Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саҥыйахтаахха
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саҥыйахтаахха
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
12.09.2024 15:20
Киһи барахсан дьылҕатын бэйэтэ оҥостор. Ону сорохтор “Дьылҕа Хаан ыйааҕа диэн баар, онон олоҕуҥ суола-ииһэ барыта онтон тутулуктаах” дииллэр. Кырдьык, сөпкө этэр быһыылаахтар. Холобур, Киргиэлэй, “хоту дойду арамаантыката” дии-дии, Саҥыйахтаах курдук кый ыраах сиргэ тиргиллэн кэлбэтэҕэ буоллар, кэргэниттэн арахсыа этэ дуо? Суоҕа чахчы. Оо, ама да ааспытын иһин, кэргэнин кытта олус да тапсаллара. Аҕыйах хонукка да хомондьуруопкаҕа бардаҕына, ахтыһыы бөҕөтө буолаллара. Дьээбэтэ диэн, оччо ахтыспыт, ымсыырбыт-баҕарбыт кэргэнниилэр тоҕо эрэ долгутуулаах киэһэлэрин – утуйар кэмнэрин – бэриниилээхтик кэтэһэллэрэ. Дьиэҕэ ким да суоҕар баҕас эрдэ тоҕо таптаспаттара эбитэ буолла? Баҕар, “күнүс сырдыкка сиэкистиир астыга суох, ол кэриэтин киэһэ уоту умуруоран баран, борук-сорукка имэҥ-дьалыҥ кутаатын күөдьүтэр быдан ордук” диэн саныылларыттан эбитэ дуу? Сырдыкка, быыс-арыт булан, ыга куустуһан туран уураһан бардахтарына, кэргэнэ ис-иһиттэн тэттэн, мэктиэтигэр, бүтүннүү сап-салҕалас, хараҕыттан уу-хаар хачылыйан, субу охтон түһүөхчэ курдук буолан хаалара. Ол быыһыгар “тапталлаах оонньуурум ханна баарый?” диэт, тэбэнэттээх баҕайытык көрөөт, нарын сылаас тарбахтарынан били тугун сонно була охсон, бобо харбаан ылара. Оччоҕо эр бэрдэ тулуйарын ааһан, өрө көтөҕөн ылан ороҥҥо илдьээри гыннаҕына, кэргэнэ “киэһээҥҥэ диэри тулуйуох” диэн көрдөһөн ончу тыыттарбат буолара. Итинник гынан имэҥ-дьалыҥ уотун күөдьүтэр эниэргийэлэрин киэһээҥҥэ диэри харыстаан, хас эмэ төгүл күүһүрдэн биэрэр курдук сананаллара. Дьэ, билигин кэргэнэ атын киһини кытта төһө эрэ тапсан, күннээн-күөнэхтээн сылдьаахтыыр? “Орон үлэтигэр” Киргиэлэй сүрдээх хоһуун, “айымньылаах набаатар” курдук сананара да, ханна баарый – араҕыстахтара. Ол аата анараа киһитэ киниттэн быдан ордук эбит буоллаҕа. Олус табыллан олорор эбит буоллахтарына, Дьылҕа Хаан кинилэргэ бэртээхэй суолу ыйан биэрбит диэххэ сөп. Киргиэлэй, огдолуйбут олохтоох киһи быһыытынан, Саҥыйахтаахтан букатыннаахтык көһөн бараары улуус кииниттэн бөртөлүөт кэлэрин кэтэһэн олорбута. Табаарыһа Мэхээс, сылгыһыттар учаастактарыгар от тиэйэ сылдьан алдьаппыт тыраахтардарын өрөмүөннүү баран, быраһаайдаспакка да хаалбыта. Саргылаанатыныын бу дойдуга үөрэнэн хаалбыттар быһыылаах: Дьокуускайдыыр эҥин туһунан тыл аҥаарын да быктарбаттар. Киргиэлэй даҕаны манна хаалыан сөбө: үлэтигэр сирдэрбэтэҕэ, ким билиэй, баҕар, олохтоох хайа эрэ кыыһы кэргэн ылан, оҕолонон-урууланан быр бааччы олоруох этэ. Дьэ, ону бэйэтэ быһаарынан, Дьылҕа Хаан эҥин диэбэккэ, аны бу дойдуга хаһан кэлэр үһүө, букатыннаахтык айаннаан эрдэҕэ. Киин сиргэ кинини ким да күүппэтэр, син олоҕун булунаа ини. Ити курдук саныы олордоҕуна Саргылаана киирэн кэлбитэ уонна: – Кирииһэ, хаарыаны, айаннаан эрдэҕиҥ. Дьоллоох Дьокуускай куоракка тиийиэҥ буоллаҕа. Оттон биһиги үйэбитин манна моҥуурга тиийэбит, – диэн суҥхарбыта. Кырдьык, санаата олус түспүт көрүҥнээҕэ. Остуол анныгар турар эргэ олоппоһу ылан, Киргиэлэй аттыгар чугаһаан олорбута. – Ээ, кырдьык даҕаны, бу элэктэриичэскэй хобордоохпун таһааран биэриэм диэн баран, төрүт умнан кэбиспиппин. Өйдөбүнньүк буолуо дии. Хаһан эрэ биир дьиэҕэ олоро сылдьыбыттаахпыт диэн, баҕар, ахтан-санаан ааһыаҥ, – диэн баран, Киргиэлэй хобордооҕу сунуурун кытта салапаан суумкаҕа уган Саргылаанаҕа ууммута. – Ахтыам буоллаҕа дии, доҕоччуок, ахтымынабын, – эдэр дьахтар эр киһи модороон ытыһын ылан түөһүгэр сыһыарбыта. – Баччааҥҥа диэри төрүт да сэрэйээхтээбэтиҥ... Дьиҥэр, эн эрэ баар буолаҥҥын, төһө эмэ тэһийэн-тулуйан сылдьабын. Букатын эргиллибэттии бардаххына, хайдах буолар киһибиний? – диэн баран, аны ытамньыйыах курдук туттан, Киргиэлэйгэ ыга сыстыбыта. Киргиэлэй, хаһан да күүппэтэҕин истэн, улаханнык долгуйбута уонна онтун биллэрбэт буола сатыы-сатыы, Саргылаананы түөһүгэр эпсэри тардан кууспута. – Эн миэхэ бэйэҥ курдук уол оҕону оҥорон барарыҥ буоллар ньии... – дии-дии, дьахтар сапта түспүтэ. – Чэйиий... – Кэбиһиий, ол кэннэ Мэхээһи хайа сирэйбинэн таба көрүөмүй... Уоскуй, Саргылаана, тохтоо... – Уоскуйбаппын-хайаабаппын, истиэххин өссө баҕардаххына, табаарыһыҥ Мэхээс баһыыба эрэ диэх этэ. Кэл! – диэн баран, Киргиэлэйи илиититтэн ньылбы тардан туруорбута уонна кууспутунан ороҥҥо илпитэ. Ол кэннэ сонно кэриэтэ тиэрэ анньан түһэрэн баран, тохтоло суох сыллаан-уураан барбыта. Киргиэлэй, дьахтар баламата диэни хаһан да билбэтэх буолан, бастаан утаа тугу да гыммакка хаалбыта. Кырдьык, Саргылаана туруммута сүрдээх этэ: көрүөх бэтэрээ өттүнэ эр киһи таҥаһын (били, кус ытыытын саҕанааҕы курдук) ньылбырыта тыытан барбыта. Онуоха Киргиэлэй хайыан да булбакка, икки саар икки ардыгар баар буолан хаалбыта. Биир курдук өйдөөтөҕүнэ, Саргылаанаҕа олус ылларбыт эбит, бэл, түүлүгэр кытта таптаһара, иккис курдук санаатаҕына, сүрэ бэрдэ, төһөтүн да иһин, табаарыһын кэргэнэ буоллаҕа. Итинник саараҥныы сытан эдэр дьахтар ончу хамсаппат гына ылбытын уонна тулуйар кыаҕыттан тахсыбытын өйдөөбүтэ. Ис-иһиттэн ымсыырбыт-баҕарбыт дьахтар иттэнэ сытар эр киһиэхэ омуннаахтык түһүөлээн киирэн барбытыгар биирдэрэ сонно түллэх гыммыта да, кини эмиэ “һых” диэт, эт-этэ дьигиргээн, устунан налыйан хаалбыта. Балачча иһийэн сытан баран, Саргылаана төбөтүн Киргиэлэй түөһүгэр уурбута уонна эттиин-сиинниин чэпчээн, сымнаан сытар киһини кууһан, сыллаан-уураан махтанарын биллэрбитэ. Ымсыырбыт-баҕарбыт сирдэрин нарын тарбаҕынан таарыйталыырын быыһыгар: – Бүттэҕэ ити дии, үчүгэй баҕайы буолбат дуо, оттон эн тыытылла илик кыыс оҕо курдук дьирээлэһии бөҕө, – диэбитэ. Оттон Киргиэлэй, дьахтар омуннаах тапталыттан төһө да нуурайан-нусхайан сыттар, үлтү булкуллан хаалбыта. Кинини чугастык саныыр, ыарахан кэмигэр өйөбүл-тирэх буолбут табаарыһыттан тугу эрэ уорбут курдук санаммыта. * * * Онтон ыла хас да сыл ааспыта. Киргиэлэй кэргэннэнэн, оҕолонон куоракка нус бааччы олороро. Бастакы кэргэнин курдук уҥа-таала таптаспаталлар да, “эн – миэхэ, мин – эйиэхэ” диэн бириинсиптээх буруо-тараа унаардыбыттара. Түүҥҥү “эбээһинэстэрин” туох да саҥата суох тук курдук толороллоро, хайалара да “оннук гымматыҥ”, “маннык туохтуохха баара” диэн өрүкүнэйэн турбат, этии киллэрбэт этэ. Дьиҥэр, эр киһи, Киргиэлэй, фантазията баһаам этэ да, “аны өһүргэтэн кэбиһиэм” диэн, “түүҥҥү дьарыктан” астымматар да, саҥата суох аһаран иһэрэ. Билиҥҥи кэргэнин бастакытыгар ырааҕынан тириэрдибэт этэ. Анарааҥҥыта хайа да түгэҥҥэ күөдьүйэн-сириэдийэн кэлэринэн, ама, кимиэхэ тэҥнэһиэй?! Ол эрээри атын киһиэхэ иирэн барбытын санаатаҕына, тымныы уунан сирэйгэ ыстарбыт курдук буолан хаалара: били ымсыырбыта-баҕарбыта сонно кэриэтэ симэлийэрэ. Саргылаананы кытта Саҥыйахтаахха бөртөлүөт кэтэһэн олорон таптаспытын олох бэҕэһээҥҥи курдук саныыра. Дьиҥэр, ол күн эбиэккэ диэри үстэ таптаспыттара. Бастаан дьахтар өмүтүннэрэн аҥаардастыы “дьаһайбыт” эбит буоллаҕына, иккис, үһүс “түһүмэхтэргэ” бэйэ бодотун тардынан (кэрээниттэн да тахсан) Киргиэлэй дьиҥнээх эр бэрдэ буолбута, кыырт буолан көппүтэ... Хата, кэргэнин кытта сытан Киргиэлэй кэлиҥҥинэн Саргылаананы саныыра чаастатыйбыта. Саҥыйахтааҕар баара эбитэ дуу, хайдах эрэ олороллор? “Дьокуускайга главпочтамт, до востребования суруйаар” диэбитэ да, баччааҥҥа диэри туох да биллибэтэҕэ. Ол да буоллар, санаан кэллэҕинэ, онно тиийэн туоһулаһарын тохтото илигэ. Биирдэ, дьэ, күүтүүлээх суруга кэлэн үөрдүбүтэ, долгуппута даҕаны. Саргылаана сол Саҥыйахтааҕар баар үһү эрээри, үксүгэр сылгыһыттар учаастактарыгар олорор эбит. Табаарыһа Мэхээс былырыын быарынан ыалдьан өлбүт. “Кэлиҥҥинэн арыгыга улаханнык ылларан эрдэлээтэ” диэн суруйбут. Өссө “саас кустуу кэлбэккин дуо?” диэбит. “Билигин да саныыр эбит! Кырдьык даҕаны, быйыл уоппускам айана төлөнөр эбээт! Бардахха сатаныыһы” диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Уот ыстаммытыныы, Киргиэлэй сып-сап хомунан кэргэнигэр: “Саҥыйахтаахтан Сиидэрэп Саргылаан диэн табаарыһым кустуу кэл диэн ыҥырбыт”, – диэбитэ. Биир булуок ботуруоннаах, саатын чохуолугар укпут киһи Уһук Хоту көтөн кыырайа турбута. Киргиэлэй табыллыах быатыгар, улуус кииниттэн сылгыһыттар учаастактарыгар бөртөлүөт көппүтэ. Кустуу кэлбит кини эрэ буолбатах этэ: элбэх маллаах куораттан кэлбит дьону биир оччо тэриллээх олохтоох салалта бэрэстэбиитэллэрэ көрсөн, эрдэттэн бэлэмнэммит сирдэригэр чуо тиийбиттэрэ. Арай Киргиэлэй көрдөҕүнэ, маҥан аттаах хайа эрэ киһи бөртөлүөттэн тахсан эрэр дьону одуулуура. Саргылаана! Оо, уларыйбытыан! Хайдах эрэ тыйыс көрүҥнэнэн, эр киһилии быһыыланан хаалбыт. Утары хааман кэлэн, дьыалабыай соҕустук илиитин биэрэн дорооболоспута, ол эрээри, Киргиэлэй өйдөөн көрдөҕүнэ, эдэр дьахтар хараҕар үөрүү, долгуйуу, киниттэн туох эрэ кэрэни, дьиктини эрэйии биллэрэ. Күрүө таһыгар өссө биир ат баайыллан турара: Саргылаана икки аттаах кэлбит эбит. Бөртөлүөтү көрсөөччү аҕыйах буолан уонна куораттан кэлбит тойоттору көрсөр түбүктэн ордубакка, ким даҕаны Киргиэлэйгэ болҕомтотун уурбатаҕа. Инньэ гынан, ыйытан ыаспыйалаһар киһи суох буолан, Саргылааналаах Киргиэлэй аттарын миинэн чаас курдугунан учаастактарыгар кэлбиттэрэ. Күөлтэн чугас талах саҕатыгар үүтээн турара. Аттыгар, анал маска, хас да уһун чороҕой, сап илим ыйаммыт. Үүтээҥҥэ киирэн, аны биһигини ким да көрбөт диэбиттии, киксибит курдук, ыга куустуһан баран өөр да өр уураспыттара. Иккиэн даҕаны ахтыспыттара сүрдээх этэ. Тас соннорун илгэн кэбиһээт, таба тэллэхтээх наараҕа куустуспутунан сытынан кэбиспиттэрэ уонна өрүтэ тыыммахтыылларын быыһыгар уйан сирдэрин таарыйсан, күөдьүйэн кэлэ-кэлэ, ыксалаһыах курдук буолан барбыттара. Онтон эмискэ тугунан эрэ тэһэ кэйдэрбиттии, Саргылаана дьигис гыммыта уонна сонно моонньуттан кууһан ылаат, “киэһээҥҥэ диэри тулуйуох” диэн сибигинэйбитэ. Дьахтар ити саҥатын истээт, Киргиэлэй быдан өрдөөҕүнү – бастакы кэргэнин саҕанааҕы кэми – өйдөөн кэлбитэ. Ол санаатыттан өссө ордук көҕүйэн, ол хаһан киэһэ буоларын кэтэһиэ баара дуо – сонно түүрэ харбаан ылан, мөҕүһүннэрбитинэн, сыгынньахтаан киирэн барбыта. Дьахтар маҥнай сөбүлэнимиэх, өссө утарылаһыах да курдук буолан иһэн, даамын биэрэн, налыс гынан хаалбыта уонна, били, таласханнаах чаастара бу тиийэн кэлбитин билбиччэ, бүүс-бүтүннүү бэринэн, иһийэн хаалбыта... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан