Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биһилэх иэдээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биһилэх иэдээнэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
15.08.2024 14:36
Ахсыс кылаас кэнниттэн СПТУга иистэнньэҥ идэтигэр үөрэнэ барбытым. Ыарыһах ийэлээҕим, ыы кырбас бырааттардааҕым. Онон үлэһит буола охсор баҕа улахана. Сааһыары Гриша үөрэҕин быраҕан, баран эрэрин истибиппит. Мин, куурус ыстаарыстата, хоһугар киирэн кэпсэтэ сатаабытым. «Дьиэлиэхпин наада» эрэ диэн судургутук хоруйдаабыта. Онтон малын хомуна сылдьан «мэ!» диэн миэхэ үрүҥ көмүс биһилэҕи ууммута. Холбука курдук быһыылаах, үрдүгэр кыһыл таастаах былыргы биһилэҕи өйдүүр буолуохтааххыт. Оннук туттаран баран, иэдэспиттэн уураан ылбыта. Ол кэннэ остолобуойга тиийэн, иккиэн биир остуолга олорон аһаабыппыт. Кыргыттар күнүүлүүрдүү көрбүттэрэ. – Настя, манна сатаан утуйбат да, аһаабат да буоллум. Олус эрэйдэнним. Ити – ийэм биһилэҕэ. «Кыыстаннаххына, бэлэхтээр» диэн биэрбитэ. Манна эйигин эрэ убаастыы көрдүм. Онтон атыттар олус мэниктэр, солуута суохтар. Баҕар, хаһан эмэ көрсүөхпүт, – диэт, оптуобус тохтобулугар сүүрбүтэ. Гришаны сайыһа хаалбытым. Бэлэхтээбит биһилэҕин тута ортоку тарбахпар кэппитим. Дьэ, ити кэннэ аны мин сатаан утуйбат буолбутум. Утуйааммынан аатырар бэйэм түүн уһуктан баран, өр утуйбат идэлэнним. Киэһэ утуйан биэрбэтим, эбэтэр сарсыарда аһара эрдэ уһуктарым. Оннук сааскы эксээмэҥҥэ диэри эрэйдэммитим. Ол тухары бу кэтэ сылдьар биһилэхпиттэн буолуо диэн өйгө да суоҕа. «Гриша бэлэҕин хайдах кэтиэм суоҕай?» диир буоллаҕым. Кини бэлэхтээбитин кимиэхэ да эппэтэҕим. Араас ыарахан иитиилээх, охсуһар да кыргыттар бааллара. Кинилэр айахтарыгар киирэн биэрбэт ордуга. Эксээмэн иннинэ убайым аахха баанньыктана бара сылдьан, биһилэхпин хаалларан кэбиспит этим. Онтон ыла уруккум курдук үчүгэйдик утуйар буолбутум. Биһилэхпин ирдэһэ барбатаҕым, дьонум даҕаны тугу эмэ булбуттарын туһунан эппэтэхтэрэ. Ол биһилэх оннук сүппүтэ. Арай кэлин ыал буолан, оҕолонон олорон, Гриша барахсан ууга былдьаммытын туһунан истибитим. Олус кыһалҕалаах олоххо олорбутун, СПТУ да кэннэ оннун-олоҕун булуммакка эрэйдэммитин кэтэхтэн бииргэ үөрэммит Өлүөхүмэ кыыһа сырдаппыта. Ийэтэ иһэрин, олус айдааннааҕын, кырыыстааҕын эппитэ. Ол тыына биһилэҕинэн миэхэ биллибитэ буолуо дии саныыбын. Настаа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан