Кэпсээ
Войти Регистрация

Миэстэни атастаһыы?!

Главная / Кэпсээн арааһа / Миэстэни атастаһыы?!

K
15.08.2024 14:39
Былыр-былыргыттан ыал аҕата булааччы-талааччы, дьиэ кэргэни хааччыйааччы быһыытынан сыаналанар. Дьахтар, этэргэ дылы, эрин бэлэмигэр, аахсар дохуотугар тирэҕирэн, оҕолорун, дьиэ кэргэнин аһын-таҥаһын бэрийэр, иитэр-үөрэтэр аналлаах. Дьэ туран, онтубут сыл-хонук аастаҕын аайы уларыйан, үгүөрү үбү булуу, үрдүк хамнаһы аахсыы дьахтар дьарамай санныгар сүктэриллэрэ үксээн иһэргэ дылы. Ити – дойду бүттүүнүн үрдүнэн көстөр. Ол да иһин буоллаҕа, матриархат былааһы ылан эрэр диэн, эр дьон өттүттэн муҥатыйыы иһиллимэхтиир.        Сибидээнньэҕэ, эрэстэ­рээҥ­ҥэ, өйдүүргүт буолуо, урут эр киһи дьахтары хааччыйара, төлөһөрө. Билигин тэҥ бырааптаныы өрө тутуллан, кырата, аҥаардаһан төлөһүү үгүстүк көстөр. Чэ, ити буоллун даҕаны. Дьахталлар аахсар хамнастара эр киһитээҕэр үгүөрү буолбута мэлдьэһиллибэт. Ону ааһан түптээх үлэтэ-хамнаһа суох, быыкаа хамнастаах эр дьон эмиэ бааллар.    Ити гынан баран, хара ааныттан «тэҥ буолуу» сыһыана олохтонон, дьиэ кэргэн дохуотун, харчынан хааччыйыытын дьахтарга көлбөрүтэр баҕа улаатан иһэрэ, төһөтүн да иһин, дьиксиннэрэр. Кэнэҕэһин омсолоохтук дьайан, эр киһи сыаннаһын, аптарытыатын түһэрэр кутталлаах. Хата, билиҥҥитэ Саха сиригэр эр дьон кыахтаах дьахтары көрдүүбүт диэн, аһаҕастык билинэр биллэриилэрэ тахсыбатын тэҥэ. Куораппыт да кыараҕаһа, уопсай билэр дьоммут да элбэҕэ тохтотор буолуохтаах.    Ол гынан баран уолаттар кыахтаах, үп өттүнэн хааччыллыы­лаах «эдьиийдэри», бэл, саас­тарынан да быдан аҕа­ла­рын үрдүнэн, дискэтиэкэ, биэчэр кэмигэр арахпакка иҥээҥ­нииллэрэ үгүс дииллэр. Дьахталлар да ону «сыыһа гына­ҕыт ээ» диэн, төттөрү утаараллара иһиллибэт. Эр киһи тиийбэт кыһалҕата оччо буоллаҕа. Холобур, кыаҕыра бы­һыытыйбыт биир урбаанньыт дьахтар «мальчиктарынан» саатыыра сир-буор аннынан иһил­лэр. Тө­рөп­пүт оҕотуттан да лаппа балыс уоланы балай эмэ уһуннук, уол үөрэҕин бүтэрэн барыар диэри хааччыйбытын барыны-бары билэр-көрөр дьахталлар, аттыларыгар чүмэчи тутан турбуттуу, уос номоҕо оҥостон кэпсииллэр. Таҥаһын-сабын олоччу атыылаһан биэрэр, массыынатын уларсар, барбах аҕай эрэстэрээннэринэн күү­лэйдэтэр үһү. Оттон төлөбүрэ туох буоларын быһаара сатыыр наадата суох.    Эдэр кавалердаах дьахтар хайаан да баай, кыахтаах буолар диэн өйдүүр сыыһа. Орто сүнньүнэн үлэлээх, сөбүгэр хамнастаах да дьахталлар усту­дьуон, үлэтэ суох уолаттары быстах кэмҥэ эр гынан олороллоро эмиэ баар. Ити гынан баран, сокуоннайдык холбоһорго тиэтэйбэттэр. Биллэн турар, дьиҥ таптаһан, өйдөһөр буолан, саахсаланан олорооччулар ким­нээҕэр бэркэ олороллоро эмиэ баар. Бу суруйуу кинилэргэ сыһыана суох. «Таптаатым да – тайахтаахха, сөбүлээтим да – сү­гэһэрдээххэ» диэн өс хоһоо­но хайа да кэмҥэ баар бөҕө буоллаҕа. Ол бааламмат.    «Спид-Инфо» хаһыат «кыахтаах, харчылаах дьахтары кытта билсиһиэхпин баҕарабын» диэн ис хоһоонноох биллэрии эбиллэн иһэрин биир таһаарыытыгар анаан бэлиэтээбит этэ. Дьахтар эр киһиттэн көрдүүр бэлэҕэ-туһаҕа, ирдэбилэ элбээн барда да, «атыыланар» аатырар.    Оттон ол кэмҥэ сорох эр дьон биэрэр биллэриилэрин көрөн, киһи эрэ бэркиһиир. Холобур, маннык биллэриини көр­дөххө, соһуйбат үйэбит үүннэ: «Мин быһыым-таһаам спортивнай. Ис киирбэх дьүһүннээх, үбүнэн хааччыллыылаах дьахтары кытта интимнэй көрсүһүүгэ баҕарабын. Биир-биэс кэппиэйкэ туһугар барыларыгар «ыһыах­танар» баҕам да, санаам да суох!»    «26/185/75, 18/5, «обрезаннайбын». Тэллэххэ, таптаһыыга туох да тулуур бөҕө киһибин. Минньигэстик астыыбын. Миигин хааччыйарга бэлэм дьахтардыын билсэргэ бэлэммин».    «Сааһым – 31, уһунум – 183, нууччабын. Урут урбаанньыт этим. Сылайыы барда. Олоҕум таҥнары барбыт курдук. Сүтэн эрэбин».    «Уолбун – 25/173/65/20 см. Мин наһаа үчүгэйбин, истигэммин. Эһигиттэн бэлэм ылыахпын баҕарабын».    «Аныгы үйэ дьыалатын бэркэ диэн билэбин. Дьээбэни-хообону биһириибин, сиэри кэспэппин. Табыгастаах кэпсэтээччи, асчыт, көссүү буолабын. Сөбүгэр төлөһүүгэ».    «Пермь баай дааматын көр­дүүбүн. Кэргэннээхпин. Ол гынан баран киһилии олоҕу олоруохпун ыралыыбыт. Үчүгэй харчы туһугар эһигини дьоллуурга бэлэммин».   Эмистэр, эппиэттээбэккитигэр көрдөһөбүн      Дьахтар бэлэмигэр мэҥийэр эр дьону альфонстар дииллэр. Кинилэр билиилэрин таһыма оччо эбитэ дуу (грамотнайдара суох), аныгы сленг тарҕаммыта оччо дуу, хас билсиһии саайтын аайы кэриэтэ «ИЩУ ДЕВУШКУ-СОДЕРЖАТЕЛЯ» диэн анал бас баар буолла. Өскөтүн боростутуукка кыргыттар «мерседес» уонна бирилийээн туһугар кырдьаҕас «папиктары» тулуйар эбит буоллахтарына, эр дьон кыахтаах дьахтары көрдүүр ирдэбиллэрэ таһыччы үрдүгүн сөх­пүттэр.    «Сиэкискэ улахан уопута суох дьахтары кытта билсэбин, кыра саастаах уол оҕолоох буолуон сөп, дьахтартан кыбартыыра, массыына бэлэҕи күүтэбин», – диир эбит Челябинскай олох­тооҕо Андрей. Салгыы өссө суруйбут: «Эмистэри хоруйдаабаккытыгар көрдөһөбүн».    «Сааһым – 30. Быһыым-та­һаам дьон сиэринэн. 170 см. Сирэйим «смазливай» соҕус эрээри, наһаа буолбатах. Бэйэбиттэн аҕа, 40 сааһыгар диэри дьахтары романтикалыырга уонна миигин үбүлүүрүгэр анаан көрдүүбүн», – Пензаттан Игорь суруйбут. Тэрилин кээмэйин кытта 15х5,5 см диэн ыйар урдус буолбут.    «Көссүү көрдүүбүн. Эрэ суох дьахтары. Үчүгэй фигуралаах буолуон наада».    «Интимнэй көрсүһүүлэргэ анаан, 26-38 саастаах кэрэ аҥаа­ры кини дьиэтигэр көрсү­һэр сыаллаах көрдүүбүн. Ма­ты­рыйаалынай өттүнэн хаач­чы­йыан наада. Ол-бу извра­щенец­тыы тап­таһыыны, БДСМ сэ­ҥээр­­бэп­пин...»    «Сааһым – 31, уһунум 168, 83, толору соҕус эттээхпин, сирэйим олус мөкүтэ суох. Үп-харчы өттүнэн кө­мө­лөһөр кыыһы/дьахтары көр­дүүбүн».    «Илиҥҥи омукка маарынныыбын. Бытыгым, түүм сирэйбэр суох. Кэргэннээхпин. Үп-харчы өттүнэн көмөлөһөр кистэлэҥ көссүү көрдүүбүн. Ик­ки өттүттэн сөбүлэһэр тү­гэм­митигэр эрэ сыһыаны олохтуу­бут. Ойохпуттан арахсыбаппын».    «55 саастаахпын. Альфонс буолбатахпын. Иэс кыһалҕата манныкка тиэртэ. Онон баай дьахталларга бэйэбин биэрэргэ күһэлинним».   Дьахтар моонньугар олорооччу      Салгыы «Спид-Инфоҕа» суруллубуту тылбаастаатым: 25 саастаах Юрий Уһук Илинтэн анаан-минээн Москубаҕа баай дьахтары көрдүү кэлбит. Урут кыргыттар бу курдук кэлэр буолаллара. Аны эр дьоммут ылсыбыттар.    «Хара ааныттан табыллан испэтэҕэ. Кыыһы кытта билсэргэ сибэкки атыылаһар, кафеҕа сырытыннарар наада этэ. Миэхэ харчы хантан кэлиэй. Борос­туой автосилиэсэрбин. Онон дойдубар төннөн баран, хаттаан эргиллибитим», – диир. Билсиһии саайтыгар биллэрии биэрэргэ сүбэлээбиппитигэр киһибит маннык диэн эрилиттэ:    «Үлэ бөҕө, сүпсүлгэн, дьон ЫГЫМ, куһаҕан майгылаах буолбут. Киинэҕэ, тыйаатырга сылдьарга, араас бэтиэхэ таптаһыы дьалыҥар ылларарга, санааны сайҕардарга анаан көрсүһэр дьахтары көрсүөхпүн баҕарабын. Сарсыарда аайы минньигэс кофенан, сакалаатынан аралдьыйар астыга кэмнээх буолуо дуо? Ол кэнниттэн эмиэ таптаһыы чаҕыл уотугар түһэҕин! Мин үптээх-харчылаах дьахтары көрдүүбүн. Тоҕо диэ­тэххэ, оннук харчы бэйэбэр суох. Ол да буоллар астына сынньаныахпын, массыыналаныахпын мин да баҕарабын. Эн оннук үптээх буоллаххына, ону иккиэн да матайдыах ээ».    Өс киирбэх да соҕус ис хоһоонноох сурук буоллар, үгүстэр сэҥээрэ түспүттэрэ. Үс дьахтары Юрий тута сыыйа охсубута. Хаартыскаларын астымматах үһү! Алта дьахтары кытта сибидээнньэҕэ тиэтэйбитэ. Киһиҥ өссө этэр ээ: «Хаарыан да дьахталлар эр киһитэ суохтарыттан халтай хаалаахтыыллар. Кинилэргэ барыта баар: кыбартыыра, массыына, үрдүк хамнас. Оттон ол дьиэлэригэр ким да кинилэри кэтэспэт. Арамаантыка сыта да суох. Кинилэри дууска тиэрдээччи кэлиэ дуу. Оттон билигин мин баарбын. Алта кэрэ аҥаары кытта утуйан турдум. Оттон Надежда Николаевнаҕа куппун туттаран кэбистим». Юрий ити булумньутун Надюшаттан атыннык ааттаабат. Оттон бастаан билсэллэригэр, бэл, эт-хаан чугас сыһыаныгар киирэн да баран, аҕатын аатынан, толору ыҥырар үһү. Төһөтүн да иһин, кинилэр саастарын араастаһыыта балысхан, бүтүн 20 сыл. Дьиҥэр, кини дьахтар куорат таһынааҕы дьиэтин, бааҥҥа сытар хачыгырас кумааҕыларын эбэтэр дьахтары бэйэтин дуу таптаабыта өссө биллибэт. Ол да буоллар, биллэриилээх саайтыгар кинини хааччыйар дьахтары көрдүү сылдьан, дьиҥ тапталын булан ылбытын үөрэ кэпсээбитэ баар. «Олоҕу көрүүбүн тосту уларыттым, – диэн туран, саайтан тахсыан иннинэ эбиитин бөлүһүөктээбит, – булгуччу эр киһи хааччыйыахтаах диэн өйдөбүл суолтата суох. Сүрүнэ, бу олоҕу кырасыабайдык, санаа иһинэн олоруу наада. Даа, хайаан да кырасыабайдык. Бу тыл дириҥ ис хоһоонноох. Ол иһигэр дьол эмиэ киирэр. Кыах баарын баттаһа, саҥа олоҕу саҕалыырга быһаардым. Бу партияҕа Надюша биһиги кыайыылаах тахсыахпыт».   Эр киһи көмүс тэҥэ күндү буолла      Маннык бөрүкүтэ суох бы­һыыга эр дьон атыыланар буол­буттарыгар кэмэнтээрий ылаары тиийбит психотерапевпыт Наталья Рочева маннык кэпсээннээх көрүстэ: «Мин иккис эрим бу кыһын 60 саастаах баай, бааҥҥа юристыыр дьахтарга куоппута. Онто массыына биэриэм диэн манчыыктаабыт этэ! Ол кэннэ тугу этиэҥий?! Мин массыына ылар санаам суоҕа. Ону кини бэлэм успуонсары булуммута!»    Наталья бу көстүүнү эр киһи дэписсиит буолан, күндүркэй­би­тинэн быһаарар эбит. Көмүс тэҥэ сыаналаннылар диир. Эр ки­­һитэ суох, имэҥи билбэт дьахтар киһи аҥаара эрэ диэн саарбах өйдөбүл дьоҥ­ҥо соҥ­ноноруттан итинник буоларын этэр. «Уйулҕа үөрэхтээх­тээх­тэрэ хайдах гынан эр киһиэхэ ба­ҕалаах буоларга үөрэтэр төлө­бүрдээх трениннэрэ онно эбии буолаллар. Дьиҥинэн, эр киһини – хааччыйааччы, матырыйаалынай сыаннаһы сүгээччи, оттон дьахтар туһанааччы бы­һыы­тынан олоҕурбут патриархальнай сыһыан сөптөөх, тирэх өйдөбүл буолар.    Европаҕа судаарыстыба та­һымыгар эр дьоҥҥо ирдэбил күүскэ турар. Ойохтоннуҥ – тө­лөө, ыстаана да суох хаалыаххар диэри.    Соторутааҕыта Германияҕа тиийэ сыдьыбыппыт. Билсиһиэх иннинэ эр киһи онно киэн тутта «мин босхобун!» диэн турар. Ол курдук, кинилэр эппиэтинэс­тээхтэр. Онтулара олоххо да көстөр. Оттон биһиэхэ, аатырбыт сексолог Агарков эппитинии, ийэлэр бүтүн «гейдиҥи» кө­лүөнэни иитэн-такайан та­һаар­дылар. Оннук иитиилээх дьон, туох да иһин эппиэтинэһи сүкпэттэр, бэл, бэйэлээх бэйэлэрин оҕолорун иннигэр.    – Оттон бэйэни убаастаныы, бэйэ бодотун тардына сылдьыы диэн баар буолуохтаах эбээт!    – Онно кинилэр кымаардаан да көрбөттөр. «Тыыннаах буолар» туһугар күн сырдыгар тардыһар баҕалара баһыйар. Сө­бүлүүр оонньуурбун бэйэм ылыныам диэн мэктиэ суох дииллэр. Мин саныахпар, уйул­ҕа өттүнэн кинилэр дьиэктээхтэр. Нарцистыҥы дьон буолаллар, дьиҥ эр киһилии бы­һыы­ламматтар. Дьиҥнээх эр киһи дьахтар суотугар олорор туһунан түһээн да баттаппат. Дьахтарга иитиллэр баҕалаахтар, сүрүннээн, оҕо саастарыгар улахан охсууну ылбыт, асоциальнай дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит, арыгыһыт төрөппүттэрдээх дьон буолаллар. Кинилэр ортолоругар соҕотох ийэҕэ иитиллибит, ийэ туох баар ситэ таптаабатах күүһэ олоччу киниэхэ туһуламмыт оҕолор эмиэ бааллар. Уол оҕону олус атаахтатар, тараҥнатар ити өттүгэр эмиэ охсуулаах буолуон сөп», – диэн психотерапевт түмүктүүр.    Аахпыккыт курдук, олоххо ки­һи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүт­тэн көстүүлэрэ эмиэ бааллар. Хобдох көстүү дириҥээбэтин туһугар эрдэттэн бу өттүгэр үлэ барыан наада курдук. «Би­һиэхэ оннук суох, аньыы да­ҕаны, куһаҕаны ыһа-тоҕо кэпсээн, тарҕата олороҕут» диэн, ку­һаҕаҥҥа күтүрээбэккэ, кыратык да толкуйдуу, анаара тү­һүөххэ сөп. Ким билиилээх – ол сэбилэниилээх. Туох барыта кыраттан саҕаланарын өй­дөөн, уол оҕолор олоххо бэлэмнээх, эппиэтинэстээх буола үүнэн-сайдан тахсалларыгар кы­һаныахтаахпыт. Ханнык да кэмҥэ эр киһи эрэллээх эркин буоларын сэргэ булааччы-талааччы, хааччыйааччы буолара табыллар.   Мария Егорова, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан