Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэрэх туруоруу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэрэх туруоруу
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.08.2024 14:44
Былыргы сахаҕа кэрэх туруоруу диэн баара. Ол майгы ойуун-удаҕан хаалыар диэри туттуллара. Былыргы саха кэрэх туруорар майгытын кырдьаҕас, саастаах дьон маннык кэпсииллэрин истэрим. Кэрэҕи араас суол ыарыыга, өлүүгэ, сэлликкэ, харах ыарыытыгар, киһи өлүүтүгэр-сүтүүтүгэр, киһи-сүөһү иннигэр бэриммэтэх абааһыга алгыс алҕаан, тойук туойан, ас бэлэмнэтэн, остуол туруоран, аар баҕах анньан, сэргэ туруоран, салама баайан, түлэһи-кутаа оттон, ойуунунан-удаҕанынан кыырдан туруораллар. Онуоха дьүһүннээх сүөһүнү тутталлар. Туттар сүөһүлэрин өҥө маннык: куочай кугас, тараах күрдьүгэс, мас күлүгүн курдук бар хара, уу долгунун курдук күөх чуоҕур, халчаҕай маҥаас, оттон сылгы далаҥ араҕас, кыталык элэмэс, бар дьаҕыл, чаҥкырыыт сиэллээх-кутуруктаах, чаккырыас харахтаах кыыс кэрэ уо.д.а. буолуохтаах. Кэрэх туруорууга, дьэ, дьүһүннээх сүөһүнү эбэтэр сылгыны аҕалан олорор олохторун таһыгар тумул, томтор сиргэ, тыа саҕатыгар биир салаалаах (ачаахтаах) сиппит маһы булаллар. Ол таһыгар, ойуун-удаҕан ыйыытынан, 3 саһаан уһун синньигэс үөл маһы хас да сиринэн моонньохтоон, дьэрэкээннээн, кэрэниистээн баран, сиргэ хаһан туруораллар. Аттыгар биир моойдоох сэргэ туруохтаах. Олору барытын эриэн ситиинэн, сиэлинэн симииллэр. Ол уһун маһы аар баҕах диэн ааттанар эбит. Ол кэннэ кутаа уот оттоллор, ону “түлэһи” диэн ааттыыллар. Соҕотох атахтаах төгүрүк остуол оҥороллор, ону “сибиэ” дииллэр. Ол кэннэ 7, 9 мас үтэһэни бэлэмнииллэр, ону “сура” диэн ааттыыллар. Бу кэнниттэн туттар дьүһүннээх сүөһүлэрин аҕалан, түөрт атаҕын кэлгийэн, хам баттаан сытан эрэн, тыыннаахтыы, иһин хайытан, дагдакатын иһиттэн сүрэҕин, быарын, тыҥатын хостуу тардан ылан, били сибиэ остуол үрдүгэр ууран, араартаан, били бэлэмнээбит 9 үтэһэлэригэр үөлэн баран кутаа тула анньыалаан кэбиһэллэр. Оттон сүөһүлэрин этин тириититтэн арааран, бэрт тиэтэлинэн олоччу дьиэлэригэр таһаллар. Түөрт туйаҕын кытта тириитин иҥиирдэри, төбөтүн муостары араарбакка, тыыннаах сүөһү курдук көстүүлээх кэрэх оҥорон, били ачаахтаах маска куочайы, балык маһы мииннэри ыйыыллар. “Куочай” эбэтэр “балык мас” диэн тумустаах, кыыл (сороҕор балык) төбөлөөх, кэннэ, кутуруга ачаахтаах мас. Биир саһаан усталаах. Балык мас тумса хайа диэки барыы төрдүгэр туттуллар да, ол диэки хайыһыахтаах. Куочай тумса үксэ соҕуруу үөһэ диэки, ачаахтаах кутуруга хоту аллара диэки буолар. Балык мас тумса сороҕор соҕуруу, арҕаа, илин хайыһыылаах буолар. Арай хоту диэки хайыспат. Онон бэрик ылар күүстээх “улахан ыаллар” бары арҕаа, илин диэки хайыһан олороллор. Ол кэннэ алгыстаах ойуун-удаҕан били аар баҕахтарын, түлэһилэрин, астарын, сүөһүлэрин аартыктарын ааттаан, абааһыларын ааттаан ыҥыран үөтэр, кыырар. Ол курдук үлэни толору толорон бүтэн, бэрт тиэтэлинэн били үтэһэлээх эттэрин (сураны) сонно умайа турар кутааҕа быраҕан уматаллар. Онтон бары мустубут дьон илии илиилэриттэн сиэттиһэн, тохтоло суох сүүрүүнэн, эт түргэнинэн дьиэлэригэр сырсаллар. Онуоха мөлтөх оҕону-дьахтары киһи иннигэр уган бастаталлар. Ол аата, “киһи мөлтөҕө киһи сүүрүүтүн сиппэккэ быстан хаалан, абааһыларга былдьатыа” диэн куттал буолара. Ити курдук сиэттиһэн кус курдук субуһан иһэн көрдөхтөрүнэ, тумул үрдүгэр толору кутаа (түлэһи) таһыгар хара күлүктэр бырыгылдьыгас, элэҥнэс буолаллара үһү. Онно абааһылар кэлэн ол астарын бэрт былдьаһыгынан-охсуһуунан туманнаан, сиэн-аһаан бүтэрэн баран, хара күлүктэр сүтэн хаалаллара үһү. Ол дьиэҕэ кэлбит дьон бары мунньустан баран, били таспыт кэрэхтэрин (сүөһүлэрин) этин үллэрэн, уостааҕынан үллэстэн сиэн бүтэриэхтээхтэр. Кэрэх туруоруу майгына итиннигэ эбитэ үһү. Сэһэн Боло хомуйуутуттан. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан