Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьар диэн баар эбит...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырдьар диэн баар эбит...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
22.08.2024 14:50
   Бэтэрээн буоламмын, ый бастакы дэкээдэтигэр бэрэспиэккэ баар «Алмаасэргиэнбаан» уораҕайыгар тиийэн «ЕДВ» диэн икки аҥаар тыһыынчаттан тахса солкуобайбын ылар үөрүүлээх биир тэрээһиннээхпин. Үлэттэн туораабыта уонча сыл буолбут оҕонньор бу сылаас киэҥ-куоҥ дьиэҕэ кэлэн, сымнаҕас олбоххо олорон дьону-сэргэни көрөр, тыл бырахсан кэпсэтэр үгэстээхпин. Билэр дьонум балачча. Бары даҕаны бэйэм курдук барахсаттар. Уруккута үлэ инники кирбиитигэр мэлдьи «пөрүөт» диэбитинэн ойор хоодуот дьон кэнникинэн харахха быраҕыллар гына мөлтөөбүттэр.      – Хайа, Өстүөппээ, бэлиэр кэлэ охсубуккун дуу? – диэн, ойоҕоспор бэркэ билэр куола­һым иһилиннэ.    Көрбүтүм, нэктийэн бүтэн эрэр нуорка сонноох Нэмиэнэ эмээхсин бу кэлэн чэкэллэн тураахтыыр эбит. Кырдьаҕаһы көрбөтөх күтүр үйэ буолла. Кырдьык, бүтэһигин хаһан ха­рах­таатым этэй, оҕолоо-ор, умнан да бардым.    – Нэмиэнэ, кэпсэлиҥ? Бу ханна сүтэ сылдьан баран кө­һүннүҥ?    – Сэгэриэм, кэпсиэх диэтэххэ, сэһэн-сэппэн элбэх эрээри, хантан-туохтан саҕалыах­пын өйүм да хоппот буолан эрэр. Дьэ, бу арыый ама буолбучча, дьону-сэргэни көрөөрү, ыраас салгыны сиэн абыранаары кэлбит быһыым. Чэ, хата, көрсүспүччэ, ону-маны ыатара түһүөх, – диэн баран, эмээхсин дьоһуннаах баҕайытык мин диэки сыҕарыс гынна.    Биир дойдулааҕым Нэмиэнэ миигиттэн лаппа аҕа. Оҕо сылдьан сопхуос ыспартакыйаадатыгар сүүрэн тыбыгырайара түргэнин олус ымсыыра көрөр буоларым. Ол сахтарга үрдүкү кылааска үөрэнэр, оройуоҥҥа син добуочча биллэр ыспартысымыан этэ. Онуоха холоотоххо, мин олох да боторооску буолаахтаатаҕым. Кырдьаҕаһыҥ сааһыран да баран уопсастыбаннай үлэҕэ биир кэм күүдэпчилэнэн олороро. Чахчы, сэниэ баҕас баар барахсана этэ.    Үгэспитинэн, бастаан сүрүн нуомаспытын быһыта тутан үллэһиннибит. Эмээхсин бэйэтин бараллаата дьонтон кэлин кимнээх «айаннаабыттарын» сибигинэйэ былаан иһитин­нэрдэ. Сүрдээх да буолар эбит: оскуолаҕа сылдьан кимтэн да бүдүрүйбэтэх Бэлиэрий, буоксалаһан хотторор диэни билбэтэх Бааска, онтон да атын билэр дьонум хаһан да төннүбэт сирдэригэр барыталаабыттар.    Ол аата, аны биһиги уочараппыт чугаһаатаҕа. Ити санаабын сэрэйбиттии, Нэмиэнэ кэлиҥҥинэн ыарыы арааһа буулаан, балыыһаны элбэхтик кэрийбитин, онтон туох санааҕа кэлбитин кэпсээтэ.   * * *    Дьэ, доҕор, өлөр өлүү адьас аттыбытыгар дьылыйан сылдьарын билбэт эбиппит. Сүрэҕим ыалдьан, түүн аанньа утуйбат буолан хаалан, сор бөҕөтүн көрдүм, мэктиэтигэр, хас эмэ сыттыкка өйөнөн харахпын симмитэ буола сатыыбын да – суох. Ыксаан, кардиолог бырааска тиийдим. Анаалыс бө­ҕөнү туттардым, хаһан да харахтаабатах аппарааттарбар көрдөрдүм. Бу олорон эмискэччи хараҕым хараҥаран, кэбиниэт иһэ үөһэ-аллара хамсаан киирэн барбата дуо! Уоскуйбутум кэннэ бырааһым туох эми иһэ сылдьарбын, ону хайа тэрэпиэп анаабытын ыйыталаста. Дьэ, сүрдээх дьыала, «ити эми өссө уһуннук испитиҥ буоллар, хайдах-туох буоларыҥ биллибэт этэ» диэтэ эбээт!    Суһал көмөнү ыҥыран, реа­нимацияҕа ыытта. Дьэ, бу сиргэ көрүү-истии чахчы баар дойдута эбит. Быысталы билбэккэ иһиллииллэр, чинчийэллэр, адьас элбэх быраас хараҕын далыгар сытар эбиккин. Улаханнык уоскуйдум эбээт ол реанимацияларыгар. Анараа дойдуга баҕас айаннаабат буолбуппун онно билбитим. Оо, дьэ, ол гынан баран, ити балаатаҕа эргиллибэтэх киһи диэн санааҕа кэллим. Суох, эмчиттэри эппэппин – барахсаттар кутугунастара сүрдээх. Дьэ, эҥин араас ыарыһах баар буолар эбит!    Сэттэ уончалаах ып-ырыган эмээхсин баара. Били, ньиэмэстэр Бухенвальд диэн концлааҕырдарыгар бүтэһик күннэрин кэтэһэр эрэйдээххэ дылы, уҥуох-тирии, өссө этэ-сиинэ онон-манан көҕөрүүлээх, оттон өһүөмньүлээх өһөн хаалбыт хараҕын, сэгэриэм, ама, хаһан умнар үһүбүн! Ас аҕаллахтарына, ыстыыр да аат диэн суох – ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии түһэр. Саараама, биир да тылы саҥарбат, наар кэтэнэр, сэрэнэр курдук туттар. Мин өссө бастаан тыла суох муҥнаах эбит диэн санаталаабытым баара...    Биирдэ сиэстэрэ кыыс кэлэн массаастаары гыммытыгар эмээхсиммит дьөлө хаһыыран турбат дуо?! Дьэ, сэттэ этээстээх маатыра диэни субурутта эбээт! Мэктиэтигэр, кыыс барахсан хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, сүүрэн тоһугурайан хаалла. Кэлин истибитим, эмээхсини оҕолоро харайбакка хайа эрэ иитиллэр сиргэ олохтообуттар. Онно адьас туспа бэрээдэк дииллэр: аһын былдьаан сииллэр, эбиитин кырбаан сордууллар үһү. Ол содула буоллаҕа. Реанимацияҕа эдэркээн саха уола саньытаардыыра. Үөрэҕин быыһыгар үлэлиир эбит быһыылааҕа. Дьэ, кыбыстыбат, сиргэммэт барахсан диэн кини баар этэ. «Хаарыаны, итинник күтүөттээх дуу, оҕолоох дуу киһи» диэн санаталаатым ээ.    50-ча саастаах, сүрдээх төрөл дьахтар аттыбар сыппыта. Моҕуһа диэн оһуобай: туох да ас буоллун – хааланан, мэҥиэстэн иһэр. Ол кэн­ниттэн биир кэм бырылатыы! Сыт-сымар аанньа буолуо дуо таҥаһыгар оччо холлубутун кэннэ. Ону били саньытаар уол кэлэн, туох да буол­батаҕын курдук, отой сиргэммэккэ, эргитэ сылдьан, кылбаччы сууйаан-сууйан кэби­һэр, өссө муннун анныгар тугу эрэ киҥинэйэн ыллыырдаах. Ааранан ол дьахтар оннугар бэйэм кыбыһыннаҕым үһү. Оччо үлүгэр буолуохха диэри туох ааттаах симиниитэй!    Уопсай балаатаҕа көһөр­бүттэригэр дьэ тыын ыллым: манна бэрээдэгэ оһуобай. Эмчиттэр эйэҕэстэрэ, мунаарбыт боппуруоскар астыныаххар диэри быһаараллара, сүбэ-ама биэрэллэрэ үчүгэйэ сүрдээх. Кэпсииллэрин таһынан «маннык гынаҕын, субу курдук оҥо­роҕун» диэн, адьас тириэньэр дуу, баллаас оҕоҕо быһаарар учуутал дуу курдук барытын көрдөрөн биэрэллэр.    Ыарыһах дьылҕата манна быһаарыллар: кими эрэ эпэ­рээссийэҕэ аныыллар, хайаларын эрэ «эпэрээссийэни тулуйар кыаҕа суох» дииллэр, ким эрэ таһыттан сылдьан эмтэниэн сөп диэн буолар. Быһата, эн – ыарыһах – ханна эрэ айаннаары баксаалга олорон «посадканы» кэтэһэр курдуккун. Ким тугу дьарык гынара көҥүлэ: ким эрэ кинигэ ааҕар, ким эрэ наскы, үтүлүк баайар, бэл, бэргэһэ баайан атыылыыр ыарыһахтар бааллар.    Мин, эдэрбэр ыспартакыйаада сүүрүгэ киһи, эпэрээссийэлэнэр буолан хаалбыппыттан соһуйдум аҕай. Хайдах эмэ гынан таһыттан сылдьан эмтэнээ инибин дии санаабытым да, быраас мас-таас курдук быһааран кэбистэ – эпэрээссийэлэммэтэхпинэ, ол дойдуга айанныырга эрэллээх хандьыдаат үһүбүн. Дьэ, толкуй бөҕөҕө түстүм ээ ол түүн. Били, «посадка» диэбиккэ дылы, морга элбэх үөлээннээхпин тиһэх суолугар атаарбыппын кытта өйдөөн кэллим. Хата, онно баар эбит этэ анараа дойдуга айанныыр баксаал диэн. Араадьыйанан биллэрэллэрин истэн туран бокуонньугу аҕалыылара, сиэр-туом толороот, сороҕу – Маҕанныыр аартыкка, сороҕу – пуорка, сороҕу чугастааҕы дойдутугар тохтоло суох атаарыы...    80-чалаах эмээхсин бу сытан өйдөөтөхпүнэ, билэр да дьонум чордонон бүтээхтээбиттэр эбит, бэл, бэйэбиттэн быдан эдэрдэр «уочараты тутуспакка» быһа түспүттэр. Ол иһин да холкубун, анараа дойдуга айанныыртан аймаммаппын. Ол эрээри биири ордук өйдөөн хааллым: эмп тэрилтэлэрин дьиэлэрэ, холобур, Медкииҥҥэ да, кардиокииҥҥэ да киирэргэ кирилиэстэрэ үрдүгэ сүрдээх – адьас кыырай халлааҥҥа, ырайга ытта сатыыр курдуккун. Арааһа, маннык үрдүк кирилиэһи дабайар кыахтаах буоллаххына, өтөрүнэн өлбөккүн диэн, тургутан көрөргө анаан оҥорбуттар быһыылаах.   * * *    Балыыһаны элбэхтик кэрийэр (биллэн турар, ыарыы буулаан, кыһалҕа кыпчыйан) киһи балаһыанньа хайдаҕын, кэлэктиип төһө сомоҕотун эндэппэккэ билэр буолар эбит.    Сүрэх анал балыыһатыгар уочаракка олорор ыарыһах элбэҕиэн! Ол быыһыгар мунар-тэнэр, оҥой-соҥой көрөр дьон да хара баһаам. Хайдах эрэ атыҥырыы санаатым: бу дьиэҕэ дьаһаллаах түс-бас хаһаайын баара биллибэт, барыта түтүө-тутуо, саргы-сатаҕай, бигэ кэлэктиип диэн үөскүө быдан ыраах дойдута эбит.    Күнү супту уочаракка олорон тугу гыныаҥый, биир кыһалҕалаах «кэллиэгэлэргин» кытта ыаһахтаһаҕын, бы­һата, «уопут» атастаһаҕын. Ким эрэ Москубаҕа, ким эрэ Новосибирскайга эпэрээссийэлэппит. Биир хатыҥыр оҕонньор: «Москубаҕа хирурдар араас сиртэн харчы төлөөн стажировкаҕа үөрэнэ кэлэллэр. Ол уопут ыла кэлбит дьон эйиэхэ кыһаллан бэрт, онон ханна эпэрээссийэлэтэргин бэйэҥ бил», – диэн хомотто. Ону бигэргэппиттии, Нерюнгриттан сылдьар мааны таҥастаах толуу киһи Томскайга эпэрээссийэлэппитин иһитиннэрдэ. Кини кэпсииринэн, хирурдара олус уопуттаах, бары кэриэтэ наука дуоктара үһүлэр. Эпэрээссийэ оҥорор дьонтон саамай кыралара наука хандьыдаата буолар үһү. Хаарыаны! Нерюнгри тойоно «доруобуйам олус үчүгэй, манна көннөрү бэрэбиэркэлэтэ» кэллим диэн бэркэ ымсыырта.    Бу хас эмэ хонугу быһа сылдьан хара бараан төгүрүк сирэйдээх, эриэн килиэккэ ырбаахылаах, 50-ча саастаах, тыаттан сылдьара сонно биллэр, санаа-оноо тутан сиэбит киһитэ наар биир сиргэ хараҕаланан олорорун көрөн кэпсэттим. Кырдьык, ыраах улуустан инньэ күөх от саҥардыы бытыгыраан эрдэҕинэ кэлбит эрэйдээх эбит. Эдэригэр тырахтарыыс бэрдэ үһү. Үлэтин туһунан кэп­сээтэҕинэ, сирэйдиин-харахтыын уларыйар, ыарыы эмэн сиир сибиэнэ мэлис гынан хаалар эбит. Сүрдээх уһуннук анаалыс туттаран, аймахтарыттан харчы хомуһан баран, Новосибирскайга сүрэҕин эпэрээссийэлэтэ тиийбитигэр ханнык эрэ анаалыстарыҥ суохтар диэн, аккаастаан ыыппыттар. Быһааскыттан от-мас хагдарыйыар диэри бу дьиэттэн арахпат үһү. Куоракка аймахтара суох буолан, билэр ыалыгар олороохтуур эбит. Оччо уһуннук таабырдаммыт киһини сөбүлүүһүлэр дуо, ол иһин устар күнү быһа манна дугуйданан олороохтуурга тиийбит.    Дьэ, сэгэр, кэмниэ кэнэҕэс Медкииҥҥэ эпэрээссийэлэнним. Кардиохирургия диэннэрэ олус ыраас, хаһаайын баара сонно биллэр сирэ эбит. Эмчиттэр тустаах үлэлэрин аптамаат курдук баһылаабыттар. Олус эдэрдэр, окураатынайдара диэн сүрдээх. Мээнэ хаамсыы, тыас-уус суох, уу чуумпу. Астара-үөллэрэ минньигэһэ, эгэлгэтэ эриэккэс.    Мин эпэрээссийэбэр 5-6 быраас кытынна быһыылаах. Бары чопчу эбээһинэстээхтэр, ордук-хос хамсаныы суох дьоно. Эпэрээссийэм үчүгэйдик ааһыа диэн уот ааныттан эрэллээх этим. Тоҕо диэтэххэ, бу эдэр дьонтон туох эрэ сырдык сыдьаай кэлэргэ дылыта.    Дьэ, ити курдук, Өстүөппэ. Көрөрүҥ курдук, тэтиэнэхпин. Ол эрээри дууһабар биир соччото суох санаа хонон хаалла. Баҕар, туохха барытыгар да оннуга буолуо – билсиитэ суох биитэр үөгүлүүр үбэ суох буоллаххына, бүтэ турар эбиккин. Тыаттан кэлбит биир кырдьаҕаһы эмп-томп эйгэтигэр туох да сыһыана суох, дьөрү дьокутаат да буолбатах, ол оҕонньор биир дойдулааҕа олигарх төлөпүөннээбитигэр сонно сонотуоруйга укпуттарын билэбин.    Чэ, уопсайынан, кырдьар диэн кыһалҕа эбит диэн баран, Нэмиэнэ эһиэлэнэн ылла уонна быраһаайдаспакка да тахсар аан диэки татырдыы турда.   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан