Кэпсээ
Войти Регистрация

Бултуйбут күннэрбин саныыбын...

Главная / Кэпсээн арааһа / Бултуйбут күннэрбин саныыбын...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
03.10.2024 15:55
   Киһи олоҕо бытархай түгэннэртэн кыстанан турар. Иэгэйэр икки атахтаах унньуктаах уһун олоҕор туох-туох буолбутун бүтүннүү барытын өйдүү-саныы сылдьыбат. Ол эрээри биирдиилээн чаҕылхай дуу, өлбөөркөй дуу күннэр киһи санаатыгар сөҥөн хаалаллар. Эр дьон айылҕабытынан бултуурбутун-алтыырбытын ордоробут, этэргэ дылы, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэллэхпитинэ, ис испититтэн дуоһуйабыт. Улахан булчут да буолбатарбын, бултуйбут күннэрбин санаан аһардым, олортон аҕыйах түбэлтэни ахтыым.     Байанай соһутан турардаах      Биир сыл уолбун уонна табаарыһым уолун кытары булт-алт бүтэһик күннэригэр, тохсунньу ыйга, тыаҕа таҕыстыбыт. Булт кэмэ сабыллара субу чугаһаабытын да иһин, баҕар, туох эмэ мичик гынаарай диэн, бөҕө соҕус санаалаахпыт. Сыыспатах эбиппит. Маҥнай биир куртуйахха түбэстибит. Уолум обургу туоһапканан биирдэ ытан кэбистэ ээ! Онно “Байанай бэристэҕэ” диэн сэмээр үөрбүппүтүөн... Ити астыммыт санаабыт уоста да илигинэ, аҕыйах хардыы хаамааппытын кытары уолум эмиэ ытан саайда. Дьэ, доҕоор, аны туртаска түбэспит эбиппит. Биһиги өйдөөбөккө хантаарыҥнаһан испиппитин, хата, уолум таба көрөн бултаабыт. “Чэ, сөп буолуоҕа” диэн, соһуччу улахан булка түбэспит дьон быһыытынан дьиэлиир суолбут диэки айаннаан истибит. Былааммыт туолан, өссө аһара да баран, настарыанньабыт туох да ааттаах. Дьиэбитигэр диэри хас да суол субуллар. Олортон “бу манан барыахха” диэн, биир ыллыгы талан, саҥа тэбинэн истэхпитинэ, 100-150 хаамыы тэйиччи сиргэ куртуйах олорор. Бары туран ытыалаатыбыт. Маҥнай олох таппатахпыт. Онтон уолум ытаатын кытары куртуйахпыт сууллан түстэ. “Таппыт киһи быһыытынан баран ыл” диэн уолбун хайҕаабыттыы соруйабын. Уолум булдун ыла тиийэн баран, арай “аҕаа, куртуйах буолбатах, улар эбит!” диэн хаһыытыыр. Олорор сирбититтэн чугас улар баар буоллаҕа дуу диэн соһуйан, бэйэ-бэйэбитин көрсөбүт. Чахчы, улар этэ.    Дьикти күн турбута. Байанайбыт балтараа-икки чаас иһигэр куртуйаҕы, туртаһы, улары бэрсэн, дук гынан турардаах...   Саабыттан астыммыттаахпын      Туртастыы сылдьабыт, лиссиэнсийэлээхпит. Булт көҥүлэ бүтэрэ чугаһаата, оттон биһиги мэлийэ сылдьабыт. Урукку билэр сирдэрбитинэн барытынан тилийэ хаамтыбыт – ньимиликээн. Сарсыарда хомунан-тэринэн сүрдээҕин настарыанньалаах, бэрт сэргэх тахсыбыппыт ээ. Онтукабыт баара, тугу да булбакка, халтай хааман, санаабыт түһэн, кэпсэппэккэ да иһэбит. Хайабыт да тыыммат, тыл да быктарбат.    Борук-сорук буолан эрэр. Суоҕу суоруохпут дуо, хара­ҥарара чугаһаан, дьиэлииргэ быһаарынныбыт, массыынабытыгар олордубут. Таах сибиэ сүөдэҥнээн, ыар-нүһэр эйгэттэн сылаарҕаан, нуктуу иһэбин.    Арай бааһынаҕа киирэн ортолоон истэхпитинэ, биир киһибит бэрт сэргэх куола­һынан “ол туртастар тураллар!” диэт тохтотто, ытыалаан барда. Массыынаттан ойон тахсан көрө сатаабытым даҕаны, туох да турар сибикитин көрбөтөҕүм. Онтон, дьэ, чуумпуну иһиллээн, өйдөөн көрбүтүм – икки туртас бааһынаны туораан, сүүрэн аҕай иһэллэр эбит. Туртас сүүрэр, саа тыаһыыр... Табыллыбыттара көстүбэт. Онтон дьонум “ээ, пахай, ырааттылар” диэтилэр. Мин тохтообокко, коллиматорбынан харса суох ыт да ыт буоллум. Арай биир киһибит “оҕунна-а!” диэн хаһыы-ыһыы бөҕөтүн тохто. Ытыалыырбын
тохтоттум. Сүпсүлгэммит быыһыгар аралдьыйан баран өйдөммүппүт – хараҥарбыт эбит. Охтубут сирэ ыраах сытар. Массыынабытыгар олорсон, туртаспыт охтубут сиригэр син балай да айаннаан тиийдибит. Кырдьык даҕаны, табыллан сытаахтыыр эбит. Санаабыт көтөҕүллэн, сылайбыппыт ааһан, дьиэлиир санаабыт күүһүрбүтэ.    Ып-ыраах сиртэн биир бэйэм 15-тэ ыттым быһыылаах. Саабыттан астыммытым – Вепрь 39 этэ.   Куртуйах үөрэ      Хойутуу күһүөрү массыынабын собуоттаан, “туох эмэ түбэһиэҕэ” диэммин бултуу бардым. Биир аймах киһибин барыах диэн кучуйа сатаабыппын, солото суоҕунан сылтахтанан аккаастаабыта. Хаар бөҕө түһэ турара, суол-иис соччото суоҕа. Хата, Эскудо диэн көлө бэркэ кыанан, иҥнибэккэ айаннаан испитэ. Улаханнык бултуйуом диэн санаам суоҕа. Соҕотох буолан дуу, хайдах дуу, “чэ, баҕар” диэн эрэ санаалааҕым. Арай оннук айаннаан истэхпинэ, биир сиргэ куртуйах үөрэ олороро. Долгуйан хаалан, хайдах буолуохпун билбэтэҕим. Ити курдук салыбыраан-илибирээн, хайдах эрэ сыыһа-халты хамсанан кэбиһэн, итиччэ элбэх куртуйахтан иккитин эрэ таппытым. Мин хаһан ытыалыы олорорбун күүтэн олоруохтара дуо, көтөн күүдэпчилэнэн хаалбыттара.    Ити кэннэ, дьиэлээн хаал­батаҕым. Били, ээл-дээл сылдьыбытым ханан да суох буолан, “бытыгым умайбыта”. Бултуйбут киһи быһыытынан санаам күүһүрбүтэ. “Баҕар, билэр сирбэр тиийэн мастаабыттара буолуо” диэн аа-дьуо кэтии айаннаабытым. Хас да сири көрүтэлээбитим даҕаны, ханан да бааллара биллибэтэҕэ. Ити курдук балачча ыраах сири барбытым кэннэ, тэйиччи турар мас төрдүгэр туох эрэ харааран көстөрүн бэлиэтээбитим. Халампааспын хостоон көрбүтүм – куртуйах эбит. Аа-дьуо сыыллан тиийэн чугаһаабытым, доҕоор, куртуйахтарым Саҥа дьыллааҕы гирлянда курдук кэчигирэһэн олороллор эбит! Ытыалааммын син хаһы да таппытым. Онтон ыларбын ыллаҕым диэн сөп буолаат, тохтообутум. Ити күһүн төһө да инчэҕэй хаардаах күн буоллар, бултуйаммын, санаам көтөҕүллэн дьиэлээбитим.   Александр Анисимов, Хаҥалас улууһа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан