Кэпсээ
Войти Регистрация

Опердар

Главная / Кэпсээн арааһа / Опердар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
10.10.2024 14:00
   Соколов, Серов уонна Соппуруонап түүн харахтарын симмэтэхтэрэ.        Бу эппиэттээх, кутталлаах дьыала буоларын өйдүүллэрэ. Араас ыар быһылааны көрбүт бу уопуттаах сыщиктар инникигэ эрэллээх, элбэх ыра санаалаах бэртээхэй ыалы имири эһэн, өһөхтөөх баҕатын ханнарбыт илэ сиэхсит буруйун саралыы тардарга, баҕар, аан бастаан маннык кыдьыгыран турбуттара буолуо. Онон бу түүн Крыловтар дьыалаларын арыйыы уустук уонна кутталлаах үлэлэрин муҥутуур чыпчаала, мэнньиэһэ буоларын өйдөөбүттэрэ. Тустаах үлэлэриттэн, саамай ыар буруйу арыйыыттан ордук улахан дьолу билбэт этилэр, онон өлөрүөхсүтү ыраас мууска таһаарар туһугар тиһэҕэр диэри киирсэргэ быһаарыммыттара.    Кинилэр өссө хаһан да үрдүктүк туттубат, үлэһиттэрин кытта хара дьайы кытта охсуһууга биир сүбэнэн үлэлиир салайааччылара Димов кинилэргэ эрэнэрин билэллэрэ. Онон кинини түһэн биэрбэт туһугар хаһааҥҥытааҕар да бу ыар күннэргэ туох кыалларын барытын оҥорорго бэлэм этилэр.    Түүн оруобуна үс чааска Серов изоляторга баара. Дьуһуурунай төрдүс нүөмэр­дээх хаамыра аанын халыр гына аһан баран хамаандалаабыта: – Прокудин, хаамыраҕа киир!    Хаамыраҕа үс хаайыылаах утуйа сыталлара. Дьуһуурунай күргүйүттэн бары уһуктубуттара уонна саҥа киирбит киһини сэргээн, бүтүннүү харах-кулгаах буолбуттара.    – Ытыктабыллаах норуокка Пермнээҕи «бырааттартан» дорообо буоллун! – диэн Серов хаайыылаахтары кытта дорооболоспута.    – Дьээбэрбэт буоллаххына, эйиэхэ кытта дорообо! – диэн кырдьаҕас хармаанньыт хардарбыта. – Ханна иллэҥ, дууһаҥ сытарый да, онно оҥоһун. Манна икки наара кураанах.    «Кырдьаҕас хармаанньыт, арааһа, бас-көс киһилэрэ, паханнара быһыылаах», – дии санаабыта Серов.    – Пермь киһитин туох дьыл­ҕа биһиэхэ көтүтэн аҕал­ла? – диэбитэ кырдьаҕас хармаанньыт салгыы, – бу муус кыаһаан дойдуга тугу сүтэрбит бэйэкэтэй?    – «Бөхтөр» рэкети «тигэллэр». Биир фраеры кытта киһилии кэпсэппитим баара, УБОПка «тоҥсуйбут». Ол кэнниттэн аптамааттаах, мааскалаах дьон – сааппат сирэйдээх бөрөлөр – миигин туттахтара дии. Эһиги Сахаҕыт сирин сөҕөбүн эрэ, биһиэхэ итинниги бырастыы гымматтар, били, фраеры этэбин. Харчыны ыллыҥ – иэскин төннөр. Ону баара, «бөхтөргө» сүүрэн тиийбит.    – Биһиэхэ оннук гыныах­тарын сөп, – кырдьаҕас хар­маанньыт сөбүлэспитэ. – Дьэ, бу мин тоҕо олоробунуй? Кырдьык, мин уоруйахпын, күн­нээҕи килиэбим туһугар кыратык кып гыннарабын. Оттон тугу гыммыппар туттулар? Миигин кэтииллэрин билэ түһээт, көһүлүөгү быраҕан кэбиспитим, ону баара, «бөхтөр» оргууй аҕай ылан, хармааммар симэн кэбистилэр. Ол кэнниттэн туоһулар көрөн турдахтарына хостоон таһаардылар. Хайа киһи миигин итэҕэйиэй, алта сырыылаахпын («ходкалаахпын»), ол иһигэр биэһэ хармаантан уоруу иһин... Ол эрээри улаханнык кыһаллыбаппын, сүүрбэттэн тахса сыл зонаны тэпсэн кэллим. Чэ, үчүгэй, утуйабын, эһиги бэйэҕит кэпсэтиҥ, эдэр дьон, билсиҥ, – диэн баран, кырдьаҕас хаайыылаах улаҕа диэки хайыспыта.    Серов бииргэ олоруохтаах дьонун көрүтэлээбитэ.    «Балартан арыый саастаахтара, үөһээ уоһугар баастаах – Куманьков, хос аата Сүгэ, хаартыскатыгар арыый атын эбит. Хараҕыттан сыаналаатахха, олус хабыр,
бас-көс майгылаах көкөт. Бу киһи Сбербаан отделениетыгар (ылбычча киһи онно санаммата чахчы) ороспуойдуу саба түспүт. Хос аата бэйэтигэр олус барсар, арааһа, онтун дьыалатыгар дакаастаабыт быһыылаах. Ким баҕарар дьик гыныах урааҥхайа. Оттон бу арыый эдэрэ – мин Смолиным. Кинини кытта бакаа көрсө иликпин, киниэхэ ымвыды опердара сыстан үлэлэспиттэрэ. Эдэр, өссө ситэ уопутура илик чиччик. Дьэ, кинини тургутан көрүөххэ».    – Биһигини, үс киһини, манна Тихэй диэн «вор в законе» («түөкүн») ыыппыта. Биир фраертан харчытын – мөлүйүөн кэриҥэ дуоллары – тэбии түһүллүөхтээх этэ. Кинини, баҕар, истибиккит буолуо, биллэр-көстөр «сокуонньут». Эһиги Джемҥитин кытта үчүгэй сыһыаннаахтар.    – Джем диэн кимий, оттон биһиги киммитий? Кини – сүдү киһи, далааһына киэҥ, оттон биһиги эрэйдээхтэр бытааһахтар буоллахпыт дии, – Сүгэ күлбэстэммитэ.    – Мин Амуртан сылдьабын, – Смолин кэпсэтиини иилэ хабан ылбыта, – ол да буоллар Джеми биирдэ да түбэһэн көрө иликпин. Ол гынан баран «общакка» Благаҕа баар эрдэххэ, үбү-харчыны харыыта суох киллэрэрбит. Билигин манна тэйбэҥнии сырыттахпыт, арыый тардылынныбыт.    – Ол аата хайдах? – Серов сэргэҕэлээбитэ.    – Ээ, Саҥа дьыл кэнниттэн манна кыргыттары аҕалбыппыт – алта киһини. Үлэлиир санаалаах этибит эрээри, «бөхтөр» барытын былдьаан ылбыттара.  Онон билигин кыргыттар кинилэр көрүүлэринэн-истиилэринэн үлэлииллэр, – Смолин сүр ыараханнык өрө тыынан кэбиспитэ, – хаарыан харчыбытыттан маттахпыт ол.    – Бэйи, Амуртан сылдьабын диигин дуу? Оттон иллэрээ күн олохтоох «бырааттар» үс кыыһы саунаҕа аҕалбыттара, бары амурчанкалар этилэр. Бириэмэни бэркэ атаарбыппыт! – Серов сонно быһаарына охсубута. Куоракка кэнникинэн Благовещенскай боростутууккалара ити курдук айахтарын ииттэллэрин билэрэ.    – Ааттарын билбэккин дуо? – Смолин сэргээбитэ.    – Анжела, Лолита, Сюзанна, – Серов өйүгэр көтөн түспүт ааттары эппитэ, – ол эрээри ити дьиҥнээх ааттара буолбатах, хос ааттара. Дьиҥнээх ааттарын билбэппин.    – Оттон онно кытархай баттахтаах, өссө кыратык тардыалатан саҥарар кыыс суоҕа дуо? – Серов үөрүөн быатыгар, Смолин бэйэтинэн кэпсэтиини күөртээн биэрбитэ.    – Кырдьык, кытархай баттахтаах биир кыыс баара, ол эрээри кэлэҕэйдиирин билбэтим, атын киһини кытта сылдьыбыта.    – Суох, ол аата биһиэннэрэ буолбатах. Манна биһиги эргинтэн элбэх кыыс кэлбитэ. Хайыахтарай, үлэ суох, харчы мэлигир, оттон Дьокуускай баай куорат уонна ити хайысхаҕа өссө да сайда илик сир.    – Чэ, утуйуоҕуҥ, сарсыарда да буолан эрэр, – диэн Сүгэ кэпсэтиини түмүктээбитэ.    Серов оннун оҥостон, өр хараҕын симмэккэ, салгыы тугу гыныахтааҕын саныы сыппыта.    Сарсыарда аан аһыллан халыгыр гыммытыгар уһуктубута. Хаамыраҕа азиат сирэйдээх эдэр уол киирбитэ. Дорообо-дыраастый суох киһитэ иллэҥ наараны булан олорбута уонна ууну омурдубут курдук туттан олорон хаамыраҕа баар дьону эргиччи көрүтэлээбитэ.    – Дьэ, бу аата тугуй? – кэмниэ кэнэҕэс
кырдьаҕас хар­маан­ньыт тыл бырахпыта. – Уолчаан, кимҥин-туоххун тоҕо би­ли­һин­нэрбэккин, аатыҥ-суо­луҥ ким диэний, туох дьыл­ҕалаах бу дойдуга үктэнниҥ?    – Өлөрүү иһин, бүтүн ыалы өлөрдүм: аҕаларын, ийэлэрин, үс оҕолорун...    – Өлөрүөхсүт илиэһэй эбиккин дии, – Сүгэ сиргэммиттии күлбэстэммитэ. – Эйигин тоһоҕоҕо олордуохха баара! Мин эмиэ оҕолордоохпун, кинилэргэ маннык чиччик илиитин көтөҕөрө буоллар, быт сааҕын бэйэм ыга баттаан өлөрүөм этэ!   – Ээх, чэ, үчүгэй! – кырдьа­ҕас хармаанньыт Сүгэни тохтоппута. – Эн силиэдэбэтэл да, судьуйа да буолбатаххын. Кини хаамыраҕа киирбит буоллаҕына, олор бэйэлэрэ дьарыктанныннар. Дьэ, кинилэр быһаардыннар: буруйдааҕын-буруйа суоҕун. Оттон эн тугу саҥарыма, – уолга сөмүйэтин чочоҥнотон кытаанахтык сэрэппитэ. Ол кэнниттэн бэйэтин тылынан тугу эрэ өр баҕайы саҥарбыта. Серов хармаанньыт тугу саҥарарын өйдүүр кыаҕа суоҕа, эрэлэ магнитофоҥҥа эрэ этэ.    «Бу икки киһи миигин мэ­һэй­дииһилэр», – дии санаабыта хармаанньыттаах Сүгэни көрөн олорон. – Ефремовы саҥардыбаттар даҕаны. Маҥнай саҥаран испитэ эбээт, ону кинилэр тохтотон кэбистилэр! Ити дьону хаамыраттан суох гыныахха наада!»    – Аатыҥ кимий? – диэн кэмниэ кэнэҕэс Христос уолтан нууччалыы ыйыппыта.    – Степан.    – Дьэ, Степан, бу эн миэстэҥ, олохсуйардыы оҥоһун.    Уон биир чааска Куманькову хаамыраттан таһаарбыттара.    – Быһылаан тахсыбыт сиригэр көрдөрүүнү бэрэбиэркэлии илдьэллэр, – диэн хаамыраттан бараары туран бииргэ кыһалҕаны көрө сытар дьонугар иһитиннэрбитэ.    Сотору соҕуһунан аны Серову ыла кэлбиттэрэ.    – Прокудин, таҕыс! Серов туран түргэнник таҥныбыта уонна тахсыбыта.    Кэбиниэккэ Димов, Соколов, уонна Софронов бааллара. Хаамыраҕа хоммут кэллиэгэлэрин бары уочаратынан ыгыта кууспахалаабыттара.    – Женя, джемпергин уһул, хаһан кэпсэтэн бүтүөхпүтүгэр диэри аудиозапиһы ааҕыах­тара, – диэн Владлен бирикээстээбитэ.    Серов джемперин устан Соколовка биэрбитэ, онуоха биирдэрэ субу киирэн кэлбит тиэхиньиккэ туттарбыта.    – Кылгастык эттэххэ маннык, – Серов саҕалаабыта, – хаамыраҕа үчүгэйдик олохсуйдум. Онно паханнара, били, Христос. Үчүгэйдик көрүстүлэр, хармаанньыт тута утуйбута, оттон мин Смолины кытта син балачча уһуннук кэпсэттим. Быһата, кинилэр Дьокуускайга сонно, Саҥа дьыл кэнниттэн, кэлбиттэр. Алта боростутуукканы аҕалбыттар эрээри, милиционердар былдьаан ылбыттар. Билигин ол кыргыттар «бөхтөр» харахтарын далыгар сылдьан үлэлииллэр. Кини инньэ диэн кэпсиир. Төһө кырдьыга-сымыйата биллибэт. Арааһа, сутенердар эбит быһыылаах.    – Тохтоо, тохтоо, – Дьөгүөр саҥа аллайа түспүтэ, – баанда куоракка Саҥа дьыл кэнниттэн сонно тута баар буолбута. Ол аата, боростутууккаларыттан ытыс соттон баран, таксыыһыттары өлөрүүгэ ылсыбыт буолан тахсаллар эбит! Оттон хас киһи манна кэлбитий?    – Билбэтим, кини ол туһунан чопчу тугу да эппэтэҕэ. Боростутууккалары эрэ кэпсээбитэ алтыа этилэр диэн.    – Үчүгэй, Смолин киэнэ дьэҥкэ, – Владлен түмүк оҥор­бута. – Аны Ефремов туһунан кэпсээ. Тугу эмэ эттэ дуо?    – Хаамыраҕа киирээт, дьиэ кэргэни өлөрдүм диэбитэ.
Ол гынан баран, били, Сүгэлээх Христос орооһоннор, тохтоон хаалбыта. Христос бэйэтин тылынан тугу эрэ саҥарбыта, өссө Степаҥҥа бардьыгынаабытыгар биирдэрэ хам барбыта. Туох эрэ сылтаҕынан хаамыраттан хармаанньыттаах Сүгэни суох гыныахха. Кинилэр миигин ончу үлэлэтиэхтэрэ суох. Дьиҥэр, ити фигураннар «бирээнньик» буолаллара биллэр, мин кинилэри бэрт түргэнник «хайыталыам».    – Сөп, маннык гыныаҕыҥ, – Соколов этии киллэрбитэ, – биһиги ол икки киһини Мархаҕа көһөрөбүт диэн хаамыраттан ылыахпыт. Биирдэрин милииссийэ бастакы отделыгар тутуохпут, оттон иккиһи – иккис отделга. Дьэ уонна салгыы үлэлэһиэхпит. Түмүгэ үчүгэй.    – Женя, өссө биир маннык баар, – Владлен салгыы эппитэ, – хаамыраҕа бардаххына, «дьылҕам сарсын быһаарыллар – таһаараллара дуу, таһаарбаттара дуу» диэн этээр. Албакаат эйигин туох да дакаастабыла суох, сокуону тосту кэһэн туран хаайыахтарын сөп диир. Өссө албакаат «бырааттартан» кэлбит «маляваны» (суругу) кистээн биэрдэ диэн этээр. Хаамыраҕа ол суругу ылаҥҥын аахпыта буола сатаа. Кып-кыра гына суруллубут буолан, хараҥа хаамыраҕа кыайан көрбөккүн, эбиитин хараҕыҥ мөлтөх, ол иһин Смолиҥҥа аахтара биэрэҕин. Саппыыска ис хоһооно быһа холоон маннык буолуо: «Пирибиэт быраат. Биһиэнэ барыта үчүгэй. Батяны кытта кэпсэтэ сылдьыбыппыт, эйигин кытта быһаарсар наада. Бу түүн изоляторга биһиги киһибит дьуһуурустубалыыр, олохтоох бырааттар көмөлөстүлэр, кини эйиэхэ мобила биэриэҕэ, маннык нүөмэргэ эрийээр...»    – Олус бэрт! – Серов үөрбүтэ. – Смолин куомуннаахтара ханна баалларын, туох былааннаахтарын билбэккэ олорор. Онон хайаан да биирдэ субуоннуур курдук көрдөһүөҕэ. Булгуччу көрдөһүөҕэ, иннэ үрдүгэр олорор кэриэтэ туруктаах. Дьэ, инньэ гынна да биир куомуннаахтара ханна баалларын билэн таһаарыахпыт. Оттон Степаны олус судургутук «хайытыаҕым», кини ханна да төлөпүөннүүрэ суох быһыылаах.    Кэпсэтэн бүппүттэрин кэннэ кэбиниэккэ тиэхиньик киирэн кэлбитэ.    – Олус бэртээхэй устуу, ылыҥ, барыта диктофоҥҥа баар.    Серов диктофону ылан Христос сахалыы саҥарбыт сирэ ханна баарын көрдөөбүтэ.    Чочумча диктофоҥҥа хасы­һа түһээт, били сири булбута уонна диктофону остуол үрдүгэр ууран баран, саҥатын улаатыннаран биэрбитэ. Христос саҥатын опердар тылыттан тылыгар маннык өйдөөбүттэрэ: «Эн сытыган тылгынан ыһыахтаныма. Оҕолору өлөрбүккүнэн киһиргиигин дуо? Түүн эйигин муомахтаан кэбиһиэхтэрэ. Саамай сөпкө гыныахтара. Оҕолору сордообуккун өссө биирдэ истиэм да, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар!»    Владлен Серовка итини тылбаастаан биэрбитигэр киһитэ саҥа аллайа түспүтэ.    – Эппитим дии, төрүт са­ҥар­дыбат диэн! Кинини итинтэн дьалбарытыахха наада. Били Сүгэни эмиэ.    – Чэ, манан бүтүөҕүҥ, – Владлен чаһытын көрүммүтэ, – хас биирдии мүнүүтэ күндү. Эн, Женя, билигин хаамыраҕар барыаҥ. Егор кэбиниэтигэр киирэн саппыыска туһунан толкуйдааҥ, кыра уонна марайдаах буочарынан суруйуҥ. Түүн изолятор дьуһуурунайа бэйэбит үлэһиппит буолуоҕа. Кини түүн субуоннуургар төлөпүөн биэриэҕэ. Өссө биир баар. Илья, Егор, уолаттары барыларын туруортааҥ, түүҥҥү үрүмэччилэри булуохха наада. Өскө куоракка суох буоллахтарына, ким дурдатыгар-хаххатыгар сылдьалларын билиҥ. «Кырыыһаларын» ааҕан-суоттаан
билиэххэ, милииссийэ киэнэ буоллаҕына, ол чиччиктэри булуохха уонна үчүгэйдик «хайытыахха». Кыргыттарын уонна кинилэри кимнээхтэн былдьаан ылбыттарын эттиннэр. Ити курдук! Буруй арылларыгар эрэл кыыма кыламнаата, ситэри ыга баттыахха эрэ наада!   Геннадий Гурьев “Воздаяние монстру” диэн В.Егоров сэһэниттэн тылбааһа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан