Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оччолорго
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оччолорго
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
05.09.2024 15:02
Болкуоммуттан ыалым дьахтар биир обургу уолун кытта оптуобус тохтобулун диэки сиэттиспитинэн баран эрэллэрин көрдүм. Сахалыы ырбаахытын сайбаарыччы кэппитэ (урут итинник таҥаһы кэппитин төрүт өйдөөбөппүн), олус дьоһуннаах көрүҥнэммит. Хап-хара хойуу баттаҕын хороччу соҕус моһуоннаан бүрүчүөскэ оҥорторбута инньэ алта уонус сыллардааҕыны санатар. Оҕото аныгы муода сиэринэн үрүсээк дуомнаах. Тэскэйбититтэн сэрэйдэххэ, өйүөлэрэ эбит быһыылаах. Туох да мунаах суох – ыһыахтыы баран эрэллэр. Мин, урут ыһыах диэн баран, хайдах да буолуохпун билбэт омуннаах эристиин, куорат ыһыаҕа диэннэригэр барбатаҕым син балай эмэ буолла. Ол, арааһа, сааһыраммын, өҥүрүк куйааска оптуобуска симиллэн, хас эмэ чааһы быһа быт хаамыытынан айаннаан сыннарарбын абааһы көрөрбүттэн быһыылаах. Саатар, сиһим быстан хаалан, төҥкөҥнүүр, сэниэлээхтик хамсанар диэн мэлиһээй. Оннук киһи оптуобуска сахсылыннахпына, туох аанньа буолар үһүбүнүй. Аныгы оҕонньордоро, силигин ситэрэн, саатар, массыыналаах баҕас буоллаҕым үһү дуу. Орто дойдуга иккистээн төрөөтөхпүнэ, массыынаны ыытар тойооску буолабын эрэ, суох эрэ? Ыһыахтара даҕаны наар биир халыыбынан ыытыллар курдук саныыбын: аһыллыытын саҕана түрүбүүнэ ыы-быччары киһи, ону даҕаны хас эмэ чааһы быһа айаннаан баттаһан киирдэххинэ (хаста да хойутаан хаалан, бэлииссийэлэр киллэрбэккэ сордообуттаахтар), өссө онно киирэн олоруоҥ баара дуу – тоҥ күөс быстыҥа турдаҕыҥ ол. Биллэр-көстөр тойон дуу, туох дуу буоллаххына, баҕар, “манна кэлэн олороргор көрдөһөбүт” диэн, сахалыы таҥастаах эдэр дьон (эрдэттэн анаммыт дьуһуурунайдар) бастыҥ миэстэҕэ – үөһээ эрээккэ – сирдээн илдьиэхтэрэ. Ону баара, үйэм тухары төһө да үлэлээн тиргилиннэрбин, муҥутаан уонча сыл оскуола дириэктэрэ эрэ буолбуттаахпын. Син араас үлэҕэ сырыттым даҕаны, тойон дуоһунаһыгар чарапчыланан да көрбөтүм. Билигин олорон санаатахпына, “чоху – чохуга, баҕа – баҕаҕа” дииллэрэ сөп быһыылаах: мин курдук муҥнаах муннугу-ханныгы кэйэ эрэ сылдьар аналлааҕа чахчы курдук. Чэ, ити хааллын. Ыһыахтаммат, онон бүтэр. Хата, эдьиийим эмээхсиҥҥэ – Мэкиэрэҕэ – көмөлөһө даачаҕа барыыһыбын. Бука, үһүс кылааһы бүтэрбит төрөлкөй сиэнэ Уруустугун кытта үүнээйитин көрө-истэ, тугу эмэ гыммыта буолан түбүгүрэ сырыттаҕа. Ол эрээри аныгы кэм оҕото буолан, ол Уруустук эбэтин тылын соччо истигэннээбэт үһү. Кыһытаары, сахалыы саараама саҥарбат: куоракка саха тыллаах дьыссаат, оскуола тарбахха баттанарын кэннэ хайыаҥ баарай. Үнүр эбэтэ “көмөлөс, ити кыра бөтүөнү ылан помудуорга уута кут” диэбитин мас-таас курдук аккаастаан кэбиспит, эбиитин “мин даачам буолбатах” диэбит үһү бу сыакаар. Өссө сөрүүн дьиэҕэ хорҕойо сытан планшетынан оонньуурун быыһыгар эбэтин үөрэтэрдээх эбит: “Тоҕо үлэлээн эрэйдэнэҕин, миигин да эрэйдиигин. Ырыынакка хортуоппуй, помудуор, оҕурсу толору буолбат дуо, онтон атыылаһыаххын”, – диэн. Дьэ уонна сиэннэнэн абыран. * * * Үһүс кылааһы бүтэрбит сайыммар (оруобуна ити Уруустук саҕа сылдьан) аан бастаан хотуур тутан сабыах-ибиэх дайбаабыттаахпын. Онно аҕалаах ийэм “көр эрэ, Мииккэбит обургу хотуурдьут бэрдэ буолсу, суолун көрбөккүт дуо, хайдах курдук ырааһый” диэн хайҕаабыттарын өйдүүбүн. Оччо хотуурдьут аатырбыт киһи дьоммун кытта алта биэрэстэлээх сиргэ оттоһо барар буолбутум. Ол эрээри сылаам таайан, ардыгар өрөөн хааларым, инньэ гынан үс аҥаар сыл аҕа убайбыттан сүрэҕэ суох аатыран мөҕүллэрим. Хортуоска үүннэрэр буолабыт добуочча киэҥэ. Дьэ, баччаларга ардах түстэ да, сарсыныгар, буор куура-хата илигинэ, ким – тээпкэнэн, ким күрдьэҕинэн ол көмүүтэ буоларбыт. Биир эмэ оҕо сүрэҕэлдьээбитин төрүт өйдөөбөппүн. Итинник үлэҕэ турардыын-турбаттыын түөрэ бары көхтөөхтүк кыттарбыт. Тоҕо эбитэ буолла, хоноһолорбут (баар буоллахтарына) эмиэ ким да көрдөспөтөҕүн үрдүнэн кэпсэл-ипсэл буолан тэҥҥэ кэриэтэ үлэлэһэллэрэ. Хата, ол ордук тартарыылааҕа. Ол саҕана эбитэ дуу, арыый кэлин эбитэ дуу – биһиэхэ Маайыс диэн бэтэринээр кыыс олоро сылдьыбыта. Кэлин эбит: бороохтуйбут кэмим этэ. Билигин, сааһыран да олороммун, Маайыс биһиэхэ ийэбинэн эбэтэр аҕабынан уруубут буоларын төрүт билбэппин. Төрөппүттэрим тыыннаахтарына ону ыйытар диэн суох эбиппин. Ол сахха биһиги дьиэбитигэр бэрт кылгас кэмҥэ даҕаны олорон барар дьон син бааллара. Арааһа, оччолорго саха ыала үксэ да оннук олохтооҕо буолуо. Бу үөрэҕин саҥардыы бүтэрбит эдэр исписэлииһи нэһилиэк бас-көс дьоно ийэлээх аҕабыт аахха “арыый кэҥэс дьиэлээххит, онон дьукаах гыныҥ” да диэбит буолуохтарын сөп. Ону, аны кэлэн, миэхэ ким кэпсиэй. Арай өйдөөн хаалбытым диэн, Маайыһы кытары биир хоско утуйарбыт. Кини – түннүк таһыгар турар тимир ороҥҥо, оттон мин – халааҥка оһохтон арыый тэйиччи ороҥҥо. Утуйар саҕана мин үөрүйэх баҕайытык сыгынньахтана охсон, ийэм тикпит кип-киэҥ сатыын туруусугун, омуннаан эттэххэ, түөһүм тылыгар диэри тардынан кэбиһээт, суорҕаммар дьылыс гынан хааларым. Маайыс, оҕорҕото санаан буолуо, миигиттэн төрүт кыбыстыбакка, олорон эрэ аа-дьуо сыгынньахтанара. Маҥнай бээсиҥкэтин дуу, ырбаахытын дуу устан оронун таһыгар өйөнөрдөөх мас устуулга ыйыыра, онтон ыстаанын устан уурара, ол кэнниттэн чулкутун хатайдаан устуул аннын булларара. Мин чулкутун туттарар оруосабай эрэһиинэтин ымсыыра көрөрүм. Тоҕо диэтэххэ, табаарыһым Туллук оруобуна итинник өҥнөөх эрэһиинэни эбэтиттэн “кып” гыннаран, онтон сыыйан ылан илии арагаайката оҥостор буолара. Онтуттан миэхэ эмиэ бэрсэрэ. Дьэ уонна кылаас саамай кэнники эрээтигэр олорон кыргыттары “ытыалаан” сыбырҕатарбыт, оттон бэрэмиэнэҕэ уолаттары кытары “сэриилэһэн” ыраатарбыт. “Бэйи, хаһан эрэ Маайыстан ити эрэһиинэтин (киниэхэ оннук хас да эрэһиинэ баара) көрдөһүөм, үчүгэйдик көрдөстөххө, ама, биэрбэт үһүө”, – дии саныырым. * * * Биирдэ дьонум аах миигин Маайыс атыгар мэҥэһиннэрэн абаҕабыт аахха, биир көстөөх учаастакка, көҥүллээн ыыттылар. Оҕонньорго кэһии гынарга “Московская особая водка” диэн биир бытыылка буокканы үрүсээккэ Маайыс малын кытта холбуу уктулар. Чаастан ордук айаннаан, ахтабын дэлби аалларан, кэһэйэ сыһан, син этэҥҥэ абаҕам ааҕы буллубут. Бэтэринээр кэлиэхтээх диэн эрдэттэн билбит буолан, абаҕам борооскутун аттатаары бэлэмнээн туруорар эбит. Чэйдээн бүтэн, бары таһырдьа куккураһан таҕыстыбыт. Маайыс борооскуну хатыһынан үөрүйэх баҕайытык баайаат, сымнаҕас баҕайытык сууллары тардан түһэрдэ уонна ол-бу тэрилин биир-биир хостоон таһаарда. Борооску күтүр баҕайытык үрүҥүнэн-харанан көрүтэлиирин быыһыгар “буус” гына тыынар, оттон мин бэтэринээр кыыс тээһэҥкэни хайытан ороон таһаарбыт икки сымыытын дьулайа көрөбүн. Аттаатаҕа ити. Бу туран ыаллыы нэһилиэккэ буолбут биир түбэлтэни санаан кэллим. Онно икки эр киһи арыгылаан баран, хайа эрэ дьахтартан сылтаан иирсибиттэр, устунан охсуһан турбуттар, ол биликтэһэ сылдьан биирдэрэ этэрбэһин оһуттан быһаҕын ороон таһааран үрдүгэр хам баттыы сытааччыны аллараа диэкинэн супту аспыт. Ол киһи быһаҕынан тээһэҥкэҕэ астарбытын оройуон киинигэр эпэрээссийэлээбиттэр этэ. Онтон ыла ол киһиэхэ “Аттаммыт” диэн аат иҥмит. Киэһэлик дьоммут улахан иһиккэ, мин көрдөхпүнэ, таҥас сууйар тааска, ыргыччы эт буһардылар. Кэлин билбитим, абаҕам аах күөстэрин наар ити иһиккэ өрөллөр эбит. Туруорбах балаҕаннара адьас былыргылыы моһуоннаах: көмүлүөк оһох баар, эркин устата икки уп-уһун мас орон турар, ол аттыгар төгүрүк остуоллаахтар. Эттэрэ илдьи буспут буолан, сииргэ сымнаҕаһа сүрдээх, быһах да наадата суох курдук. Абаҕам барыбытыгар кырыылаах үрүүмкэлэргэ били “кэһиибититтэн” кутта уонна оһоҕор тиийэн, тугу эрэ ботугураан баран куппута өс киирбэх күлүбүс гынна. – Чэйиҥ, оҕолор, “нуучча хараҕын уутун” сүүп гыннаран кэбиһиэҕиҥ, – диэн “охсуһуннаран” баран, абаҕам сонно хантатан кэбистэ. Саҥаһым эмээхсин утаҕы иһэр курдук, аһыырҕаппакка ыйырбахтаата, онтон ырбаахытын сиэҕинэн уоһун сотунна. Маайыс, дьонтон хаалсымаары, биирдэ түһэрэн кэбиһэн, чачайа сыста, хараҕыттан уу-хаар баста. Бэл, абаҕам адаарыйан туран көхсүн таптайбахтаата. Мин чэйи иһэр курдук сыпсырыйааччы буолбутум – хабархайа сүрдээх “ас” буолан биэрдэ. Ол эрээри син хаста да оннук сыпсырыйан үрүүмкэбин бүтэрдим. Дьонум арааһы кэпсэтэллэрин эт сии олорон истэбин. Абаҕам, дьүлэй буолан, Маайыһы кытта кэпсэтэригэр сүрдээх улахан баҕайытык көбдьөөрөр. Биирдэрэ сирэйэ чоххо баттаабыт курдук, тэтэрбит аҕай, уолугун тимэҕин төлөрүтэн кэбиспитэ мин көрүүбэр, мэктиэтигэр, онтон үчүгэй баҕайы сыттаах паар тахсарга дылы. Саҥаһым эмээхсин ол кэпсэтэллэрин истэ-истэ, сэргээбитин биллэрэн сотору-сотору “ама дуу” дэтэлиир. Мин, ол испит үрүүмкэбиттэн холуочуйа быһыытыйаммын, эмиэ тугу эрэ кэпсиэх-ипсиэх санаам киирэр да, өтөрүнэн ким да кэрэхсиэх быһыыта биллибэт. Хата, ол олорон тоҕо эрэ Маайыһы кууһуохпун, сүүһүттэн (ийэм иэйбит кэмигэр миигин сыллыырын курдук) сыллыахпын баҕарталыыбын. Дьэ, бу олорон биһиги дьукаахпыт бэтэринээр кыыс кэрэ да дьүһүннээҕин бэлиэтии көрдүм. Аһаан бүппүппүт кэннэ, саҥаһым остуол улаҕатынааҕы мас ороҥҥо биһиэхэ таҥас бэлэмнээтэ. Биир сыттыгы орон аҥаар баһыгар уурбутун Маайыс ылан сэргэстэһиннэри ууран кэбистэ. Ол аата ийэлээх аҕам курдук хоонньоһон утуйар буоллахпыт! Абаҕам аах атахтаһан сыталлар эбит. Көрдөхпүнэ, саҥаһым уҥуоҕунан мин эрэ саҕа, онон атахтара таарыйсыбаттар да быһыылаах. Дьиэлээхтэр сытаат да, муннуларын тыаһа “муораҕа” тиийдэ – биир кэм бырылатыы, ол быыһыгар абаҕам быһыылаах, дөрүн-дөрүн “баһырҕатар”. Итиикэтэ сүрдээх, халыҥ ис ырбаахыбын сыттыгым анныгар уктубутум, соҕотоҕум эбитэ буоллар, били киэҥ туруусукпун кытта устуох эбиппин. Маайыс түөһүн хаххалыыр “куйах” таҥаһын, ону кытта чараас ис ырбаахытын устан, сип-синньигэс “лаастачыка” туруусугунан эрэ сытар. Суорҕаммытын саптыбаппыт. Мин, хам-түм ийэм остуоруйатын истэр инниттэн, оронугар тиийэн, муҥутаан атахтаһан сытар киһи, ийэбиттэн быдан балыс, эдьиийбиттэн лаппа аҕа дьахтары кытары сытарбыттан хайдах эрэ долгуйабын. Маайыс эдьиийим курдук миигин “атаҕыҥ тыҥыраҕын кырымматаххын, кирдээххин” диэн сиргэммитин, сөбүлээбэтин биллэрбэт, хата, сүүспүттэн сыллаан, имэрийэн сүрдээх атын эйгэҕэ сиэтэн илдьэр курдук... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан