Кэпсээ
Войти Регистрация

Доҕотторум мүччүргэннээх сырыылара

Главная / Кэпсээн арааһа / Доҕотторум мүччүргэннээх сырыылара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.08.2024 15:00
   Мин Эдьигээҥҥэ өр олорбут, үлэлээбит буоламмын, ол дойдуга үгүс киһини кытта билсибитим, бииргэ алтыһан, доҕордоспутум. Бүгүн «Кыым» хаһыат ааҕааччыларыгар ордук чугастык алтыспыт доҕотторум, бииргэ сылдьан бултаабыт табаарыстарым, хоту дойду хоһуун уолаттара Бүөтүр Ыстапаанап уонна Баһылай Сэмэкиэп мүччүргэннээх сырыыларыттан быһа тардан кэпсиэхпин баҕарабын.      Уолаттар иккиэн үтүктүспүт курдук, хоту дойду дьон сиэринэн, олус сэмэйдэр. Хаһан даҕаны бэйэлэрин тустарынан кэпсэнэ-испэнэ, киһиргэнэ сылдьыбат идэлээхтэр. Дьиҥэр, кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн сырыы бөҕөтүн сылдьан төһөлөөх булду-балыгы сууһарбыттарын ааҕан сиппэккин. Бука, бэйэлэрэ да билбэттэрэ буолуо уонна ону ким учуоттаабыта баарай.    Эдьигээҥҥэ, ханна да буоларын курдук, бэйэлэрин кэмнэригэр сырыыны сыл­дьыбыт, булт бастыҥын суу­һар­быт сорсуннаах, сатабыл­лаах булчуттар элбэхтэр. Ол да буоллар мин бу, дьон биһи­рэ­билин, ытыктабылын ылыахтарын ылбыт уолаттары, бүгүн ордук чорботон бэлиэтиибит. Кинилэр мүччүргэннээх сырыыларын туһунан номохтор Эдьигээҥҥэ эрэ буолбакка, киэҥ нэлэмэн Өлөөн, буурҕа­лаах Булуҥ сирдэригэр кытта кэпсэнэллэр. Дэлэҕэ олохтоох атын булчуттар миигин көрүс­тэхтэринэ «эн, сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэҕэ суох киһи, ити улуу дьону кытары хайдах тэҥҥэ сылдьыһаҕыный» диэн бэркиһээн ыйытыахтара дуо? Оннук түгэҥҥэ мин киэн туттан туран «мин дойдубар уруккута эмиэ улуу булчут Баачаан уола этим буоллаҕа» диэн күллэрээччибин.    Чэ, уһуну-киэҥи этэ-тыына барбакка, кэпсээммэр киириим.   Аһаҕас халлаан анныгар      Биирдэ аҕыс уонус сыллар саҕаланыырыгар Бүөтүрдээх Бааска Өлөөн сиригэр кыыл таба ытыытыгар сылдьыбыттар. Оччолорго кинилэр отуччалаахтар эрэ, күөгэйэр күннэригэр сылдьар кэмнэрэ.    Олунньу ый бүтэ илик буолан, улахан тымныы өссө да намырыы илик кэмэ. Онон сарсыардааҥҥы дьыбарга уонна түүнүн 45-50 кыраадыска тиийэ тымныйталыыр күннэрэ турбуттар.    Арай биир күн табалыы сылдьан уолаттар «Бурааннара» алдьанан дуу, бэнсииннэрэ бүтэн дуу, аһаҕас халлаан анныгар туос сатыы туран хаалбыттар уонна тэҥнэһиэхтэрэ дуо, дьон баар сирин булаары суола-ииһэ суох сиринэн, тоҥуу хаары кэһэн, ыраах айаҥҥа туруммуттар.    Өлөөн улууһа Сахабыт сиригэр саамай киэҥ сирдээх-уоттаах уонна аҕыйах нэһи­лиэнньэлээх улууһунан биллэр. Үс бөһүөлэктээх эрээри, тай­ҕаҕа-тыаҕа сырыттахха, олорго киһи санаатаҕын аайы тиийбэт, кый бырах тураллар. Онон уолаттар табалаах киһи эбэтэр «Бурааннаах» булчут суолугар таба тайанар санаалаах, биир хайысханы тутуһан барбыттар.    Хоту дойду хаара халыҥа, эбиитин аһаҕас сирдэригэр тибии типпитэ, улахан моһуоктары үөскэппит. Бүөтүрдээх Бааска букатын самахтарыгар диэри тоҥуу хаары оймоон, тоҕу солоон барарга күһэллибиттэр. Уһун сири хаамыахтаахтарын эрдэттэн сэрэйэр буоланнар, олох утуйуо, хаары сиэ суохтаахпын диэн сүбэлэспиттэр. Кырдьык, итинник түгэҥҥэ олох сылайан, эстэн иһэн, сытан утуйдуҥ да, үргүлдьү уһук­тубаттыы бараҕын. Мин өр кэмҥэ милииссийэҕэ үлэлээбит буоламмын, оннук түбэлтэҕэ элбэхтик түбэспитим. Быстаран, тымныыга охтон хаалбыт дьон бары кэриэтэ таҥастарын уста, сыгынньахтана сатаабыт буолааччылар. Оттон хаары сиэтэххинэ, сүһүөххэр оҕус­та­ран, начаас эстэр аакка ба­раҕын. Дьэ, ол иһин уолаттар бытарҕан тымныыга хааман иһэн нуктуу-нуктуу, утуйан хаалан оҕуннахтарына, уһуктан кэлэ-кэлэ, хара күүстэринэн иннилэрин хоту баран испиттэр.    Ол эрээри уолаттар, төһө даҕаны күүстэрин-уохтарын үгэнигэр, дьэттэригэр сырыт­таллар, кэнникинэн аһара сылайан, түлэкэдийэн киирэн бар­быттар. Сотору-сотору харахтарыгар уоттар көстүтэлээн, кулгаахтарыгар «Бураан» тыаһа куугунаан сордообут. Аны туран, хаампыттара иккис түү­нүгэр бөрөлөр түбэһэн батыспыттар. Уолаттар, төһө да нэ­һиилэ истэллэр, оннооҕор буо­луоҕу көрбүт дьон, онтон ку­ттамматахтар. Хата, өтөр бөрө­лөрө батыспахтаан баран, сүтэн хаалбыттар.    Кырдьаҕас булчуттар кэпсииллэринэн, бөрө диэн уһулуччу өйдөөх кыыл. Кини айылгытынан кыайар уонна сэниир эрэ булдугар сананар эбит. Ол гынан баран бөрөлөр, бу дьон төһө да сатыы буоллаллар, сэниэлэрэ эстэн истэр, кинилэртэн куттамматтарын, кинилэрдээҕэр күүстээх санаалаахтарын сэрэйбит буоланнар, дьалты хаамтахтара. Өскөтүн Бүөтүрдээх Бааска оннуларыгар куттас эбэтэр мөлтөх дьон түбэспиттэрэ буоллар, туох-туох буолуо биллибэт этэ. Уолаттар ити курдук тоҥуу хаары оймоон иһэн, халлаан суһуктуйарын саҕана, «Бураан» суолугар кэтиллэ түспүттэр. Халыҥ хаары тыыран испит дьоҥҥо «Бураан» тоҥмут суолунан хаамар дэлэлээх үчү­гэй буолуо дуо?! Аны, киһи баар сибикититтэн санаалара кө­тө­ҕүллүбүтүн туохха тэҥниэх­хиний? Бүөтүрдээх Бааска ол суолу батан, сыккырыыр тыыннара эрэ ордон, дьонноох сири булан, тыыннаах хаалбыттара.    Дьэ, бу түбэлтэни санаан көрүҥ. Икки түүннээх күн самаххар диэри халыҥ хаары туос аччык иһэн тыырыах, утуйбакка эрэ тохтоло суох хаамыах диэтэххэ, ыарахан. Бу – тыыннаах хаалар инниттэн түбэспит алдьархайы кытары охсуһуу, киһиттэн таһыччы күүстээх санаа, кыах уонна күүс. Ол баар буолан, уолаттар тыыннаах ортохторо.   Муустаах ууга      Өссө биир ураты, мүччүргэн­нээх түбэлтэ. 1980-с сс.    Урут «Эдьигээн» сопхуос күһүн аайы булчуттары уу суолунан хоту кыыл таба ытыытыгар, кыһын бүтүн улуус дьоно сиэхтээх этин бэлэмнэтэ, ыытара. Онно булка үөрүйэх, бастыҥ дьон сүүмэрдэнэн, биригээдэ тэриллэн, анал борохуотунан Булуҥ улууһун Быыкап Мыыһын таһыгар киирэн, боротуокаларга байҕалтан тахсар кыыл таба үөрүн тоһуйаллара.    Биирдэ оннук тиийэн бултаан баран, бүтэн барыыларын, боротуокалар уулара то­ҥууларын саҕана, туох наадатыгар эбитэ буолла, киэһэ хараҥарбытын кэннэ Бүөтүр саҥа турбут мууһунан уҥуор тахсарга санаммыт уонна балай да киэҥ сири туораан иһэн, мууһа тостон, ууга биирдэ баар буола түспүт.    Уол тымныы ууга түһэн ти­мирэ-тимирэ дагдайталаабыт. Муустан тутуһан тахсаары гын­наҕын ахсын, мууһа тостон эбэтэр халтараана бэрдиттэн кыайан тутуспакка, сүүрүккэ оҕустаран, кыайан тахсымына, ыксал буолбут.    Аны, халыҥ таҥаһа аллараа тардан, тас сонун, саппыкыларын устуталаан бырахпыт. Онтон, хата, быһахтааҕын өйдөөн, муус кырыытыгар сыстан сытан, быһаҕын мууска иҥиннэрэн, онтон хатаастан үөһэ ыттан тахсыбыт.    Бүөтүр бэйэтэ кэпсээбитинэн, тимирэ-тимирэ күөрэйэ сылдьан, «дьэ бүттүм» дии санаан, дьонун, оҕолорун санаан ылбыта үһү. Дьиҥэр, кини оннугар үөрүйэҕэ суох, мөлтөх киһи түбэспитэ буоллар, арааһа, сүрэҕэ хайдан дуу, уолуйан дуу аллара барыахтааҕа эбитэ буолуо, быыһанара саарбах дии саныыбын.    Кэлин кэпсээбиттэринэн, ол боротуокалара кэтит баҕайы быһыылаах. Муус тура илигинэ бултуу сылдьан биир сарсыарда күүстээх туман быыһынан мотуордаах оҥочонон уҥуоргу биэрэккэ кыайан тиксибэккэ, моһуогура сылдьыбыттар. Собуоттанан бара-бара, тиксиэхтээх сирдэригэр кыайан тиксибэккэ, хоҥнубут сирдэригэр эргиллэн кэлэ турбуттар. Онтон ыксаан, хайысхатын булларан, мотуордарын уруулун быанан хам баайан баран, көнөтүк устан дьэ туораабыттар.   Холдьохпуттар      Аны, Бааска биир моһолун туһунан.    Уолаттар эмиэ биир кыһын Мууна үрэх баһыгар кыыл ыта сылдьыбыттар. Баһылай туспа баран бултуу сылдьан, хараҥа­ҕа ылларан, сиргэ хонор буолбут. Түбэһиэх хаппыт мастаах сири булан, балааккатын тар­дынан, хонордуу тэриммит уонна аһаан баран утуйуон иннинэ хонук маһын киллэрээри таһыр­дьа тахсыбыт.    Тахсан балааккатын иннигэр бэлэмнээбит маһыттан көтөҕөн баран, иһирдьэ киириэх курдук гынан эрдэҕинэ, эмискэ туох эрэ кэлэн харахха саайан ча­ҕы­лыннарбыт уонна мэлис гынан хаалбыт. Бааска, туох кэллэҕэй диэн соһуйан, иннин-кэннин көрүнэ сатаабыт да, им-ньим үһү. Онон турбахтаһа тү­һэн баран балааккатыгар төт­төрү киирбит.    Ол киирэн, уоскуйан табахтыы олордоҕуна хаҥас ха­раҕа көрбөт гына сүүлэ иһэн тахсыбыт. Онтон саллан «абааһы­лара диэн илэ сылдьар эбит дуу, итинник буоллаҕына, мантан түүн сүгүннүө суох» диэн, түүннэри хомунан хас да көс­төөх сиргэ баар уолаттарыгар барбыт.    Дьоно, Баһылайдарын кэпсээнин истэн, толкуйга түс­пүттэр. Кыс ортото бачча ыраах туох кэлэн охсуоланыан сө­бүн таайа сатаан баран, буруй эрэ моттойоҕо дииллэринии, хаар эбэҕэ күтүрээбиттэр эрээри, ол көтөр тэппитэ буоллар, тыҥыраҕын суола хаа­лыах­тааҕа, кынатын тыаһа иһиллиэхтээҕэ дэспиттэр. Кимин-тугун таайбатахтар. Арай кэлин кырдьаҕастар «былыргы турку суолугар тохтообуккун сөбүлээминэ, сир иччилэрэ үүрбүттэрэ буолуо» дэспиттэр.   Баабылап кэпсээнэ      Бүөтүр Куонара эҥээр бултуу сылдьан, сааһын тухары хаайыыга олорон баран, ол дойдуга тиийэн олохсуйан олорор Баабылап диэн киһиэхэ хонон ааһар эбит. Кини манныгы кэпсээбит.    Биирдэ Баабылап эдэригэр убайын табаларын көрдүү сылдьан хараҥаҕа баттатан, билбэт үүтээнигэр түбэһэн, табаларын ыыталаан, хонордуу оҥостон сыппыт.    Арай, саҥа нухарыйыахча буолан эрдэҕинэ, ким эрэ батыччахтаан кэлбит да, сытар киһини атаҕыттан таһырдьа со­һуспутунан барбыт. Дьулаан диэтэҕиҥ. Ол эрээри Баабылабыҥ да ылбычча киһи буолбатах быһыылаах, куттаммакка тэҥҥэ ырычаахтаһа, «холдьохсор эрээригин тоҕо эрдэттэн сэрэппэккин, табаларбын ыыталаан кэбистим буолбат дуо, түүннэри олору көрдүү барбаппын!» диэн үөхсэ сыппыт уонна ол курдук хонон турбут.   Тайахсыттар      Бүөтүр олох кыратыгар Баахынайга олорон Туола Көстө­күүнэп диэн доҕорунуун дьонуттан кистээн тыаҕа тахсыбыт. Ыттаахтар уонна биир эргэ туоһапкалаахтар үһү.    Байанайдара биэрэн, ыттара биир аарыма лөкөйү тохтоппут. Уолаттар чугас үөмэн киирэн ытан көрбүттэр да, тайахтара онно эрэ кыһаллыбатах, ыты кытта охсуһа сылдьыбыт. Уолаттар өссө чугаһаан, аҥаар хараҕын тэһэ ыппыттар. Онуоха тайахтара, бүтүн хараҕынан дьон баарын дьэ көрөн, уолаттарга утары сүүрбүт. Бүө­түрдээх, хата, улахан тиит кэннигэр сөрүөстэн, куота сылдьан сэриилээн, тайахтара ырааппакка охтубут. Икки кырачаан уол кэлин сорсуннаах булчут буолуохтара түстэммит.   Тыатааҕылыын көрсүү      Бүөтүрдээх Баһылай кыра эрдэхтэриттэн төһөлөөх мүччүр­гэннээх сырыыга түбэспиттэрин киһи ааҕан сиппэт. Хоту дойду тыйыс айылҕата кинилэри араастаан эрийэн-мускуйан, тургутан, хотугу хоһуун оҥорон таһаардаҕа.   Бүөтүр, бэл, адьырҕа бөрө­нү, остуоруйаҕа кэпсэнэр Мэхээлэчээн булчут курдук, чохороонунан, анньыынан бултаабытын туһунан урут суруйан турабын. Онно өссө биири эбиим.   Биирдэ Бүөтүр Айаабырык диэн ытыныын тыаҕа сааһаан олорбут. Ол олордоҕуна, тыа­тааҕы буулаабыт. Арахпат са­наа­лааҕын, билигин дьуук­таа­батаҕына, ханна эрэ тоһу­йуон сөбүн билэн, Бүөтүр бул­та­һарга быһаарынар. Суолуттан көрдөххө, кыыла сүүнэ эбитэ үһү. Ол да буоллар кини чаҕый­батах, киирсии саҕа­ламмыт.    Биир күн туран Бүөтүр кыылын сонордообут. Онтон хайа эрэ түгэҥҥэ икки өттүт­тэн үөм­сүү саҕаламмыт. Кырдьа­ҕаһа саһарга табыгастаах, ыт мунна баппат ойууругар аҕалан баран, сүтэн хаалбыт, суолун муннарбыт. Ол курдук, Бүөтүр ычык иһигэр киирэн көрө-истэ истэҕинэ, кэнниттэн аарыма улахан эһэ айаҕа кытарбытынан, оту-маһы тоҕо барчалаан, киниэхэ ойон эрэр эбит. Бүөтүр быстахха былдьаныан, оруобуна ол кэмҥэ ханна эрэ сүтэ сылдьыбыт ыта эмискэ аттыгар баар буола түспүт да, тыатааҕы арҕаһыгар түспүт. Эһэ ыты кытта охсуһан барбыт. Ол кэмҥэ Бүөтүр, кыратык тэйэ түһээт, чыыбыһын тардан кэбиспит. Даҕатан эттэххэ, буулдьа саа аһара чугастан сыалын хоппот идэлээх. Кини буулдьата саа уоһуттан көтөн тахсан баран, эриллиэн, иниэрсийэтин ылыан наада. Оччоҕуна эрэ хотуулаах буолар.    Дьэ ити курдук Бүөтүр адьырҕалыын көрсүһэн турардаах. Чахчы, хорсун киһи. Биир бэйэм итинник түбэлтэҕэ атахха биллэриэм эбитэ буолуо.   Захар Федоров, Эдьигээн–Бэрдьигэстээх. Тарҕат:
kyym.ru сайтан