Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кууруска кэлэ сылдьан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кууруска кэлэ сылдьан
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
22.08.2024 14:41
2003 сыллаахха устудьуоннаан бүтэн, төрөөбүт дойдубар үлэлии барыахпыттан, Дьокуускай диэҥҥэ отой ахсааннаахтык үктэммитим буолуо. Биирдэ-иккитэ – өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньахха уонна үстэ-хаста – идэ таһымын үрдэтэр кууруска. Онон бүттэ. Тоҕо эрэ куорат тыастаах-уустаах, кэлиилээх-барыылаах, сүпсүлгэннээх олоҕо тириим таһынан киирэр. Өр тулуйан олорбоппун, айылҕабар, тэлгэһэбэр, тапталлаах тыабар дьулуспутунан барабын. Дьэ, ол гынан баран куоракка сылдьыбыт биир сырыыбын отой умнубаппын. Иллэрээ сыллааҕыта эмиэ үлэбинэн кууруска кэлэ сырыттахпына, уолаттарым «тутан ыланнар» (дьиҥэр, кинилэргэ эппэккэ, кистээн кэлэ сылдьыбытым), биир ойоҕо-оҕото суох доҕорбут куорат киинигэр баар саҥа кыбартыыратыгар муһуннубут. Көрсүһүү ааттааҕа буолла. Сорох-сорохтор үстүү-түөртүү сыл көрсүбэтэх буоламмыт, баай остуол тула олорон, ирэ-хоро кэпсэттибит, ыллаатыбыт-туойдубут, күлүстүбүт-салыстыбыт. «Көрсүһүү бырагыраамата» ортолообутун кэннэ, кэпсэтиибит тиэмэтэ сыыйа дьахтар-көссүү, оҕо-ойох диэки сыҕарыйда. Мин, баччааҥҥа диэри ойоҕо суох, биир дэриэбинэҕэ олорон элбэх дьахтары-көссүүнү билбэтэх киһи, элбэҕи этэрим суох буолан, уопсай кэпсэтиигэ туораттан биирдии-иккилии тылы быраҕа олордохпуна, ¤ааччыкка диэн биһиги ортобутугар саамай балыспыт, ол эрээри тылынан баппатах уолбут ойон туран «доор, бачча ыраахтан кэлэн сылдьар, ойоҕо-чүөчэтэ суох уолбутугар дьахтарда ыҥырыах, мин биир чааһы уйунабын, уолаттар, эһиги эмиэ кыттыһыҥ, уолу поддержкалыах» диэн тыл бырахта. Мин ону истэ олорон, тоҕо эрэ күлэн тоҕо бардым уонна аккаастана сатаатым эрээри, дьонум «чэ да чэ» дэстилэр. Онон бэйэм даҕаны дьахтар сылаас хоонньун билбэтэҕим ырааппыт, эбиитин холуочук буолан, «аҥаарын, саатар, бэйэм уйунуом, сүрэ да бэрт» диэн, сөбүлэстим. Өр буолбата, ¤ааччыккалаах Ньургун ханна эрэ эрийэн тирилэттилэр да, өтөр «кэллибит, тахсан көрсүҥ» диэн ким эрэ эрийдэ. Уолаттар бары таһырдьа таҕыстыбыт. Көрбүппүт, дьиэ иннигэр, баҕана уота тиийбэт күлүк сиргэ, биир омук микрооптуобуһа кэлэн турар эбит. Уолаттарым чуо онно хааман тиийэн ааны арыйа баттаабыттара, биэс кыыс олороллор эбит. «Тал» диэтилэр. Мин үйэбэр манныгы билбэтэх, таптал «өҥөтүнэн» туһамматах киһи, тыыннаах дьону табаары талларардыы «тал» дииллэриттэн соһуйан, мах бэрдэрэн, туран хааллым. Көрдөххө, кыргыттар бары даҕаны эдэрдэрэ, кырасыабайдара сүрдээх. Өссө миигиттэн балыс курдук көстөллөр. Быһыылара-таһаалара, сирэйдэрэ-харахтара да чочуонайа бэрт. Ити кэмҥэ ¤аачыккалаах инники олбоххо олорор киһилиин тугу эрэ кэпсэттилэр-быһаарыстылар уонна «чэ, кытаат, баҕарбыккын тала оҕус, время – деньги» диэн буолла. Мин көрөөн-көрөн баран, толоос, улахан баҕайытык, аан таһынаҕы олбоххо олорор, умайар уот кыһыл баттахтаах, киэҥ харахтаах кыыһы көрөн туран «бу!» диэтим. Кыыспытын батыһыннаран дьиэҕэ киирбиппит, хаалбыт уолаттарбыт үмүөрүһэн кэлэн көрүү-истии бөҕө буоллулар. «Үчүгэй, үчүгэй» диэн имнэнэллэр, күлэн кыччыгынаһаллар. Мин хайдах эрэ кыбыста санаатым эрээри, билигин киирэн таптаһарбын, ол кэннэ туох да эбэһээтэлистибэтэ суох тарҕаһарбытын өйдөөн, хорсуммун киллэрээри, куукунаҕа киирэн биир үрүүмкэни хантатаат, кыыспын батыһыннаран хоско аастым, ааммын хатанным. Испит арыгым төбөбөр тахсан, хос имик-самык уотугар балыйтаран,
кыыһым букатын оҕотук буолан көһүннэ. Ол эрээри симиттэр диэни отой билбэт быһыылаах. Туох да саҥата суох тас таҥаһын устан, туруусуктаах уонна лиипчиктээх эрэ хаалла. Онто да таҥас суоҕар таҥас буолан биэрдэ – бүтүннүү курдары көстө сылдьар, хайдах эрэ сиидэ дуу, сиэккэ дуу курдук күтүр эбит. Ол эрээри, дьэ, киһини көҕүтэр баҕайы. Кыыһым кыбыстыбатыттан, ол оннугар бу, түөрт уонугар чугаһаан эрэр киһи, симиттэ турарбыттан саатыах санаам кэллэ. Кини да ону бэлиэтии көрдө быһыылаах, «тебе помочь?» диэн баран, путбуолкабын устан ылан киэр элиттэ, ыстааннаах туруусукпун биирдэ аллара баттаата. Мин дьэ уһуктубут курдук буоллум. Кыыспын көтөҕөн ылан ороҥҥо тиэрэ бырахтым уонна үрдүгэр түһэн саҥа ууруох курдук буолан эрдэхпинэ, аны: «Только не в губы. Там другая такса. Надеюсь, тебе все объяснили?» – диэтэ. Онон уоһугар тиийбэтим. Моонньуттан, түөһүттэн, онтон-мантан ууруу охсоот, онто суох били курдары көстөр таҥаһы көрүөхпүттэн тыҥыаҕынан тыҥыы сылдьар «табаарыспын» аналлаах сиригэр «атааран» кэбистим. Сэппин даҕайыам эрэ кэрэх, кыыһым ынчыктаабытынан барда. Мин онтон эмиэ наһаа соһуйдум. Дьиҥэр, миэнэ кыыс нарын сирин ыарытыннарар, тиирэ киэптээн киирэр наһаа улахан да буолбатаҕа, бэйэм да күүскэ «үлэлээбэтэҕим». «Что с тобой?» диэн ыйыппыппын, хата, «давай, давай, мне так приятно!» диэтэҕэ үһү. Онон хайдах эрэ барыта киинэҕэ курдук буолла. Ол эрээри барыта имэҥ-дьалыҥ киинэтигэр курдук буолуоҕун аһара көҕүйэн уонна «хайаабатаҕым» ыраатан, бастакы сырыыбыт уһаабата. Бүтээт, отой эмис балык миинин иһэн баран моҥкурдаабыт курдук буолан хааллым, ороммор тиэрэ түһэн тыыммын ыла, астына-дуоһуйа сыттым. Ити кэннэ уонча мүнүүтэ буолла дуу, суох дуу, кыыһым нарыын да нарын илиилэринэн быстах кэмҥэ «бойобуой кэккэттэн» туораан сытар доҕорбун, чараас сирдэрбин имэрийтэлээтэ, ханна эрэ, тугу эрэ баттаата, илбийдэ, ону кытта «уол оҕото» эмиэ бэлэм буолла. Бу сырыыга туруохча курдук буолан эрдэхпинэ, кыыс хам баттаата уонна үрдүбэр бэйэтэ таҕыста, үчүгэй баҕайытык олорунан кэбистэ. Дьэ, имитэн кыыс оҕото эбит ээ. Саатар, дьүһүнэ, сирэйэ-хараҕа кырасыабайа, быһыыта-таһаата чочуллубут чороон курдук чочуонайа бэрт. Били, кыһыл баттаҕа эмиэ бэйэтин киэнэ быһыылаах. «Атын сирэ» эмиэ онно ханыылыы өҥнөөх. Уонна, доҕоор, өрүтэ тыынара, ынчыга-хончуга отой омук киинэтин киэнин курдук. Ол да буоллар бу сырыыга балачча тулустум. Онтун ааһан, дьахтарга баһыйтара сытыам дуо диэммин, ойон туран, кэннинэн тахсан кэбиэлээтим, иннинэн киирэн үтүөлээтим, ойоҕоһунан уурдум, тиэрэ бырахтым, уопсайынан, алаадьылыы эргитэ сылдьан көрүлээтим. Кыыһым даҕаны ол былаһын тухары хаалсыбат. Оронугар уон уоттаах дьахтар диэн итини ааттаан эрдэхтэрэ. Онон уохпут харыар, сэниэбит эстиэр диэри ынчыктан, өрүтэ тыыныыттан-мэҥийииттэн ураты биир тыыннаах тылы ыһыктыбакка, наар таптаһан таҕыстыбыт. Үчүгэй да буолар эбит ээ, элбэх саҥата-иҥэтэ, нууччалыы эттэххэ, «прелюдията» суох тута таптаһар. Дьэ, доҕоор, хас
эмэ сыл тыаҕа үгүс дьахтара-чүөчэтэ суох олорбут, этэргэ дылы, таҥараттан таҥараҕа эрэ таптаһар киһиэхэ, дьиҥнээх имэҥ-дьалыҥ муҥутуур чыпчаала диэн бу буолла. Биир чаас иһигэр түөрт төгүл таптаһан баран адьас сөрү-сөп буоллум. Онтон настарыанньаламмыт, санаам көтөҕүллүбүт киһи быһыытынан тахсан, уолаттарбын кытта күө-дьаа олорон кэпсэтэн-ипсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаан баран, сарсыарда күн лаппа сырдаабытын кэннэ дьиэлээбитим. Онон бу сырыым миэхэ өтөрүнэн умнуллубат. Доҕотторум өссө биир чааһы ыл дии сатаабыттарын буолумматаҕым. Ама да мин буолбутум иһин. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан