Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эдьигээн тулуурдаах дьонун туһунан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эдьигээн тулуурдаах дьонун туһунан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.10.2024 15:53
Эдьигээн улууһугар өр олорбут, үлэлээбит буоламмын, бу улуус мин иккис дойдум кэриэтэ. Манна олохтоох эбэҥкилэр, сахалар, нууччалар бэйэм бииргэ үөскээбит дьонум-сэргэм кэриэтэ олус чугастар уонна күндүлэр. Эдьигээн эбэҥкилэрэ олус уйан, аһаҕас дууһалаах, сытыары-сымнаҕас майгылаах, эйэҕэс дьон. Ол эрээри хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар уһаарыллыбыт буолан, олус тулуурдаахтар. Хайдахтаах да уустук, мүччүргэннээх түбэлтэҕэ өлөн-охтон биэрбэт оҥоһуулаахтар, өбүгэ саҕаттан удьуор булчут хааннаахтар, дьиҥ чахчы айылҕа оҕолоро. Мин күннэтэ кэриэтэ кинилэрдиин алтыһан, үксүгэр батыһа сылдьан бултаан-алтаан, сынньалаҥмын бииргэ атааран, эн-мин дэһэр элбэх доҕордооҕум. Хомойуох иһин, сорох доҕотторум төһө да олохтон туорааталлар, билигин даҕаны онно чугас, ахтар-саныыр табаарыстарым аҕыйаҕа суохтар. Ол да иһин буолуо, Эдьигээним барахсан сирэ-уота аны да курдаттыы тарда, умсугута турар. Ахтылҕаным симэлийиэхтээҕэр өссө күүһүрэн иһэр. Мин Эдьигээҥҥэ бастаан уон сыл – улуустааҕы милииссийэ отделыгар холуобунай ирдэбил иниспиэктэринэн, кэлин аҕыс сыл отдел начаалынньыгынан үлэлээбитим. Онон улууска тахсар араас быһылааҥҥа барытыгар кэриэтэ сирэй сылдьыбыт, дьыаланы ыыппыт киһи буоламмын, араас дьикти, улахан быһылааннары өйдөөн хаалбыппын. Бүгүн олортон быһа тардан сэһэргиим. Баһылайап быһылаана 80-с сс. ортолоро. Сэбиэскэй былаас, тутул туругуран турар кэмэ. “Эдьигээн” сопхуос эмиэ ол сиэринэн сайдан, чэчирээн олорор кэмэ. Өрүс уҥуор Дьааҥы хайаларын тэллэҕэр үгүс таба турара. Биир саас ыам ыйын иккис аҥаарыгар быһыылааҕа, сопхуос салалтатыттан суһал иһитиннэрии киирдэ – Оручаан үрэх баһынааҕы ыстаадаттан табаһыт Баһылайап сүппүтэ уонтан тахса хоммут. Кинини көрдүү МИ-8 бөртөлүөтүнэн сопхуос охотоведа Мэхээлэ Дьөгүөрэптиин мин барар буоллум. Бастаан Оручаан төрдүгэр баар ыстаадаҕа түһэн биригэдьиири ыллыбыт уонна үрэх уҥуор хаһаас бородуукта хараллан турар лаабыһыгар киһибитин көрдүү көттүбүт. Кэпсээбиттэринэн, Баһылайап сэтиилээх табанан ол лаабыстан бородуукта ыла баран баран төннүбэтэх, сүтэн хаалбыт. Лаабыстаах сирбитигэр кэлэн, түһээри эргийэ сылдьан маннык көрдөөһүҥҥэ, бөртөлүөтүнэн кыылы сонордуурга элбэхтик эриллибит киһи – Мэхээлэ – тэйиччи соҕус харыйа быыһыттан быыкаа буруо унааран тахсарын өйдөөн көрөн, ол таһыгар ырааһыйа сири булан түстүбүт. Ол түһэн, талах быыһыгар отууга уотун күөдьүтэ сатыы сытар киһиэхэ хааман тиийдибит. Баһылайаппыт олох иэдэйбит, «киһи аатыттан ааспыт» диэххэ сөп. Аччыктаан, тоҥон-хатан уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалаахтаабыт. Аны туран, уҥа буутун уонна хаҥас илиитин таҥас өрбөҕүнэн эриммитэ хаан өтөн тахсан лаҕыыр курдук хатан хаалбыт, дэлби киртийбит. Турар да, саҥарар да сэниэтэ суох. Арай биһигини көрөн үөрбүтүн бэлиэтэ – саҥата суох ытаан ыгдаҥныыра. Итиччэ үлүгэри көрөн туруохпут дуо? Тута киһибитин быыһыыр мучумааҥҥа түстүбүт. Букатын кыаммат, сыккырыыр тыына эрэ хаалаахтаабыт киһини икки өттүттэн көтөҕөн, бөртөлүөккэ илдьэн сытыардыбыт да, ыксал бөҕөнөн быһа Эдьигээҥҥэ көттүбүт. Манна туох алдьархайа буолбутун быһаарар, быһылаан буолбут сирин сирийэн көрөр, боротокуол эҥин толорор бириэмэ да суох буолла. Аны киһибиттэн быһаарыы ыларым эмиэ кыаллыбат. Онон сирин-уотун ойуутун өйбөр эрэ хатаатым. Маннык түгэҥҥэ, урут да буоларын курдук, боротокуолу тиийэн баран, кэбиниэккэ да олорон наллаан суруйуохха, “уруһуйдуохха” сөп буоллаҕа. Итинниккэ элбэхтик эриллибит, үөрүйэх дьоммут. Саамай сүрүнэ – Баһылайап тыыннаах хаалыан наада. Хата, киһибит этэҥҥэ кэлэн, авиапорка күүтэн турар суһал көмө быраастарыгар туттараммыт, дьэ өрө тыынныбыт. Ол да буоллар тыыннаах хааларыгар эрэлбит ончу суох. Дьолго, үс хонон баран, Баһылайаппыт “тиллэн” кэллэ. Быраастар “кэлэн көрсүөххүн сөп” көҥүллээтилэр. Оттон оччону истэн баран олоруом дуо, балыыһаҕа тиийэн, эмсэҕэлээччибин көрсөн, хайдах-туох алдьархайга түбэспитин быһааран кэллим. Онтум маннык буолбут эбит. Саас уу-хаар тахсыан, үрэхтэр устан халаанныахтарын иннинэ табаһыттар сайыҥҥы ыстаадаларыгар көһөр кэмнэрэ кэлбит. Баһылайап тэйиччи базаҕа үрдүк лаабыска хараллан сытар бородууктаттан бурдук ылан баран, саҥа ыстаадаҕа айанныахтаах эбит. Арай лаабыска кэлбитэ, хаһаастаах сирин таһыгар субу тэпсиллибит “тыа кырдьаҕаһын” суола баар үһү. Баһылайап ол кырдьаҕас үөһэттэн кууллаах бурдуктары соһон түһэрэн тырыта тыыппыт суолун-ииһин көрө-чинчийэ сырыттаҕына, сыыр анныттан эһэтэ бу тахсан кэлбит. Онуоха Баһылайап, соһуччута бэрдиттэн уолуйан, биир уостаах доруоп саатын ханна өйөннөрбүтүн умнан, саҥатыттан матан, биир сиргэ хамнаабакка туран хаалбыт. Кыыла, муннун үөһэ хаҥнаҥната-хаҥнаҥната, утары киирэн испит. Биһиги киһибит ханна да куотар сири тобулбакка, муҥ саатар, үөһэ лаабыска ыттар өй киирбэккэ, икки илиитинэн төбөтүн хаххалыы туттаат, турбут сиригэр умса баран түспүт. Онуоха эһэтэ, лэппэрдээн кэлэн, киһини сытырҕаан, муннунан анньыалаан көрбүт. Онтон сытар киһини эргитээри атаҕынан ойоҕоһуттан тардыалаабытыгар Баһылыйап ыарыытыттан уонна өсөһөн хамнаан биэрбит. Ону кытта кырдьаҕас киҥинэйэ түһэн баран, Баһылайабы буутуттан, хаҥас илиититтэн уонна ойоҕоһуттан ытыртаабыт, эбиитин ытыран баран илгиэлээбит. Киһи өйүн сүтэрэн кэбиспит. Төһө өр оннук сыппытын өйдөөбөт. Арай өйдөнөн кэлбитэ, эһэтэ чугаһынан көстүбэт үһү. Инньэ гынан, нэһиилэ туран, маска өйөннөрө уурбут саатын булан, онон тайахтанан, кыра үрүйэ уҥуор табаларыгар үнүөхтээн тиийээхтээбитэ, кыыллара адьырҕаттан үргэн бэйдиэ барбыттар. Хайыай, ыраатар кыаҕа суох буолан, хойуу харыйа быыһыгар отуу оҥостон хоммут. Аны, сарсыарда уһуктубута, ойоҕосторо хам тутан, атаҕа-илиитэ иһэн хамсаппат буолбут. Ол иһин нэһиилэ чугастааҕы хаппыт маһы хомуйан кутаа оттубут уонна икки хонугу быһа лип сыппыт. Хата, эһэтэ биллибэтэх. Ол кэннэ аччыктаан куттанарын умнан, тайах мас оҥостон, сүүсчэкэ миэтэрэлээх сири күнү быһа үнүөхтээн, лаабыстан куул түгэҕэр бурдук аҕалынан, онтун аҥаардастыы сии-сии, утаҕын чалбах уутунан ханнаран, ол сиригэр уон икки хоммут. Түүнүн кутаа уот таһыгар олорбутунан хонор, күнүһүн сылыйдаҕына, күн уотугар сыламнаан, утуйан ылар эбит. Онтон кэлин олох мөлтөөн, өйүн сүтэрэ-сүтэрэ, түлэкэдийэ сыттаҕына, биһиги кэлэн быыһаабыппыт. Баһылайап, балыыһаҕа икки ый курдук эмтэнэн, үтүөрэн баран ыстаадатыгар төннүбүтэ. Дьэ, кытаанах, тулуурдаах киһи диэтэҕиҥ. Ыстаадатын дьоно хас да хонук баран көрдөөн, саатар, үрэхтэр халааннаан, суолу быһан киһилэрин булбатахтар эбит этэ. Саадырын быһылаана Итинниккэ майгынныыр быһылаан эмиэ табаһыттар ыстаадаларыгар буолан турардаах. Ол гынан баран, бу сырыыга кыс ортотугар, олунньу ыйга. Оччолорго билиҥҥи курдук аан дойду бүттүүн (глобальнай) итийиитэ саҕалана илик буолан, төһө да кулун тутар ый чугаһаатар, халлаан тымныытын тутан турара. Түүнүн биэс уонча кыраадыска тиийэрэ, күнүһүн барбах сылыйан, түөрт уончаҕа эрэ диэри түһэрэ. Онон куһаҕан таҥастаах киһи таһырдьа өр сылдьыбат буолара. Дьэ, оннук кэмҥэ “Эдьигээн” сопхуос ыстаадатыгар биир күн табаһыт уолаттар быраага “туруорбуттар” уонна ол астара ситэн, иһэргэ сөп буолбутугар мустан бырааһынньыктаабыттар. Бүтүн бөтүөн “астаах” дьон икки түүннээх-күнү быһа өйө-төйө суох сылдьыбыттар. Онтон үһүс күннэригэр астара баранан тохтоон, төбөлөрө ыалдьан, балааккаттан тахсыбакка сытан баран, төрдүс күннэригэр дьэ өйдөрүн-төйдөрун булунан бэттэх кэлбиттэрэ, арай, биир киһилэрэ – Саадырын диэн табаһыттара – суох. Чугас эргин көрдөөн көрбүттэр да, ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбит. Саатар, таба сылгылаан аҕалан суолун хайыахтарын хаардаах силлиэ түһэн, киһи суола буолуохтааҕар туох да көстүбэт буолбут. Хайыахтарай, ыксаан араассыйанан Эдьигээҥҥэ биллэрбиттэр. Кыһайбыт курдук, антах да, манна да “погода” суох буолан, туох да көппөт, сүппүт киһини ким да көрдөөбөт. Кэмниэ кэнэҕэс сэттис күннэригэр силлиэ дьэ уурайан, табаһыттар икки аҥыы арахсан, табалаах сылдьан киһилэрин көрдөөн көрөллөр да, булбаттар. Хата, сарсыныгар бөртөлүөт көтөн, киһилэрэ ыстаадаттан кый ыраах тыыннаах сылдьарын булан ылан, Эдьигээҥҥэ балыыһаҕа туттараллар. Кэлин биллибитэ, Саадырын бырааһынньык саҕана дьонун кытары иирсэн баран, балааккаттан итирик тахсан бэйдиэ барбыт. Ол сылдьан, хайысхатын сүтэрэн аһара ырааппыт, онтон аны силлиэ-буурҕа түһэн, туох да көстүбэт буолан, мунан хаалбыт. Хата, киһиҥ өй ылан, хаары хастан утуйбут. Ол курдук, күнүс тоҥумаары хаамар, түүн тымныйдаҕына, хаар анныгар киирэн иттэр, утуйбута буолар эбит. Оннук курдук тугу да аһаабакка, тамаҕын хаарынан илиттэ-илиттэ, сэттэ суукканы быһа аһаҕас халлаан анныгар сылдьыбыт. Хата, ахсыс күнүгэр бөртөлүөт кэлэн быыһаабыт. Дьэ, бу Саадырын диэн киһи олох туох да буолбатах этэ. Быраастар суһал көмө оҥороотторун кэннэ тута бэттэх кэлэн, сотору үтүөрэн, балыыһаттан тахсыбыта. Ити курдук кытаанах, тулуурдаах дьон буолаллар эбит этэ, бу хоту дойдуга. Мин итинниккэ түбэһэрим буоллар, пахай, эһэни көрөөт, сонно сүрэҕим тохтуур. Оттон хаар анныгар биир түүн хайыам эбитэ буолла, билбит суох. Кэбис, итинниккэ түбэспэтэх түбэстин. Атастыылар быһылааннара Өссө биир хоту дойду дьонун тулуурун дакаастыыр, мээнэ киһи кыайбат сырыытын, түбэлтэтин кэпсиим. Ол – чугас доҕотторум, хоту дойду хоһуун уолаттара Бүөтүр Ыстапаанап уонна Баһылай Сэмэкиэп түбэспит алдьархайдара. 80-с сс. саҕана Бүөтүрдээх Бааска Өлөөн сиригэр кыыл табалыы сылдьыбыттар. Оччолорго кинилэр отуччалаах эрэ, күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон. Олунньу ый буолан улахан тымныылар намырыы илик кэмнэрэ. Сарсыардааҥҥы дьыбарга уонна түүнүн 45-50 кыраадыска тиийэ тымныйталыыр эбит. Ол сылдьан уолаттар “бурааннара” алдьанан дуу, бэнсииннэрэ бүтэн дуу, аһаҕас халлаан анныгар сатыы туран хаалбыттар. Дьэ, ыарахан балаһыанньа буолбут. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, дьон баар сирин булаары суола-ииһэ суох сиринэн, тоҥуу хаары кэһэн, ыраах айаҥҥа туруммуттар. Өлөөн Саха сирин саамай улахан иэннээх улууһа, ол эрээри үс эрэ бөһүөлэктээх, ону да бэйэ-бэйэлэриттэн кый ыраах буоланнар, уолаттар табалаах эбэтэр “бурааннаах” булчут суолугар таба тайаннарбыт диэн санаалаахтар эбит. Саатар, хаар халыҥа, аһаҕас сиринэн типпитэ улахан моһуоктары үөскэппит. Инньэ гынан самахтарыгар диэри тоҥуу хаары оймоон испиттэр. Ыраах хаамыахтаахтарын сэрэйэн, эрдэттэн олох утуйбаппыт, хаары сиэбэппит диэн сүбэлэспиттэр. Кырдьык, сылайан, эстэн иһэн, сытан утуйдуҥ да, үргүлдьү бараҕын. Мин, өр кэмҥэ милииссийэҕэ үлэлээбит буоламмын, оннук түгэни элбэхтик көрбүтүм. Быстаран тымныыга таһырдьа охтубут дьон бары кэриэтэ таҥастарын уста, сыгынньахтана сатаабыт буолааччылар. Оттон киһи хаары сиэтэ да, сүһүөҕэр охсон, начаас эстэр. Ол иһин Бүөтүрдээх Бааска хааман иһэн нуктуу-нуктуу, утуйан хаалан оҕуннахтарына, уһуктан кэлэ-кэлэ хаампыттар. Кэлин уһугар түлэкэдийэн барбыттар. Сотору-сотору харахтарыгар уоттар көстүтэлээн, кулгаахтарыгар “бураан” тыаһа куугунаан сордообут. Аны, иккис түүннэригэр бөрөлөр түбэһэн батыспыттар. Биһиги дьоммут төһө да кыл тыыннара эрэ ордон истэр, оннооҕор буолуоҕу көрсүбүт буолан, адьырҕалартан куттамматахтар. Хата, бөрөлөрө батыспахтаан баран, бэйэлэрэ сүтэн хаалбыттар. Кырдьаҕас булчуттар кэпсииллэринэн, бөрө – уһулуччу өйдөөх кыыл. Бэйэтин айылгытынан кыайар уонна сэниир эрэ булдугар сананар эбит. Бука, ол иһин уолаттар кинилэртэн куттамматтарын, күүстээх санаалаахтарын сэрэйэн бөрөлөр дьалты хаамтахтара. Өскөтүн онно куттас, мөлтөх дьон түбэспиттэрэ буоллар, бултаһаллара хааллаҕа. Бүөтүрдээх Бааска ити курдук тоҥуу хаары оймоон иһэн халлаан суһуктуйуутун саҕана “бураан” суолугар кэтиллэ түспүттэр. Халыҥ хаары тыыран испит дьоҥҥо чигдитийбит сиринэн хаамар дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо? Уонна киһи баар сибикитэ биллибититтэн санаалара көтөҕүллэн, ол суолу батан, төһө да сыккырыыр тыыннара эрэ ортор, дьонноох сири булан тыыннаах хаалбыттар. Дьэ, бу түбэлтэни санаан көрүҥ. Икки түүннээх күн туос аччык, самаххар тиийэр тоҥуу хаары утуйбакка-сынньаммакка эрэ тыырыах диэтэххэ, ыарахан. Тыыннаах хаалар инниттэн алдьархайы кытары охсуһуу киһиттэн таһыччы күүстээх санааны, кыаҕы уонна күүһү эрэйэр. Бу уолаттарга ол барыта баар буолан, айылҕа тыйыс сокуонун кытары турууластахтара уонна кыайдахтара. Түмүкпэр бэлиэттээн эттэххэ, бу үс түбэлтэҕэ эрэ ахтыллар дьон буолбакка, Эдьигээн дьоно бары даҕаны ити курдук кытаанах сырыыны сылдьа үөрүйэхтэр, олус тулуурдаахтар. Захар Федоров, Эдьигээн–Бэрдьигэстээх. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан