Кэпсээ
Войти
Регистрация
Суолбун ыйан биэрбитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Суолбун ыйан биэрбитэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
05.09.2024 15:00
Саас куска табаарыспыныын чугас эргин сылдьыбыппыт. Биир күн массыынабыт алдьанан, дэриэбинэҕэ тыраахтар көрдүү барар буолбуппут. Киһим «манан – быһалыы» диэн, тыа кэтэҕинэн суолу ыйбыта. Мин «сиһи быһа түстэххэ, суолга түргэнник тахсабын» диэн, иннибин биэрбэккэ, иккиэн икки аҥыы барбыппыт. Сааскы айылҕа үчүгэйэ сүрдээх. Былыргы ыллык суолунан инним хоту түһүнэн кэбиспитим. Балай да хаампытым кэннэ арай тыаттан утары ат тахсан кэлбитэ. Дьиктитэ диэн, ыһыахха курдук симэммит: үүннээх, чаппараахтаах, күндү ыҥыырдаах. Ол гынан баран – киһитэ суох. Айылҕа саҥа уһуктан, ыһыах буолуо эрдэ этэ. Мин соһуйан, даллайан турар кэммэр атым аттыбынан кылырдаан ааһа турбута. Онтон дьэ өй ылан, өтүүтүттэн тутаары эккирэтэн көрбүтүм. Атым көрөргө бытааннык хаамар курдуга да, ончу ситтэрбэтэҕэ. Киһи эккирэтэриттэн сүүрэн да хаалыан сөп буоллаҕа. Аны өссө соһуйуом иһин, суолтан туораан титириктэрдээх сиринэн ааһарыгар биир да мас хамсаан да көрбөтөҕө... Онтон өйдөнөн көрбүтүм – массыынабытын хаалларбыт сирбэр төннөн кэлбит этим. Уолум хайыы үйэ дьону булан, массыынаны оруур түбүгэр сылдьаллара. Мин сыыһа суолунан барбыппын. Мунан, мучумааны таһаарыах, уһаан-тэнийэн, дьоммун моһуоктуох киһини ити былыргылыы симэммит саха ата суолбар киллэрбит быһыылаах. Роман, Чурапчы. Эбэм өлөрүн билбитэ Бу санаатахха, эбэм барахсан өлөр ыарыытыгар охтубут эбит. Бэрт тэтиэнэхтик сылдьыбыт киһи биир күн сытынан кэбиспитэ. Саҥа төрөөн, дьиэттэн тахсыбакка оҕобун кытта күнү быһа бодьуустаһар буоламмын, биир дэриэбинэҕэ олорон, эбэбин көрсүбэккэ сылдьыбытым. Халлаан тымныыта да бэрт этэ. Ийэм аах бииргэ төрөөбүт онуо буолан, ыарыылыыр, көрөр-истэр киһи элбэҕэ. Халлаан сылыйыыта биир күн оҕобун илдьэ эбэбин көрсө барарга быһаарыммытым. Дэриэбинэбит балачча улахан. Эбэм аах кииҥҥэ олорор буоллахтарына, биһиги кытыытыгар, балачча ыраах олорорбут. Онон убайбын ыҥыртаран, массыынанан тиийбиппит. Эбэбэр хос сиэнин көрдөрөн үөрдэр санаалааҕым. Хоско бастаан бэйэм киирбитим. Эбэм дьүдьэйэн, кубарыйан сытара. Миигин көрөөт, олус үөрбүтэ. Ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, оҕобун киллэрбитим. Ити эрэ иннинэ эдьиийдэригэр, убайдарыгар атыҥыраабакка көтөхтөрө сылдьыбыт оҕом эбэм таһыгар олорооппутун кытта ким эрэ кымаахтаабытын дуу, таһыйбытын дуу курдук, өрө сарылыы түспүтэ. Устунан иэрийэ-иэрийэ ытаан барбыта. Эбэм, оҕону аралдьытаары, аттыгар турар чааскыга ньуосканы охсон саатата сатаахтаабыта. Оҕом уоскуйбатаҕа. Онуоха эбэм: «Пахай, уһаабат буолбуппун...»– диэбитэ уонна хараҕа ууланан, дьиэ үрдүн көрө хаалбыта. Хостон тахсан да баран, оҕом саараама уоскуйбатаҕа. Массыынабытын төттөрү ыҥыран дьиэлээбиппит. «Оҕо өлүүнү биттэнэн ытыыр. Тоҕо илдьэҕин?» диэн кэлин ыалым дьахтар мөхпүтэ. Эбэбин кытта ити тиһэх көрсүһүүм эбит этэ. Өйүүнүгэр күндү киһим тыына быстыбыта. Онон, төһө да эдэр буолларбын, уһугулаан сытар киһиэхэ оҕону көрдөрөр наадата суоҕун оччолорго бигэтик өйдөөбүтүм. Вера, Нам. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан