Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киһи уҥуоҕар оонньооммут
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киһи уҥуоҕар оонньооммут
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
12.09.2024 15:22
Иннокентий (аатын уларытта) бэйэтин аатыттан кэпсиир: – Аньыыны-хараны араара илик сааспытыгар биир мөкү быһыыны оҥорон турардаахпыт. Онтон сылтаан кырата суох эрэйгэ түбэспиппит – иэстэбиллээх буолбута. Кэпсээтэххэ, киһи чэпчиир, санаа сайҕанар дииллэр. Дьоммутугар көмөлөһө охсон баран, доҕотторбутун кытары дэриэбинэттэн чугас баар толооҥҥо оонньуу сүүрэрбит. Ол оонньуу сырыттахпытына, Сэргэй диэн уолбут охтон, тобугун дьукку түспүт этэ. Онно кыһаллар дьон буолуохпут дуо, күлүстүбүт. Аҕыйах хонуктааҕыта эһэтэ куһаҕан буолбутун истибиппит. Дьоммут ол күн таһырдьа таһаарбатахтара. Арай түннүгүнэн көрөн хаалбытым: биир-биир хара таҥастаах дьон сукуҥнаһаллара, ким да ытаабат, бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ, бытааннык хаамаллара... Тыраахтар бырысыабыгар сибэккилээх хоруоп сытара, ол аттыгар Сэргэй бэйэтэ уонна дьоно нүксүччү түһэн олороллоро харахпар бу баарга дылы. Сэргэй тобугуттан тохтор хаанын отунан сото-сото этэр: «Ааспыкка киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыппыт, онно баран оонньуохха, ол-бу мал-сал арааһа баара. Мин бу курдук тобуктаах салгыы сүүрэр кыаҕым суох. Чэ, барыахха-а!». Онтон хаалыахпыт дуо, сэргии түстүбүт, кылабыыһа диэки хаама турдубут. Бу диэн үчүгэйдик өйдөөбөппүн эрээри, 2-3 саҥа көмүллүбүт дьон уҥуохтара баара, сибэккилэрэ үчүгэйдик хата иликтэрэ. Биһиги былыргы киһи уҥуохтарын кэрийэ-кэрийэ, ньуоскаларын, чааскыларын, ол-бу малларын ыллыбыт. Ньуосканы саа-бэстилиэт оҥостон «ытыаластыбыт», кириэстэр быыстарыгар саһа-саһа сэриилэһэ оонньоотубут. Отторун-мастарын тэпсибиппит, эмэҕирэн эрэр күрүөлэрин иҥнэрбиппит. Малларынан «буомба» оҥостон быраҕа оонньообуппут. Санаатахха, аньыытын-харатын. Дьоммут үрүҥү-хараны араарарга үөрэтэр диэн суох. Абааһы-иччи да туһунан ким да кэпсээбэт этэ... Биһиги көрдөхпүтүнэ, былыргы маллар, иҥнэстэн эрэр мастар, дьон хаартыскалара. Кылабыыһа дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус турар, онон ким да көрбөтөҕө. Арай ол курдук хаһыытаһа, күлсэ сырыттахпытына, биир киһи уҥуоҕуттан от күөх дуу, кыһыл дуу саарык курдук туох эрэ көтөн тахсан «пус» диэн тыас таһаарда. Биһиги диэки көтөн иһэр. Хаһыытыы-хаһыытыы сүүрдүбүт, ол саарыкпыт, санаабытыгар, чугаһаатар чугаһаан испитэ, ону кытары олус куһаҕан сыт кэлэрэ. Оннук төһө өр сүүрбүппүтүн билбэппин, дьиэбэр баарбын өйдүүбүн. Дьоммутугар биир да тылы быктарбатахпыт. Ол кэннэ, нэдиэлэ буолбатаҕа, биир уолбут ыалдьыбыта. Кыраадыһа тахсыбыт, этэ-сиинэ ип-итии үһү. Түүн ытыы-ытыы уһуктар, кимтэн эрэ куота сатыыр үһү. Мэлдьи «барбаппын» диэн хаһыытаан уһуктар буолбут. Туохтан ыалдьара биллибэтэҕэ. Ол курдук 7-8 күн буолаат, «куһаҕан буолбут» эрэ диэни истэн хаалбыппыт. Уолларын эмискэ сүтэрбит дьон ытыы-ытыы ааһалларын түннүгүнэн одуулаан хаалбытым. Бырысыапка кыракый хоруоп уонна дьоно... Дьулаан хартыына. Оттуу барарбытыгар ол кылабыыһа аттынан улаатыахпар диэри ааһарым. Доҕорбут көмүллүбүтүн кэннэ, ааһан иһэн кылабыыһа диэки хайыһа турарым. Онно саҥа дьон уҥуохтарын кытары соторутааҕыта аҕай биһигини кытары сүүрэ-көтө сылдьыбыт атаспыт сытара, хаартыската ыраахтан көстөрө – барыта оҕолуу санаабар баппатаҕа. Кини уҥуоҕугар сибэккилэр сыталларын, чааскыта-ньуоската ыраахтан килбэчийэн көстөрүн көрөн ааһар куһаҕана бэрдэ... Онно оонньоон кыранныбыт быһыылааҕа. Сэргэйдиин ол кэннэ кэпсэппэт буолан хаалбыппыт. Биирдэ көрсүбүппэр буруйдааҕын туһунан этэн аһарбыта. Буруйдаахпыт дуо биһиги? Дьон кэпсээнин Сардаҥа БОРИСОВА сурукка тистэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан