Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иэстэһии дуу, сэрэтии дуу?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иэстэһии дуу, сэрэтии дуу?
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
08.08.2024 14:00
Өбүгэлэрбит айахтарын эрэ ииттинээри сиртэн-уоттан көрдөһөн, Байанайтан көҥүл ылан бултууллара. Билигин сорох булт көргө-нарга кубулуйбут. Оннооҕор хаартыскаҕа түһэрэн тарҕаталлар, өлбүт кыылга ытыктабыл диэн суох буолбут. Ас да буолтун иһин, тыынар тыыннаах буоллаҕа. Биһиги дэриэбинэҕэ биир маннык түбэлтэ буолбута. Онно айылҕа сэттээх-сэлээннээх, күүстээх эбит диэн өссө итэҕэйбитим. Үөлээннээхтэрим Дьөгүөркэ, Өндөрөй буолан бултуурбут. Биир күһүн туртаска түбэһэммит олус үөрэн турардаахпыт. Ити да кэннэ хаста эмэтэ сылдьыбыппыт, бултуйбуппут аҕыйаҕа суох. Өндөрөйдүүн дьиэлээх-уоттаах дьон, холостуой бааһынай уолбутун – Дьөгүөркэбитин – сыбааттыы сатыырбыт. Сырдык хааннаах, киэҥ харахтаах, орто уҥуохтаах, дьахтар сирбэт эр бэрдэ этэ. Дьылҕа Хаан оҥоһуутунан, ыал буолбатаҕа. Биир дьахтар олорсо сылдьыбыта эрээри, тэҥҥэ иһэр-аһыыр буолбуттара. Киин оройуонтан Дьөгүөркэ эдьиийэ кэлэн, үлтү этиһэн араартаабыта. Дьахтара барбыта эрээри, киһибит иһэрэ тохтооботоҕо. Абааһы дьахтара түбэһэн хаарыан уолбутун буортулаабыта диэн буруйдуу саныыбыт. Истэҕинэ, хадаар майгыта киирэр этэ, таһынааҕы ыала куттанан, ааннарын хатаналлара. Ыаллара үҥсүү түһэрэн, улахан айдаан тахсыбыта. Уолбут ити кэннэ испэт буолбут курдуга. Биир күн мас хайыта турдахпына, “кустуу барыах” диэн кэлэ сылдьыбыта. Өндөрөйгө этэммин барбыппыт. Киһибит “чекушка” уктан кэлбит, биһиэхэ сыҥалыы сатаабыта. Хаһан да испэт дьон аккаастаммыппыт, киһибитин сэрэтэ сатаабыппыт. “Кыраҕа туох буолар үһүбүн” диэннээҕэ. Ити сытан син кустаабыппыт. Арай Дьөгүөркэбит биир өлбүт куһу ылан, мээчиктээн киирэн барда. Өндөрөй кыыһыран, киһибитин киэр анньаат, “куһунан оонньоомо!” диэн бардьыгынаабыта. Истиэ баара дуо, эбии күлэ-күлэ, салгыҥҥа күөрэтэ-күөрэтэ ытыалаабыта. Бэйэбитин дэҥниэх киһи буулдьата бүтэн быыһаммыппыт. Сарсыныгар киһибитин кырбыах буолан сааммыппыт. Ити кэннэ букатын испэт буолбута. Куһаҕан түргэнник умнуллар дииллэр, кыыһырбыппыт ааһан, тэҥҥэ хаста да куртуйахтаан, куобахтаан бэрт күннэри атаарбыппыт. Үс сыллааҕыта киһи үөйбэтэх өттүттэн куһаҕаҥҥа түбэһэн турабыт. Биир саас үһүө буолан, эмиэ дурдабытыгар сыта бардыбыт. Ити күн Дьөгүөркэ куһаҕан түүлү-бити көрөн, дэлби баттатан сүгүн утуйбатах этэ. Барыан баҕарбатаҕын Өндөрөй кучуйан сөбүлэспитэ. Суолбут тухары түүлүгэр мас хайыппытын, хаптаһын бөҕөтүн сааһылаабытын кэпсии испитэ. Биһиги “кэргэн ылаары гыннаҕыҥ дуу?” диэн элэктии испиппит. Киһибит итинник сылыктааһыны истэн, үөрэн, кыбыстан аллара көрө испитэ харахпар бу баар. Ити түүн бултуйбатахпыт. Ол оннугар Дөгүөркэбит өлүгүн тиэйэн аҕалбыппыт. Өйбүтүгэр итинник суоҕа... Кус түспэккэ, санаабыт түһэн сыппыппыт. Биир кус түспүтүн сыыһа-халты ытан хаалбыппыт. Кэтэһэ сатаан баран, утуйардыы тэриммиппит, Дьөгүөркэ кус кэтиэх буолан олорбута. Арай сарсыарда эп-эрдэ Дьөгүөркэбит илгиэлиир. Киһибит сирэйэ-хараҕа турбут, “тыаһаамаҥ, кус сылдьар” диир. Киһибиниин көрөбүт – туох да суох, күөл кураанах, уута да долгуннурбат. Мин “туох да суох ээ, утуйууһуккун” диэбиппэр, “кус сылдьар дии, хайдах көрбөккүт” дии-дии ытыалаата. Халампааһынан көрөбүт – туох да суох. Киһибит “балайдар, көттө” диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, аны үөһэни кыҥаат, эмиэ ытта. Онтон күөлү ыйа-ыйа “һок, түстэ, түстэ, билигин ылыам” диэн батыччахтыы-батыччахтыы күөлгэ сүүрдэ. Биһиги кэнниттэн “туох да суох, төнүн, кииримэ!” диэн батыһан сүүрэн испиппит. Киһибит “ылан эрэбин, бу сытар буолбаат” дии-дии, күөлгэ киирээт, көрүөх бэтэрээ өттүгэр тимирэн киирэн барбыта. Биһиги күөлгэ киирэн киһибитин оруу сатаабыппыт. Бүтэһигин Өндөрөй баттаҕыттан тарда сатаабыта даҕаны, аллара диэки тарда турбута. Барыта аҕыйах сөкүүндэ иһигэр буолан, өйдөөбөккө да хаалбыппыт... Хаһыытыы-хаһыытыы, тугу гынарбытын билбэккэ киһибитин көрдүүбүт – суох. Кэлин өлүгэ эрэ дагдайан тахсыбыта. Харахпар, били, кус өлүгүнэн оонньуу сылдьар Дьөгүөркэбит көстөн кэлэр, ону санаан, Өндөрөйдүүн саҥата суох үөһэ эрэ тыынабыт. Акаарытыгар арыгыттан иирэн, көтөр өлүгүнэн “оонньуубун” диэн сэккэ түбэстэҕэ буолуо... Ханан да кус суоҕа. Кураанах өрүскэ Дьөгүөркэ өлүгэ эрэ устара. Биир күн иһигэр көрдө-көрдөрбүтүнэн доҕорбутун сүтэрбиппит абаккалаах. Доҕорбут барахсан тугу-тугу көрөөхтөөбүтэ, бүтэһик сөкүүндэтигэр тугу-тугу санаахтаабыта буолла. Өндөрөй “таах кучуйаммын, туох аанньа түүлүн көрөн...” диэн бэйэтин буруйданар. Бииргэ бултаабат буолбуппут. Ити сиргэ дурдаланаллар даҕаны, бары этэҥҥэ сылдьаллар. Байанай диэн баар эбит, бэйэ бодобутун тардыныахтаахпыт, бэйэтигэр улахан ытыктабылы эрэйээхтиир буоллаҕа. В. Апросимов. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан