Кэпсээ
Войти Регистрация

Үрдүк Айыыларым үстэ абыраабыттара

Главная / Кэпсээн арааһа / Үрдүк Айыыларым үстэ абыраабыттара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
10.10.2024 16:17
   Аан дойдуну аймаабыт уоттаах сэрии сут-кураан аргыстаах өлүү тыылын мүччү түһэн, ордон хаалбыт дьон бэрт аҕыйахпыт хаалла. Бэйэм көлүөнэм эдэр эрдэҕиттэн түптээх олоҕу олорбокко, күн сириттэн күргүөмнээн күрэммитин санаатахпына, төһө да кырыйдарбын, сүрэҕим нүөлүйэр. Оччотооҕу олохпут ыар күннэрин саныырбын уйан дууһам кыайан тулуйбат. Ону тумна, умна эрэ сатыыбын. Билигин кэлэн санаан көрө-көрө, арааһа, киһи аймаҕы араҥаччылыыр аналлаах Үрдүкү Айыылар бааллар эбит дии саныыбын. Ол курдук, үстэ өлөр өлүүттэн өрүһүллүбүт түбэлтэлэрбин кэпсииргэ сананным.   Эбэ куйуура      Бу 1936-1937 сыллар саастара этэ. Бу иннинээҕи дьылларга кураан сатыылаан, от-бурдук үүммэтэҕэ хаһыс да сыла этэ. Балыктаах күөллэр уулара оҥоччу уолан, балыктара барыта атан, өлөн хаалбыттара. Арай, бары «Эбэбит» диэн ааттыыр биэрэстэ усталаах, эмиэ биир оччо туоралаах төгүрүк күөлбүт төһө да уолан, уута бүттэр, балыгын икки дириҥ чүөмпэтигэр ордорон хаалларбыта. Дьон «хата, халлаан сылыйдаҕына, куйуурдуохпут» диэн, бэлэм хаһаастаах курдук сананан сылдьыбыттара. Кулун тутар ыйга биһиги биир тыһаҕас идэһэбитин бэс үөрэтин кытта булкуйан, хайыы үйэ сиэн бүтэрбиппит.    Ити кэмҥэ, дьэ, куйуур кэмэ саҕаламмыта.    Бастакы күммүтүгэр уонча буолан, күнү быһа эбэбит мууһун алларан, биир да инчэҕэй бырыыны таба тайамматыбыт. Иккис күммүтүгэр эмиэ сыра-сылба бараныар диэри ойбон аллара сатаатыбыт. Киэһэ сэниэ эстэн, аччыктаан, нэһиилэ салбаҥнаһар дьон сэптэрин-сэбиргэллэрин хомунан тарҕаһаары оҥостон бардылар. Бараары олорон эбэлэрэ баччааҥҥа диэри аһатан кэлэн баран, өлөр-хаалар күннэрэ кэлбитигэр, быттыгар-хонноҕор кистээн сытар аһыттан өлүүлээбэтэҕиттэн бэркэ хомойон-хоргутан, уйадыйан кэпсэттилэр. Мин, оччолорго уончалаах оҕо, ол кэпсэтиини истэн олорон баран, туох эрэ имнэммитин курдук, ойон туран, аҕам анньыытын-күрдьэҕин соспутунан, биир киэҥ соҕус алларыллыбатах сир баарыгар хааман тиийдим. Ол кэнниттэн аҕам ыҥыран хаһыытыырын истибэккэ, хаары күрдьэн бардым. Сэниэлэрэ эстибит дьон ыҥыра сатаатылар. Онтон куйуурдьуттар саамай кырдьаҕастара Сэмэн диэн оҕонньор: «Ити оҕо дьиктитик тэһэ астарда. Арааһа, эбэбит ити оҕонон сирэйдэнэн биһиэхэ анаан уурбутун биллэрдэ быһыылаах. Оччо-бачча сыра-хара барда. Бары көмөлөөн тэһэн көрүөҕүҥ», – диэтэ. Ону кытта бэрт эрэйинэн салбыҥнаһар дьон эмискэ тэтимирэн кэлэн, били, мин күрдьэ сатыы турар сирбэр кэлэн, үлэлээн бардылар. Чочумча алларбыттарын кэннэ, анньыы дьөлө түспүт сиринэн ыраас уу тыгыалаан барда. «Оргууй-оргууй» дэһэн сибигинэһии, долгуйуу саҕаланна. Ким да тугу да саҥарбат. Ол курдук, саҥата суох алларбахтаан баран, «чэй!» дэһээт, хас да анньыынан тэҥҥэ түһэн кэбистилэр. Ону кытта ойбоммутуттан туох да булкааһа суох собо бөҕө, аллараттан туох эрэ күүс өрө үтэрин курдук, көтөҕүллэн таҕыста. Ону куйуурунан баһа-баһа, сүүрүү-көтүү буолла. Үөрүү-көтүү бөҕө биирдэ тоҕо тардылынна. Өлбөт буоллубут...    Кырдьаҕаспыт Сэмэн: «Бу оҕо дьоло тосхойдо. Кэлин да бу Дьөгүөрүскэ быстар-ойдор күнүгэр Үрдүкү Айыылара, ийэ айылҕата тосхойон биэрэ турар ыйаахтаахтар эбит. Өлөн-охтон биэрбэт аналлаах киһи буолууһу», – диэн алгыыр дуу, төлкөлүүр дуу курдук эппитэ. Ону мин «хаһан да хоргуйан өлбөт ыйаахтаах киһи эбит буоллаҕым» диэн, үйэм тухары өйдөөн хаалбыппын.   Хабыйахаан салҕаабыта      1944 сыл сааһа. Соҕотох ынахпыт күһүн-саас аайы тиһэх тыын өрүһүлтэтигэр ананан сиэниэхчэ-сиэммэккэ турар. Бэс сутукатын ынахпыт үүтүгэр тумалаан сиибит. Бурдук, туус, чэй диэн суох. Эрэлбит эрэ – төрөөн быстыбат ынахпыт. Төрөөтөҕүнэ, суораттаан сиэн, бу ынырык сааһы мүччү түһүөхтээхпит. Биир сарсыарда 10-наах балтым, 6-лаах быраатым: «Биһиги өлүөхпүт суоҕа, Ханаайабы өлөртөрбөппүт», – диэн ытаһан турдулар. Ити иннинэ кинилэр ийэлээх аҕабыт: «Оҕолорбут иэдэйэн эрэллэр. Букатын быстарыахтарын иннинэ өрүсүһэн сүөһүбүтүн өлөрүүһүбүт», – диэн кэпсэтэллэрин истибиттэр. Мин ону истээт: «Ынаҕы өлөрүллүбэт, сотору төрүө», – диэн балыстарбар кыттыһан кэбистим.    Ол сарсыарда таһырдьа көҕүрэттэ тахсан баран, дьиэбит таһынааҕы ыарҕа саҕатыгар соҕотох хабыйахаан (курупааскы) барбыт суолун көрдүм. Суола ыарҕа иһигэр киирбит. «Сут ханыылаах» дииллэригэр дылы, улахан сут дьылга мас көтөрө да, куобах да тамты сүтэн хаалара. Онно-манна биир эмэ суолу көрдөхтөрүнэ, ол сэһэнэ буолара. Уон үктэл туһах оҥоро охсон, аны үргүтэн кэбиһиэм диэн куттана-куттана, ыарҕа быыһыгар иитэн кэбистим.    Ол түүн утуйбакка эрэ араас санаа-оноо, ыра бөҕө буолан хоннум. Сарсыарда кыл тыынынан таҥаһым дуомун бүрүнэ охсоот, туһахтарбар сүүрэн бардым. Туһаҕым диэки хабыйахаан саҥата, кынатын тыаһа сүрдээх. Итэҕэйимээччи итэҕэйбэтин, ол гынан баран мин 10 туһаҕы ииппиппиттэн тоҕуһугар хабыйахаан иҥнибит этэ. Ийэлээх аҕам, ону кытта эһэм: «Бу тугуй, түһүүбүт дуу?!» – диэн, олус соһуйбуттара. Эһэм: «Оҕобор Дөгүөрүскэҕэ айылҕата кигэн, туһах ииттэрбит. Соруйан сирдээбит. Бу туундараттан киирбит котокулар үөрдэрэ, баҕар, тохтуохтара. Туһаххын өссө элбэт», – диэтэ. Инньэ гынан мин ол күн эбии туһах ииттим. Күҥҥэ иккитэ көрөбүн. Бастаан кэмчилээн, 6 киһи буолан күҥҥэ үстүү хабыйахааны сиир этибит, ордубутун хаһаанабыт. Хабыйахааммыт үөрэ барыахча-барбакка тохтоон хаалла. Инньэ гынан хаһааспыт элбээн барда. Ол эрэ кэнниттэн, дьэ, курупааскыны испит ыларынан сиир буолбуппут. Сотору ынахпыт төрөөтө, суорат баар буолла. Аны сайыҥҥа тиийэр дьон буоллубут.   Мохсоҕол      Ол сайыныгар Чачыгыра диэн сиргэ куска тиргэлээн уонна онно үүнэр хаачыгырас диэн оту хаһаанан сайылаабыппыт. Ити саас, ааспыт дьылларга холоотоххо, арыый ууламмыта. Кус да баара. Сэрии да диэкиттэн сэргэх сурах кэлэрэ: өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар төттөрү симмиппит, кыайан эрэбит. Дьон-сэргэ эрдийбитэ. Мин, 16 саастаах холкуос төһүү үлэһитэ, дэкээдэ аайы былааммын 200 бырыһыан толоробун. Нуормабар бэриллэр «ачаах» аһылык диэни, чэй, арыы, лэппиэскэ толуонун ылабын. Ол ымсыытыгар ходуһаҕа күн тахсыан инниттэн киэһэ хараҥарыар диэри үлэлиибин. Ол сылдьан, атырдьах ыйыгар ыалдьан хааллым. Уҥуохтарым хайытталлар, төбөм ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥныыр, өйбүн сүтэртэлиибин. Өйбүн сүтэрдим да, сэттэ хара бэкир, күрдьэх тутуурдаах дьон тиийэн кэлэллэр. Миигин умса быраҕан баран, көхсүбэр сэттэ баҕана үүтүн хаһаллар уонна онно сэттэ үөл баҕананы симэллэр: «Дьэ, бэрт киһи, тураргын көрүөхпүт», – дэһэллэр. Мин иннибэр турар саҥа тутуллубут сүрдьүгэс күрүөттэн кытаахтаһан туран кэлэбин. Дьонум онтон абараллар аҕай. Ол дьонум арыт хоруоп оҥорон баран, симэ сатыыллар. Аны туран, онтулара олус кылгас. Сотом эрэ ортотунан сылдьар. Онно атахпын тоһута сынньа-сынньа бүк быраҕан, уга сатыыллар. Мин, биллэн турар, хоруопка кииримээри, күүһүм баарынан эриһэбин. Ол быыһыгар, өйдөнөн кэллэхпинэ, ийэлээх аҕам кууһан баран, ытаһа олорор буолаллар.    Ол курдук, ыйы быһа сордоннум. Күһүөрү уҥуох-тирии буола дьүдьэйэн, кыралаан олорор буоллум. Биир да аһы сүрэҕим ылбат. Дьонум миигин көрө-харайа олорор кыахтара суох, сарсыарда ходуһаҕа киирэн баран, ыкса киэһэ эрэ кэлэллэр. Мин күнүскү өттүгэр дьиэ эркиниттэн өйөнөн «айаннаан», аан модьоҕотугар бэрт эрэйинэн тиийэбин, онно олорон таһырдьаны көрөбүн.    Үгэспинэн, күнүс биирдэ таһырдьаны одуулуу олордохпуна, мохсоҕол саҥарда. «Тыыт-тыыт» диир. Онтон олус үөрдүм. Уопсайынан, кыра эрдэхпиттэн мохсоҕолу олус сөбүлүүбүн. Төрөөбүт өтөхпүтүгэр олорор эрдэхпитинэ, ол мин 4-5 саастаахпар, мохсоҕол үрдүбүтүгэр кэлэн, куһу тэбэн биэрэрэ. Кырдьаҕас эһэм сүбэтинэн, ону үргээн, сииригэр бэлэмнээн баран, киһи сылдьыбат сиригэр отунан-маһынан саба ууран биэрэрбит. Ол оҕо эрэ сылдьан истэр мохсоҕол көтөрүм саҥатын истибиппиттэн үөрэн, бэйэтин көрүөхпүн баҕаран кэллим.    Тайахтанан-таймала­нан, дьиэ­биттэн сүүсчэкэ миэтэрэлээх сыһыы кытыытыгар тиийэн, күүһүм эстэн, олорунан кэбистим. Мохсоҕол уҥуоргу ойуур кэрии тиитигэр олорон, аргыый аҕай «кыыт, кыыт» диэн сыыйан саҥарар. Ити кэмҥэ соҕуруу бараары сылдьар көтөр­дөр үөрдээбиттэр, төт­төрү-таары көтөллөр. Мохсоҕол баарын билбэттэр быһыылаах. Ону одуулаан олордохпуна, үрдүбүнэн халыҥ үөрдээх кус көтөн суһугураан кэллэ. Ону кытта мохсоҕолум сири кырсынан буулдьа курдук түһүнэн кэбистэ. Аттыбынан холорук курдук өрө сирилээн тахсан, лаппа атан, инники испит көҕөнү моонньуттан харбаан ылан, өрө-таҥнары сахсыйарга, сосуһарга дылы гынна уонна мин диэки илгэн кэбистэ. Кус миигиттэн уонча хаамыылаах сиргэ кэлэн түстэ.    Мин түҥ-таҥ түһэн, түөрт атах буолан тиийбитим, эмис баҕайы көҕөн хаан-сиин бөҕө буолан, өлөөрү мөхсө сытар. «Мохсоҕол котоку, киһи аатыттан ааспыппын, кыаммат буолбуппун көрөн, баарын биллэрдэҕэ» диэн уйадыйа, таптыы саныы-саныы, куспун имэрийэ олордум. Мохсоҕолум били маһыгар тиийэн, төттөрү олорунан кэбистэ. Мин эмиэ олоробун. Сотору чугаспынан кыра кус үөрэ көтөн кэллэ. Мохсоҕол бу сырыыга аны үөһэттэн оноҕостуу сурулаан кэлэн, инники испит куһу харбаата... Кус мин иннибэр «пөс» гына кэлэн түстэ. Төбөтө суох. Мохсоҕолум төбөтүн быһа тардан, илдьэ барбыт. Чөркөөкүнү тутан көрбүтүм, эт омооно баара да биллибэт, барыта муус маҥан сыа эбит. Маны көрөн баран, тоҕо эрэ, ис-испиттэн сиэхпин баҕаран, иҥсэм көбөн кэллэ. Кустарбын илдьэ дьиэбэр кэллим. Чөркөөкүбүн эттээн баран, буһаран кэбистим уонна миин сытын ылан, тулуйбакка, эттэри-мииннэри барытын сиэн, охсон кэбистим. Дьонум кэлэллэригэр улаханнык сэргэхсийбит киһи тиийдим.    Дьэ, ити кэмтэн ыла иннибэр кэлбит аһы барытын бүтэрэн иһэр буоллум – үтүөрэн хааллым. Ити курдук, мохсоҕол тэбэн биэрбит чыркымайа үрүҥ тыыммын өрүһүйэн турардаах. Бү үс түбэлтэни барытын Айылҕам араҥаччылыыр ыйааҕын быһыытынан сыаналыыбын.    Эһэм 110 сааһын туолан баран, 1944 сыллаахха, өлбүтэ. Мин кыра эрдэхпиттэн кинини кытта сылдьан, кини үөрэҕин ылынан улааппытым. Улаатан, үлэһит да буолан баран, төһө да үҥэн тоҥхоҥнуу, ботугуруу сылдьыбатарбын, кини үөрэҕин кэспэтэҕим: айахпар тиийэртэн ордук булду өлөрбөтөҕүм, туһанарбыттан ордук оту-маһы алдьаппатаҕым. Айылҕа ону өйдүүр, сыаналыыр эбит. Онон, ыччат дьон, Аар Айылҕаҕытын күндүтүк көрүҥ, туохха барытыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Оччоҕуна айыыларгыт, айылҕаҕыт сыһыаннара эмиэ оннук буолуоҕа. Ити курдук мин, 81 саастаах кырдьаҕас, бар дьоммор, ыччаттарбар сүбэ-ама, кэриэс-хомуруос тылбын этэбин.   Егор Егоров, тыыл бэтэрээнэ. Ньурба, Маалыкай. «Байанай.инфо». Тарҕат:
kyym.ru сайтан