Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сайылыкка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сайылыкка
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
03.10.2024 15:48
Сайын сатыылаан турар кэмигэр, от үлэтин үгэнигэр сайылыкка, иччитэх өтөххө буолбут түбэлтэлэри таһаарабыт. Балар 1930-с, 1980-с сылларга олоххо, чахчы, буола сылдьыбыттар. Эдэр дьону куттаан буолбакка, толуннаран, сэрэнэ-сэрбэнэ соҕус, бэйэ бодотун тардынан сырыттыннар диэн бэчээттиибит. Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сир-дойду иччитин, сибиэни итэҕэйэллэрэ мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы. Үүтү иирдибит 80-90-с сылларга тыа сирин оҕолоро сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар тарҕаһан үлэлииллэрэ. Ким – от звенотугар, кирпииччэ биригээдэтигэр, сорох оҕуруот аһын олордуутугар, сайылыкка араас үлэҕэ сылдьан, оскуолаҕа кэтэр таҥастарын харчытын булунан үөрэх дьылын көрсөллөрө. Бү түбэлтэ ыанньыксыт кыргыттар, бостуук уолаттар түмсэн үлэлиир сайылыктарыгар буолбут. Билигин пиэрмэ сайылыга буолан турар дьикти үчүгэй айылҕалаах сиргэ былыр кимнээх олоро сылдьыбыттарын, бэл, олохтоохтортон ким да билбэт. Дэриэбинэ мантан балайда тэйиччи баар. Арай күөл уҥуор турар былыргы балаҕантан дьалты хаамаллара. Дьон кэпсииринэн, бу балаҕан мала-сала хайдах баарынан тыытыллыбакка турар үһү. “Туох эрэ ыарыыттан эмискэ суох буоллахтара” диэн сибигинэһэн этэллэрэ. Балаҕан таһыгар, бэл, сүөһү кытта чугаһаабата. Дьиэ үрдүгэр сытар сылабаардартан, алтан иһиттэртэн сылыктаатахха, олохтоохтор сэниэ ыал буолуохтарын сөп. Пиэрмэ үлэһиттэрэ көмүлүөк оһохтоох, хас да хостоох, хаппахчылаах, кэҥэс соҕус дьиэҕэ олорбуттар. Дьэ, бу сайылыкка улахан кылаас кыргыттара иккилии буолан үлэлии тахсыбыттар. Үлэлэрин кэннэ учуотчут кыыстан икки холуоҥкалаах магнитофонун уларсан үҥкүүлүүллэр эбит. Үүт тутар дьиэ кыараҕаһын иһин таһырдьа таһааран, муусукаларын тыа баһа сатарыар диэри тардар буолбуттар. Настаабынньык дьахтар хаста да буойан көрбүт эрээри, истибэтэхтэр. Ити курдук үлэлии сырыттахтарына, биир сарсыарда Настаака диэн кыыс учуотчут кыыстыын этиһэн тиргиллэн турбуттар. Ол төрүөтэ маннык эбит. Настаака кыыс балтыныын сарсыарда ыабыт үүттэрин үүт дьиэтигэр илдьэн туттарбыттар. Учуотчут кыыс үүттэрин тутан мээрэйдээри гыммыта – солууртан иирбит үүт тохтубут. Олус муодарҕаан атын солуурдары көрбүтэ – үүт барыта иирэн хаалбыт үһү. Кыргыттары ыҥырталыыр. Анарааҥҥылар “эйиэхэ үчүгэй үүтү аҕалбыппыт” диэн таһыччы мэлдьэһэн кэбиһэллэр. “Үүт мээрэйдиир иһиккин сууйбакка гынан баран биһигини балыйаҕын” диэн буолбут. Айдаан дириҥээбит. Настаабынньык кэлбит. Кыргыттарга бостуук уолаттар кыттыспыттар. Ол аахсыы түмүгэр ким буруйдааҕа кыайан биллибэтэх. Учуотчут кыыс үлэтиттэн уурайан, дэриэбинэлээн хаалбыт. Күһүн буолан, халлаан хараҥаран кыргыттар таһырдьа көрүлүүллэрэ тохтообут. Иллэҥсийбиччэ киэһэ аайы ол-бу түбэлтэлэри кэпсэтэр идэлэммиттэр. Биир оннук киэһэ настаабынньыктара “эһиги көрүлээбит киэһэҕит түүнүгэр дьиэ үрдүгэр киһи атаҕын тыаһын истибитим. Дойду иччитэ иэстэһэн үүтү иирдибитэ буолуо” диэн үөйбэтэх-ахтыбатах өттүлэриттэн этэн соһуппут. Кыргыттар куттанан, дьиэлээн хаалыахтара, үлэ атахтаныа диэн эрдэ эппэтэх. Кыргыттар ити кэпсээн кэнниттэн ороннорун таһырдьа таһаартаан, утуйар таҥастарын сиргэ быраҕан, бары бииргэ утуйар буолбуттар. Ким да тугу да көрбөтөҕө, истибэтэҕэ эрээри, Настаака улаханнык дьүдьэйбитэ. * * * Эһиилигэр ити кыргыттар бары былдьаһыгынан кирпииччэ үктүүр атын биригээдэҕэ көспүттэрэ. Орон маһа “тас” гыммыта Күһүөрү сайын этэ. Мехзвенонан оттуу сылдьабыт. Мин оҕустарааччы буолан атын ходуһаларга эрдэ тиийэн соҕотоҕун үлэлиибин. Биирдэ тэйиччи сытар ыраах ходуһаҕа оҕустара кэллим. Сүрүн олохпуттан ыраах буолан манна үрдүттэн хоно сылдьан үс хонук иһигэр бүтэрэргэ суоттанным. Урукку оҕустарааччылар балаакканан түһэ сылдьыбыт оннулара баарын аахайбакка, бөлөрүүс тыраахтарбынан өтөхсүйбүт туруорбах балаҕаҥҥа ыга астаран тиийдим. Иэччэҕэ “хаахыр” гынан аһыллыбыт тирии бүрүөһүннээх халҕаны арыйан иһирдьэ киирдим. Син хоп курдук туруктаах өтөх буолан биэрдэ. Эркиннэр онон-манан аһаҕастаахтарын иһин үөһэ өттө бүтэй эбит. Онон ардах да түстэҕинэ да хотуо суох. Малбын-салбын иһирдьэ тастым. Онтон-мантан хомунан мас орон курдугу оҥоһуннум. Ол кэннэ тыраахтарбын собуоттаан оппун оҕустара бардым. Үлэлии сырыттахпына, ким эрэ одуулуур дуу диэх курдук санаалар киирэ сылдьан баран сүттүлэр. Хойукка диэри от оҕустаран баран уот оттон ас астаныахпар диэри халлаан хараҥарда. Аһаан баран кутаа сырдыгар хаста эмэтэ аахпыт кинигэбин арыйбахтыы олорон уот таһыргыырын быыһыгар киһи сөтөллөрүгэр маарынныыр тыаһы истэн аһардым. Абааһыны, сибиэни итэҕэйбэт атеист бэрдэ этим. Онон аахайбатым. Арай кулгааҕым моһуогурбатах буоллаҕына, тугу истибит буолуохпун сөбүн быһаара сатыы олордум. Сыыйа этим сааһа аһыллан барда. Кутаа уот аттыгар олордорбун да ис-испиттэн тоҥон бабыгыраан ыллым. Ол олордохпуна, доҕоор, били оҥостубут оронум мастара тосту үктэнэр, үрэллэр тыастара өрө сатарыы түспэтэ дуо? Үөгүлүү түһэн баран ойон турдум. Биирдэ өйдөммүтүм, тыраахтарбар киирэн олорор эбиппин. Ис испиттэн күүрбүппүн аҕай. Бэйэбин бэйэм уоскутуна сатаатым да кутум-сүрүм көтөн хаалбыт. Тыын ылан баран дьонум диэки айаннатан таҥхалаттым. Маа бэйэлээх хорсун киһилэрэ маннык дьүһүннэнэн-бодолонон дьоммор тиийиэм дуу диэн кыракый көлүйэ таһынааҕы ырааһыйаҕа тохтоон кэбиинэм иһигэр хоннум. Сарсыарда халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ оттуур сирбэр төннөн өтөхпөр кэллим. Суос бэринэн көхсүбүн этитэ-этитэ балаҕаны өҥөйөн көрдүм. Били оронум бүүс-бүтүн турар. Малым-салым эмиэ хайдах уурбуппунан сытар. Хайдах-хайдах баҕайыный? Чуолкай истибитим ээ, мас тостор, орон үрэллэр тыаһын. Олус муодарҕаатым. Кутаа оннун баран көрбүтүм. Кинигэбин уокка бырахпыт эбиппин. Кытаанах хаҕыттан аҥаар эрэ муннуга ордон хаалаахтаабыт. * * * Онно эрэ өйдөөн “бабат” диэбитим. Уоппун аһаппакка эрэ хонордуу тэриммит эбиппин. Хайдах эрэ кэҥииргэ дылы буоллум. Ол да гыннар икки түүммүн ити балаҕаҥҥа буолбакка, били көлүкэм таһыгар баран хоммутум. Ити курдук уйулҕа хамсыыр амырыын кутталын онно эппинэн-хааммынан билэн турабын. Бииргэ оттоһор дьоммор, биллэн турар, тугу да кэпсээбэтэҕим. Баһылай С., Чурапчы. Муокастаах хотон Биһиги 1938 с. сүөһүлэрбитигэр от сиэтэ Чурапчыттан хас да ыал буолан Нуотараҕа Чэллэм диэн үрэххэ киирбиппит. Онно кыстаабыппыт. Хаалбыт эргэ дьиэни өрөмүөннээн, урут уот сиэбит, сүөһү бөҕө өлбүт хотонун оннугар саҥа хотон туттан кыстаабыппыт. Хотоммут дьиэҕэ салгыы турар буолан, оһох кэннинэн киирэрбит. Дьиэбит биир муокастааҕа. Оҕолор киэһэ аайы этэрбэстэрбитин оһох холумтанын тула куурда уурарбыт. Сарсыарда ахсын ким этэрбэһигэр төһө элбэх буор хааламмытын көрөрбүт-истэрбит. Хата, биһиэхэ, туох да дьарыга суох дьоҥҥо, бэрт күн ыаһаҕа буолара. Улахан дьон киһини эҥин көрөллөрүн кэпсэтэллэрэ. Ардыгар били көстүбэт киһибит туттар малбытын-саппытын кистээн кэбиһэр этэ. Сайын биһиги атын учаастакка баран сайылаабыппыт. Онно ийэм аах хотоҥҥо сырыттахтарына, кыра балтыбын көтөҕөн дьукаах кыыспыныын түннүгүнэн одуулаһа турдубут. Таһырдьа тиэргэн муннугар ыалбыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин миинэр ата мэччийэ сылдьара. Арай ол ат үрдүгэр былыргы саха дьахтарын көрөн аһардым. Былаатын бобуонньуктуу бааммыт. Өр соҕус көһүннэ. Ити түгэн кэнниттэн улаханнык ыалдьан охтон хааллым. Дьонум миигин ороҥҥо сытыаран баран таһырдьа тахсыбыттар. Онно уһун ньолбоҕор сирэйдээх, дьэс кыһыл букатын билбэт киһилэрэ турар үһү. Ити кэнниттэн мин эмиэ өйбүн сүтэрбиппин. Ол түүнү быһа кулун курдук өрө мөхсөн баран сарсыарда туран сүүрэн хаалбыппын. 30-с сылларга манна сылгы пиэрмэтэ тэриллэн, хас да сиринэн нууччалыы тутуу барбыт. Сылгы турарыгар анаммыт олус улахан хотоннор бааллара. Чугас хотоҥҥо ынахтарбытын ыырбыт. Биир киэһэ эдьиийбиниин ынахтарбытын баайа сылдьан хос долбууругар куп-кугас баттахтаах, мап-маҥан оҕону көрдүм. Онтум ийэттэн төрүү сыгынньах. Долборуктан туран иһэн миигин көрөн ынчыктаан баран төттөрү сытынан кэбистэ. Куттанан эдьиийбэр сүүрдүм. Сарсыҥҥытыгар тарбыйахтарбыт аҕылыыр ыарыынан ыалдьан өлөн истилэр. Билигин сэрэйдэххэ, арааһа, тарбыйах абааһытын көрбүппүн быһыылаах. Биһиги аттыбытыгар сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ олороро. Кинилэргэ кэргэнин быраата, сүүрбэччэлээх, улаханнык ыалдьар уол оҕо баара. Арыт таах сытан тахсара, арыт турдаҕына, ийэбин кытта ону-маны кэпсэтэрэ. Биирдэ биһиэхэ дьэдьэннээх сир булбутун туһунан кэпсээтэ уонна онно дьэдьэннэтэ илтэ. Ыраас баҕайы хочо саҕатыгар дьэдьэн бөҕө үүммүт. Бөдөҥ да бөдөҥ дьэдьэннэр. Биһиги икки-үс күн көҥүл ыллаан-туойан, мэниктээн дьэдьэн бөҕөнү үргээтибит. Оннук сырыттахпытына, биир күн кыыспыт ыллаан мэнэрийэн турда. “Оҕолор олус улаханнык ыллаан-туойан сир-дойду иччитин аймаабыттар быһыылаах” диэн ийэбэр тыллыы охсубуттар. Онтон ыла биһиги букатын саҥарбакка уоруйах дьон курдук сылдьан дьэдьэнниир буолбуппут. Бу сир иччитэ биирдэ ынах хомуйа сылдьар дьахтарга көстүбүт үһү. Хайа үрдүгэр олус истиҥ, нарын куоластаах дьахтар ыллаан дьиэрэппит. “Ол дойду иччитэ ыллаабыт” диэн кырдьаҕастар кистии-саба кэпсииллэрэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан