Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьикти сир
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти сир
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.10.2024 15:58
Мэҥэ Хаҥаласка Мыла үрэххэ икки үрүйэ тэҥҥэ холбоһор сирэ баар. Дьыл ханнык да кэмигэр күн киириитэ оһуоба кэрэтик көстөр үһү. Мин урут таайдарбын кытта халлаан сырдыгар сылдьан ааспытым. Өйдүүрбүнэн, дьон олох мээнэ сылдьыбат сирэ үһү. Онон кус, туртас, тайах, таба ыһыах ыһар сирдэрэ диэн этэллэрин өйдүүбүн. Икки кырата суох булгунньахтаах этэ. Биирин үрдүгэр киһи уҥуоҕа баара. Уҥуоҕун ампаарын улахан аана түннүгэ суоҕа. Икки миэтэрэттэн тахсалаах сүүнэ улахан былыргы саха бухатыыра сытар дииллэрэ. Суол-иис эҥин суох. Тыа быыһынан киирдэххэ баар. Кыра алаас курдук бүөм сир. Баһаар эҥин тумнан ааһар сирэ. Алаас үрдүгэр кыра ырааһыйалаах. Онно биир былыргы саха балаҕана турарын көрбүппүт. Түннүктэрэ маһынан бүөлэммит этилэр. Маска бэрт өрдөөҕү сурук баара. Аана тас өттүттэн бүтүннүү дьэбиннирэн хаалбыт сүүнэ сыабынан баайыллан турара. Тиэргэнигэр сэргэ эҥин суоҕа. Арай туос иһиттэр ыһылла сыталларын өйдүүбүн. Балаҕан арҕаа диэки түннүгэ, эркинэ бүтүннүү сурда суох доруобунньук суола этэ. Дьиктиргээн, мас быыһынан балаҕан иһин көрбүппүт. Муннук диэки көмүлүөк оһох сууллан сытара. Балаҕан ортотугар турар оһуордаах-мандардаах үс атахтаах остуолга быһах анньыллан турара. Дьикти сир. Арай ол балаҕан иннигэр турдахпытына, биһигини көрдө-көрбүтүнэн икки тайах тахсан кэлбитэ. Олус улахаттара, мэктиэтигэр, кып-кыһыл буолан көстөллөрө. Ити – 90-с сыллардаахха. * * * Кэлин, эмиэ бултуу сылдьан, билэр дьоммут таарыйан ааспыттар этэ. Онно аҕыс дуу, тоҕус дуу кыыл таба аһыы сылдьалларын көрбүттэр үһү. Табалары бултаспатахтар, көрбүппүтүгэр да махтал дэспиттэрэ. Туус маҥан табалар Хоту дойду биир учаастагар киһи өлөөрү дуу, туох эмэ куһаҕан түбэлтэ тахсаары гыннаҕына дуу, эбээн булчута туус маҥан табалары үүрэн иһэрин көрөллөрө эбитэ үһү. Мин биирдэ эмиэ ол сурахха киирбит туус маҥан табалаах булчуту көрбүтүм. Ол маннык этэ. Бултаан кэлэн иһэн билэр ыалбар тохтоон, чэй иһэн, сынньанан ааһарга сананным. Табаларбын аргыый наллаан “һайдыы-һайдыы” суол устун хаамтаран истэхпинэ, учаастак биир кытыытынан уонча туус маҥан табаны үүрэн иһэр булчуту көрдүм. Испэр: “Киммит буоллаҕай? Туус маҥан табалар! Көрүөххэ, эчи, үчүгэйдэрин, кэрэлэрин!” – диэн өссө испэр ымсыыра санаатым. Ыалбар киирээт, сонуммун ыһа-тоҕо кэпсээн бардым: “Ити туус маҥан табалардаах хайаларай? Бука, чугас эргиннээҕи булчут буолуо. Хайдах урут көрсүбэккэ сылдьыбыппыный?” – эҥин дэтэлээтим. Онуоха ыал ийэтэ: “Саҥарба! Ити – куһаҕан биккэ...” – диэтэ уонна урукку өттүгэр бэрт холку дьахтар бэрт сытыы хараҕынан миигин өтөрү көрдө. Кэлин ити учаастакка туох да куһаҕан буолбутун бу диэн өйдөөбөппүн. Сураһа да барбатаҕым. Иван Стручков, Дьааҥы. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан