Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чаһы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чаһы
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
26.09.2024 15:43
Сэрии иннинээҕи оҕо буолан, улахан үөрэх диэн суох. Дьонум үйэлэрин тухары үрэх баһыгар олорбуттара. Бэйэлэрин курдук отчут-масчыт, сүөһүгэ сыстаҕас, булчут киһини өрө туталлара. Төрөөбүт-үөскээбит, өбүгэлэрим олорбут сирдэрин, дьонум оттообут, балыктаабыт күөллэрин, көмүллэ сытар халдьаайыларын, өтөхтөрүн көрө сылдьарым миэхэ астык. Аҕам сэрииттэн төһө да инбэлиит буолан төнүннэр, син тыыннаах кэллэҕэ дии. Дьонун кытта халдьаайыга сытар. «Сиргэр-дойдугар сиэрдээхтик сырыттаххына, туохха да түбэһиэҥ суоҕа», – диирэ. * * * Аҕам уоттаах сэриигэ аттанаары туран маннык соһуччу түгэҥҥэ түбэспит. Ампаардаах диэн өтөххө дойдутун кытта бырастыылаһа олордоҕуна, күлбүт-үөрбүт өтөх абааһыта көтөн түспүт. «Бу баҕайы туох үчүгэйгэ көстүөй? Түүйэн көстөр буоллаҕа», – диэт, этэрбэһин быатынан быһыта сынньан таһаарбыт. Абааһыта ытыы-ытыы, куотан сүүрэ турбута үһү. Сэрииттэн кэлэн баран, аҕам ити быһыытыттан олус санааргыыра. «Эргиллэн кэлэрбин билэн, үөрэн-көтөн киирбитин кырбаан таһаарбытым», – диэхтиирэ. Кэлин дэҥҥэ түүлбэр эрэ ыраахтан көстөр, букатын чугаһаабат диирэ. * * * Ампаардаахха соболоох улахан күөл баар. Үрэх баһа буолан, талбыппынан кустаан-балыктаан сылдьабын. Бэйэм курдук сылгыһыт уолаттардыын андыга таптаан сытабыт. Бастакы күммүтүгэр аҕыйах туостаах атах оонньуута, мас тардыһыыта, ырыа-тойук, дьыл кэлэн иһэр үөрүүтэ бэлиэтэнэр. Мин, дойдулаах киһи, өбүгэлэрим өтөхтөрүн кэрийэн көрдөрөбүн. Урукку дьон тутуулара бөҕөтүн, уустарын сөҕөбүт. Биир оннук кустааһын кэнниттэн чаһым ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалла. Олус суохтаатым – оройуон киинигэр сылгыһыттар түмсүүлэригэр биэрбит хармааҥҥа угуллар суруктаах-бичиктээх, хаппахтаах чаһы этэ. Ханнык да бэйэлээх тымныыга, сылааска үлэлиир эрэллээх бөҕө тэрилим буолара. Күүстээх үлэҕэ сылдьар киһиэхэ ылбычча хары чаһыта тулуйааччыта суох: быата быһа ыстанааччы, тааһа алдьанааччы. Урут даҕаны бу ампаарга бытархай тэриллэр – ньуоска, быһах сүтэ-сүтэ көстөн кэлэллэрин билэрим. Онон бу да сырыыга көстөр ини диэн сэмээр күүттүм. Сыл ааста. Икки сыл. Биир сайын ампаарбар аппар оттуу диэн кэллим. Арай утуйа сытан эрэ манныгы түһээтим. Бүтэһик сылаас күннэр. Ампаарым аана аһаҕас. Өтөх чөчүөккэтэ дии саныыбын. Ампаарга ситэ киирбэккэ, миигин көрөн тохтуу биэрдэ. Куттамматым. Илиитигэр чаһыбын салыбырата сылдьар. Хаппаҕа аһаҕас. «Хаарыан чаһыбын алдьатара буолуо»,– диэн санаан ылабын. Били кыылым мин тугу да гыммаппыттан эр ылла быһыылаах, чаһыбын көрдөрөн баран, күлэн ырдьас гынна. Көөчүктэнэр курдук туттар. Төттөрү төннөн эһэм дьиэтигэр киирдэ. Мин аан аһаҕаһынан хас хардыытын кулгаах-харах иччитэ буолан, кэтээн көрө турабын. Балаҕантан тахсан хотон диэки барда. Бу өйдөөн көрбүтүм – эргэ дьиэ да, хотон да бүүс-бүтүннэр. Сабыс-саҥа сыбаммыттар. Били кыылым хотонтон тахсыбата. * * * Уһуктан баран ыксаабакка чэйдээтим. Орой мэник эрдэхпиттэн уһаты-туора сыыйбыт, сүүрэн-көтөн көрүлээбит балаҕаным сэмнэҕэр киирэн ону-маны көрүтэлээбитэ буоллум да, туох кэлиэй? Үрдэ, биир эрэ эркинэ ордубут, аат эрэ харата тураахтыыр эргэ хотоҥҥо тиийдим. Манна күкүргэ, от эбиэс кутан аппын аһатааччыбын. Киһи хараҕа иҥнэрэ туох да суохха дылы. Хас да сылы эргиччи мунньуллубут от ходуулун хастыы-хастыы, оҥостон туран таһырдьа ыстым. Күкүр түгэҕэ аллара муосталаах эбит. Ону хастым. Бастаан чаһы сыаба тахсан кэллэ. Онтон чаһыны бэйэтин хостоон, хаппаҕын аһан, сэрэнэн собуоттаан истэхпинэ, тыаһаан, үлэлээн барда. Мин олус үөрдүм. Кэтэ сылдьар чаһыбын , сүппүт чаһым оннугар ууран кэбистим. Киирэ-тахса кэтээн көрөбүн, чаһым сытар буолар. Василий Юмшанов-Омук Хонтой Уола. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан