньигэс сыта-сымара дыргыйан билиннэҕинэ, хоту дойду ахтылҕаннаах кэмэ ордук күүһүрэр, биир сиргэ бүөмнээн олордубат. Киргиэлэй эдэр исписэлиис кэккэтигэр киирсэн Уһук Хоту хас да сыл үлэлии сылдьыбыттаах. Бастаан өйү-санааны туймаарытар арамаантыка да курдуга: барыта сонун, дьикти, дьоно-сэргэтэ сайаҕаһа, үөрүнньэҥэ, оттон ыччат туһунан этэр эбит буоллахха, бу аламаҕайдарын, кырасыабайдарын, кэрэлэрин! Ол курдук өрүкүнэйэ көтө сылдьан Киргиэлэй биирдэ “бабат!” дии түспүтэ: кэргэнэ бүтэһиктээхтик быһаарынан, киниттэн атырдьах салаатыныы арахсан, атын киһиэхэ эргэ тахсан эрэр эбит! Киһи сонньуйуох, саахымакка арыыйда салааһыннаах буолан, “шах” дуу, “мат” ылбытын син хас эмэ күн толкуйдаабыта. Инньэ гынан киирсии өссө да түмүктэнэ илик, онон “мат” буолбакка, “шах” эбит диэн быһаарбыта. Бэл, оччолорго ыччатыҥ “туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх буолар баҕайыта, онон дьыл-күн ааһан истэҕин аайы сүрэх бу бааһа мүлүрүйүө” диэн бигэ санаалааҕа. Ол да иһин дууһа муунтуйуутун тулуйан аһарыммыта. Ити гынан баран, ким билэр, баҕар, төрүт атын да биричиинэ көмөлөспүт буолуон эмиэ сөп. Ону сааһыран, түспэтийэн баран санаталыыр идэлэннэ. * * * Киргиэлэй Саҥыйахтаахха эдэр исписэлиистэр уопсай дьиэлэригэр олорбута. Хонтуораны кытта кэккэлэһэ кэриэтэ турар, ититэр систиэмэлээх, онон кыһыны үс хас сыарҕа маһынан туоруур олохтоохторго холоотоххо, дьиэлэрэ “куорат таас кыбартыыратыгар” тэҥнэниллэрэ. Дьиҥэр, батарыайалара барбах сылыйан, “тыыннааҕын биллэрдэҕинэ” буох баһыыба этэ. Дьиэ сууйар тирээпкэтэ хам тоҥон хааларын син добуочча сыралаһан хоҥнороро. Түөрт кыбартыыралаах дьиэ бэтэрээ өттүгэр – учуутал кыргыттар, оскуола диэки өттүгэр – дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Варвара Андреевна уонна ойоҕосторугар отделение мэхээнньигэ Мэхээс кэргэнэ Саргылааналыын олороллоро. Киргиэлэйгэ, кэргэнэ атын киһини сырсан барбыт киин сир исписэлииһигэр, Мэхээс күҥҥэ хаста эмэ киирэн тахсара. Дэҥҥэ Саргылаана, миискэҕэ моруоскалаах биитэр дьэдьиэнэлээх күөрчэхтээх киһи, мичээрдээбитинэн киирэрэ. Бу ыаллар эмиэ Дьокуускай эргинтэн сылдьар буолан, биир дойдулаахтара уустук балаһыанньаҕа киирбитигэр өйүүр, сүргэтин көтөҕөр үтүө быһыыларын Киргиэлэй өйдүүрэ. “Ыалларбын олус түбүгүрдэбин быһыылаах” диэн, ити курдук астаах-үөллээх киирдэхтэринэ, аккаастанан көрөрө да, дьоно төрүт ылымматтара. Мэхээстээх Саргылаана тоҕо эрэ оҕолоро суоҕа, Айыыһыттара тоҕо киэр хайыспытын ким билиэй. Мэхээс “кылк” гыннарарын сөбүлүүрэ, сороҕор Киргиэлэй “нуорматын” ылбыт киэһэтигэр киирэн кэпсээн-ипсээн бөҕө буолара. Онуоха
Саргылаана эрин тэлигириэйкэтин кэтэн киирэн, уҥа-хаҥас үктэннэрэн таһаарара. Улаханнык иирсибиттэрэ диэн суоҕа. Хата, истиэнэ нөҥүө оронноро оруобуна Киргиэлэй сытар сирин туһаайыытынан буолан, түүнүн, сарсыардалык таптаһар тыастара сүрдээх этэ. Итиччэ тыастаах буолуохпут диэн, хайа-хайалара да сэрэйбэт быһыылаахтара. Хата, төттөрүтүн, Киргиэлэй кыбыста саныыра: Саргылаана, дуоспуруннаах баҕайытык тутта-хапта сылдьар сиэстэрэ, имэҥ-дьалыҥ оннук үлүскэнигэр хонтуруолун ончу сүтэрэн кэбиһэр эбит этэ. Мэхээс обургуттан итинтэн атыны күүтүөххэ сатаммат: омуна-төлөнө, ханна да сырыттар, оһуобай, онон “буолуох киһи буоллаҕа” дииргэ эрэ тиийиллэрэ. Киргиэлэй бэркэ үллэ буспут икки буулканы олордуталаан кэбиспит курдук томтоҕор түөстээх, дьылыгырас атахтаах Саргылаана алаадьылаах дуу, туох эмэ атын астаах дуу киирдэҕинэ, саҥата иһиттэн кыайан тахсыбат гына симиттэн хаалар буолбута. Санаатыгар, били, түүҥҥү тыастара-уустара, дьахтар ис хоһооно биллибэт энэлгэнэ бу баарга дылыта. Хаарыаны, Саргылаананы кытта бу эргэ тимир ороҥҥо сыталлара буоллар, ама, Мэхээс саҕа буолбат этэ-ээ?! Ол эрээри сүрэ бэрт дии – табаарыһын кэргэнигэр итинник дураһыйар диэн! * * * Ыам ыйыттан саҕалаан Саҥыйахтаах эр дьоно, оскуола оҕолоро даҕаны “харыал” (мончуук) оҥостор түбүгэр түһэллэр. Уус өттө андыттан туох да атына суох гына оҥорон, кырааскалаан-тойдоон, салгыҥҥа сараҕыта уурдаҕына, ааһар дьон сөҕүү-махтайыы бөҕөтө. Онуоха холоотоххо, Мэхээстээх Киргиэлэй Саргылаана анды төбөтүн халыҥ хаптаһыҥҥа харандааһынан ойуулаабытын араастаан кыһа сатаан молуойдууллара да, онтулара сылгы төбөтүн курдук моһуоннанан тахсара. Ити – өссө кырата. Аны ол харыалгын кырааскалыаххын наада. Омуннаах Мэхээс биирдэ кэргэниттэн “били, эргэ хоппуруон хара колгуоккаҕын аҕал, харыалбын бүрүйүөм” диэбитигэр биирдэрэ: “Бу уол иирдэ дуу, хаарыан колгуоккабын ол эйиэхэ устан биэриэм дуо, тохтуоҥ эбээт!” – диэн өһүргэнэн, өттүгүн тосту түһэ сыспыта. Ол кэнниттэн түргэн үлүгэрдик эрин эргэ эрэһиинэ саппыкытын сүгэнэн быһыта охсоот, хас эмэ сиринэн сарымтахтаммыт тимир биэдэрэҕэ хаалаан баран умаппыта. Ол күлүгэр кыратык бэнсиин кута түһэн булкуйбута – хара кырааска бэлэм! Дьэ, дьаһаллаах барахсан! Мэхээс икки уостаах эргэтиҥи саалааҕа. Тиихэн диэн кырдьаҕастан уон алтыс халыыбырдаах биир уостаах сааны уларсан Киргиэлэйгэ туттарбыта. Дьиэлэриттэн оруобуна биир чаас хаамыылаах, тулата олоччу талах үүммүт уһун синньигэс дьорооҥҥо (көлүйэҕэ) кэлбиттэрэ. “Маннык булуҥу кус бэркэ сөбүлүүр баҕайыта” диэн, Мэхээс, бу сир хаһаайына буолан, Киргиэлэйгэ хаар чарааһыаҕыттан ыаһах гыммыта. Икки сүүсчэкэлии ботуруоннарын, тимир оһохтоох балааккаларын, уонтан тахса мас харыалларын (маны таһынан сүүрбэччэ харыал Мэхээс бултуур сиригэр баар үһү) дьоҕус эргэ тыыларыгар чөкө гына ууран баран, эр бэртэрэ соһон тирилэппиттэрэ. Бу дойду тыыта, чараас хаптаһынынан уонна тимир лииһинэн оҥоһуллубут буолан, олус чэпчэкитэ, оттон ууга киллэрдэххэ, сүрдээх сыыдама. Мэхээс бу тыытын Хабырылла диэн оскуола үлэһититтэн икки сайыны быһа от охсубут манньатыгар ылбыт үһү. Саргылаананы Мэхээс сүгэһэрдьит оҥостон уонна “бастакы куһу өлөрдөххө, сонно күөстүө”
диэн илдьибитэ. Сааһыттар кус ытыытын кэмигэр олохтоох Сэбиэт дьаһалынан көрүллэр “нуормаларын” – үс буокканы, үс кыһыл арыгыны ылбыттарыттан бастакы күннэригэр икки бытыылканы “өйүө” оҥостубуттара. Кэмниэ кэнэҕэс көлүччэлэригэр тиийэн, балааккаларын туруоран, сирдэрин-уоттарын “аһатан” баран, эрдэ, хас эмэ хонуктааҕыта, оҥостубут сэһээккэлэригэр киирэн, соҕуруу диэки хайыһан олорбуттара. Киргиэлэй табаарыһыттан арыый тэйиэс, көлүччэ илин өттүгэр, биир уостаах саатын сэһээккэ туорай маһыгар ууран, бүтүннүү кулгаах-харах буолан олорбута. Киэһэлик, аҕыс чаас эргин, Киргиэлэй харыалларыгар икки моонньоҕон түспүтүн сонно “хаптаппыта”. Ол икки ардыгар Мэхээс дүпүлүөттээн ньиргиппитэ, ону кытта “һаай эмэтээ!” диэн хаһыыта иһиллибитэ. Омуннаах киһи быһыытынан, сэһээккэтиттэн сарахачыйан тахсан кустарын ылар үлүскэнигэр түспүтэ. Баттаҕын күрдьэ сыһан ааһар умсаахтарга кыһаллыбакка, икки андытын уһун эрдиитинэн атаҕын анныгар тардыталыы турбута. Киргиэлэй хомойуох быатыгар, биир да кус киниэхэ чугаһыыр санаата суоҕа, бары Мэхээс диэкинэн көтөн тылыбыраһаллара. * * * Киргиэлэй кустарын сытыы тыал отуулара баар кытылыгар тириэрдибит этэ, онон сулбу-салбы хааман тиийэн түөстэрэ кылбаһа сытар моонньоҕоннорун ылаары гыммыта – атаҕа кыайан таба тирэммэт! Уу анна халтараана сүрдээх, эбиитин өссө күүстээх сүүрүк охсор курдук. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр халтарыйан үөс диэки сурулаата, курданарыгар диэри ууга баар буола оҕуста. “Аны кэлэн тугум харсай” диэн сыҕарыйаары гыммыта, арай, хаҥас атаҕа туох эрэ аҥхай иһигэр киирэн, кыбыллан хаалла; бэйэтэ бүдүрүйэн, ууга чачайа сыста, өлөр саҥата таҕыста. Хата, ол икки ардыгар Мэхээс сүүрэн батыччахтаан кэлэн, эрдиитин уунан абыраата уонна: – Ыксаама, атаххын аргыый аҕай сэрэнэн ороо уонна эрдиигин төрүт ыһыктыма! – диэн хаһыытаата. Киргиэлэй атаҕа муус анныгар кыбыллыбытын араарар айдааныгар хаста да тимирэ-тимирэ күөрэйдэ, ол эрээри эрдиитин ончу ыһыктыбакка быыһанар кытылын булла. Бөҕүөрэн нэһииччэ хамсыыр буолбут киһини Мэхээс соһон кэриэтэ балааккаҕа киллэрбитигэр аны Саргылаана илии-атах буолла. Тимир оһох барахсан, омуннаахтык тигинээн, балаакканы итиппитэ сүрдээх. Эдэр дьахтар Киргиэлэй инчэҕэй таҥаһын начаас икки ардыгар ньылбырыта тыытан кэбистэ уонна таба тэллэҕэр үҥкүрүтээт, бабыгыраан ырааппыт ыччаты кытта бодьуустаспытынан барда. Балыыһа үлэһитэ диэх курдук, уол уйан, кэбирэх миэстэлэрин сып-сылаас илиитинэн бобута туппахтаата, умсары-иттэннэри эргитэлээн илбийтэлээтэ. Мэхээс үрүсээктэн буоккатын сулбу тардан таһааран, курууска ортотунан кутан кылыгыратта уонна “түһэрэн кэбис” диэтэ. Киргиэлэй биир тыынынан түһэрэн кэбиспитэ, кырдьык-хордьук, эт-этэ дьырылаан, сылыйан киирэн барда. Ол икки ардыгар аны Саргылаана сыгынньахтанааччы буолла уонна уолтан төрүт кыбыстыбакка, оһох таһыгар киэҥ баҕайы туртаҕар туруусуктаах туран: – Таҥаһыҥ кууруор диэри кыбыстыбакка маны кэтэн кэбис, – диэн баран, кэтэ сылдьыбыт хыбы колгуоккатын уунна. Киргиэлэй, кэм “бэттэх кэлбит” киһи буолан, өйдөөн көрүммүтэ, били туга түүрүллэн-түүрүллэн, кыччаабытын омунугар чооруос тумсун эрэ саҕа чочойон сытар эбит. Саргылаана биэрбит хыбы колгуоккатын бэрт эрэйинэн кэтэн, балачча хаххаламмыт
курдук санаммыта да, били “чооруоһун тумса” аны улам кытаатан, хопчуонай “Одесская” халбаһыга майгыннаан, бөлтөйөн тахсыбыта. “Мантыбын дьонум бэлиэтии көрүөхтэрэ” диэн, аны кыбыстар аатыгар барбыта. Бастакы бултарын – икки моонньоҕону (олохтоохтор этэллэринэн, кунньалгыны) күөстэммиттэрэ, биллэн турар, Байанайдарын күндүлүүрү умнубатахтара. Аһаан-сиэн, астына быһыытыйбыт дьон киэбинэн утуйардыы тэриммиттэрэ. – Сарсыардааҥҥы көтүүгэ диэри харахпытын тымныта түһүөҕүҥ, – диэн баран, Мэхээс Саргылаанатын улаҕа сытыарбыта, онтон бэйэтэ Киргиэлэйгэ көхсүнэн сыста сытан, – чэ, Кирииһэ, санаарҕаама, таҥаһыҥ сотору кууруоҕа, – диэбитэ уонна кэргэнин кууспута. Киргиэлэй эдэр дьахтар сылаас колгуоккатын кэтэн уонна кыратык буокканы тэп гыннаран, утуйбутун билбэккэ хаалбыта. Онтон, хас чааска эбитэ буолла, эмискэ уһуктубута, Мэхээһэ, тохтоло суох тугу эрэ түбүгүрэн, тыынара түргэтээбит этэ... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан