Кэпсээ
Войти
Регистрация
Балыксыт кыыс
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Балыксыт кыыс
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.08.2024 14:32
Илиминэн балыктаан аһаабытым ыраатта. Эрэһиинэ тыыбын үрдэрэн баран, күн саҥардыы тахсан эрдэҕинэ, илим көрө эбэҕэ устан сундулуйар олус кэрэ! Сааскы кус кэмигэр дурдаҕа сытар уолаттарга таарыйан, ким туох бултааҕынан мэнэйдэһэн, илим көрө киирбит киһи арыт кус тутуурдаах кэлээччибин. Балык бэриһиннэрбит сааһыттар тута хатырыктаан, оллоонноругар хочулуоктарын ыйаан, миин буһара охсон, сарсыардааҥҥы аһылыктарын күөһү кытта тэҥҥэ аһыыллара эмиэ баар буолааччы. Илимҥэ иҥнибит балыгы араарыы – бэйэтэ туһунан ускуустуба. Киһи айылҕаны кытта бүөмнээн алтыһар дьикти түгэнэ. Ыксаабакка илимтэн балыгы араара-араара, уу иччитэ Күөх Боллох барахсан тыыга мөхсөн өрүкүнэйэр бэлэҕин көрөн ким астыныа суоҕай! Дьиэбэр таһаарбыт балыкпын кэргэним Настаа хоспоҕун оһоҕор тута мииннээн, сороҕун ыһаарылаан, минньигэс сыт дыргыйар. Ыалдьыты, хоноһону, көннөрү ааһан иһээччини да көрсөргө балык барахсан үгүстүк абырыыр. Килиэби кытта балык хоргуннаах миинин куттахха, өссө буспут собону кэккэлэһиннэри уурдахха, хайа да аһылык тупсар. Илимниирбин билэр буоланнар, чугас ыалларым ааммын саппаттар. Онон кыралаан биисинэс даҕаны баар. Биир тылынан, олус астынар, табыллыбыт дьарыгым. Хайдах да дьылга эбэм барахсан матарбыта диэн суоҕа. Арай биир сайын хаста даҕаны сырыыбар мэлиппитэ. Хайдах даҕаны матарымыан сатаммат кэмэ этэ. Дьон кэлэн барбыта биллибэт, тыым турбут сиригэр турар. Бэл, бэйэм баайбытым курдук, соннук баайыллан турар буолааччы. Атах суола да көстүбэт. Ол эрээри киһиттэн уратыны күтүрүүр суох. Онон кэтээн көрөргө санаммытым. Сарсыарда киирэр чааспыттан балачча эрдэлээн, күөлбэр сэрэнэн киирбитим – тыым миэстэтигэр суоҕа. Олоотоон көрбүтүм – күөл анараа атаҕар тыылаах киһи сылдьара. Уоруйах ким буолуон сөбүн кэтэһэр кэммэр балачча өр таайа сатаабытым. Биһиги эргин бачча тухары ким даҕаны илимнээбэтэҕэ. Урут Кынаачай оҕонньор дьарыктанара. Оҕолоро, сиэннэрэ манна суохтар. Икки дьиэ нөҥүө олорор Куһумууннар уолаттара – хара тыаны кэппит дьон. Онтон атын ким баар буолуон сөбүн өйүм хоппотоҕо. Кэмниэ кэнэҕэс тыы кытыл диэки иһэрэ көстүбүтэ. Уоруйаҕы куттаамаары, чугастааҕы дурда кэннигэр олорбутум. Сотору ким эрэ кэлэн, ууга үктэнэр тыаһа иһиллибитэ. Онтон быаны иилэн мадьыктаспыта. Тыынарыттан, кыралаан саҥа таһаарарыттан сэрэйдэхпинэ, уоруйаҕым дьахтар быһыылааҕа. Сыыспатахпын. Аттыбынан ааһан иһэрин көхсүбүн этитэн тохтоппутум. Үйэбэр көрбөтөх эдэр дьахтарым, улаханнык соһуйан, мэктиэтигэр, ходьох гына түспүтэ. Буруйун билинэн, тутан испит балыктаах салапаан саппыйатын тута иннибэр уурбута. “Кимҥиний?” диэн ыйыппытым. Отуччатыгар чугаһаабыт сэргэх сэбэрэлээх дьахтар “Дашабын” диэбитэ. “Кэл, олор. Кэпсэтиэх” – диэн, дурда кэннинээҕи күлүккэ бэлэмнээбит дүлүҥ маһы ыйбытым. Соторутааҕыта эрэ көһөн кэлбит саҥа ыалбыныын – Дашалыын итинник билсибитим. Үс оҕолоох эдэркээн дьахтар, итирдэҕин аайы сынньар кэргэниттэн күрээн, биһиги эргин интэринээккэ иһит сууйааччынан ити эрэ саас үлэлии киирбит эбит. Улахан бөһүөлэк буолан, киһи киһитин билсибэтэ баар. Эбиитин биэнсийэҕэ олорор киһи ким кэлбитин билимиэхпин эмиэ сөп. Дьоно-сэргэтэ суох барахсан, биллэн турар, тиийиммэт-түгэммэт. Ол да иһин маннык бөрүкүтэ суох дьыаланан дьарыгыра сылдьар эбит. “Уорбакка, көннөрү көрдөһөр тоҕо кыаллыбатый?” диэн ыйыппыппар: “Хайдах күн аайы көрдүөмүй?” – диэн хоруйдаабыта. Эдэр кыыс билбэт күөлүгэр балыктыыра бэтэрээнэн дьыала буолбатах. Сыһыаннаах эрэ киһи ылсар. Даша оҕо сылдьан эһэтэ илимнииригэр илии-атах буолар эбит. Ол да иһин уорарыгар киһи сэрэйбэт гына туттуммут буолара. Дашаҕа “бултуйбут” балыгын биэрэн ыыппытым. Сотору дьиэтигэр тиийэ сылдьыбытым. Чахчы, ыараханнык олорор эбит этилэрэ. Биһиги, оҕолорбутун улаатыннаран ырааппыт дьон, түөрт кыра айаҕы аһаппат буолуохпут дуо? Баарбытынан-суохпутунан көмөлөспүппүт. Даша икки сайын илим көрсөн абыраабыта. Оҕолорунуун бытарыһан кэлэн, чэйдээн, сэргэхсийэн бараллара. Эһиилги күһүнүгэр кэргэнэ көрдөһөн-ааттаһан, көһөрөн илдьэ барбыта. Бастаан утаа хайдах олорорун эрийэн биллэрэрэ. Бэтэрээ түөрт-биэс сылга мэлийдэ. Этэҥҥэ олороро буолуо диэн эрэнэбин. Хайдаҕын да иһин, үчүгэй туттунуулаах, хорсун балыксыт кыыс этэ. Баһылай ДОРОГУУНАП. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан