Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылыын күрэхтэһии (3 кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылыын күрэхтэһии (3 кэпсээн)

K
29.08.2024 14:57
   Былыр, кыргыс үйэтин саҕана, Хорулаҕа маҥнайгы сахалар кэлиилэригэр, биир дьахтар Элиптээнтэн Чил­лэҕэ сатыы баран испит. Бу дьахтарбыт чугас эргин күүс­тээҕинэн, кытыгыраһынан аатыра сылдьар кэмэ эбит.        Ол баран истэҕинэ, хантан кэлбитэ биллибэт эр бэрдэ баар буола түспүт уонна маннык диэн саҥалаах буолбут: «Эн, бу түбэҕэ аатырыаххын аатырдыҥ, биллиэххин билинниҥ. Эн ааккын ааттаан, ир суолгун ирдээн, күүс былдьаһа кэллим», – диэбит. Дьахтар куттамматах, кини этиитин улахаҥҥа уурбатах. Абааһы буоларын, ол да буоллар, иһигэр сэрэйбит. Абааһыга: «Мантан аҕыс биэрэстэ кэриҥэ бардаххына, от үрэх кэлиэҕэ, онно миигин кэтэһээр», – диэбит. Абааһы ол от үрэххэ барбыт. Дьахтар от үрэххэ кэлбитэ, абааһыта күрэхтэһэрдии бэлэм турар үһү. Уһун уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, быыппастыгас быччыҥнардаах эр бэрдэ эбит. Арай, сирэйэ көстүбэтэ үһү. Бу үрэххэ кылыйан куоталаспыттар. Күрэхтэһиигэ дьахтар абааһыны олох ырааҕынан хаалларбыт. Ол иһин бу үрэх билигин «Кылыйбыт» диэн ааттаах. Иккис күрэхтэрин бу үрэххэ сэргэстэһэ сытар эмиэ от үрэххэ буурдаһан куота­лаһар буолбуттар. Манна эмиэ дьахтар кыайыылаах тахсыбыт. Бу үрэх билигин «Буурдаабыт» диэн. Салгыы, бүтэһиктэрин, биир үрэххэ сүүрэн куоталаһар буолбуттар. Сирэ барыта оҥхой, киһи кыайан хаампат. Сүүрүү буолбут, дьахтар бу үрэх оҥхойугар сылдьа үөрүйэх буолан, абааһыны олох ырааҕынан куотан, кыайан тахсыбыт. Абааһы кыайтаран, кыһыытыттан часкыйан баран, Аллараа дойдутугар төннүбүтэ үһү. Билигин бу үрэх аата «Хаҥалас Аппата» диэн. Үһүөн – Чиллэ үрэҕэр түһэр от үрэхтэр.   Айсен Николаев-Лэҥкэ.   “Абааһы харабынайа”   Эбэм аах эргэ дьиэлэригэр тэнитэ тиириллибит кус-хаас төбөтүн тириитэ киэргэл кэриэтэ ыйанан турар буолааччы. Бу санаатахпына, көҕөн киэнэ эбит, от күөхтээх эҥин. Ону таһынан хас да сиргэ мас мутугун оннун ойо быһыллыбытын сыһыарбыттара турара. Ол – ийэм быһаарарынан, “абааһы харабынайа” үһү. Абааһы дьиэҕэ киирэн баран, ол мутук оннун кытта ким уһуннук чыпчылыйбакка турар эбит диэн куоталаһара үһү. Мутук онно хаһан сабыллыай? «Онон хотторон, куотар аатыгар барар» диэн өйдөбүлтэн былыргы дьон абааһыттан быыһанар албастара баар үһү. Билигин мутук оннук көрдөхпүнэ, эбэм аахпын санаан кэлэбин. Котокулар абааһыларын харабынайа судургу да эбит диэн сонньуйабын.   Мария Степанова, Сунтаар.   Сиэркилэ      Балыыһаҕа бииргэ сыппыт дьахтарым манныгы кэпсээн турар: “Үөрэҕи саҥа бүтэрэн баран, куоракка дьиэ, хос куортамнаһан, этэргэ дылы, куораты биир гына эргийбит кэмнээҕим. Ол тухары, мин дьолбор, абааһы, сибиэн буулаабыт дьиэтэ түбэспэккэ абыраабыта. Сайсары түөлбэтигэр баар, оһохтоох эргэ мас дьиэҕэ кытта олоро сылдьыбыттааҕым. Харчыбын кэмчилээри. Бэл, онно да туох да туора күүс баа­ра биллээхтээбэтэҕэ. Бэлэм мастара бүппүтүн иһин эрэ тахсыбытым.    Дьэ, ол оннугар биир дьикти түбэлтэ баара. Ол куорат килбэйэр киинигэр баар таас, элбэх кыбартыыралаах дьиэ, биир хостооҕор буолбута. Ха­һаайыннар, саҥа кыбартыыра ылан, онно
көспүттэр. “Оҕолорбут улааттахтарына, наада буолуо” диэн атыылаа­бакка, куортамҥа биэрбиттэр этэ. Эргэ гынан баран, уурбут-туппут курдук, бары миэбэлэ барыта баар астык дьиэ этэ. Куһаҕана диэн, сиэркилэлэрэ суоҕа. Ытыс саҕа сиэркилэ дуома киирии хос­ко турарыгар көрүнэрим. Арай биирдэ үлэбиттэн кэлэн иһэн, аттынааҕы дьиэ бөх кутар дьааһыктарыгар балай эмэ туттуллубут эрээри, бүүс-бү­түн сиэркилэ турарыгар таба тайанным. Бырастыынанан бүөлээн таһаарбыттарын, тыал илгибитэ аттыгар мырчыстан, быыл-кир буолан сытара. Ээ, мин оччолооҕу көрөн баран, уҥуор-маҥаар көрбөхтөөт, тутан киирдим.    Арай түүн иһиттэхпинэ, туох эрэ туора тыас иһиллэргэ дылы. Мэктиэтигэр, ким эрэ чугаспар хаамар курдук. Ыаллар тыастара ини диэн, утуйан буккуратан хааллым. Сарсыныгар үлэбиттэн кэлбитим, ким эрэ мин суохпар киирэ сылдьыбыт курдук. Таапачыкам хос ортотугар сытар. Дьиэлээх хаһаайка кэлэн көрөн барар да буоллаҕына, дуогабар быһыытынан, хайаан да эрийэн, сэрэтэн баран кэлэн барааччы. Мин дьиибэргээтим да, улаханнык санаабар уурбатым. Түүн утуйа сыттахпына, эмиэ арай атах тыаһыыр курдук. Онтон эмискэ көхөҕө ыйаабыт суончугум сиргэ тос гына түспэт дуо?! Оо, мин олоро биэрдим. Суотабайым муусукатын саамай улаханыгар туруоран баран, “плей” баттаан кэбистим. Ити аата, абааһыны кыйдыыр дьүһүнүм. Ол да буоллар хоспуттан тахсыбатым. Ол түспүт биридимиэтим суончук буоларын сарсыарда, сырдыкка эрэ билбитим.    Кэллиэгэлэрбэр тиийэн кэпсээбиппэр “тоҕо ол сиэркилэни хомуһа сылдьаҕын?” диэн мөхтүлэр. Тууһунан ыспахтаан баран, таҥаһынан бүөлээн, ылбыт сирбэр таһааран төттөрү уурарбар сүбэлээтилэр. Бу­ҕаал­тырым, эчи, бэлэмэ да бэрт, ханна уурунан олорбута буолла: “Ол кэнниттэн, мэ, бу этиҥ түспүт маһыттан ылыллыбыта. Маны дьиэҕэр тиийэн уматаар. Прихожкаҕын эрэ буолбатах, дьиэҕин барытын. Муостаҕын эмиэ туустаах уунан сууйаар”, – диэн чыыппаан курдугу туттаран кэбистэ. Мин кэллиэгэлэрим сүбэтин олоччу толорбутум. Онтум, кырдьык-хордьук, тыаһым-ууһум сүтэн хаалбыта. Кэлин туох да бил­либэтэҕэ. Мин, суончук түс­пэтэҕэ буоллар, баҕар, аахайыа суох этим. Ыаллар тыастарыгар күтүрээн. Дьикти дии? Эбэтэр сөп түбэһии эбитэ дуу? Ол гынан баран ити кэнниттэн эргэ сиэркилэ сэрэхтээҕин туһунан хаста да истэн турабын. Дьиҥинэн, санаан көрдөххө, өстүөкүлэҕэ алюминийы дуу, тугу дуу ыстаран оҥоһуллубут боростуой өстүөкүлэ буолуо. Ол эрээри итинник дьиктилээх буолар эбит этэ ”... Тарҕат:
kyym.ru сайтан