Кэпсээ
Войти Регистрация

Сылгыһыт уол

Главная / Кэпсээн арааһа / Сылгыһыт уол

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
12.09.2024 15:14
   Киһи дьылҕата араас. Ким эрэ уһуннук олорор, ким эрэ сотору соҕус анараа дойдуга аттанар. Киһи олоҕор буолуохтаах түгэни бэйэтэ быһа этэн кэбиһэр быһыылаах.        Ванялаах Шура дьоллоох Дьокуускай куоракка билсибиттэрэ. Кыыс устудьуоннуура. Уол куорат таһынааҕы нэһилиэккэ сылгыһыттыыра. Билсибиттэрин үһүс сылыгар ыал буолалларын туоһулуур уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Кыыс дойдута улуус саамай ыраах сытар нэһилиэгэ этэ, олус бултааҕа-алтааҕа. Ваня аҕа кыннын кытта бултаан-алтаан ол дойдуну олус сөбүлээбитэ. Нэһилиэккэ ыраах сылгы базатыгар сылгыһыт миэстэтэ баарын истэн, уол онно үлэлии киирэргэ санаммыта. Аҕа кынна аах да утарбатахтара. Арай уол аҕата: “Туох гынаары оччо ыраах бараҕын, манна да дьиэ-уот тэринэн олоруох этигит буоллаҕа”, – диэбитигэр Ваня хап-сабар: “Суох барабын. Тыаҕа тиийэн сытыллыа, бултуом-алтыам турдаҕа”, – диэн эппиэттээбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Аҕа тугу да саҥарбатаҕа.   Сааһыары Ваня сылгыһыт үөлээннээхтэрин кытта базаҕа тахсыспыта. Маҥнайгы үс күҥҥэ сири-уоту аһатар сыаллаах-соруктаах тэрээһиннэр буолбуттара эрээри, кыыс дьоно уолга сири аһатарга диэни биэрэн ыыппатахтар этэ. Киин сир уола онно болҕомто уурбатаҕа эрээри, олохтоох уолаттар сөбүлээбэтэхтэрэ. Кус кэмэ буолан, бары онно умса-төннө түспүттэрэ. Базаларыттан син балачча ыраах алмаас көрдөөччүлэр бааллара, динамиты эһэр тыастара дөрүн-дөрүн этиҥ тыаһын курдук лүһүгүрүүрэ. Ваня бэркэ диэн бултуйбута, хааһы кытта суулларан түһэрбитэ. Дьэ, кырдьык, кус аймах элбэҕэ. Омуннаан эттэххэ, көттөхтөрүнэ, халлаан хараҥарарга дылы буолара. Кустаан бүтэн, уонча куул булду дьонноругар ыыппыттара.    600-чэкэҕэ тиийэр сыспай сиэллээхтэрин көрүү-истии, төһө төрүөх баарын ааҕыы саҕаламмыта. Биир күн Ваня соҕотоҕун сылгыларын көрө-истэ барбыта. Миҥэтэ саҥа айааһаммыт соноҕос буолан, дохсунун ааһан сиргэмтэх этэ. Сиэлэн дьоруолатан истэҕинэ, эмэҕирэн турар тиит тостон түһэр тыаһыттан соһуйан, көнө бырасыаканы тутуспакка, ычыкын диэки ыстанан кэбиспитэ. Туора турар мас аннынан субурус гыммытыгар уол ол мастан иҥнэн хаалан хаалбыта. Хата, дьолго, тугун да улаханнык өлөрбөтөҕө. Ол дойду айылҕата ураты буолан, саҥа киһи мунаарара ханна барыай? Бииртэн биир түбэлэри ааһан, арыыларга киирэн, устунан муммута. Муммутун иккис күнүгэр алмаас баарын-суоҕун быһаарааччылар учаастактарын түбэһэ хаампыта. Уол, хата, дьонноох сири буллум быһыылаах дии санаан үөрбүтэ эрээри, ол быстах эрэ этэ. Кини билигин аҕай сири тоҕо сүргэйиэхтээх динамит эстээри турар учаастагынан хааман иһэрин хантан билиэй? Уол баахтабай бөһүөлэк манан буолуохтааҕа буолуо диэн, үлүбүөй баран испитэ. Уолу биир киһи ыраахтан көрөөт, динамиты эһиэхтээх киһиэхэ хаһыытаан, далбаатаан этэ сатаабыта даҕаны, тыала-кууһа бэрт буолан, анарааҥҥыта кыайан истибэккэ кунуопканы баттаан кэбиспитэ. Ону кытта сылгыһыт уол хааман иһэр учаастагынан сир өрө сүгүллэ түспүтэ. Биир киһи дьылҕата быһыннаҕа ол. Уол кырамтатын да булбатахтара. Салгыҥҥа симэлийбит курдуга. Уол аҕата ыар сонуну истэн баран: “Дьэ, буолар да эбит. Оҕом «тыаҕа тиийэн сытыллыа» диэн сөпкө да биттэммит. Кырдьык, түҥ тайҕаҕа сүтэр, баҕатын хоту ойуурга сытар дьылҕалаах эбит”, – диэн саҥа аллайаахтаабыта.   (Дьиҥнээх олоххо буолбуттан.) Тарҕат:
kyym.ru сайтан