Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэ кыылга эмиэ – ийэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэ кыылга эмиэ – ийэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.08.2024 14:00
   Аармыйаҕа сылдьан Амыр уобалаһыттан төрүттээх Влад Хорошев диэн нуучча уолун кытта табаарыстаспытым. Булка сыһыана суох да буоллар, булт туһунан кэпсиирбин олус сөбүлүүрэ. Чугас дьонун сырыыларыттан холобурдаан, кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кыттара. Олортон биирдэстэрин Влад бэйэтин аатыттан суруйуум.        – Хас сайыҥҥы сынньалаҥ аайы төрөппүттэрим эбэлээх эһэбэр дэриэбинэҕэ ыыталлара. Чугас эргин уолаттар элбэх буолар этибит. Көлдьүргүү сатаан, козалары кытта миинэрбит, кыргыттары дьээбэлиирбит. Ол эрээри саамай интэриэһинэй түгэн киэһээҥҥи аһылык кэмигэр буолара. Тоҕо диэтэххэ, ити эрэ кэмҥэ эһэм хонноҕо арыллан, арааһы кэпсиирэ. Ону барытын үчүгэйдик өйдүүбүн. Амыр уобалаһын Улахан Неверигэр эһэм Василий диэн табаарыһыныын аармыйаттан кэлбиттэр. Эһэм – гарааска, доҕоро тимир суолга үлэ булуммуттар. Туран-олорон эрэр уолаттар үчүгэйдэрэ дэлэ буолуо дуо?! Олохтоох кыргыттар саллаат пуормалаах уолаттары сөбүлүү көрөллөрө үһү. Оннук биир күн чугас дэриэбинэттэн сылдьар кыргыттары кытта билсибиттэр. Сотору саллаат пуормата биллэрдик кыараан, уолаттар соноон, кэтирээн барбыттар. Биир өрөбүл күн билсэр кыргыттарыгар тиийэ сылдьаары эһэм тэрилтэтиттэн ГАЗ-67 массыынаны көҥүллэппит.    Тиийбит күннэригэр кыргыттарын кытта көрсөн баран, сарсыныгар төннүбүттэр. Сылаас чаҕылхай күн турбут. Оччолорго суох мөлтөх буолан, аара биир-икки эрэ массыынаны утары көрсүөххэ сөбө үһү. Ол айаннаан истэхтэринэ, табаарыһа: “Тохтоо! Эһэ оҕолоро сылдьаллар!” – диэн үөгүлээбит. Эһэм көрбүтэ – суолтан икки-үс миэтэрэ чугас икки эһэ оҕото ытыы олороллор үһү. Итинник түгэҥҥэ ааһа туруллуохтааҕа буолуо да, Василий көрүөх бэтэрээ өттүгэр куул була охсон, эһэ оҕолоругар сүүрбүт. Иккиэннэрин эр-биир куулга угаат, массыынаҕа олорбут. “Санаарҕаама, ийэлэрин өлөрбүт буолуохтарын сөп” диэбит. Эһэм тугу даҕаны саҥарбатах. Эһэ оҕолоро өссө күүскэ ытаспыттар. Икки килэмиэтир курдугу айаннаабыттарын кэнниттэн эһэм массыына сиэркилэтин көрбүтэ – аарыма эһэ кэннилэриттэн саппай уопсан иһэр үһү! Кыл түгэнигэр эһэ аттыларыгар баар буола охсон, дайбаан эрэрэ үһү да, массыына кэннин тырыта тыытан кэбиспит. Дьолго, массыына түҥнэстибэккэ, эһэм массыынатын гааһын күүскэ үктээн биэрбит. “Түргэнник оҕолору быраҕаттаа!” диэн табаарыһыгар хаһыытаабыт. Василий оҕолору кууллары таһырдьа бырахпытын үрдүнэн ийэ эһэ өссө балай да эккирэппит. Онтон оҕолоро ытыылларын истибит быһыылаах, төттөрү сүүрбүт.    Икки килэмиэтиргэ чуга­һыыр сири түргэнник айаннаан эрэ баран эһэм тэтимин аччаппыт. Оннук хайалара даҕаны Улахан Невергэ диэри саҥата суох тиийбиттэр. Гараастарыгар кэлбиттэригэр наладчица Валя Василийы көрөн, саҥатыттан маппыт. Онно эрэ эһэм өйдөөн көрбүтэ – табаарыһын баттаҕа суон сурааһынынан тарпыт курдук, маҥхайан тахсыбыт эбит. Ол кэпсээн чахчы буоларын хаартыскаттан көрөн итэҕэйбитим. Хас да сыл ааспытын кэннэ түспүт хаартыскаларыгар Василий баттаҕа, ким эрэ хайа тардыбытын курдук, маҥан ураанньыктаах этэ.   Игнат МИХАЙЛОВ, Амма. Тарҕат:
kyym.ru сайтан