Кэпсээ
Войти
Регистрация
Туох барыта сэттээх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Туох барыта сэттээх
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.09.2024 15:34
Анньыыһын Аркаадьыйга (ойохтоох кыыһа куоракка сырыттахтарына) хорҕойо сытан нэдиэлэни супту арыгылаабыта. Табаарыһа, төһө да бииргэ иһистэр, сарсыарда аайы үлэтигэр тиийэрэ уонна тойотторун алы гынан, сэмэтэ суох хаалларан, быыһаан иһэрэ. Анньыыһын оронтон да өндөйбөккө иһэрэ, арай улаханнык өлөртөрөн, «эмтэнээри» гыннаҕына эрэ салҕаластаан турара уонна «буорсуйатын» кылк гыннараат, эмиэ охтон хаалара. Нэдиэлэ курдугунан куораттан Аркаадьый кэргэнэ кэлэн, үүрэн ыыппыта. Сиэбэ кубус-кураанаҕа, били, аҕыйах хонуктааҕыта ылбыт хамнаһын сыыһын арыгылаах «туочукаҕа» тэбээн бүтэрбит этэ. Дэриэбинэҕэ тэлбистии сатаан баран, дьиэтигэр төннөргө тиийбитэ. Тыаһа-ууһа суох киирэн, түгэх хоско ааспыта. Ороҥҥо умса баран түспүтэ уонна төрүт утуйбакка, түүнү супту тымныы ууну киллиргэтэ хоммута. Ойоҕо кэпсэтэр санаата төрүт суоҕа, иэдэс биэрэн курбалдьыйара. Иккитин эрэ ааспыт кыра уола баар хоһугар киирээри гыммытын сутуругунан ыарыылаах баҕайытык түөскэ охсон кибилиннэрбитэ. Улахан уола Өстүөппэ аҕатыгар чугаһыы да сорумматаҕа. Сарсыарда улахан эрэйинэн үлэтигэр салбыҥнаабыта. Хата, нэдиэлэ устата борогууллаабытын ким даҕаны билбэтэх этэ. Кырдьыга баара, тэрилтэлэрэ эстэн эрэрэ. Сопхуостар үрэллэн, үлэһиттэр үрүө-тараа ыһыллан бараллара биллибит этэ. Үс ый курдугунан Анньыыһын үлэтиттэн уурайбыта, сельпоҕа, ойоҕо үлэлиир сиригэр, харабынайынан киирбитэ. Сыл аҥаарынан үлэтигэр арыгылаабытын иһин муустаах ураҕаһынан үүрбүттэрэ. Онтон биир ыйынан аны Балбаара уурайбыта: сельпо сабыллыбыта. Биир тэрилтэҕэ муоста сууйааччынан киирбитэ, үргүлдьү харабынайдыыра. Түүҥҥү дьуһуурустубатыгар оҕолорун илдьэ барара. Анньыыһыҥҥа түптээх үлэ-хара диэн суоҕа, уопсайынан даҕаны, дэриэбинэҕэ ити чааһыгар ыарахан этэ, онон үтүөх-батаах үлэҕэ сылдьыбыта. Арыгылыыра. Дьиэтигэр ыкса түүн кэлэн, хоһугар супту ааһан хаалара, оттон сарсыардалык туох да саҥата-иҥэтэ суох тахсан барара уонна иһээччилэри кытта булсара. Ойоҕо онуоха эрэ кыһаллыбата, кэпсэтэр эҥин диэн суоҕа, бэйэтэ туспа олохтоох киһи курдуга. Анньыыһын тыыннааҕа эрэ, өлбүтэ эрэ – онно төрүт аахайбата. Биирдэ Анньыыһын ыкса киэһэ кэлбитэ. Балбаарата утуйа илигэ. Куукунаҕа ыҥырбыта: – Варя, кэл эрэ, кэпсэтиэх. – Ол эмиэ туохха наадыйдыҥ, иһээччи, аны барыбытын арыгылаан кэбиһээри гынныҥ дуо? – Эйигин кытта дьиҥнээхтик кэпсэтэр санаалаахпын... Чугаһаа эрэ, баһаалыста, – ааттаспыт куолаһынан Балбаараны ыҥырбыта. – Чэ, тугу этээри гынаҕын, саҥаран ис, – Балбаара өлөрдүү абааһы көрбүт хараҕынан эрин тобулу үүттээбитэ, – эн арыгылаан соппойоргор харчым суох! – Варя, мин айаннаан эрэбин, эйиэхэ ыар таһаҕас буолуохпун баҕарбаппын. Оҕолорум даҕаны маннык аҕалаахтарын көрбөтүннэр... Быһата, куоракка барабын. Биһигиттэн онно Миитээ баар, ханна баарын билэбин... Манна сылдьан киһи аатыттан ааһыыһыбын, баҕар, онно тиийэн туох эмэ үлэни булуом, оҕолорбор көмөлөһүөм... – Һы! «Үлэни» диэбит буола-буола! Ким эйигин үлэҕэ ылыай, бырадьаагалыы бардаҕыҥ дии. Чэ, онно баран түҥкэлий! – Балбаара, эргиллэ биэрээт, хоһугар киирэн хаалбыта уонна онтон хаһыытаабыта. – Оҕолору умун! Анньыыһын аан дьиэҕэ турбахтаабыта, утуйбуттара ырааппыт уолаттарын кытта быраһаайдаһар санаалааҕа, ол эрээри аны кэргэним кыыһырыа диэн куттанан, дьиэттэн тахсан барбыта. Түүнү супту атаһыгар олорбута, онтон сарсыарда оптуобуска олорон куораттаабыта. * * * Балбаара икки оҕотун кытта хаалан, икки үлэҕэ инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылдьыбыта. Анньыыһын куоракка бардаҕын сыл сайыныгар кинилэр утарыларыгар иччитэх турбут учаастакка хайа эрэ дьон дьиэ туттан барбыттара. Бу – үс оҕолоох эдэр ыаллар этэ. Ийэлэрэ учууталлыыра, оттон аҕалара чааһынай урбаанньыт этэ. Айах атан кэпсэппэккэ да сырыттар, ыалларын сонно абааһы көрбүтэ. Уолаттарыгар, быыс эрэ буллар, саҥа ыаллара хайдах курдук куһаҕаннарын, сытыйа байбыттарын кэпсээн тахсара, ол дьон оҕолорун кытта сибээстэһимэҥ диэн буойара. Туга эрэ сатамматаҕына, наар ыалларын буруйдуура. – Көрбөккүн дуо, эн эрэйдээххэ бүттэлээх таҥаһыҥ да суох, – диэн уолугар этэрэ, – оттон бу ыалларбыт ыамалара санаатахтарын аайы саҥаттан саҥаны кэтэллэр. Тоҕо оннугуй диэтэххэ, уоралла-аар. Биһиги курдук сордоохтору суймуурдаан, ааттарын билбэт буолуохтарыгар диэри байаллар. Ситэ-хото илик Өстүөппэ өйүгэр ийэтин тыла сүлүһүн буолан, курдаттыы сиирэ. Анньыыһынтан туох да биллибэтэҕэ. Дьиҥэр, Балбаара кини туһунан санаабат даҕаны этэ. Эрэ кинилэртэн арахпыта сыл ааспытын кэннэ, Балбаара оҕолорун аймахтарыгар хаалларан баран, уолаттарбар туох эмэ таҥаһы атыыласпыт киһи диэн куораттаабыта. Ырыынакка сылдьан сээкэйи атыыласпыта уонна автовокзалга тиийэн кэлбитэ. Оптуобуһа аны икки чааһынан айанныахтааҕа. Онон күүтэр саалаҕа киирэн, бириэмэтин да ыыта таарыйа, кытай табаардарын эргинэр атыыһыттары кэрийтэлээбитэ. Эмискэччи хайаларын эрэ саҥата иһилиннэ. – Варя, дорообо. Эргиллэн көрөн баран, маҥнай кыайан билбэтэҕэ. – Хайа, Анньыыһын, бу эн дуо? – Ээ, мин дии. Хайа, хайдах олордугут, оҕолор хайдахтарый? Балбаара иннигэр кир-хох быһа тутан сиэбит, бүтүннүү помуойа сыта-сымара буолбут бииһэ буруйдаах курдук умса көрөн туран, нэк буолан хаалбыт куруолук бэргэһэтин туппахтыы турара. Сирэйэ суумматаҕа да ыраатан, салгын да быһа сиэн, харааран хаалбыт, быһа охсуллубут уостаах, тосту охсуллан, хаанньайан хаалбыт муруннаах... Анньыыһын бу курдук кэбилэнэн турара буолуо диэн ким даҕаны билиэ суох этэ. – Үчүгэйдик олоробут, оҕолор улааталлар, эйигин санаабаттар даҕаны, – Балбаара сиргэнэн, тэйэн биэрбитэ, – эн биһигини умун, ким даҕаны эйиэхэ наадыйбат, күүппэт. Анньыыһын чочумча турбахтаабыта онтон аргыый аҕай саҥа таһаарбыта. – Чэ, Варя, быраһаай, аны көрсөр биллибэт. Оҕолорго миигиттэн эҕэрдэтэ тириэрдээр, – уонна нэһииччэ сүдьүҥнээн тахсар аан диэки үнүөхтээбитэ. * * * Балбаара дьиэтигэр кэлэн баран, Өстүөппэҕэ тугу да эппэтэҕэ, аҕатын көрсүбүтүн кистээбитэ, оттон Слава аҕатын төрүт да өйдөөбөт этэ. Өстүөппэ үчүгэйдик үөрэнэрэ, онон оскуоланы бүтэрбитигэр Үөрэх министиэристибэтин лииньийэтинэн, аҥаардас ийэ оҕото диэн, Москуба биир үнүстүүтүгэр киирэргэ миэстэ биэрбиттэрэ. Ыстапаан бастакы кууруһу ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, оттон иккис кууруска туга эрэ табыллыбатаҕа. Үөрэх сылын ситэ бүтэрбэккэ бырахпыта уонна Саратовтан сылдьар, эмиэ бэйэтин курдук муор-туор устудьуону кытта «сетевой маркетологтарга», быһата, албын-көлдьүн түөкүттэргэ үлэҕэ киирбитэ. Кэнэн дьоҥҥо быстар мөлтөх оҥоһуулаах табаары сайдыылаах омук бастыҥ хаачыстыбалаах табаара диэн албыннаан атыылыырга куурус барбыттара. Ыстапаан «дьоппуон-кытай пиирмэтин бэрэстэбиитэлэ» диэн ааттанан, Арассыыйаҕа ол дойдуттан быһа табаары аҕалар курдук туттара-хаптара. Үлэҕэ ылбыт хонтуоралара бүтүн хоһу куортамныыр сыанаҕа хайа эрэ собуот уопсай дьиэтин кыра хоһугар олохтообута. Онно бэйэлэрин курдук дьарыктаах дьону кытта төрдүө буолан олорбуттара. Сыл бастакы аҥаарыгар атыылара бэркэ табыллыбыта, дьон аҥаар кырыытыттан атыылаһарын эрэ билэллэрэ. Ыстапаан сирэйдиин-харахтыын сайдыылаах дойдуттан сылдьар омукка олус майгынныыра, биирин үксүн ол иһин табаардарын хамаҕатык ылаллара. Сүнньүнэн, сааһыра барбыт биэнсийэлээх дьон «омук пиирмэтиттэн сылдьар эргиэн ааҕыныттан» үгүһү-элбэҕи ыйыппакка атыылаһаллара. Биирдэ Саратовтан сылдьар атаһа Ыстапааҥҥа биир хоско олорор дьоно атыылаһааччыны көрдөөбүтэ буола сылдьан, соҕотох олорор кырдьаҕас дьону бэлиэтии көрөллөрүн уонна кэлин тоҕоостоох түгэни мүччү туппакка халыылларын кэпсээбитэ. Оруобуна ол кэмҥэ эргиэннэрэ уоста быһыытыйбыт этэ. Тоҕо диэтэххэ, хайа эрэ сезоҥҥа, холобур, кыһын атыылара олус түргэнник тахсара, оттон сайын, төттөрүтүн, ким да атыыласпат буолан хаалара. Маныаха «сетевой маркетологтар – лохотронщиктар» диэн дьон саҥата эбиискэ буолара. Атастыылар харчыга олус наадыйаллара, олороллорун иһин төлөөбөтөхтөрүнэ, хосторуттан үүрэн кэбиһиэхтэрин сөбө. Ол иһин бииргэ олорор дьоннорун курдук халыыр суолга туруммуттара. Хас да өтүүк, пылесос тутуурдаах баараҕай дьиэлэр кыбартыыраларын кэрийбиттэрэ. Субонуоктаатахтарына, дьиэлээхтэр ааннарын аһан баран, мөлтөх оҥоһуулаах малы сонно билээт, туох да саҥата суох ааннарын тыастаахтык саптан кэбиһэллэрэ. Арай биир кыбартыыраҕа дьол тосхойбута. Ааны ып-ырыган, хатан хаалбыт эмээхсин эрэйдээх аспыта. – Эдэр дьон, туохха наадыйдыгыт? – Дорообо, эбээ! Биһиги «Шарп» диэн дьоппуон пиирмэтин бэрэстэбиитэллэрэбит. Анарааттан быһа өтүүк, пылесос аҕалан атыылыыбыт. Табаарбыт аҕыйах, бу – бүтэһик баартыйа эрэ хаалла! – диэн Ыстапаан атаһа, кырдьаҕас кэнэн дьоҥҥо тиийдэххэ, хайдах үөрэппиттэрин курдук, чобуо баҕайытык куппута-симмитэ. – Аныгыскы табаар икки ыйынан биирдэ кэлиэҕэ. Импилээссийэнэн сибээстээн, ол саҕана сыанабыт балтараа бүк үрдүк буолуоҕа. Онон билигин ыларгытыгар сүбэлиибит. Сүрдээх барыстаах атыы-тутуу! Эмээхсин массыанньыктары кыбартыыратыгар киллэрбитэ. – Уолаттарыам, ити өтүүктээх пылесоскут сыаната төһө буолуой? Сыанатын истэн баран харчытын ыла саалаҕа барбыта. Эмээхсин ханна барарын Ыстапаан атаһа батыһыннара көрөн хаалбыта уонна сибис гыммыта: – Көрдүм! Хомуокка кистиир эбит. Өтүүктээх пылесостарын туттаран, харчыларын укта охсон баран, кыбартыыраттан тыас хомуммуттара. – Соҕотоҕун олорор эбит: хоһугар биир эрэ кырабаат турар, – уол сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт, кыыла турбут этэ. – Харчылаах көһүлүөгүн хомуотун иһиттэн таһаарбыта, мин санаабар, онно өссө харчыта ордубут буолуохтаах. Иккис күннэригэр уолаттар уон чаас саҕана, подъезка киһи саамай аҕыйах буолар кэмигэр, эмээхсин кыбартыыратын таһыгар тураллара. Дьиэлээх хаһаайка ааны аһаатын кытта атаһа сонно искэ охсон кибилиннэрбитэ. Эмээхсин эрэйдээх, «һых» диэн саҥа аллайбытынан, муостаҕа бөкчөччү түспүтэ. Онуоха Ыстапаан көрбөтүн диэн төбөтүн муостаҕа хам баттаабыта, биирдэрэ саалаҕа ойон киирбитэ уонна сонно кэриэтэ суумка тутуурдаах сүүрэн кэлбитэ. – Сүүрдүбүт! – диэн хаһыытаабыта. Хомойуохтарын быатыгар, бүөт бөтүрүөп саҕанааҕы ородьукуулга аҕыйах харчы баара. Сүбэлэһэн баран маннык дьыалаларын салгыырга быһаарыммыттара. Сыл аҥаарын иһигэр итиннэ маарынныыр уонча буруйу оҥорбуттара. Биирдэ пуойаһынан атаһын дойдутугар – Саратовка – күүлэйдии барбыттара. Пуойаска атаһа Ыстапааны сэрэппитэ. – Төрөппүттэрбэр институкка бииргэ үөрэнэбит диэн кэпсиэҕим. Уолбут үчүгэйдик сылдьар эбит диэн санаатыннар. Ону бигэргэтэн, эн эмиэ тугу эмэ кэпсээр. Онно уопсайа үс хоммуттара, астына аһаан-сиэн, сынньанан баран Москубаларыгар төннүбүттэрэ. Кэлбиттэрэ – хоско бииргэ олорор уолаттара олус ыксаабыт көрүҥнээхтэрэ. – Тугу гынныгыт? Түүн үөһэ «бөх» бөҕөтө кэлэн, хайа эрэ «китаёзаны», арааһа, эйигин Стёпаны, быһыылаах, көрдөөн аҕай биэрбиттэрэ. Биһигини отделларыгар илдьэн, хата, бүөрбүтүн көҥүтэ биэртэлээбэтэхтэригэр баһыыба. Эһиги, эрэй эрдэтинэ тыас хомуннаххытына сатаныыһы. Эһигиттэн сылтаан аны биһигини чүүччэйиэхтэрэ-хайыахтара. Атастыылар сонно уопсай дьиэттэн тахсан барбыттара. Түүҥҥү Москубаҕа аалыҥныы түһэн баран, сарсыарда Казанскай баксаалга кэлбиттэрэ. Атаһа проводницаны кытары кэпсэтэн, харчы манньаҕа Ыстапааны плацкартнай богуоҥҥа олохтообута. Быраһаайдаһан баран, атастыылар хаһан да көрсүбэттии арахсыбыттара. Геннадий Гурьев “Воздаяние монстру” диэн В.Егоров сэһэниттэн тылбааһа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан